Читать книгу Эргэ өтөх хоноһото - - Страница 3

ИЛЭ СИЭБИТ АБААҺЫ

Оглавление

Сүллүүкүн – уу иччитэ. Кини үйэтин тухары уу анныгар олорор. Онно, киһи курдук, дьиэлээх-уоттаах, сүөһүлээх-астаах, оҕолоох-уруулаах, оннооҕор киһи курдук харчылаах буолар үһү. Ону сүллүүкүттэр бөхпүт, бөхтөрүн харчы дииллэр үһү. Сэрии иннигэр биһиги дьоммутугар харчы диэн суоҕун тэҥэ этэ. «Сатаатар, биһиэхэ сүллүүкүн бөҕө наадалаах», – дэһэллэрэ. Өссө Уһун Маайа эмээхсин: «Сүллүүкүн тымныы оройдоон турдаҕына, нэдиэлэ кэриҥэ сир үрдүгэр тахсан, эргэ өтөхтөргө уот оттунан олоро түһэн ааһар кэмнээх. Дьэ биирдэ ойбонноругар төннөллөрүгэр биир киһини илдьэ киирбиттэр. Онно хас да хоммут. Сүллүүкүттэр киһини дойдутугар таһааралларыгар: «Харчыны ылаҕын дуу, бөҕү ылаҕын дуу? Тал», – диэбиттэр. Онуоха киһи кимтэн эрэ «сүллүүкүттэр харчылара сиргэ таҕыстаҕына, бөх буолар үһү», диэни истибит буолан бөхтөрүн ылбыт. Сүллүүкүттэр биир куул толору бөхтөрүн хаалаан биэрбиттэр. Дойдутугар кэлэн биир куулу толору харчыланан хаалбыт», – диэн кэпсээбитэ.

Сүллүүкүн тахсыбыт кэмигэр бит-билгэ элбиир. Дьоннор сүллүүкүнү иһиллииллэр, бүлүүһэ сүүрдэллэр, остуол хаамтараллар, биһилэх көрөллөр, сэргэ төрдүгэр, ойбон тиэргэнигэр эдэр кыргыттар хаар сиидэлииллэр, таас тардаллар. Оччоҕо сүллүүкүн кэлэн эн инникигин, хайдах олоруохтааххын, кэлиэхтээх дьылҕаҕын этэн биэрэр. Бу кэмҥэ түһээбит түүл иччилээх, төлкөлөөһүнэ олоххо кииримтиэ буолар үһү.

Арай биирдэ үс эдэр эр бэрдэ бэйэлэрин инники дьылҕаларын билиэхтэрин баҕарбыттар. Кинилэр былыргы үйэтээҕитэ быраҕыллыбыт, иччилэрин бараабыт илэ сылдьар абааһылаах эргэ өтөххө сүллүүкүн иһиллии барбыттар. Ыйдаҥа түүн буолан балаҕан иһигэр борук-сорук сырдык киирэн, онон сирдэтэн, холумтан суол аанынааҕы чанчыгар олохторун булунан, ол-бу чөчүөккэ, өтөх абааһыта моһуоктаабатын диэн дьиэлэриттэн аҕалбыт хоруолаах үөттүрэҕинэн олоруохтаах сирдэрин эргиччи сурааһынныы тардыбыттар. Суорҕаннарын үһүөн бииргэ бүрүнэн баран, сүллүүкүн кэлэрин кэтэһэн иһиллиирдии олорбуттар.

Син балайда уһуннук олорбуттар. Тымныы баҕайы түүн, онуоха эбии тоҥ балаҕан уорааннаах. Уолаттар тоҥон дьагдьайа быһыытыйан олордохторуна, хотон диэки туох эрэ лүһүгүр гыммыт. Суор дуу, тураах дуу хааҕырҕаабыт. Уолаттар соһуйан ходьох гына түспүттэр, эттэрин сааһа аһылларга дылы гыммыт. Ол эрээри, сүллүүкүн истэҕэ диэн арыый уоскуйан, иһиллээн олорбуттар. Тыастара иккиһин тыаһаан баран, ах баран уурайан хаалбыт.

