Читать книгу Сүргэ көтөҕүү. Санааны кынаттыыр хоһооннор - Группа авторов - Страница 6

Санаарҕатар саппах санаа – сайҕан!

Оглавление

Суоһааны

Ким эрэ кэлэн сэргиэ,

Кэрэхсиэ диэн

Кэтэһимэ.

Атын харах таба көрөн

Тардан ылыа диэн

Эрэнимэ, эрэйимэ.

Ити барыта санаа ирбинньигэ,

Эркиҥҥэ оонньуур күлүктэрин

Илиигэ туттарбат көрүнньүгэ.

Өрө тардыах, үүннэриэх —

Бэйэҥ эрэ дьиҥэ.

Халыҥ халҕаһаны, хараҥаны уйуох

Эмиэ бэйэҥ эрэ.

Киэр хайыһыма.


Варвара Потапова

Албын-көлдьүн суолга

Угуйар,

Чэпчэки олоххо

Кучуйар

Хос санаа,

Оо, бырах миигин!

Тутуум

Куормаһыт эрдиитин —

Сүүрүк утары мин

Эрдиниим…

Сыалбар сотору, баҕар,

Тиийимиим…


Алампа
ТУОХТАН?

Туохтан

Сүдүрүүннээх санаалар

Сүнньүм үүтүнэн сүрүннэнэн,

Сүрэхпэр сөҥөр буоллулар?

Туохтан

Саппахтаах санаалар

Санным үүтүнэн сааллан,

Санаабын саппаҕыртылар?

Туохтан

Өһөхтөөх өйдөр

Өттүгүм үүтүнэн үктэллэнэн,

Өйбүн өһөрдүлэр?

Туохтан

Барбах майгылар

Баспынан батарыта киирэн,

Баспын баттаатылар?

Туохтан

Ыарахан санаалар

Ыга анньан киирэн,

Ыар баттык буоллулар?

Күннээҕи олох күөмчүтэ

Көй салгын буолан

Күлүктүү көттөҕө дуу?

Сүҥкэн олох сүдүрүүнэ

Сүлүһүн буолан

Сүрэхпэр сөҥнөҕө дуу?

Халыҥ олох хапсыыра

Халарык буолан

Харахпын саптаҕа дуу?

Эбэтэр

Эрэй баҕайы илбиһэ

Этэр тыла суох буолан

Эппэр иҥнэҕэ дуу?

Миигин

Хаххалыыр хара санаа – халбарый,

Күлүктүүр күтүр санаа – күрэн,

Баттыыр балыыр санаа – бар,

Ынчыктыыр ыар санаа – ыһылын,

Санаарҕатар саппах санаа – сайҕан.


Леонид Попов

Саараҥныыр санааларым —

Аналлаах атастарым!

Үөрэр да күммэр,

Куруйар да хонукпар,

Утуйбат да түүммэр

Миигиттэн өрүү арахпат

Аналлаах аргыстарым —

Саараҥныыр санааларым!

Саарбахтаан баран

таптыыбын,

Саарбахтаан баран

айанныыбын.

Хоттохпуна да саарыыбын,

Хоттордоххо да саарыыбын.

Оннук эрэ буола турдун,

Саарбахтыыр санаам туругурдун!

Саарыыртан саҥа суол тобуллар,

Саарыыртан барыта оҥоһуллар.

Оннуга суох

Олоҕуҥ да олох буолбат,

Тапталыҥ да таптал буолбат.

Оннуга суох

Ыалдьыбаккын, хомойбоккун,

Үөрбэккин, дьолломмоккун,

Ол аата,

Олох олорбоккун!


Алампа
АТААС

Алыс

Алтаҥҥа-көмүскэ аралдьыйыма,

Олус

Ойууга-оһуорга охсуллума,

Барытын барҕалаа,

Быһатын быһаар!..

Сынньалаҥ даа сылаалаах,

Дьаарбаҥ даа салгымтыалаах,

Салгын аайыттан санаарҕаама,

Тыал аайыттан сынтайыма.

Уу эрэ дириҥ,

Умуһах эрэ хараҥа,

Хаар эрэ халыҥ

Букатын буолбат.


Иван Мигалкин
ДУУҺАҔАР ТУГУ САНЫЫРГЫН

Дууһаҕар тугу саныыргын кырдьыгынан кэпсээ,

сүрэххэр тугу кистииргин

сэмэйдик доҕоргор сэһэргээ —

оччоҕуна чэпчиэҥ,

санаалыын ырааһырыаҥ…

Олорор олоххо, дьулуһар үрдэлгэ

тардыстар буоллаххына эн,

дьону истиҥник өйдөө,

дьоҥҥо тапталынан олор!

Эн, аһаҕас буол – дууһаҕынан,

кытаанах буол —

норуоккун таптыыр сүрэххинэн!


Алампа

Олох

Оннук-маннык,

Ону ордук

Оҕолор, одуулааҥ!

Кэмчиэрийэр кэскил,

Кэлэҕэй кэмэлдьи

Кэмэ кэлэр.

Кэтэххин тарбан,

Кэннигин көрүн!

Олус уйуһуйума,

Алыс айманыма,

Ааккын сүтэримэ.

Бостуой,

Боростуой,

Бэйэҕэр бэлиэ

Мэлдьи буолуо.

Ону оройдоо.

Оннооҕор буолуоҕу

Оноллоон одуулуоҥ.

Бары баттыгас,

Барбах баламат

Бар дьоҥҥо

Баарын иһин

Баскын угума,

Баҕаҕын бараама.

Көр-иһит,

Күл-сал,

Көнө майгы

Көҕөрөн көстүө.

Алампа

Санааргыыр сахха

Саҥа санаа

Сайдан тахсар.

Өһөн сырыттахха,

Өрөгөйдөөх өс

Өрүкүйэн үөскүүр.

Эрэйдэнэн истэххэ

Эгэлгэ санаа

Эриллэн элбиир.

Курутуйан олордоххо,

Кулан хоһоон

Кутуллан хойдор.

Оонньуу-көрүлүү сырыттахха,

Ойуу-бичик санаа

Оройго ончу охсуллубат.

Кыһалҕа кыһарыйбатаҕына,

Кылаан-өргөс санаа

Кыратык да кыбыллыбат.


Наталья Харлампьева

Хардааччы тымныы санааттан

Харыстаа, доҕоруом, сүрэххин!

Биир киһи баламат быһыытынан

Буруйдуу санаама бар дьоҥҥун.

Харыстаа сүрэххин кэлэйииттэн,

Хом санааттан, өстүйүүттэн.

Харыстаа үтүөҕэ итэҕэлгин,

Харыстаа, доҕоруом, сүрэххин!


Алампа

Сылаас уубуттан туран,

Сынньаммыт өйбүнэн

Сыаналаан көрбүтүм:

Куһаҕан даҕаны үчүгэйэ һуох,

Кутурҕан даҕаны үөрүүтэ һуох,

Ытыыр даҕаны күлүүтэ һуох,

Ыксал даҕаны сынньалаҥа һуох буолбат.

Ол-бу санааны

Олох долгуна

Оҥорор эбит,

Үтүргэн-хабырҕан

Үтүөҕэ үөрэтэр эбит…

Үөрүүлээх олоххо

Үтүө өй үөскээбэт,

Сынньалаҥ олоххо

Сытыы санаа сыстыбат,

Көҥүл көргө

Көй санаа көөйнүбэт,

Сырдыкка сылдьан

Хараҥаҕа хайыспат,

Тот сылдьан

Аччыгы араарбат,

Тойон олоххо

Токуру торумнаабат эбит.

Хата, эрэйдээх олох

Эҥиҥҥэ эрийэр,

Эгэлгэни этитэр,

Батталлаах майгы

Баһы хамнатар,

Бадаҕы биллэрэр,

Өлүүлээх үйэ

Өйү үксэтэр,

Кыһалҕалаах олох

Кырыымчыгы санатар,

Кырдьыгы булларар эбит.


Семен Маисов
ДЬОЛ УОННА СОР

Дьоллонуу хараҕын уута

(Олус сэдэх, кэмчи

Да буоллаҕа)

Уонна

Сордонуу хараҕын уута —

Амтаннара биирдэр…

…Арай кутан биэриим —

Долгуйууттан тахсыбыт

Харах уутун эйиэхэ,

Билиэҥ этэ дуо арааран

Ханнык иэйии түмүгүн

Хантас гыннаран испиккин?

