Читать книгу Эргэ өтөх хоноһото - - Страница 4
УУ КУРДУК «ДЬОН»
ОглавлениеИлин толооҥҥо бурдук быһа сылдьан, отуубутугар киэһэ чэйбитин иһээрибит, кутаа оттунан баран, наҕылыччы соҕус аһыы олорбуппут. Бөөдөҥкө уонна Чээмпэрэ диэн оҕонньоттор уруккуттан кэпсиир абааһыларын кэпсээбиттэрэ.
– Доҕоттоор, мин дьикти «дьону» көрөн турардаахпын, – Буочча Миитэрэй куруускатынан хочуолтан чэй баһа туран. – Олох туу курдук быһыылаах «дьон». Ыраас кырдьыкпын этэбин. Улахан сайылык ортотунан, суол устун хаамсан налылдьыйан иһэр сурахтаахтара.
– Миитэрэй, ол Арамаан көрбүтүн туһунан истибиппит. Хата, бэйэҥ көрбүтүҥ туһунан сиһилии соҕус кэпсээ эрэ, – дэсиһии буолла.
– Сэрии бүттэҕин утаа этэ. – Буочча улаханнык ааттаһыннара барбата, чэйин иһэн сыбырҕата-сыбырҕата кэпсээн барда. – Мин ол баҕайылары Уулуссаҥ уонна Өтөх алаас икки ардыларыгар көрбүтүм. Оччолорго биһиги дьиэ кэргэн кынным аах Томуоскай оҕонньордоох өтөхтөрүгэр Уулуссаҥҥа олорор этибит. Олорор дьиэбиттэн баара эрэ икки-үс сүүс миэтэрэлээх сиргэ көрбүтүм. Ол иһин дьонум куттана сылдьыахтара диэн оччоҕо кэпсээбэккэ хаалбытым.
– Оттон, бүгүн кэпсээ, бачча быктаран баран, кэпсээтэххинэ сатанар, – диэн Буоччаны үүйэ-хаайа тутуу буолла.
– Саас кулун тутар ый саҕана этэ. Күн уһаан, бэрт сырдыктык, чэмэлкэйдик тыгар буолан турар. Тыала-кууһа суох, уу чуумпу ыраас күн. Мин Үөт Туруорбут үрдүгэр Дибдир Мэхээстээҕинэн, Эйэҥкэстээҕинэн, киэһэрбэтэҕинэ Убаарыскай Баһылайдааҕынан сылдьан, күүлэйдээн, ирэ-хоро кэпсэтэн-ипсэтэн, ону-маны сэһэргэһэн кэлээри, ыалларбар сатыы күүлэйдии барбытым.
Арай өтөҕүм таһынааҕы иэйэни ааһан, Өтөх алаас халдьаайыта эҥэлдьийэн көстөн эрдэҕинэ, иннибэр мастары быыһынан туу курдук быһыылаах үс дьону көрө биэрдим. Бастаан улаханнарын Микиитин Сүөдэр налылдьыйан иһэр дуу дии санаатым. Оҕолоро кимнээх буоллахтарай диэн мунаара саныы-саныы инним хоту хааман иһэн, өйдөөн көрбүтүм: букатын даҕаны, киһи буолбатах, атын күтүрдэр иһэллэр эбит. Үһүөн эмдэй-сэмдэй соҕус уҥуохтаахтар, соччо үрдүктэрэ суохтар. Улаханнара ол Сүөдэр Микиитин саҕа, атыттара киниттэн эрэ мэнэгэйдэр. Үөһээ өттүлэрэ үүт-үкчү туу курдук суптугур, аллараа өттүлэрэ сонос, сиринэн сыһыллан, дарайан иһэллэр.
Бастаан соччо уолуйбатаҕым. Утары хааман испитим. Онтон туос курдук кубаҕай сирэйдэрин көрө түһээт, эмискэ олус улаханнык куттаммытым. Этим бүтүннүүтэ титирэстииргэ дылы буола түстэ, уҥуохтарым салҕалас буолан хааллылар, хааным чанчыктарбар тиийэ тыбыс-тымныытык өрө сүүрэн дьырылаан таҕыста. Куйахам күүрдэ, сиһим кэдэрэҥнээтэ. Төннүөхпүн сатаммат. Абааһылар куоттаххына, бэйэҕин эккирэтэллэр диэн этэллэрин өйдүүбүн.
