Читать книгу Эн баҕас! - - Страница 3
Биир хардыы…
ОглавлениеКиһи санаата аттаах-оҕустаах буолбатах.
Сааскы халлаан сарсыарда суһуктуйа сырдаан эрдэҕинэ, түөрт квартиралаах эргэ уопсай дьиэттэн биир нүксүччү туттубут уһун синньигэс иҥиир сула киһи уҥа илиитин тэлэгириэйкэтин иһигэр укпутунан тахсан кэллэ. Бу киһи уота өспүт хараҕар санаата улаханнык түспүтэ, сырдаан эрэр саҕах диэки сайыспыттыы хайыспытыгар, борук-сорукка чуолкайдык көстөн ааста. Күүлэтин айаҕар соҥуоран турда уонна бүтэһиктээх быһаарыныы ылыммыт киһи сиэринэн хас хардыытын ыараханнык үктэнэн хаһан эрэ бэйэтэ бэркэ кыһананмүһэнэн туппут, аан хоһугар сыгынньахтанар миэстэлээх уонна суунар хостоох дьоһуннаах дууһугар сулбу соҕустук тиийдэ. Арай душ таһыгар бааллан турар тайахсыт ыта Бэчээт тойоно туох санаалаах кэлбитин билбэккэ иччитигэр эйэргээн ыйылыы-ыйылыы бэркэ үөрдэ-көттө. Аанын тутааҕын тутан балай эмэ саараҥнаабыттыы тура түстэ уонна аанын сэниэлээхтик арыйаат, сүр сылбырҕатык иһирдьэ дьылыс гынна…
Ыстапаан душ иһигэр киирэн аанын хатанан баран, аттыгар баар ыскамыайкаҕа «лах» гына олоро биэрдэ. Ыйы быһа иһин түгэҕин туһунан аалар амырыын ыарыытын тулуйа сатаан сымыһаҕын хам ытырда. Ыарыыта арыый да мүлүрүйбүтүн кэннэ, дириҥник өрө уһуутаан тыын ылла. Мырдыччы туттубут сирэйэ сыыйа сымнаата. Ити аата ыарыытын тииһигэ киирэн хам ылан ыксатан баран, онуоха-маныаха диэри ыыппыт дьүһүнэ. Сыл буолла ити дьикти ыарыы булбута. Былырыын баччаҕа доҕотторун кытары тыаҕа мастаан киирбитин кэннэ ити курдук эмискэ ыалдьыбыта.
Ити иннинэ өссө күһүн кыттыгас дьонунаан лесхозтан балай да тэйиччи бэс чагдаҕа кэҥэс дэлээнэ быстарбыттара. Онно кини сааһыары лесовозтаах киһи буолан бэрэбинэ таспыта. Кыттыгастара эмиэ бэйэтин курдук турбут-олорбут, сүрэхтээх-бэлэстээх, кууннаах «МТЗ» трактордаах уонна үрдүттэн хоно сытар буолан, үс киһиэхэ үстүү сүүс үчүгэй көнө бэһи начаас охторон, хорудуоктаан таһан бүтэрбиттэрэ. Биир кыттыгаһа бэйэтин эт саастыыта, турбут-олорбут, тиэтэйбит-саарайбыт, илиилэрин өттүгэр сууралыы сылдьар, ааттыын Тиэтэл Генашка. Дабыыттара лаппа аҕа саастаах, сэбиэскэй кэм саҕана үйэтигэр сельпоҕа масчытынан үлэлээн олоҕун дэлээнэҕэ атаарбыт киһи. Онон норуокка биллэр аата Саһаан Дабыыд диэн. Сүрэхтэммит аатын билэр да киһи суоҕа буолуо, тоҕо диэтэххэ, киһи барыта кинини Саһаанынан, дьиэ кэргэнин Саһааннарынан эрэ билэллэр. Ойоҕо кытта Саһаан Аана, биэс уолаттара эмиэ бары: Саһаан Сааска, Саһаан Бааска, Саһаан Тараас, Саһаан Хаппытыан, Саһаан Сааба диэннэр. Саһаан Дабыыд, Тиэтэл Генашка уонна Ырыган Ыстапаан күһүн-саас кыра да улахан да булка, сайынын күөлгэ, өрүскэ мэлдьи бииргэ сылдьаллар. Оттон Ыстапааҥҥа, нэһилиэккэ хас да Ыстапаан баарын иһин буккуйумаары арааран, уһун синньигэс иҥиир сула киһиэхэ Ырыган диэн аат иҥэрбиттэрэ. Баҕар итэҕэйиҥ-итэҕэйимэҥ, дьиктитэ диэн, бу дьон үһүөн дьэ арыгыны икки табаҕы адьас сэҥээрбэттэр. Сиргэ бардахтарына сиэри-туому эрэ тутуһаары – Байанайдарын айах тутаары – биир иһити, дэҥҥэ хаа табаҕы, ону да умна сыһа-сыһа илдьэ барааччылар.
