Читать книгу Үһүйээннэр, номохтор - - Страница 95

МУОМА
АРАҤАСКА ТУРАР УДАҔАН УҤУОҔА

Оглавление

Тирэхтээххэ биир удаҕан уҥуоҕа араҥаска турар. Туох баар симэҕин кэтэ сылдьар үһү.

Дьокуускайга музей аһыллыбыта. Соболооххо хомсомуол сэкиритээрэ, онно экспонаттары хомуйуу буолбутугар сөп түбэһиннэрэн, ол удаҕан уҥуоҕуттан били симэҕин, арааһынай киэргэллээх ыытаары, Муома сиригэр маннык баар диэн, ылан кэлбит. Дьиэтигэр. Ити сүүрбэччэ километрдаах сир. Сатыы сылдьар буоллаҕа. Дьиэтигэр чэйдии олордоҕуна, эһэккэтэ таһырдьа тахса сылдьар, аҕалбыт малын көрөр. Сиэнигэр киирэн этэр: «Тоҕо маны ыллыҥ. Улуу дьоннор. Киһи тыыппат, быһа саҥарбат куолута. Сэттээх, сэтэриилээх буолар. Ол иһин миэстэтигэр төттөрү илдьэҥҥин, хайдах баарынан симээн кэбис», – диэбит. Ону уола буолуммат: «Дьокуускайга ыытыам», – диэбит.

Ону оҕонньор, түүннэри илдьэн, удаҕан уҥуоҕар тиийэн, симээн, көрдөспүт. Онуоха биир таммах хараҕын уута түһэн, хааҥҥа кубулуйан баран, сүтэн хаалбыт. «Эдэр оҕону араҥаччылаа, саҥа үүнэн эрэр киһини баалаама, бырастыы гын», – диэбит. Ону ол хараҕын уута тахсар.

Ол курдук олороллор. Туох да уларыйыы суох. Уол үлэлиирин курдук үлэлиир. Онтон, саас ортотугар тиийэн баран, бу киһи илиитэ уонна атаҕа тарбахтарыттан ууллан тохтор. Дьокуускай куоракка тиийэн көрдөрө сатаан баран, төннөн кэлбитэ. Кэнники ытынан өлбүт этэ. Талааннаах эҥин, артыыс эҥин, ырыаһыт эҥин, кыайыылаах-хотуулаах киһи. Холкуос, сопхуос биир тутаах киһитэ. Ону удаҕан уҥуоҕун тыыппытыттан буолуо диэн сабаҕалыыллар этэ. Быраастар кыайан быһаарбатахтар. Ити 50–60-с сылларга.

Ити удаҕан уҥуоҕа турар сиригэр, Тирэхтээх Үрэҕин үрдүгэр, иккитэ баһаар буолбута. Бастакы баһаарга кэлии киһи, күтүөт Федоров Николай Гаврильевич, хос аата Доодорон диэн, тулуйа сатаан баран, көрдөһөр курдук этэр: «Эдьиийбит, баччалаах уоту көрөн тураҥҥын, бэйэҥ уҥуоххун харыстаабаккын дуо?» – диэбит. Онуоха бэргэһэ саҕачча былыт тахсыбыта дииллэр. Ардаҕы түһэрэн, умулларан кэбиһэр.

Иккис сылыгар ол сиргэ эмиэ умайар. Ол онно дьоннор көрдөһөллөр. Ардах түһэр, мөлтөхтүк түһэр уҥуоҕу сиэн кэбиһэр.

Үһүйээннэр, номохтор

Подняться наверх