Читать книгу Эргэ өтөх хоноһото - - Страница 5
ҮС ҮРҮЙЭ ТӨРДҮГЭР
ОглавлениеСааһыары кыһын. Хайалар быыстарынан хайа солоон түһэр үрэҕи өксөйөн, Уодай Уйбаан атыыһыт наадатынан сыарҕа атынан айаннаан испит. Күн киэһэрбит. Онуоха эбии, былыттаах буолан, хайалар быыстара лүҥкүрэн, хараҥаран барбыт…
Уодай Уйбаан ата тэтимнээх соҕус. Баччааҥҥа диэри аттыын, бэйэлиин бэркэ айаннаан кэллилэр. Ый быыһа этэ. Сотору хараҥаран, айанньыт киһи хонук сирин булан, сынньанарыгар сөп буолла. Уодай даҕаны, өр айаннаабата… Сотору үс үрүйэ түмсэр төрдүгэр, сэдэх мастаах тумус тыа саҕатыгар балаҕан дьиэ уота сандааран көстүбүтэ.
Уодай айан киһитин быһыытынан сотору кэминэн көмүлүөк оһох сылааһыгар бигэнэн сынньанар санаатыттан сылаанньыйан үөрэ санаабыт. Онуоха былыргы көмүлүөк оһох уота муус түннүгү курдат сандаара сырдаан, турбатыттан сотору-сотору кыымнар кытыастан, айанньыт киһини сылааска, сынньалаҥҥа ыҥырар курдуктар. Уодай дьиэ таһыгар атын сэргэҕэ баайан, күрүмэ этэрбэһин тэбэнэн, сирэйин-хараҕын тарбахтарынан имэринэ соттунан баран, иһирдьэ көтөн түспүт.
Дьиэ иһэ сып-сырдык, үс эдэр дьахтар олорор эбит. Таһыттан саҥа киирбит киһини үөрэ-көтө көрсүбүттэр. Барыта, сиэр-майгы быһыытынан эҕэрдэлэһии, сонуну үллэстии буолбут. Ол кэннэ дьахталлар киэһээҥҥи аһылыктарын бэлэмниир түбүккэ түспүтүнэн барбыттар. Уодай Уйбаан таһырдьаттан өйүөтүн киллэрэн: икки кырбас эти күөстэригэр укпут, лэппиэскэтин сылыппыт. Ону дьахталлар туора көрбөтөхтөр, өһүргэнэ санаабатахтар. Сотору киэһэ аһылык буолан, остуолга олорон аһаабыттар. Ол түүн олус үчүгэйдик утуйан, түүлү даҕаны көрбөккө, бэркэ сынньанан турбут. Сарсыарда күн тахсыыта, оронуттан туруутугар дьахталлар чэйдэрэ бэлэм. Уодай Уйбаан суунан-тараанан, наҕылыччы соҕус аһаан баран, айаныгар турбут.
Дьиэттэн тахсаары туран Уодай: «Дьиэҕитигэр тоҕо биир да эр киһитэ суох ыалгытый?» – диэн ыйыппыт. Онуоха саамай улаханнара: «Биһиги сүнньүнэн булдунан аһаан-сиэн олоробут. Дьоммут бултуу барбыттара да, кэлэ иликтэр. Бу күннэргэ хайаан даҕаны кэлиэхтээхтэр этэ да, өрүү биллибэттэр. Хаһан кэлэллэрэ буолла?» – диэн кэпсээбит. Ону истэн Уодай: «Сотору кэлиэхтэрэ. Туохха эмэ тардыллан хойутаатахтара. Арааһа, бултарыгар үлүһүйэн сырыттахтара», – диэн дьахталлары уоскутардыы саҥарбыт. Ол кэннэ: «Төннөн иһэн хайаан даҕаны, эһиэхэ сылдьан, хонон ааһыам», – диэн барбыт.
Уодай Уйбаан күнү быһа, били үрэҕин өксөйөн айаннаан испит. Ол иһэн: «Барахсаттар, эдэркээн, үчүгэй да дьахталлар. Ордук ортоку кыыс. Киһи эрэ умсугуйуох, таптыах барахсана», – диэн сүрэҕэ сылаанньыйан, дойдутугар хаалларбыт күндү доҕорун Сүөкүччэни санаан, онтукатын баҕа санаатын кыната оҥостон айаннаабыт.
Эмиэ киэһэ лүҥкүрэн тиийэн кэлбит. Сотору иннигэр балаҕан дьиэ оһоҕун кыыма кытыастыбыт. Соһуйуон иһин, бэҕэһээҥҥи кэмигэр, бэҕэһээҥҥи дьиэтин таһыгар турар эбит. «Муммут эбит буоллаҕым», – дии санаабыт, ол кэннэ дьахталларыттан олус кыбыстыбыт. «Дьахталлар сирэйдэрин хайдах таба көрөбүн. Дьокуускай бэрдэ буолан баран, суолу-ииһи билбэтэ тоҕо сүрэй? Туох хараҥа соруктаах буолан, төннөн кэллэҕэй? Эҥин арааһы саныахтарын сөп», – диэн иһигэр эргитэ санаабыт да, тэҥнэһэр кыах суох. Дьиэҕэ көтөн түспүт. Дьахталлар үүт-үкчү бэҕэһээҥҥилэрин курдук, дьиэ иһинээҕи үлэлэринэн түбүгүрэ сылдьаллар эбит.
