Читать книгу Үһүйээннэр, номохтор - - Страница 36

АММА
АЛТАН ЫМЫЙА

Оглавление

Сүрдээх баай эмээхсин олорбута үһү диэн сурах иһиллэр. Ол эмээхсин сүрдээх аһатымтыа, кэлбити-барбыты сырытыннарар, сэниэ, баай эмээхсин. Былыр алтан ымыйа диэн иһит баар буолбат дуо? Ол иһиккэ кутан, дьону аһатар буоллаҕа дии бу эмээхсин.

Ол дьоннор: «Били алтан ымыйалаахпытыгар аһаан ааһыахха», – диэн кэпсэтэллэрэ иҥэн, аат буолбут диэн буолара.

Иван Иванович Нестеров-Уччугуй Уйбаан (1914). Амма улууһа, Алтан нэһилиэгэ. Саҥкычах аҕатын ууһа. 1989 с. суруйбутум.

Үһүйээннэр, номохтор

Подняться наверх