Читать книгу Кэдээк ойуун уонна Оллой кулуба - - Страница 3

ЛОЙУТ
II

Оглавление

Күһүн күөл эрдэ тоҥон, мууһа лүҥкүнүү тыаһаабыта. Маҥнайгы хаар түһэн, сир-дойду маҥан суорҕанынан сабыллыбыта. Ол курдук айан суола эрдэ аһыллан, чугастан-ыраахтан айанньыт дьон барар-кэлэр буолбуттара. Алтынньы эргэтигэр хас да ыҥыыр аты көтөллөнөн, хамначчыт киһилээх Ымыыһыыр баай ыадастан айаннаан, Иитиэх алааска Күчүмэ баайга күтүөт буолаары күөрэс гына түспүтэ. Кини Мачыананы кэргэн кэпсэтэн ойох ылаары оҥостон кэлбитэ. Кэһиитин, бэлэҕин киһи сөҕөр элбэҕи аҕалбыта. Кини элбэх арыгылааҕа, ону иһэн көрүлээбиттэрэ, итирбиттэрэ. Онно Ымыыһыыр эппитэ: «Мин улууска биллэр улахан баай киһибин. Эһиги соҕотох кыыскытын ойох ылан баран, ону толуйар гына элбэх халыымы-сулууну биэриэм. Быһаас 30 сылгыны диэбит буоллахпына, билигин 40 лоҥкур бөдөҥ сылгыны, 30 улахан ынаҕы уонна түүлээҕи, харчыны да аҕалыам. Миэхэ бэйэбит үйэбитигэр тиийэр үп-харчы баар!» – дии-дии түөһүн охсуммута. Ол аайы кыыс төрөппүттэрэ уонна чугас дьоно ымсыыран харахтара уоттанан, холуочук бэйэлэрэ ходьоҥноһо түспүттэрэ. Оттон Мачыана Ымыыһыыр кэлэрин эрдэ истэн, ыалдьыбыта буолан кубулуммута.

Аны сүүрбэ хонугунан ньиргиэрдээх улахан урууну тэрийиэхпит диэн сүбэлэспиттэрэ. Мачыана да ити болдьоххо сөбүлэспитэ. Дьиктитэ диэн, саас Ымыыһыыры абааһы көрөрө, киниэхэ кэргэн тахсан ойох буолан олоруом кэриэтэ өлөн хаалыам диирэ. Ол бэйэтэ билигин тугу да эттэхтэринэ утарбатаҕа, сөбүлэһэн испитэ. Итини ийэтэ ордук дьиктиргээбитэ, «кырдьык улаханнык ыалдьар буолан, санаата түһэн утарсыбат буоллаҕа» дии санаабыта. Оттон аҕата «кыыс оҕо эрэйдээх ханна бараахтыай? Утарылаһан да, кыаҕа суоҕун биллэҕэ. Хайа, уонна биһиги кинини модьуйуохпут турдаҕа дии!» дии саныыра. Оттон убайдара кини кэргэн тахсарыгар, эрин сөбүлүүрүгэр-сөбүлээбэтигэр кыһаллыбат этилэр. Бүгүн итириэхтэригэр диэри арыгы истилэр да – бүттэҕэ.

Мачыана кимиэхэ да эппэккэ, Лойуту күүтэрэ. Күн аайы кэлээрэй диэн кэтэһэригэр иэдэйбитэ. «Аны Ымыыһыыр уруулуу кэлиэр диэри кэлбэтэҕинэ, дьэ, алдьархай. Өлбүтүм кэриэтэ! Ити сиэхсиккэ кэргэн биэрэн умса астахтарына, оччоҕо биир санаа, биир тыл – бэйэбин өлөрүнэбин» диэн быһаарыммыта.

Күннэр ааһан испиттэрэ. Ньиргиэрдээх улахан уруу буолара чугаһаан барбыта: биэс хонук хаалбыта, кыыс аҥаардас ыарахан санаатыттан, кутталыттан, дьэ кырдьык, ыалдьыах курдук буолбута. Хата, ону быыһыах киһи, таптыыр уола Лойут Уйбаан, биир киэһэ, күн киэһэрэн эрдэҕинэ, илэ бэйэтинэн киирэн кэлбитэ. Мачыана үөрүүтүттэн туймааран ылбыта, туох барыта хараҕар туман курдук көстүбүтэ.