Ити курдук Ыстапаан мастаан киирээт, сааскы куска бараары кустуур сэбин-сэбиргэлин бэлэмнэнэ сылдьан ити курдук соһуччу баҕайы ыалдьан хаалбыта. Дьиҥинэн, куораттан өссө кыһын дьон сүбэтинэн атаһа Хабырыысканан чэпчэки сыаналаах биэс сүүс устуука уон иккилээх «Pozis», «Феттер», «Тандем» ботуруоннары ылларбыта. Ити иннинэ оҕо эрдэҕиттэн илдьэ сылдьар, өссө аҕатыттан хаалбыт биэстэ ытар, эргэ эрээри эрэллээх уон иккилээх «МЦ 21–12» саалаах этэ, онтон былырыын харчы мунньунан уруккуттан ымсыырар ыт баҕалаах итальянскай «BENELLI SUPER VINCI» саатын атыыласпыта. Сиргэ үүтээннээх, булка сылдьар аттаах, ааттаах тайахсыт ыттаах, тыы да илим да баар киһитэ дьиҥинэн. Аҕыйах сыллааҕыта бэрт өр көрдөөн кэтэҕэр байыаннай муостаах, син сэнэх УАЗ булуммута. Уу кутар «ЗИЛ-131» массыыналаах буолан кыһынын тэрилтэлэргэ, сайынын ыалга уу кутан хайа да ыарахан кэмҥэ харчынан тутайбатах ыал. Тус да олоҕо барыта этэҥҥэ табыллан, санаа хоту баран испитэ. Таптыыр кэргэннээх, туран эрэр уоллаах кыыс оҕолордоох. Дьиэ-уот, хаһаайыстыба баар аҕай. Ыстапаан аҕата Суоппар Арамаан сүрдээх үлэһитэ. Техникаҕа, тутууга, булка сыһыана ордук бу орто уола Ыстапааҥҥа бэриллибит. Онон оҕо эрдэҕиттэн техникаҕа сыһыаннааҕа таайан, кини эмиэ оскуоланы бүтэрээтин, суоппар идэтин талбыта. Элбэх иитимньилээх буолан төрөппүттэрэ сөбүгэр сүөһүлээх-астаах этилэр. Ыстапаан оҕо эрдэҕиттэн хотоҥҥо, ынахха, окко-маска, быһата хара үлэҕэ сыстаҕас. Ол иһин кыралыын-улаханныын уонча төбөлөөхтөр, куурусса туталлар, итиэннэ сибиинньэ ииттэр идэлээхтэр. Ийэтэ, Чордо кыыһа Өрүүнэ эмээхсин билигин баар, кыра кыыһыгар Лаанаҕа дьиэһиттиир, сиэн көрөр.
