Читать книгу Үһүйээннэр, номохтор - - Страница 88

МУОМА
МӨӨЧӨРӨ БӨҔӨС

Оглавление

Мөөчөрө Бөҕөс диэн киһи баар үһү. Тугу да бултаабыта диэн биллибэт. Эсэһит этэ диэн кэпсииллэр. Тоҕус уон тоҕус эһэни өлөрбүт. Онтон биирдэ эмиэ сиргэ тахсыбыт. Саа диэн былыр суох эбит. Минтиэпкэ да саа. Ити чакыырынан эстэр саа. Ол да суох үһү.

Ол саҕана бу икки өттүнэн биилээх үҥүү диэн оҥостоллор үһү. Хатыҥынан уктаан. Ол үҥүүтүн тутан баран, тайҕаҕа тахсыбыт. Арай биир киэҥ соҕус сиргэ эһэ отонноон сиэн эрэр үһү. Бу киһи онуоха үһүүрэр, үһүүрэн чыскырытар. Эһэлэри урут үһүүрэн ыҥыртыыр эбит. Дьэ, ол хоту эһэтэ киниэхэ сүүрэн кэлбит. Ол кэлбитигэр. Үҥүүлэрин, сөһүргэйдээн баран, хороччу тутан олороллор үһү. Эһэ, киһиэхэ кэлэн баран, эбэһээтинэ балтараа дуу, икки дуу миэтирэ сиргэ олоро түһэр эбит. Харына түһэр 1. Онтон киһи үрдүгэр түһэр үһү. Баттыы түһүөхтээх эбит. Ол бириэмэҕэ үҥүү үрдүгэр түһэрэллэр. Супту анньаллар үһү. Онтон, үөлэн ыланнар, үөһэнэн быраҕан ыыталлар эбит. Онтон, эргийэн кэлэн, киһи үрдүгэр түһэн истэҕинэ, иккистээн быраҕыытыгар батыйатын уга булгу баран хаалбыт. Онтон эһэтэ ньаҕаччалаабыт 2. Кини, батыйатын угун туппутунан, дьиэтигэр ыстаммыт. Эһэтэ батыспатах.

Ол онно көрдөҕүнэ, илин быһаҕаһа сыгынньах, кэлин быһаҕаһа түүлээх үһү. Сир тоҥон эрдэҕинэ бирээмэ эбит. Күһүн. Онтон куттанан, өлүөр дылы дьиэттэн тахсыбатаҕа үһү. Өлөрүгэр эмээхсинигэр эппит: «Эмээхсиэн, бу күн ыраахтааҕыбар күүспүн билиннэрбэтэҕим, абаам-абам», – диэбит.

Онтон бу былыргы киһи сыҥаһата мас буолар. Бэрэбинэ. Сыҥаһа диэн орун. Онтон биир хардаҕаһы хайа харбаан ылбыта үһү. Онтон өлөн хаалбыт.

Онно таайаллара үһү бүтүн күүстээх киһи буолуо диэн. Ол ити бүтүн күүс диэн 100 бууту көтөҕөр киһи диэн.

Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:

 1 Харына түһэр – сиргэ хорулла түһэн баран, бахчайарын аата.

 2 Ньаҕаччалаабыт – ыарыыланан кыайан сүүрэр кыаҕа суох. Бааһыран.

Үһүйээннэр, номохтор

Подняться наверх