Күллэхпинэ – туора дьон:

«Дьолломмут», – дии саныыллар,

Ытаатахпына – билбэт дьон:

«Сордоммут», – диэн сылыктыыллар…

Сороҕор күлэрим – мин сору көрөрүм,

Ардыгар ытыырым – мин дьоллонор туругум…


Николай Чуор
ҮТҮӨ САНАА КЫНАТА

Үтүө санаа кынатыгар уйдаран,

Уоттаах таптал сулуһунан ыйдаран,

Үчүгэйиэн, ити киирэн кэлбитиҥ,

Санаам хоту үтүө тылы эппитиҥ.

Самнан сытан үөрбүтүнэн туран кэллим,

Олоххо, эйиэхэ тардыстым,

Күнүм көрдө, сүрэҕим уота төлөннүрдэ,

Дууһам ыллаан, дьикти иэйиим уһугунна.

Умнуом суоҕа кэрэ киһи киирэн кэлбит үөрүүтүн,

Өрүү өйдүөм ыраас суобас истиҥ-сылаас илдьитин,

Хайдах эрэ тырым-ирим чоҕулуччу көрбүтүн,

Поэзия музатын миэхэ бэлэх ууммутун.

Санаам миэнэ ып-ыраас,

Дууһам, иэйиим чап-чараас,

Сүрэҕим өрүү сып-сылаас,

Дэбил олоҕум эмиэ араас.

Күн сиригэр Киһи эрэ өйдүөх тустаах киһини,

Оннук эрэ буоллаҕына, үтүө, кэрэ өрөгөйдүөх

туһа ини,

Дьэ, ол иһин үтүө санаа кынатыгар уйдаран,

Олох устун баран иһиэх, өрүү үөрэ долгуйан!


Наталья Харлампьева

Олох амтана ньулуйбут,

Таптал сулуһа сууллубут,

Чугас дьонум дьиппиэрбит

Күннэрэ этэ ол.

Биир халыан таксига олорсон

Айаннаан испитим

Маҥантан куоракка.

Ардах ытыыра,

Тыал үөһэ тыынара,

Хара тыам аймана сүүрэрэ

Суол кытыытынан.

Суох этэ тулабар

Мин ардаҕы үтүктэрбин

Тохтотуох айылаах

Сырдык күүс…

Онуоха эппитэ таксист,

Кыыһырбыт оҕонньор:

«Ыл, хотуой, ытаан бүт,

Айыка, мин бүтүннүү илийдим!

Таһырдьа – ардах,

Иһирдьэ эмиэ уу,

Баҕа дуу, балык дуу

Үһүбүн дуо мин?

Ким барбыт – төннүөҕэ,

Сүппүт – көстүөҕэ,

Хаалбыт – бэйэтэ ситиэҕэ,

Оттон бу ардах, көрөөр да,

Куоракка тиийбэккэ астыаҕа!»

Мыраан үрдүттэн көстүбүтэ

Күлүмнэс Туймаада.

Таксист уонна айылҕа

Ол курдук

Ардаҕы мэлдьэспиттэрэ.

…Дууһабар былыттар

Муста эрэ түстэллэр

Аҕыйах ити тыл

Миигин быыһыыр:

«Ким барбыт – төннүөҕэ,

Сүппүт – көстүөҕэ,

Хаалбыт – бэйэтэ ситиэҕэ.

Быстах ардах, көрөөр да,

Букатын сотору астыаҕа!»

Кэмсинии


Алампа

Ааспыт

Ардах уутун курдук

Ааһан хаалар.

Кэнники кэлэн

Кэрэгэйин билэн

Кэмсиммитиҥ иһин,

Оҥоһуллубут

Ончу

Олоҕуттан уларыйбат.


Вениамин Миронов
КЭМСИНИИ ТУҺУНАН

Кэмсинии баар

Бары дьаҥтан

бастыҥ эмп:

Үтүөмсүйүүттэн,

Өйдөөҕүмсүйүүттэн,

Улахамсыйыыттан

Уонна да эҥин-араас

Эгэлгэ куһаҕан быһыылартан.

Билэр киһигин

Сиилээн хоһулуоҥ,

Чугас доҕоргун

Үөхсэн да туруоҥ…

Ааспытын кэннэ

Алҕас кэбилэнним диэн

Анаара санаан

Аһарына сатыаҥ —

Ол кэбэр быһыыгын,

Ол кэһэхтээх тылгын.

Тыл

тэһии чыычаахтыы

Көттө да —

тутуоҥ суоҕа,

Тыыннааҕыҥ тухары

Кэмсинии,

дьэ,

сордуоҕа.