Ыстапаан ыарыытын, дьиҥинэн, кэргэнигэр эппэккэ кистээн сылдьыбыта. Ол эрээри Ылдьааната барахсан киһитэ уруккутун курдук үөрэ-көтө кимиритэ аһаабат, аска талымастанар, хайдах эрэ сэниэтэ суох курдугуттан, саҥата-иҥэтэ сүппүтүттэн Ыстапаана ыалдьыбытын сэрэйбитэ. Онон ойоҕо күһэйэн, бастаан улууска, салгыы ыарыыта ааспата бэрдиттэн иккиэн куоракка тиийэн көрдөрбүттэригэр суон очоҕоһор куһаҕан искэн үөскээбит диэбиттэрэ. Онкодиспансерга көрбүт-истибит бырааһа Александр Иванович Федоров диэн хотуттан сылдьар киһи ыҥыран ылан, ыарыытын диагноһын ырааҕынан таайтаран эппитигэр, төһө да бэйэтэ уорбалыы санаатар, быраас тылын олус ыараханнык ылыммыта. Бэл диэтэр, бастаан истээт мэктиэтигэр кулгааҕа чуҥкунаабыта. Ол дөйүөрэн олорон кулгааҕын уһугунан иһиттэҕинэ, бырааһа эпэрээссийэ, химия эҥин диир быһыылааҕа. Киниэхэ соһуччу этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ этэринии, өлөр ыарыы буулаабытын бу ордук эмчиттэн истэр. Долгуйан хаалан, салгыы быраас саҥатын-иҥэтин өйдөөн-дьүүллээн истибэтэҕэ даҕаны. Арай быраастан кубарыйан хаалбыт киһи тахсыбытыгар, кэргэнэ Ылдьаана анализ түмүгэ куһаҕанын тута сэрэйбитэ. Саҥата суох бырааска киирэн тугун-хайдаҕын барытын чопчуласпыта, сиһилии билбитэ, инникитин хайдах эмтэнэри ыйыталаспыта. Оттон оччолоох куһаҕан сураҕы истибит Ыстапаан эрэйдээх ол күнү быһа, оройго бэрдэрбит курдук, түҥ-таҥ сылдьыбыта. Хайдах быраастан тахсыбытын, хайдах таҥныбытын, хайдах орто балтын аахха тиийбитин итирик киһиэхэ дылы үдүк-бадык өйдүүр. Ыар санаа баттыга, куһаҕан сонун сүгэһэрэ тустаахха дьэ оннук ыарахан буоллаҕа.
Ыалдьан хаалан Ыстапаан сайыны быһа көрдөрүнэн, устунан балыыһаҕа киирэн химияланан эҥин кыһыны быһа куораттан арахпата. Хата, балта Балбааралаах түөрт хостоох дьиэлээх, эрдэ ыал буолбут буолан оҕолоро туспа барбыттарынан эринээн иккиэлэр эрэ. Онон балтыгар балыыһаттан киирэ-тахса, тыаттан кэлэ-бара сылдьан түһэр дьиэлээх буолан чахчы абыранна. Химиялара диэн үөрэммэтэх, урут эмтэммэтэх, систиэмэ ылбатах киһиэхэ дьаабы да буолар эбит. Били аҕатыттан бэрсибит будьурҕай хойуу баттаҕа модьууннаабыт ньирэй түүтүнүү таһы-бааччы килэччи түһэн хаалбыта. Үйэтигэр тараҕай сылдьыбатах киһи аны ол онтуттан кыбыстара. Хата, бу кэлин баттаҕа убаҕас да буоллар арыый онон-манан, одоҥ-додоҥ үүнэн, санаата син көннө. Уонна оттон тыыннаах хаалар баҕа баһаам буолан, туох эми аныыллар да барытын иһэн, куоракка суох эмтэрин соҕурууттан булларан кыаҕа баарынан эмтэнэ сатыыр мөккүөннээх.
Ол гынан баран, бу кэнники ыйга туох да төрүөтэ суох санаата-оноото түһэрэ олус элбээтэ. Баҕар ити кэлиҥҥи кэмҥэ ыарыыта ыбылы ылан иһэриттэн, бэргиириттэн тутулуктааҕа буолуо… Киһи эрэйдээх санаата аттаах-оҕустаах буолбатах, санаа түһэрэ-тахсара ханна барыа баарай.
Сайын хаһаайыстыбаларын күтүөтэ Ньукулааскы көрөн, ынахтарын балта Лаана ыан, эбэлэрэ Өрүүнэ сиэннэрин көрөн-истэн, дьиэһиттээн абыраабыттара. Доҕотторо Дьооҕурун оттообуттара уонна өссө үргүлдьү кыбыытыгар тиэйэн киллэрэн кэбиспиттэрэ. Инньэ гынан, быйыл абыранна, «ойуурдаах куобах охтубатын, дьонноох киһи тутайбатын» дьиҥ-чахчы этинэн-хаанынан биллэ.