Дьиэм олус чугас этэ. Куоттахпына, дьиэбэр киириэхтэрэ, дьонум көрөн куттаныахтара диэн санаалаахпын.
Абааһыларбар уун-утары бардым. Дьулайбытым сүр. Ону хайыам баарай? Тыыннаахтыы сииллэр үһүө. Оннооҕор сэрии уотугар киирэн тахсаллар. Утары бардахпына, абааһы бэйэтэ сүтэн хаалыахтаах эбэтэр атын сиринэн туораан биэриэхтээх. Инним диэки аны сүүрбэччэ хаамыыны барарым буоллар! Биэ Тириитэ алааһы куулатынан Суолаҕа киирэр суол араара. Ол арахсыыга диэри абааһылар иннилэригэр түһэн хаалбыт киһи. Сирэйбин умса туттан баран, инним хоту баран иһэргэ сананным.
Киһи куттаннаҕына, атаҕа кыайан хаампат буолан, кыаһыланан хаалар курдук буолар эбит этэ. Дуоннаах сири хоруппаппын. Биир кэм тэпсэҥнии турар курдукпун дии саныыбын да, онтукам олох кыаллыбат. Субу кэлэн эмискэ үрдүбэр саба түһүөхтэрэ дии саныыбын да, кинилэр диэки хайыспыппын билбэккэ хаалабын. Сүллүүкүнү хараҕын үрдүгэр хааһа суохтар диэн кэпсииллэрэ, бу «дьонум» эмиэ хаастара букатын суох, ол эрээри син киһи курдук сирэйдээххэ дылылар. Ону сирийэн да көрбөтөҕүм, наар харахпын умса тута сатыырым.
Суол арахсыытыгар мин урут тиийдим. Санаабар, кириэстэнэргэ дылы гынным, арахсыы суолунан сүүрэн тэбинэн кэбистим. Атахтарым босхо барбыт курдуктара. Тыахан оҕонньор өтөҕөр биирдэ баар буолан хаалбыппын бэйэм даҕаны өйдөөбөппүн.
– Абааһыларыҥ эйигин эккирэппэтилэр дуо?
– Суох. Сатаналар хайа диэки барбыттара буолла. Суолтан арахсан иһэммин хараҕым кырыытынан көрбүтүм: миигиттэн баара-суоҕа уонча хаамыылаах сиринэн суол устун иһэллэрэ. Дьоҥҥо куттаммыппын биллэримээри, ыалга сылдьыбакка, тэлгэһэлэрин ортотунан киирэн, түгэҕинэн эргийэн, ыалларбар барбытым.
– Оттон Арамаан хайдах көрбүтэй?
– Кини бэрт ыраахтан көрбүт этэ. Сайылык ортотунан Нуучча тумулугар истэхтэринэ көрөн, улаханнык куттаммыт этэ. Уодай Сэмэн да ол дьону көрбүт буолуохтаах. Онтукаҥ кыһыл бассабыык ээ, абааһыны көрдүм диэн кэпсиэ дуо? Туох сатаналара сылдьыбыттара буолла? Дьиктиргиэхпит иһин, кинилэри бары биир күн көрбүт этибит. Кэлин ким да көрбүтэ биллибэт. Быһыыта, ханна эрэ баран иһэн таарыйбыт «дьон» буоллахтара, – диэн Буочча Миитэрэй кэпсээнин бүтэрбитэ.
Биһиги бары даҕаны дьиктиргээбиппит. Балайда, саҥата суох олорон, чэйбитин иһэн сыбырҕата олорбуппут. Тулабытыгар хараҥаран, халлааҥҥа бачымах курдук сулустар хойдон барбыттара. Киэһээҥҥи чуумпуга биһиги саҥабыт, чугастааҕы ойуун уҥуохтаах бырааҥҥа эҥсиллэн субу баардыы дуораһыйара. Эмиэ абааһы туһунан кэпсэттэххэ буоларын курдук, кэннибитин да хайыһыахпытын дьулайа олорбуппут.