Дьиэлээх оҕонньор Күчүмэ хаама сылдьар дьадаҥы киһини кытта кэпсэтиэ баара дуо? Үөс курдугунан көрөн кэбиһээт, ханна эрэ саҥата суох тахсан барбыта. Эмээхсин даҕаны хоноһотун диэки кынчарыйан көрөн ылаат:

– Эмиэ бу хантан кэлбит дьаарбаҥ киһитэ буулаатыҥ? – диэбитэ.

– Булду эккирэтэн кэлэн, бу дойдуну буллум.

Кэмчи астаах чэйи бэлэмнээн баран, эмээхсин Лойуту ыҥыран чэйдэппитэ уонна бэйэтэ туохха эрэ наадыйан эмиэ таһырдьа тахсыбыта. Лойут ити кэми туһанан Мачыанаҕа: «Сарсыарда, ыал туруон иннинэ, тугу да ылбакка, бэйэҥ тоҥмот гына үчүгэйдик таҥнан баран, Ойбон күөл уҥуор кэлээр. Мин онно күүтүөм», – диэбитэ. Онуоха кыыс үөрэн: «Хайаан да тиийиэм, кэтэһээр. Эйигин күүтэрбэр иэдэйдим», – диэбитэ кырдьыгын кистээбэккэ.

Лойут итиннэ уһаабакка, сонун-бэргэһэтин кэтэн, быраһаайдаһан тахсан барбыта. Эмээхсин кини хоммотоҕуттан үөрбүтэ.

Уйбаан Ойбон күөл уҥуор тахсан, олорбутунан хонор буолбута. Кини утуйар таҥаһын, өйүө аһын, солуурчаҕын, сүгэтин аара уонтан тахса көстөөх сиргэ хаалларбыта. Онно Мачыананы аҕалан иһэн, төннөөрү хонуохтааҕа.

Кини кэлбит суолугар биир көстөөх сиргэ Күчүмэ биир атыыр сылгыта ууга өлбүтүн, уолаттар мууһун көйөн уон сорунан ууттан таһааран баран, илпэккэ хаалларбыт этилэр. Ону баран сүгэн кэлиэххэ баар эбит, оччоҕо түүн да кылгыа, тоҥоору гыммытым да ааһыа, ириэм этэ дии санаат, кэлбит суолунан сүүрэн элэстэнэн, күөс быстыҥынан өлбүт сылгыны муустуун баҕастыын санныгар ылан сүкпүтэ уонна төттөрү айаннаабыта. Кыайар буолан, аара тохтоон ылбакка, атыырын ойбон күөл кытыытыгар аҕалан ууран кэбиспитэ. Бэйэтэ суол ойоҕоһугар тэйиччи туораан, сыгынах күлүгэр кыратык уот уматан, онуоха сыламнаан кылгастык утуйан ылбыта.

Мачыана киэһэ буолуон иннинэ иистэнэр кыра матаҕатыгар хас да иннэни, сүүтүгү кистээн уктубута. Утуйаары сытан баран, түүн таһырдьа тахса сылдьыбыта. Итиэннэ наадалаах таҥаһын, иистэнэр малын күүлэҕэ уурбута. Бэйэтэ таҥаһын барытын таҥнан, оронугар бэлэм сыппыта. Дьоно ким да билбэтэҕэ, бары араастаан ыҥыранан, хаһыҥыраан ыла-ыла кытаанахтык утуйа сыппыттара. Кини букатын да аанньа утуйбатаҕа, сарсыарданан оргууй сыбдыйан туран таһырдьа тахсыбыта. Күүлэҕэ бэлэмнээбит кыра малын ылбыта. Түүн ырааппыт быһыылааҕа, кыратык кыраһа хаар түспүт этэ. Бастаан түргэнник хааман ойбон күөлүгэр киирбитэ уонна, мууска үктэнээт, сүүрбүтэ. Күөл ортотугар киирэн иһэн иһиттэҕинэ, кэнниттэн киһи сырсан эккирэтэн иһэр курдуга, атах тыаһа битигирээбитигэр хайыһа түһэн көрбүтэ, туох да суоҕа. Бэйэтин сүрэҕин тыаһыттан куттаммыт эбит этэ.