Биир дьиктитэ диэн, киһи бэйэтэ чэгиэн, этэҥҥэ сылдьар буоллаҕына атын киһи ыалдьарыгар, мөлтүүрүгэр-ахсыырыгар кыһаллыбат, хайдаҕар-туоҕар адьас наадыйбат буолар эбит. Ыстапаан да ыарыһахтыыр, ыалдьар-сүтэр атаһа-доҕоро, билэр-билбэт киһитэ элбэх эрээри, эмиэ аанньа ахсарбатыттан, дьолоҕойугар оҕустаран да көрбөтүттэн билигин бэйэтэ бу буолан олорон сонньуйар эрэ. Дьэ өйдөөбүт, дьэ билбит курдук. Көр эрэ, ити кини улаханнык ыалдьыбытын доҕотторо-атастара, аймахтара истэн-билэн баран, ыарахан сыаналаах эмтэри соҕурууттан ылларалларыгар үбүнэн-харчынан хайдахтаах көмөлөстүлэр, сүбэлэринэн-амаларынан хайдах курдук өйөөтүлэр?! Киһи киһиэхэ истиҥ сыһыана, иһирэх тыла, болҕомтото тугунан да кэмнэммэт күндүттэн күндүтүн Ыстапаан оттон дьэ ити биллэҕэ дии…
Эмискэ ойон тураат, Ыстапаан олоппоско ыттан бэйэтигэр сөп гынаары олус үрдүк гыммыт дууһун биэстээх хаптаһын баалкытыгар быатын кылгатан, ыыйылыннары баайан баран, ыга тардыалаан чиҥэтэн биэрдэ, итиэннэ, былыргы киинэлэргэ көрбүтүн үтүктэн оҥорбут маамыктатын кэҥэтэн моонньугар кэттэ. Ити быатын синньигэс күөкэгэр моонньугар иилинэн, кыарата тардан баран, икки илиитинэн быатын уобуруччутун хам тутан турда…
Олоппоһун түөрэ тэбиэн иннинэ олорон кэлбит олоҕо хараҕар, киинэ лиэнтэтин түргэтэппит курдук, биир күдьүс элэҥнэтэн кыл түгэнэ көстөн ааста. Оттон дьиэҕэ утуйа сыттахтарына, бырастыылаһан сэрэнэн сыллаан ылбыт үүт-үкчү бэйэтин курдук уолун Ньургунун, баар-суох атаахтатар кыыһын Ритатын, кэргэнин Ылдьаанатын санаан, уйадыйан хараҕа ууланна, сүрэҕэ ньүөлүйэн түөһүн иһин ыарыылаахтык ытырбахтаата.
Суох, кэбис!.. Бу курдук бэйэбин дьаһанан оҕолорбун тулаайах, кэргэммин огдообо хаалларарым… ийэм эмээхсини хомоторум, доҕотторбун, урууларбын-аймахтарбын кэлэтэрим сатаммат!.. Күүстээх санаа ылыныахха… Ыарыыны кытары охсуһуохха, ыалдьары тулуйуохха. Олох олорорго дьулуһуохха. Саатар оҕолорбун атахтарыгар туруоруохпун наада бу олох ыараабыт, олус уустук кэмигэр. Истэр былаһын тухары бу ыарыыттан эмтэммит суох курдук эрээри, дэҥнэтэн өрүттүбүт, устунан үтүөрбүт да дьон баарын истэбин ээ. Ити биир билэр кырдьаҕаһа Ахталба Дьарааһын очоҕоһун буулаабыт искэнин ылларбыта букатын ыраатта. Быһыыта биэстэ оҥоһуллубута бадаҕа. Бүтэһик эпэрээссийэтин кэннэ уола Баппат Бааска аҕам олох мөлтөх сытар, эрэл суох диэбитэ да, оҕонньордоро барахсан, былыргы хатарыыта таайан, хата, туран кэлбитэ, доҕоор. Ити арааһа, умнубатах буоллахпына, уонтан тахса сыллааҕыта этэ. Дьэ ити. Өссө мин туспунан истэн-билэн тоҕус уончалаах ытык кырдьаҕас тайахха тэптэрэн иллэрээ күннээҕитэ кэлэн сэргэхситэн, санаабын көтөҕөөрү кэлэ сылдьыбыта ээ. Барахсаным баара. Оҕонньорго тэҥнээтэххэ, о дьэ, мин отой мөлтөх киһибин. Дьарааһын таайтаран этэринэн, биһиги ыарыыбыт биир, онон мин эдэр киһи оҥоттордохпуна, харахтан сыыһы ылбыт курдук үтүөрүөхпүн сөп үһү. Кинини эмиэ эрдэ химиялаан, искэнин хаптатан уонна саастаах киһини үчүгэйдик эмтээн, ыарахан эпэрээссийэҕэ бэлэмнээн баран биирдэ оҥорбуттар. «Ыстапаан эдэргин, онон алыс санааҕын түһэримэ, доҕор. Эмчиттэр чуолаан эн ыарыыгын кыайалларын билэн эрдэхтэрэ, ол иһин эйигин дьаныһан туран эмтииллэр. Аһара харыс хаалыма, олус сүөм түһүмэ. Мэдэссиинэ сыл аайы балысханнык сайда турар, оннооҕор буолуох ыарахан ыарыыны кыайаллар, чэ, кытаатан үчүгэйи эрэ ыралан, эмтэннэххинэ үтүөрүөҥ, кэллэххинэ өссө да дуобаттыахпыт, баарыстыахпыт», – диэн барбыта.
Уонна оттон ити билигин бэйэтигэр тиийиммит, ол иһигэр быаламмыт дьону аны ииҥҥэ түһэриэхтэрин иннинэ мөҕө-мөҕө таһыйаллар уонна хоруоптарын иһигэр эргитэн умсары угаллар. Буорун үрдүгэр өссө үөр буолбатын диэн тэтиҥ тоһоҕотун батары анньаллар. Икки сыллааҕыта Кэлэҕэй Сүөдэрдээх уоллара сүрдээх бэһиэлэй, дэлэй кэпсээннээҕин иһин, Баһаам Бааска диэн ааттаммыт дьоһуннаах ыччат быстах санааттан оннук буолбутун, былыр бэйэтигэр тиийиммит өлүөхсүтү харайыы сиэрин-туомун тутуһан кылабыыһаттан тэйиччи харайбыттара уонна дьиэлэригэр бокуонньук бүтэһик аһылыгын бамыынканы тэрийбэтэхтэрэ даҕаны. Эдэр киһи бэйэтигэр тиийиммитин аһыммыт да, сиилээбит да баара. Дьиҥинэн Бааска таптыыр кыыһа атын киһиэхэ кэргэн тахсыбытыттан санаата оонньоон быстах санааттан былдьаммыта. Быстах санаа төһөлөөх киһини кылгас үйэлээбитэ буолуой бу?!.
…Бу быаланаары туран киһи эрэйдээх төбөтүн иһигэр дьэ арааһы барытын эргитэн саныыр ээ. Ким тугу диэҕэр, дьон туох диэн саныахтарыгар, хайдах харайыахтарыгар тиийэ.
