Читать книгу Эргэ өтөх хоноһото - - Страница 2
ТӨБӨТӨ СУОХ КИҺИ
ОглавлениеМин оҕо эрдэхпинэ, үксүгэр, дьиэ эргиннээҕи өтөх абааһыларын тустарынан кэпсэтэллэрин истэрим. Кинилэр син киһиэхэ майгынныыр буолан баран, дьүһүннэринэн киһиттэн туох эрэ итэҕэстээх, олус ынырык, киһи уун-утары көрүөн дьулайар «дьонноро». Ону ааһан олус ыарахан, киһи сүрэҕин баттыыр, никсик сыттаах буолаллар.
Сыаппа өтөҕөр олордохпутуна, биир киэһэ абааһы туһунан кэпсэтии буолбута. Элбэх эҥин араас абааһылар ахтыллыбыттара. Олортон саҥаһым, Бакат Мэхээс кэргэнэ Балбаара кэпсээнин истибиппин, билиҥҥэ диэри кытаанахтык өйдөөн хаалбыппын.
– Мин Чурапчы Хадаарыттан манна Сыллыый Мэхээскэ (оччоҕо мин кэргэним бу билиҥҥитин курдук бакыйбатах киһи этэ) кэргэн тахсан, сүктэн кэллэҕим утаа, – Балбаара имик-самык умайа турар көмүлүөк оһох хардаҕастарын үөттүрэҕинэн эргитэ анньан биэрбитигэр, балаҕан иһэ сырдыы түспүтэ, – бастакы уолбун Ыстапааны оҕоломмутум кэннэ этэ. Тыахан оҕонньордооххо Чылбыан Өлөксөй эмээхсининээн бурдук бысыһан баран, дьиэбитигэр төннөн испиппит. Күнү быһа сиспитин да көннөрбөккө сылдьан, үүнүүлээх баҕайы дьаарысса бурдугу сиэрпэнэн быспыппыт. Улаханнык сылайа быһыытыйбыт этибит. Балаҕан ыйынааҕы күн киирэн эрэрэ. Арай Тыахан оҕонньор өтөҕүн саҕатыгар киирэн истэхпитинэ, туох эрэ куһаҕан, ыарахан дьаардаах сыт кэллэ.
– Ити туох куһаҕан сытай? – диэн мин ыйытабын.
– Ким билэр. Оҕонньордоох өтөхтөрүгэр бөхтөрүн уматтылар ини. Сотору көһөн кэлээри гыннахтара.
– Өтөххө бөх умаппыт быһыыта суох, тоҕо эрэ буруо көстүбэт, – диэн мин бөх сытыттан атын сыт буоларын сэрэйэн, этэбин.
– Билбэтим, – эмээхсин саҥата суох, төбөтүн умса соҕус туттан баран иннин диэки хааман иһэн. – Тукаам, миигин кытта халдьаайынан киһи уҥуохтаах тумулга диэри барыс, аргыстаһыах, – диэн сибигинэйэр.
– Суох, дьиэбэр оҕом күүттэҕэ дии. Быһа барыам, – мин Түгэх иһинэн барар суолунан, эмээхсиммиттэн арахсан туоруубун. Оччоҕо Тыахан өтөҕүн арҕаа өттүн мастара кэрдиллэ иликтэрэ, алаас көстүбэт чараас тыалааҕа. Мин ол тыаны ортотунан ааһан, алаас сыырын үрдүгэр киирбитим. Арай төбөбүн өндөс гынан көрбүтүм… саһаантан ордук холобурдаах үрдүк, кэтит дарайбыт сарыннаах, хоруоп курдук холбойбут көҕүстээх төбөтө суох абааһы сыыры тахсан, миэхэ уун-утары субу чугаспар тахсан иһэр эбит!.. Көрбүтүм соһуччута бэрт буолан, бастаан хорус гына түстүм быһыылааҕа. Тохтуу биэрдим, иннибэр олус ынырык, дьулаан «киһи» иһэрэ: атырдьах курдук атаҕын аччаччы тэбиммит, илиитэ санныгар ыйанан иһэр. Таҥаһын-сабын бу диэн өйдөөбөппүн. Биир кэм хап-хара көстөрө. Киһи аҕынньыта төллүөх, куп-куһаҕан сыттааҕа.