«Кэбис, уоскуйуохха» дии санаабыта уонна тыын ылаары салгыны түөһүн муҥунан эҕирийтээбитэ. Сотору күөлү туораан тахсаат, Лойуттуун куустуһа түспүттэрэ, таптал ахтылҕаныгар оботтоохтук уураһан-сыллаһан ылбыттара. Онтон уһун айаҥҥа үөрэ-көтө туруммуттара.

Дьиэлээхтэр сарсыарда турар бириэмэлэригэр уһуктан, уот сырдыгар көрбүттэрэ – Мачыана суоҕа. Бастаан чугас тахса сырыттаҕа дии санаабыттара. Онтон чэйдиэхтэригэр диэри киирбэтэҕиттэн дьиксиммиттэрэ. Ийэтэ тахсан чугастааҕы бүтэйдэри, хотоннору кэрийбитэ. Онтон ыксаан сүөһүлэрин көрөөччү Дайбанар Даарыйалаахха киирэн: «Мачыана киирэ сылдьыбатаҕа дуо?» – диэн ыйыппыта. Онуоха «суох» диэбиттэрэ. Эмээхсин дьэ ыксаабыта, ынырыктаах санаалар өйүгэр араастаан элэҥнэспиттэрэ. «Ханна барыан сөбүй? Мантан үс көстөөх Хахыр ыалыгар барыан сатаммат, ырааҕа бэрт. Итиэннэ чугаһынан ыал суохха дылы…» Эмээхсин таһырдьа тахсан турбута. Онтон эмискэ өйдөөн, кыраһа хаарга кыыһын суолун булбута, кыыһа ойбон суолунан күөлгэ киирэн тохтообокко, сүүрүүнэн үлдьү ааспыт суола тыргылла сытара, оттон бэйэтэ ханна да көстүбэт этэ. Хаһан баҕарар ийэ сүрэҕэ уйан диэччилэр, кини икки хараҕын уута сарт түһэн, ытаан-соҥоон айманан дьиэтигэр киирбитэ. Дьоно хайыы-үйэ чэйдээн бүтэн эрэллэрэ. Эмээхсин аймалҕаныттан соһуйан Күчүмэ оҕонньор уолаттарын кытта тас таҥастарын сыыһа-халты кэтээт, таһырдьа тахсан ойбон суолунан сүүрбүттэрэ. Итиэннэ ойбон дьайыҥар икки хонуктааҕыта ууга өлбүт атыырдара сытарын көрбүттэрэ. Онтон Күчүмэ уолаттарыныын олус соһуйбуттара. «Хайдаҕый, харахпыт иирэр дуу?» – диэбиттэрэ.

Суоллаан көрбүттэрэ, кыраһа хаар үрдүнэн сатыы киһи сүгэн аҕалан түһэрбит суола баара. Бары олус саллыбыттара, бэйэ-бэйэлэрин көрсөн эрэ кэбиспиттэрэ. Мачыана суолун батыһан тыаҕа тахсыбыттара, суол уҥа өттүттэн били атыыры сүгэн аҕалбыт киһи атаҕын суола киэҥник хардыылаан кэлэн, көрсүһэн бииргэ тэпсэҥнээбит, тохтоон турбут суоллара баара. Тииккэ, балтараа саһаан үрдүккэ, сылгы сиэлэ уонна кыһыл таҥас кырадаһына баайыллыбыт этэ. Ити кыыс, төһө да күрээн барар буоллар, төрөөбүт-үөскээбит төрүт буорун кытта арахсыһар бэлиэтин хааллардаҕа. Онтон эр киһи кыыһы көтөҕөн баран, ыстаҥаһыт курдук, ыраах-ыраах олук хааллартаан, сүүрэн бурҕаппыта ырылыйа сытара. Батыһааччылар бары саллыбыттара, саҥата суох оргууй төннөн унньуҥнаспыттара. Били көстөөх сиртэн сүгэн аҕалыллыбыт атыыры кэлэн тула хаамсыбыттара.

