Читать книгу Кэдээк ойуун уонна Оллой кулуба - - Страница 1
ЛОЙУТ
ОглавлениеХалыма кыраайыгар былыр улахан күүстээх, атаҕынан олус быһый киһи оччотооҕу кэмҥэ уһун үйэлээхтик олорон ааспыта үһү. Кинини билэр, көрбүт дьон бэйэлэрин үтүө өйдөбүллэрин оҕолоругар, сиэннэригэр кэпсээбиттэрэ кэнники норуот номоҕо, сэһэнэ буолан сылдьар. Улахан күүстээх, кыайар-хотор, сытыы өйдөөх киһини «били Лойут курдук киһи» диэччилэр. Аҥаардас кини үчүгэй эрэ өттүнэн кэпсээҥҥэ сылдьара. Мин эбэм эмээхсин 1928 сыллаахха, өлүөн аҕай иннинэ, 82 саастааҕар кэпсээбитэ:
«Лойут Уйбаан диэн бухатыыр киһи баара, 84 сааһыгар, мин 8 саастаахпар өлбүтүн билэбин. Мин оҕонньорум эһэтин кытта төрөөбүт кыыһы, сөбүлээбэт киһитигэр күүстэринэн кэргэн биэртэрин, кини эрдэ кэлэн, урут түһэн, күрэтэн илдьэн ойох ылбыта үһү». Ону эмээхсин элбэхтэ кэпсиирэ, мин оччолорго сэҥээрбэт этим. Ити кэпсээнтэн ааҕан таһаардахха, Лойут 1770 сыллаахха төрөөбүт, онтон 84 сааһыгар – 1854 сыллаахха өлбүт буолуон сөп. Билигин, сааһыран баран өйдөөтөххө, Лойут Уйбаан диэн дьикти киһи төрөөн олорон ааспыт. Ону норуот сэһэнинэн суруйан дьон билиитигэр тиэрдэр баҕа санаа үөскээтэ. Ол иһин урукку эһэлэрин-эбэлэрин кэпсээннэрин истибит уонна ону кэпсээн оҥостор ытык кырдьаҕастары кытта сэһэргэһэн, кинилэргэ истиҥ махталбын этэн туран, Лойут туһунан үһүйээн сэһэммин саҕалыыбын.