Аны,

хаһан да,

Айахтаппат буолуум

Ааргы тылы,

Отой

уонна, дьэ,

Оҥостубат буолуум

Олуона быһыыны.

Кэмсинэммин —

Киһи дьүһүлэниэм,

Кэмсинэммин —

Кэрэҕэ тиксиэм.


Семен Маисов
КЭМСИНИИ

Төрөөбүт төрүт сир кэрэтэ

Туспа дойдуларынан

Туоххаһыйа тэлэһийэн сырыттахха,

Ордук күүскэ өйдөнөр.

Төрөөбүт төрүт тыл кэрэтэ

Атын омуктардыын

Атыннык алтыһан саҥардахха,

Ситэри ситэн сыаналанар…

Чугас киһигин чугурутан баран

Чуҥкуйдаххына эрэ —

Чычаас санааҕыттан кэлэйэн,

Чанчыгыҥ кылбайар.

Доҕор киһигин доҕолоҥнотон баран

Долгуйдаххына эрэ —

Дааргы өйгүттэн кэмсинэн,

Дар уҥуох хаҕыҥ хаалар.

Икки атах Орто Дойдуга

Олох олорорун тухары

Омнуо майгытыттан

Отох дьылҕаланар.

Туора харахтаах сир үрдүгэр

Сириэдийэрин тухары

Сиппэтэх санаатыттан

Ситэри тыллыбат…


Сайа

Этиэхтээхпин эппэтэҕим

Биир кэрэ да киһиэхэ.

Кэлиэхтээхпин кэлбэтэҕим

Кэлтэй хаалбыт киэһэҕэ.

Кэмсинии!

Аны кэлэн кэмсинии,

Аанай тылга ытаныы,

Ааспыт дьолу аһыйыы…

Олох уута таҥнары

Устубатын билэбин,

Ол да буоллар утары

Тыалга тылбын ыытабын:

Этиэхтээхпин этээри,

Кэлиэхтээхпин кэлээри,

Кэмсинэрбин тиэрдээри…


Леонид Попов
КЭМСИНИИ

Соҕотох буоллахпына,

Сорох ардыгар

Кэмсинии дууһабар

Киирэн кэлэр,

Кэмсинэбин —

Киһи буоллун да итэҕэйэн,

Кирдээх-хохтоох дьоҥҥо

Кииртэлээн биэрэрбиттэн.

Кэмсинэбин —

Туохха эрэ

Дубук туттан,

Туора дьон хараҕар —

Туоратык көстөрбүттэн.

Кэмсинэбин —

Арыт алҕаһаан кэбиһэн,

Атааннаах дьонум айаҕар

Аһылык буоларбыттан.

Кэмсинэбин —

Кыайыахпын да кыайбакка,

Кыраттан тэптэрэн,

Кыһалҕаҕа киирэрбиттэн.

Ол эрээри

Айхалланыах айылааҕы

Айхаллаан-уруйдаан,

Ааҕааччыларбар ааттаннаҕым.

Этиллиэх айылааҕы

Этэн-тыынан

Элбэх дьон уоһугар киирдэҕим.

Сириллиэх айылааҕы

Сирэн-сэмэлээн,

Син тугу эмэни туһалаатаҕым.

Атын дьон айаҕынан

Айдаарбытым диэн суох.

Туспа киһи куолаһынан

Тойук туойбатаҕым.

Бэйэм бигэ тыллаахпын,

Бэйэм ыллыыр ырыалаахпын,

Ол буоллаҕа буолуо

Олорор олохпор

Улахан дьолум диэн!

Сардаана Амгинская

Буруйданыыга тиийбэт куолу,

Буруйданан суолгун быстыма.

Бэйэҕэр накаастабыл булан

Баай-тала кэлиэн бытаардыма.

Киһи саныыр санаата, өйө,

Эппит тыла иччилээх эбээт!

Эн үчүгэйи ыраланаат,

Туолуутун тоҕо тохтотоҕун?

Тоҕо санаанан үрэйэҕин,

Дьол кэлэрин кэбирэтэҕин?

Тоҕо эн бачча сааскар диэри

Бэйэҕин сатаан ылыммаккын?

Буруйданыма, бырастыы гын,

Олоххор эрэлинэн эрдин!


Сүргэ көтөҕүү. Санааны кынаттыыр хоһооннор

Подняться наверх