– Хайа, доҕоор, төннөн кэллиҥ дуу? Хайдах суолгун булбатыҥ? – Дьахталлартан биирдэстэрэ ыйыппыт.
– Ээ, аат көлөтө баара, туохтан эрэ сиргэнэн, эмискэ ыарҕаҕа тахсан сыарҕам сээбэһин быатын быһан кэбиһэн, күнү быһа ону оҥосто олорон, хойутаан хааллым, тиийиэхтээх сирбэр бүгүн тиийиэ суох буолан, субу төннөн кэллим. Холдьохпот инигит.
– Буолар баҕайыта. Холдьохпоппут. Биһиэхэ хас да хон. Дьоммут кэлиэхтэригэр диэри доҕор киһи наада.
Ити курдук, эмиэ күө-дьаа кэпсэтэн, туох даҕаны сибикини билбэккэ, олус үчүгэйдик хонон турбут. Сарсыарда бэҕэһээҥҥи кэмигэр эмиэ айаҥҥа турбут. Бүгүн халлаан сигилитэ уларыйбыт. Били бэҕэһээ ичигэс баҕайы, былыттаах күн, тыалыран тоһуйбут. Сарсыарда эрдэ хаар түспүтэ, күн ортотун диэки тыала күүһүрэн, дьиҥнээх буурҕа түспүт. Суолу-ииһи бүрүйэн, тибэн кэбиспит.
Уодай күнү быһа тыалы кытары күрсэн, тибиилээх суолунан атын батыччахтатан айаннаабыт. Киэһэтигэр эмиэ били бэҕэһээҥҥи балаҕаныгар тиийэн кэлбит. Балаҕана уота-күөһэ кытыастан, эмиэ айан киһитин бэйэтигэр ыҥыра-угуйа турар.
Уодай атын баайа туран: «Суол киһитэ сылайдым. Бу киэһэ дьахталлары кытары арыгы истэххэ сатаныыһы. Сылааны таһаардахха, ол кэннэ уот иччитин кытта аһаттахха табыллыыһы», – диэн ат дьааһыгыттан испиир куттан киирбит. Дьиэҕэ дьахталлар эмиэ уруккуларын курдук түбүгүрэ сылдьаллар эбит. Бу сырыыга киһини: «Тоҕо төнүннүҥ?«– диэн ыйыппатахтарын үрдүнэн: «Абааһы күнэ буолла. Суолу-ииһи бүтүннүүтүн тибэн кэбистэ. Бара сатаан баран, эмиэ төннөн кэллим», – диэбит. Онуоха дьахталлар: «Дьылҕаҕыттан ханна барыаҥый? Биһиэхэ үчүгэй. Кэм эр киһи доҕордоох хонуохпут», – дэспиттэр.
Киэһээ аһылыкка Уодай испиирин уулаан, аал уотун аһатан, дьахталларын кытары арыгы иһэн, эмиэ уруккутун курдук олус иһирэхтик кэпсэтэн баран, утуйаары сыппыт. Сотору уот умуллан, балаҕан иһигэр бороҥотуйа хараҥаран эрдэҕинэ, минньигэс уу кынатыгар баһыйтаран утуйан хаалбыт. Арай түһээтэҕинэ, балаҕан көмүлүөк оһоҕун иһиттэн хаар маҥан баттахтаах, кыырыктыйбыт, тэрэччи тэбэ сылдьар үп-үрүҥ бытыктаах, уоттааҕынан, чолбон курдук чоҥолуччу көрө сылдьар харахтаах ытык кырдьаҕас тахсан кэлбит. Киһи: «Тукаам, тур. Мантан бэрт түргэнник бара оҕус. Дьахталлар утуйа сыталлар, кинилэри уһугуннарыма. Тыаһа-ууһа суох таҥнан, таһаҕаскын хомунан тахсан, аккын көлүйэ охсон, суолгун салҕаа!» – диэбит. Уодай: «Эһээ, ол тоҕо барабын?» – диэн өссө даҕаны утуйар уу кынатыгар оҕустара сылдьан ыйыппыт. «Ыйытыма. Дэриэтинньиктэр эйиигин халлаан сырдыан иннинэ сиэхтэрэ. Тура оҕус. Олох тыаһаама-ууһаама. Сэрэн!», – диэбит да, оҕонньор сүтэн хаалбыт.