Ыстапаан ити курдук дууһата аймана ытыллан, өйөсанаата күлүгүрэ саппаҕыран, хараҕа хараҥаран олоппоһун түөрэ тэбиэхчэ буолан иһэн, эмискэ үлүгэр арааһы барытын кыл түгэнэ ыгыллыбыт баһын иһигэр эргитэн ылаат, моонньугар иилиммит быатыттан төлөрүтүннэ. Ол кэнниттэн баалкыттан быатын сүөрэн ылан кыбыстыбыт, сааппыт курдук ылан хоонньугар кистии угунна. Олоппоһун оннугар ууран баран оргууй таһырдьа таҕыста уонна ытын тиийэн кууһан олорон, имэрийэ-имэрийэ: «Бэчээт, акаары иччигин бырастыы гын. Быстах санааттан алдьархайы оҥосто сыстым. Кэбис. Оҕолорум, кэргэним, дьонум-сэргэм, доҕотторум уонна эйигин кытары бултуу барарым туһугар олох иһин охсуһуом», – диэн кинини көмүскэһэн эһэҕэ да киирэрин кэрэйбэт эрэллээх ыт доҕоро Бэчээт тыатааҕы быһа хадьырыйбыт мултугур кулгааҕар андаҕайар кэриэтэ сибигинэйдэ…
Кырдьык, ити саас Ыстапааны Дьокуускайга ыҥыран ылан анализтарын туттарбытын кэннэ, туох баар бары ирдэнэр докумуонун бэлэмнээт, Москва куоракка утаарбыттара. Онно федеральнай суолталаах анал Онкологическай кииҥҥэ тиийэн, уһаабакка эрэ суһаллык оҥоһуллубута. Кини дьолугар Дьокуускайга эмтээбит бырааһа Александр Иванович барахсан чопчу диагноз туруоран ыарыытын быһааран, кэмигэр химиялатан уонна сөпкө эмтээн ыарыытын тарҕаппатах. Инньэ гынан, эпэрээссийэлээбит кырдьаҕас бырааһа, профессор, күн сирин иккистээн көрдөрбүт күндү киһитэ Николай Петрович Мозговой наркозтан тахсан өйдөммүтүн кэннэ киирэн аҕабыыт курдук сөҥ куолаһынан чуордук: «Степан, как говорится, ты мужик в рубашке родился. Повезло тебе дорогой, что там в Якутске вовремя и профессионально тебя лечили. Опухоль, к вашему счастью, только благодаря из-за правильного и своевременного лечения не распространилась. Так что Вы будете еще долго жить, внуков и правнуков нянчите», – диэн эппитэ кулгааҕар сааскы айылҕа уһуктар кэрэ тыаһа-ууһа буолан иһиллибитэ.
Билигин Ыстапаан дьоллоох-соргулаах. Бүгүн бу ыһыах иннинээҕи нэдиэлэ биир үтүөкэн, чаҕылхай күннээх сарсыардатыгар күүлэтин таһыгар табахтыы олорон, акаарытык быһыыланан быстах санааҕа былдьата сыспытын саныы-саныы сонньуйар, бэйэтэ-бэйэтиттэн кэлэйэр. Быстах санаа диэн адьас дьаабы эбит. Арай ол быатын кэтэн кэбилэнэн, аан ийэ дойдутуттан арахсаары туран алҕаска Ахталба Дьарааһын барахсан ыарыыттан эмтэнэн үтүөрэр эрэл кыыма баарын сахпытын, оҕолорун, кэргэнин, ийэтин, доҕотторун-атастарын санаабатах буоллун. Олоппоһун кыл түгэнигэр түөрэ тэппит буоллун… Оччоҕо ытык кырдьаҕас Дьарааһынтан куһаҕаннык быһыыламмытын иһин бар дьонун ортотугар мөҕүллэн, сааттаахтык таһыллан баран, хоруобун иһигэр сирэйинэн умса ууруллан кылабыыһаттан ойуччу, ойуур быыһыгар Баһаам Бааска таһыгар сир анныгар түүнүгүрэн, таһы-бааччы умнуллан сытаахтыа этэ.
Быстах санааттан, хата, бу саас тэлгэһэтин иһигэр бэйэтигэр тиийиммэтэҕиттэн, чугас дьонун хомоппотоҕуттан, өлөр өлүүгэ алҕаһатан сыыһа үктээн чуут-чаат олоҕун түмүктүүр бүтэһик биир хардыы оҥорботоҕуттан, этэҥҥэ эппэрээсийэлэнэн тыыннаах хаалбытыттын үөрэн – саҥата суох саҕахха кытара кыыһан тахсыбыт саҥа күнү айхаллыы көрсө, олбуор иһигэр түүнүн босхо ыытыллан харабыллыыр сорудаҕын толорон көҥүл көччүйэр, тиэргэни биир гына тиҥсирийэ сылдьар булчут ытын Бэчээти кытары истиҥник эйэргэһэ, оҕолуу күлэ-үөрэ сэгэйэн, ис иһиттэн сырдаан мичээрдии олордо.