Уолаттартан биирдэстэрэ хаһыыра түһэн баран, бүрүнэн олорбут суорҕаннарын уҥа орон диэки элээрдибитинэн ойон турбут даҕаны таһырдьа диэки ыстаммыт. Атын уолаттар даҕаны киһилэриттэн соччо хаалсыбатахтар. Киһилэрин кэнниттэн таһырдьа диэки дьулуспуттар. Куотан истэхтэринэ, үһүс уоллара аан боруогуттан иҥнэн охтон түспүт: «Сиэхсит сиэтэ! Абырааҥ! Абырааҥ!» – диэн сүр хатаннык кылана хаалбыт. Икки уол табаарыстарын хаһыытыттан, өссө ордук тэбиэһирэн, кэннилэрин да диэки хайыспакка дьиэлэрин диэки ыстаммыттар. Олорор дьиэлэрин тэлгэһэтигэр кэлэн эрэ баран уоскуйбуттар. Өйдөөн көрбүттэрэ, табаарыстара суох эбит. Сотору кэлэр ини диэн кэтэһэн көрбүттэр да, уоллара кэлбэтэх. Турбахтыы түһэн баран, дьиэлэригэр киирбиттэр. «Халлаан дьоно эбиккит, – дьиэлээх оҕонньор уолаттары сэмэлии тоһуйбут. – Уолгутун хаалларыа суох этигит. Баччааҥҥа диэри кэлбэтэх буоллаҕына, дьыала мөлтөҕөр тахсар. Хайаан даҕаны моһуогуран кэлбэт». Уолаттар кутталларыттан санныларын эрэ ыгдаҥнаталлар.

Уоскуйан баран, кырдьаҕастарын илдьэ өтөхтөрүгэр барбыттар. Көрбүттэрэ, балаҕаннарын аана аһаҕас аҥайан турар эбит. Куттанан систэрин этэ кэдэриҥнии-кэдэриҥнии балаҕаҥҥа чугаһаабыттара, уоллара аан боруогун ситэ туораабакка эрэ, умса түһэн сытар эбит. Айаҕынан хаана барбыт. Охтоот да, тута өлбүт быһыылаах – мөхсүбүт быһыыта биллибэт. Хайыы-үйэҕэ муус кырыа буолан, адаарыччы тоҥмут киһилэрин сыарҕаларыгар тиэйэн дьиэлэригэр аҕалбыттар. Ириэрэн таҥаһын уларытаары сыгынньахтыы сылдьан көрбүттэрэ, көхсүн хараҕар улахан баҕайы, киһи ытыһын саҕа күөх баланах олорон хаалбыт. Ону көрөн оҕонньор олус аймаммыт: «Акаарылар, иччитин бараабыт өтөххө дугуйданаҥҥыт хаарыаннаах, соҕотох уолбун былдьаттаҕым», – диэн уйа-хайа суох ытаабыт. Чахчыта, уола сор суолламмытын сүрэҕинэн сэрэйэн баран, кыатана сатаабыт буолуохтаах. Оҕонньор эрэйдээх бүтүн киһини, буолаары буолан, соҕотох оҕотун сүтэрэн баран, тоҕо ытаабат буолуой? Бэрт өр ытаан, кудугун тоҕон баран: «Оҕом барахсан быстах оҥоһуулаах буолан былаҕайга былдьаннаҕа. Абааһы уолум көхсүн хараҕын дьөлү охсон кэбиспит. Эрэйдээҕим сыыһа, көхсүнэн хаана баран, тута бараахтаабыт».

Кэлин хас да сыл ааспытын кэннэ тыыннаах ордубут уолаттартан биирдэстэрэ: «Суорҕаны бүрүнэн олорон хотон иһиттэн наһаа улахан хара бэкир биһиги диэки кэлэн иһэрин хараҕым кырыытынан көрбүтүм да, кылана түһээт, таһырдьа буутум быстарынан ыстаммытым. Наһаа куттаммытым, куйахам күүрбүтэ, этим тымныйа түспүтэ, бастаан ханна да баарбын билбэт курдугум. Өтөх саҕатыгар тиийэн, тыын ылаары тохтуу түспүтүм. Ол турдахпына, Муҥутаан (уолаттартан биирдэстэрэ) хараҕын тиэрэ көрөн кэбиспит, аттыбынан сирилээн ааспыта. Мин кэнники буолан хааларбыттан наһаа куттаммытым да, эбии инним хоту тэбинэн кэбиспитим. Кэннибиттэн ким эрэ атаҕын тыаһа иһиллэргэ дылы этэ. Санаабар, абааһы субу аҕай ситэн кэлэн харбаан ылыах курдуга», – диэн кэпсээбитэ үһү.

Эргэ өтөх хоноһото

Подняться наверх