Уодай уһукта биэрбит. Сүрэҕэ биллиргэччи тэппит, көлөһүнэ бычыгыраан тахсыбыт. Дьиэ иһэ чуумпу. Дьахталлар туох да буолбатаҕын курдук утуйа сыталлар, муруннарын тыаһа биир тэҥник иһиллэр. Киһи: «Ама дэриэтинньиктэр буолуо дуо? Олус үчүгэйдэрэ, көрсүөлэрэ бэрт ээ», – диэн иһигэр мунаара сыппыт. Ол кэннэ бэҕэһээ уонна иллэрээ күн суолун булбакка, мунан, наар бу балаҕаҥҥа төннөн кэлэ турбутуттан, билигин эрэ: «Кырдьык, манна туох эрэ баар, дьахталлар аптаах быһыылаахтар. Уот иччитэ чахчы миигин сэрэттэ быһыылаах», – дии санаабытынан оронуттан турбут. Бэркэ сэрэнэн, тыаһа-ууһа суох оронун хомуйан, малын-салын илдьэ тахсан барбыт.
Халлаан былыттара аһыллыбытынан сулустар көстөллөр, онон сылыктаатахха, түүн үөһэ өссө даҕаны буола илик. Атын сыарҕатыгар көлүйбүт. Сэргэ төрдүгэр атыгар биэрбит эбиэһин тобоҕун атаҕынан тэбиэлээн, ыһан кэбиспит. Ити кэннэ барыахтаах сирин диэки салайан кэбиспит. Ата түүн үөһэ айанныылларыттан салгыбакка, төттөрүтүн үөрбүт курдук, кулгаахтарын чөрөтөн, сиэллэрин силэйэн, биир тэҥник айаннаан сирилэтэн барбыт.
Өтөх саҕатыгар тахсыытыгар балаҕан диэкиттэн: «Оо, абаккабыт даа баар эбит ээ! Эрдэ тутуу былдьаспаккабыт. Куоттардахпытын!», «Ситэри оҥоһуулаах уол оҕо эбиккин! Сиэттэрбэккэ куоттаҕыҥ», – диэн дьахталлар хаһыылара иһиллибит. Уодай куттаммыта өссө улааппыт, атын бокуойа суох кымньыылаабыт.
Нөҥүө күнүгэр сарсыарда күн тахсыыта ыалга тиийэн үс үрүйэ төрдүгэр түбэспит быһылаанын туһунан сиһилии кэпсээбит. Онуоха, дьиэлээх киһи Уодай кэпсээнин болҕойон олорон истэн баран:
– Ол хотуттар эмиэ эр киһини бултаһан эрдэхтэрэ, – диэн баран, аал уотун диэки көрөн кэбиспит.
– Ити туох дьахталларый? Тоҕо эр киһини «бултаһалларый?» – диэн Уодай чуолкайдаһаары ыйыталаспыт.
– Ити дэриэтинньик дьахталлар, олорбуттара сүүрбэччэ сыл буолла.
– Хайдах? Ити курдук уот оттунан, ас аһаан…
– Кинилэр уот оттуохтара дуо? Эн хараххын баайаллар. Ити эн хоммут дьахталларын өтөр буолабуола, баччаларга дьиэлэригэр олоро түһэ-түһэ сүтэллэр. Эн дьиҥэ, былыр үйэҕэ быраҕыллыбыт, дьон олорботох, тоҥ хаһаа дьиэҕэ хоно сырыттаҕын.
– Мин тоҕо тоҥон хаалбатым? Ол кэннэ онно уот-күөс мааны этэ дии. Олус сылаастык, үчүгэйдик сынньанан турбутум.
– Эйиигин дэриэтинньиктэр абылаатахтара дии.
– Ити дьахталлар хайдах дэриэтинньик буолбуттарай? Кэпсээбэккин ээ, – Уодай дьиэлээх киһиттэн көрдөспүт.
– Сүүрбэттэн тахса сыллааҕыта, биһиги бу дойдуга олохсуйуохпут иннинэ, ити дьиэҕэ икки ыал, ол тэҥэ биир эр киһи балта дьахтар буолан бары дьукаахтаһан олорбуттар. Наар булдунан айахтарын ииттэн, аҕыйах сүөһү сыыстанан, син бэркэ олорбуттар. Куһаҕаннара диэн икки ыал тухары оҕоломмотохтор. Эр дьон бултаан, аһы-үөлү булаллара, оттон дьахталлар сүөһүлэрин көрөллөр. Арай ол олороннор, биирдэ эр дьон бултуу тахсан баран, дьиэлэригэр эргиллибэтэхтэр. Бадаҕа, ханнык эрэ быһылааҥҥа түбэспит быһыылаахтар. Дьахталлар ус сааһы быһа кэтэһэ сатаан баран, биир күн үһүөн ыйанан өлөн хаалбыттар. Ону чугаһынан ыал-көс суох сирэ, онуоха эбии уу-хаар хаайан, сылдьыһыы даҕаны суоҕа эбитэ буолуо, дьахталлар өлүктэрин, ууллан тохтубутун, үөн-күрдьэҕэ ыспытын, киһи чугаһаабат буолбутун эрэ кэннэ булбуттар. Онон, дьахталлар уҥуохтара хараллыбакка хаалбыт.
Чугастааҕы ыал (чугаһа да диэн үс көс иһинэн) ким да сылдьыбат, ырааҕынан тумна хаамар сирдэрэ буолбут.