Читать книгу Үһүйээннэр, номохтор - - Страница 30

АММА
СЭМСЭ

Оглавление

Абаҕа нэһилиэгэр, Лыба диэн үрэххэ Сэмсэ диэн кыра ходуһа баар. Былыр, 1857–1958 сыл диэки, Аммаҕа, Саха сиригэр барытыгар даҕаны, халыҥ хаар дьыл буолан ааспыт. Ол хаар дьыл Лыбаҕа олохтоох Хонтой Хабырылла диэн 600 сылгы сүөһүлээҕиттэн, ото суох буолан, 400 сылгыта сутаан өлбүт. Онон улаханнык дьадайбыт. «Ходуһам кыараҕас, кыра буолан, сүөһүм сутаата», – диэн нэһилиэгин мунньаҕыттан көрдөһүү сурук түһэрбитигэр, ылынаннар, Лыбаҕа, Маралыкы төрдүн алын өттүгэр, икки элгээн икки ардын, өллүгэтин тас өттүнэн, аһынан, сэмсэ диэн ааттаан, эбии бэрсэн биэрбиттэрэ билиҥҥэ диэри Сэмсэ диэн аатынан ааттанар.

Иван Давыдович Терентьев (1926). I Чакыр. Билигин Соморсуҥҥа олорор, пенсионер. 1985 с. суруйбутум.

Үһүйээннэр, номохтор

Подняться наверх