Читать книгу Кэдээк ойуун уонна Оллой кулуба - - Страница 9

ЛОЙУТ
VIII

Оглавление

Лойут олорор күөлүн таһынан ыраахтааҕы дьаамын суола – Орто Халыматтан Дьокуускайга диэри субуллара. Бу суолтан ыал ырааҕа суох буолан, дьаамнаахтар Лойуттаахха таарыйан итиилээн, чэйдээн, тото-хана аһаан абыранан ааһаллара. Онно дьаамынан ааһааччы араас чыыннаах тойоттор, полицейскайдар, хаһаактар махтанан-баһыыбалаан бараллара үһү. Кини кэргэнигэр Дьэбдьиэйгэ этэрэ: «Мин билигин кыайан бултуурум тухары ас-үөл элбэх, онон айан дьонун үчүгэйдик аһатан ыытар буол. Кэннибитигэр хаалар кэнчээри ыччата суох дьоммут, онон дьолбут диэн – дьон сылдьан үчүгэйдик аһаан, махтанан-баһыыбалаан барара буолуохтаах».

Биир тымныы кыһын Орто Халыматтан дьаам суолунан икки хаһаак биир хаайыылааҕы – нуучча киһитин хомбуойдаан, хандалы кэтэрдэн айаннаабыттар. Хаһыс да күннэригэр Таас Күөлүн таһынан иһэн, хатан тымныы хаарыйан, чэйдиир-аһыыр наадатыттан, суолтан туораан Лойуттаахха барбыттар. Александр Дьяков диэн сахалыы билэр хаһаак уруккуттан кинилэргэ таарыйан чэйдээн, аһаан, итиилээн ааһара. Дьиэлээхтэр өссө киниэхэ эт, балык биэрэн өйүөлээн ыыталлара. Онон үчүгэйдик билсэр дьонугар тиийэриттэн үөрэ испитэ. Доҕоругар ол туһунан: «Иван үчүгэй киһи, онно тохтоон үчүгэйдик аһаан, ирэн ааһыахпыт», – диэбитэ. Онуоха аргыһа, титирээн-тоҥон иһэр киһи, улаханнык үөрбүтэ. Оттон эгэ хандалы тимиргэ хам ылларбыт хаайыылаах-сыылынай муҥнаах үөрбэт буолаахтыа дуо?

Дьэбдьиэй айан дьоно, аттаах сыарҕалаахтар иһэллэрин көрөн, эт буһараары солуурчаҕын үрдүгэр түспүтэ. Лойут хантан эрэ бултаан кэлэн олороро. Онуоха Дьяков:

– Ну, Иван, друг, биһигини чэйдэт, аһат! Бисиги тоҥно баар. Эйиэхэ хойут таҥара махтаныа, – диэбитэ.

Хаһаактар тас таҥастарын устан, көмүлүөк оһох суоһугар иттэ турбуттара. Оттон хаайыылаах бэргэһэлээх үтүлүгүн ороҥҥо устан ууран баран, уокка иттээри кэлбитин Дьяков буойбута: «Ороҥҥо баран олор!» – диэбитэ нууччалыы. Ону Лойут сэрэйэ охсубута, кыыһырбыта. «Хаайыылааҕы саатар уокка иттэрин буойаллар. Киһи дии! Абата буолан, мин дьиэбэр тойомсуйаллар, итинник буоллаҕына, кинилэргэ көрдөрүөм» диэн абара санаабыта, атаҕыттан этэрбэһин уста олорон түргэнник ойон туран, хаайыылаахха кэтэрдибит хандалы тимирдэрин, хаппыт үөтү тоһутар курдук, хас да сиринэн тосту тутуталаан ылбыта уонна хандалыттан босхоломмут нууччаны уокка сиэтэн аҕалан, «итин, доҕор» дии-дии санныга таптайбыта. Тоһутталаммыт хандалы тимирин Дьяковка сирэйигэр үҥүлүппүтэ:

– Маннык хабараан тымныыга ханна куотуон, буруйдаах эрэ диэн, хандалы кэтэрдэн сордуугун. Өссө уокка иттэрин бобоҕун! Мин дьиэбэр тойорҕоомоҥ! Мин аал уотум, онно кими баҕарар итиннэриэм. Бу хандалыҥ тимирдэрин харай! – диэбитэ.