Ходьох гына тура түспүтүм курдук эмискэ, тугу эрэ ынырыктык кыламмытынан, эмээхсиним барбыт сирин диэки сүүрдүм. Ити икки ардыгар өйбүн сүтэрэн ылбыт быһыылааҕым: биирдэ өйдөммүтүм, кырдьаҕаһым эрэйдээҕи, ытыы-ытыы, ыга кууһан турар эбиппин. Эмээхсиним титирэстээбит куолаһынан: «Тукаам, эрдий. Куттаныма даа, куттаныма. Бэйэтин суолунан ааһыаҕа. Эн биһикки суолбут туспа, кини суола туспа. Ааттаһабын, көрдөһөбүн. Куттаныма, уоскуй», – дии-дии, миигин кууһан турара.
Киһи уолуйдаҕына, билигин аҕай куттаммытын көрүөн баҕарбатаҕын да иһин, бэйэтэ онтукатыттан хараҕа арахсыбат буолар. Эмээхсин миигин уоскута сатыы турар кэмигэр иккитэ-хаста көрө түспүтүм, абааһы сыыры өрө тахсан эрэрэ. Куттаммытым ааһан биэрбэтэҕэ. Хата, аргыһым миигин дьиэм чугаһыгар диэри атааран биэрэн абыраабыта.
Ити алаас биир кырдьаҕас олохтооҕо Томуоскай оҕонньор: «Эбэбэр төбөтө суох киһи баар», – диэн кэпсиир эбит этэ. Мин ону көрбүт эбит буоллаҕым, – диэн Балбаара кэпсээнин түмүктээбитэ.
Биһиги киниттэн: «Эн төбөтө суох «киһи» туһунан көрүөҥ иннинэ истибитиҥ дуо?» – диэн ыйыппыппыт. Онуоха: «Суох, кэлин истибитим», – диэн хоруйдаабыта.
Түгэх халдьаайытыгар төбөтө суох абааһыны көрбүттэр биирдиилээн-иккилээн да буоллар баар этилэр. Сэрии иннинэ Холкуостаах Лэгэнтэй эмиэ көрбүт үһү. Абааһыта уҥа илиитин быластаан ууммутугар, ол аннынан ааспыт үһү диэн кэпсээн баара. 1940 сыл сааһыгар Дьирээ Ньукулай уола Зотчик Брызгалов, аҕатын аахтан Бүтэйдээхтэн истэҕинэ, Халымаайы сыырын киириитигэр, ата туохтан эрэ сиргэнэн, муоһатыгар кыайтарбакка, сааскы килэркэй суолунан иннин хоту тэбинэн кэбиспит. Зотчик куттана санаабыт. Атын тохтото сатыырын быыһыгар, кэннин хайыһан көрбүтэ, киниттэн отучча (!) хаамыылаах сиргэ төбөтө суох киһи сырсан иһэр үһү. Сонно кини өйүн сүтэрбит. Арай Бүтэйдээххэ киирэн, Лөкүөрэ оҕонньордоох сэргэлэригэр анньыллан туралларыгар биирдэ өйдөммүт.
Зотчик итинтэн улаханнык ыалдьан балыыһаҕа киирбит. Тыа сирин эмчиттэрэ кинини ыарыыта уустугун иһин куоракка атаарбыттара. Сотору өлөн тахсыбыта. Кини өлүгүн дьиэтигэр, Бырдьа өтөҕөр, аҕалыахтарын икки дуу, үс дуу хонук иннинэ Ыт Атах ойоҕо Кэтириис таһырдьаттан дьиэҕэ киирбитэ, уола үөттүрэҕи тута сылдьан муннугу кэйиэлии турар эбит. «Тоҕо муннугу хаһыстыҥ?» – диэн ыйыппытыгар уол: «Ити муннукка киһи ынчыктыыр», – диэбит. Ону кэлин «Зотчик өлөн тахсарын бэриэттээн этэ сырыттахтара» диэн быһаарбыттара.