Читать книгу Сүргэ көтөҕүү. Санааны кынаттыыр хоһооннор - Группа авторов - Страница 5
Киһиэхэ кыра наада
ОглавлениеЛеонид Попов
Баараҕай баай хара тыаттан
Баара эрэ мин ыллым ытыспар
Күп-күөх быыкаайык туорааҕы.
Күп-күөх үчүгэй баҕайы! —
Уонна, оҕолоор,
«Оо, өлбөтөх киһи!» дии санаатым.
Улуу өрүс уйгулаах уутуттан
Омуртум мин омурдуу ууну,
Утахпын ханнарда даҕаны,
Олус да минньигэс баҕайы!
Уонна, оҕолоор,
«Оо, өлбөтөх киһи!» дии санаатым.
Эргиччи көрөр күн анныттан,
Эргийэ хамсыыр Сир буоруттан
Миэхэ диэн бэрт кыра наада,
Бэрт кыра, дуона суох наада!
Оччоҕо, оҕолоор,
Уһуннук да уһуннук олоруом!
Суоһааны
Ким эмэ этиэ дуо
Дьол диэн тугун?
Чороон от сэбирдэҕэр
Сиик таммаҕа кылбачыйар.
Ол уҥуор атахха
Кэбиһиилээх от турар.
Санаам сырдыыр. Куруйар.
Ол бадаҕа эмиэ
Дьол буоллаҕа бэйэтэ.
Сардаана Амгинская
Сүрэҕиҥ баҕа санааларын
Айыыларгар эрэ итэҕэй.
Хос санааны ытыннарбакка,
Ылыммыт суолгун эрэ тутус.
Санааҥ түһэр, эрэлиҥ эстэр,
Мөлтүүр, кэбириир түгэннэргэр
Эн таптыыр кинигэлэргин аах,
Таптыыр араадьыйаҕын холбоо.
Олох кыраттан, быыкаайыктан
Санааҥ соһуччу көтөҕүллүө,
Күн сарсыҥҥыттан сабыыс-саҥа
Олоҕуҥ ыллыга тыргыллыа.
Айыыларгар эрэ итэҕэй,
Олохтон истиҥи эрэ ыл.
Семен Данилов
БУЛУОХХУТ БАРЫТЫН
Мин анаан Дьолу көрдүүбүн —
Булабын Сор суолун,
Үлэ көлүйэр көлөөҕүн,
Олох дьоло суоҕун.
Мин анаан Кырдьык көрдүүбүн —
Албыны булабын,
Албын абыгар өрүүтүн
Сиэртибэ буолабын.
Мин анаан Таптал көрдүүбүн —
Булабын Кырыыһы,
Доҕор абааһы көрүүтүн,
Сэнэбил кыһыытын.
Мин анаан Ырыа көрдүүбүн —
Булабын Хоп сибин,
Олох дьээбэтин, күлүгүн
Кэрэһи кэпсээнин.
Көрдөөбөт кэммэр соһутан
Кэлэллэр: Дьол, Таптал,
Үйэм үчүгэй Ырыата
Кырдьык кынаттаах.
Онон бар дьоммор этэбин:
– Көрдөөмөҥ анааҥҥыт.
Дьоннуу олоруҥ, үлэлээҥ —
Булуоххут барытын.
Николай Чуор
ХАҺААНЫМАҤ
Харысхаллаах
Хайҕал тылын
Хаһан эрэ
Этиэхпит диэн
Эрэнимэ!
Үтүө тылы
Үйэ сааска
Өйдүүр курдук
Эрдэ-сылла
Этэр буолуҥ!
Хомнуо хойут
Хомойботтуу
Санааҕытын
Сайаҕастык
Сайа этиҥ!
Хаарыаннаахай
Хампа күөххүт
Кэхтэр кэмин
Кэтэмэҕэйдээн
Кэтэһимэҥ!
Харысхаллаах
Хайҕал тылын
Халтайынан
Хара кэмҥэ
Хаһаанымаҥ!
Суоһааны
Биир таммах харах уутунан
Ыгыллан тахсыбыт
Ыарахан санааны
Ындыы гынан ылынан
Тэҥҥэ сүксүөх-көтөхсүөх,
Ичигэс санаалаах, итии сүрэхтээх
Эн таскар баар буоллун мэлдьитин.
Саха киһитэ – бүтэй, бүөм,
Кистэниэ, бэйэтигэр бүгүө,
Бүүтүйэлээн бүтэйдии бүөлэниэ.
Ол ону сэрэйэн, таба көрөн таайан
Кэмигэр өйүөх, өйдүөх,
Эрэллээх илиитин уунуох
Чугас доҕордоох буол өрүүтүн.
Санааны сайа этиһэр саҕа үчүгэй эмп
Туох баар буолуой, киһиэхэ, бу күҥҥэ.
Алампа
Итии илиинэн
Ибигирэтэн тутуһар,
Истиҥ тылынан
Иһирэхтээн кэпсэтэр
Эгэлгэ энэлгэҥҥэ
Этиппэт эмп…
Сардаана Амгинская
МАХТАЛЛААХ БУОЛ
Туох барытын үтүө түмүгэ —
Бу киһи киһиэхэ махтала.
Сүрэхтэн этиллэр истиҥ тыл,
Харахтан саҕыллар уйан күүс.
Этиллэр махтал судургутук,
Тиэрдиллэр кини кэбэҕэстик:
Кими даҕаны куоттарбакка,
Махтал тылынан тумнубакка.
Махтал сыдьаайа хааччаҕа суох,
Махтал үтүөтэ муҥура суох.
Махтал – айыылар алгыстарын
Сүрэхтэн сүрэххэ тиксиитэ.
Махталы хаһан да эрэйимэ,
Махтанаргын хаһан да умнума.
Афанасий Чугунов-Нооһой
СЭЛЭҺИИ
Күн устата көрсөҕүн
Эҥин бэйэлээх дьоннору,
Эдэрдиин-кырдьаҕастыын
Күлэ-үөрэ алтыһаҕын,
Олохтоох истиҥ сэһэни
Олортон мэлдьи ситиспэккин.
Бэйи, тохтоо!
Кэпсэтэр эрэ киһилиин
Сэлэһии мэлдьи тэнийбэт,
Сэлэһии – толору этинии,
Бэйэни ситэри өйдөһүү,
Сэҥээрии, сонуну күөдьүтүү,
Сатаан ону быһаарыы.
Тулалыыр эйгэни тургута,
Тугун-ханныгын сырдата
Атылыы анаарыы,
Аһаҕастык этинии —
Сэлэһии ураты ирдэбилэ,
Сэргэх, дьоһун төрүтэ.
Дэлэй сэһэн арҕаһын
Дэҥҥэ таба тайаннахха,
Дьолуо күнү эбинэҕин,
Дьоллоох курдук сананаҕын!
Сардаана Амгинская
Саҥата суох манньыйа сылдьар,
Бэйэ дьолун мунньунар – эмтээх.
Сүрэххэр – таптыыр киһиҥ уоһа,
Хараҕа, баттаҕа, илиитэ…
Хайдах туттубута, көрбүтэ —
Туохтан тулаҥ тырымнаабыта…
Тугу бүтэҥи куолаһынан
Кистээн эйиэхэ кэпсээбитэ…
Онтукаҥ күннээҕи түбүгүҥ
Бараммат тиһилигэ буолан,
Эн санааҥ тула эриллэрэ —
Сүрэх дьолтон угуттанара…
Саҥата суох манньыйа сылдьар,
Бэйэ дьолун мунньунар – эмтээх.