– Кини улахан буруйдаах, куруук хандалы кэтиэхтээх. Ыраахтааҕы ыйааҕа оннук! – Дьяков куттанан кэннинэн чугуруҥнаабыта.

Иккис хаһаак тоҥон бөҕүөрбүт илиитинэн саатын үрдүгэр түспүтэ. Ону уруттаан Лойут сааны сулбу охсон ылан, оһох кэннигэр элиппитэ. Дьиэ иһинээҕилэр бары куттанан ылы-чып турбуттара. Дьэбдьиэй, тоҥ балыгын сороҕун эрэ кыһаат, эр дьону уоскутаары, остуолга кэлэн, аһыылларыгар көрдөһөн ыҥырбыта. Бары саҥата суох чэй иһэ, аһыы олорбуттара. Эт буһан, остуолга хоторуллан ууруллубута. Лойут үчүгэй сыалаах эти талан, хаайыылаах нуучча иһитигэр уурбута. Аһаан бүтэн айанныылларын саҕана сыаҥаан тириитэ мөһөөччүккэ буспут эти уонна куобах истээх сарыы үтүлүгү хаайыылаахха биэрбитэ. Онуоха ол нуучча үөрэн Лойуту уураан ылбыта үһү. Хаһаактар туох да буолбатаҕын курдук махтанан, быраһаайдаһан барбыттар.

Дьэбдьиэй хоноһолоро баралларын кытта оҕонньорун сэмэлээбит:

– Оҕонньор, кырдьаҕас киһи эрээригин, куттаммакка, саалаах дьону кытта утарылаһаҕын. Хаһааҥҥыттан доҕордоспут хаайыылааххын көмүскэстиҥ! Арай итиннэ хаһаак ытан кэбистин?!

– Ыраахтан ытан кыайыахтара, оттон чугаска, тутуһан турар сиргэ, билигин да, бука, сыал буолбатах баҕайым ини? Абата бэрт! Мин кими баҕарар бэйэм дьиэбэр итиннэриэм, аһатыам. Оттон кинилэр ыалга тойорҕооботуннар ээ. Хаһан хаайыыларыгар тиэртэхтэринэ, онно да ыраахтааҕыларын сокуонун киһилии сиэрдээхтик толордуннар, – диэбит Лойут илдьиттээн эрэрдии. Итиэннэ, балайда саҥата суох олорон баран: – Эмээхсин, нууччалары куһаҕан дьон курдук санаама. Кинилэр баар үтүө дууһалаах, үөрэхтээх, өйдөөх дьон. Ыраахтааҕы былааһын, баай батталын утаран, хаайыылаах буолан хаатыргаҕа, сыылкаҕа кэлэллэр үһү. Ону миэхэ сахалыы билэр нуучча кэпсээбитэ. Кырдьыга даҕаны, маннык ыраах Хоту дойдуга дьон бэртэрэ буолан, бачча тымныыны тулуйан сырыттахтара.

Хаһаактар Дьокуускайтан төннүүлэригэр эмиэ биир хаайыылааҕы хомбуойдаан, мас хандалыны кэтэрдэн айаннаабыттар. Кулун тутар ый бүтүүтүн диэки Лойут олоҕор чугаһаан иһэннэр, биир дьаамҥа тохтоон, аттарын аһаппыттар. Онно Дьяков ыйыппыт: «Күүстээх Иван дьиэтэ чугаһаата дуо?» – диэн. Онуоха дьаамнаах: «Ырааҕа суох. Сотору тиийиэхпит», – диэбит.

– Ити холуокканы манна устан быраҕыахха. Оттон манныктаах тиийдэхпитинэ, дьиэлээх хаһаайын эмиэ кыыһыран адаарыйыа. Албыннастахха, аһаппытын таһынан, суолбутугар аһыырга, баҕар, аһы да биэриэ этэ, – диэн Дьяков доҕор хаһаагар эппитэ.

Ону анараа хаһаак улгумнук сөбүлэспитэ, урут, аҕыйах ыйдааҕыта, Лойуттан умнуллубат гына кэһэйэн турар. Инньэ гынан хаайыылаах мас холуоккатын устан, күөл кытыытыгар хаалларбыттар. Ону олохтоохтор көрөннөр, ол күөлү Холуоккалаах диэн ааттаабыттар. Былыргыттан быйылгыга диэри бэрт эмис, үчүгэй, баай балыктаах күөл дииллэр.

Кэдээк ойуун уонна Оллой кулуба

Подняться наверх