– Сир-дойду да син маннык күүстээхтэри уйан сырытыннарар эбит. Бу ханна батан сылдьыах күүһүй? Сүрүн баҕаһын, бу атыыр муустуун отут буут баар ини? Ону көстөөх сиртэн куобах курдук сүгэн аҕалар киһи күүһэ сатаан холоммот. Кини биир сиргэ туран төһөлөөҕү көтөҕүө этэй? Хайаан да бүтүн күүстээх киһи буолуо ээ, – диэтэ Чиркэйэр Дьөгүөр, элбэх саҥалаах, омуннаах улахан уол.

– Бу да киһи омуннуура сүрүн, саатар аҥаар күүстээх ини? Бүтүн күүстээхтэр сүүс бууту көтөҕөллөр үһү! Хайа, бу атыырбыт 20 бууттан ордуга суоҕа буолуо. Ону, күүстээх буолан, собус-соруйан биһигини дьулатаары, батыспатыннар диэн, күүһүнэн куттаары, төһө да ыарырҕаттар, аҕалбыт буолуохтаах. Кини улахан өйдөөх киһи эбит. Ити атыыры аҕалбатаҕа буоллар – биһиги билбэккэ эккирэтиэ этибит. Оттон билигин ити айылаах күүһүн көрөн туран барыа суохпун, син аанньанан кыыспытын биэриэ суох. Ол курдук, кыыспыт бэйэтэ да кэлбэттик сананан, букатын оҥостон барбыт, арай кэлгийэн эрэ төттөрү күүспүтүнэн аҕалыахпыт эбитэ ини. Ону күүһүргэһэргэ тиийдэххэ, ити киһи биһигини тыган да өлөртүөҕэ. Кыыспыт оҥоруута-ыйааҕа оннуга буолуо, онон баҕатын хоту бардын! – диэбитэ Хаһыйаан, хаһан да, аҕыйах саҥалаах буолан, маннык элбэҕи этэн куолулаабатах бэйэтэ.

– Хаһыйаан сөпкө этэр, батыһан-эккирэтэн тугу да ситиһиэхпит суоҕа! Барахсаттар, баҕар, дьоллоох дьон буолуохтара. Аҕаа, эн ийэбитиниин дьадаҥы дьону абааһы көрөҕүт да, кинилэр эмиэ, дьон курдук, тэбэр сүрэхтээх, хамсыыр хааннаах дьон. Айдаарымаҥ, хата, таптыыр киһитигэр бардаҕа диэн үөрүө эбиккит. Ол эрээри балтыбын ити үлүгэрдээх бухатыыр үлтү баттаан өлөрүө диэммин… – күлэн ыгыстар Ыадьаан Мэхээлэ.

Онуоха аҕата кыыһырар:

– Эн, Ыадьаан, киһи ыксыыр, санааргыыр кэмигэр ыыстаах тылгынан ыһыахтаныма эрэ! Соҕотох, маанылаан ииппит кыыспын хаама сылдьар түөкүҥҥэ ойох биэриэ суохпун! Билигин атынан эккирэтэн, саалаах-сэптээх баран кыыспытын былдьаан, төттөрү аҕалыаҕыҥ. Ыт сирэй баара, кыыспын уоран илдьэн ойох оҥостуо үһү! Бэрт киһи хайа сирэйинэн сааппакка кыыһы былдьаһа турар үһүө! Ыраахтааҕы илиитэ уһун, суут-сокуон диэн баар. Били бэлэхтээх-туһахтаах Ымыыһыыр кэлэрэ, улахан урууну тэрийэрбит чугаһаата. Ити үлүгэрдээх элбэх халыымтан, халыҥ баайтан матарбыт сатаммат, абата да бэрт. Ону ааһан, саакка-суукка киириэхпит турдаҕа. Онон, уолаттарыам, биир-биэс диэбэккэ, үчүгэй аттары ылан эккирэтиэҕиҥ! – диэбитэ.

– Кэбис, барбаппыт! Бэйэҕин да барыма диэн көрдөһөбүт, – диэбиттэрэ уолаттар.

Кинилэри көрдөһөн да, мөҕөн да аҕалара иннилэрин ылбатаҕа, үһүөн кыккыраччы аккаастаабыттара.

Кэдээк ойуун уонна Оллой кулуба

Подняться наверх