Читать книгу Үһүйээннэр, номохтор - - Страница 33

АММА
ТОҤУС КЫЫҺА

Оглавление

Бу Соморсуҥҥа, Халаалы Үрэх төрдүгэр Тоҥус Кыыһа диэн улахан күөл баар. Ол үрдүгэр тоҥус кыыһын уҥуоҕа баар диэн. Онон ол күөл Тоҥус Кыыһа диэн аатырбыт.

Бу күөл тоҕо аатырбыта? Тоҕо диэтэххэ, илин Уус Маайа, Нуотара диэкиттэн былыр тоҥус дьахтара, кыыл табаны эккирэтэн, хайыһарынан айаннаабыт. Ол кэлэн, саамай үрдүк таас хайа оройуттан хайаттан мүччү ыстанан кэбиһэр. Соҕотохто көтөн хаалбыт, Халаалы төрдүгэр хонууга кэлэн түспүт. Ол Тоҥус Кыыһа диэн күөлгэ тиийэ халтарыйан кэлбит. Балай да ыраах сир. Икки километр курдук хочону. Ол кэлэн, эчэйиититтэн өлбүт. Ону оччотооҕу сахалар күөл үрдүгэр кистээбиттэр. Уҥуоҕун. Онон Тоҥус Кыыһа диэн ааттаммыт дииллэр.

Семен Семенович Дьячковскай. Амма улууһа, Чакыр нэһилиэгэ. Бырдах аҕатын ууһа. 1986 с. 86 саастааҕа.

Үһүйээннэр, номохтор

Подняться наверх