Читать книгу Кэдээк ойуун уонна Оллой кулуба - - Страница 2

ЛОЙУТ
I

Оглавление

Лойут Уйбаан дьадаҥы киһи үһү, аҕата биэстээҕэр өлбүтүн кэннэ Дьаакып диэн быраатын кытта ийэлэринээн олорбуттар. Биир саас астара бүтэн, оҕолор аччыктаабыттар. Онно күрүө күрдьүгэр утуйа сытар убаһаҕа биэс саастаах Лойут быһахтанан баран өлөрөөрү үөмпүтүн, ийэтэ тутан ылбыт уонна мөҕөн-этэн барбыт. Онуоха, тыла булдьуйа-булдьуйа, эппит:

– Ийээ, аспыт суох буолбат дуо? Аҕам баарыгар эйиэхэ эппитэ дии, «убаһаҕын да өлөрөн аһатаар, оҕолоргун эрэ аччыктатымаар» диэн.

Кэнники улаатан истэҕин аайы киһи холуйбутун таһынан күүстээх үтүө үлэһит, хорсун сырыылаах чулуу булчут буолбута. Уонтан тахса көстөөх сири биир күнүнэн сатыы эргийэн кэлэн соһутара. Быраата Дьаакып да орто сырыылаах киһи кэккэтигэр киирсэрэ. Ийэлэрэ өлбүтүн кэннэ, иккиэн сүбэлэһэн, Таас Күөлэ диэн сэттэ биэрэстэ усталаах, хас да күндэлээх, хоту өттүттэн ыраахтан сис хайа үтэн киирбит тумуһахтаах күөлгэ көһөн, балаҕан туттан олорбуттар. Булду баҕас бэркэ бултууллара үһү. Ол гынан баран, кэргэнэ суох буоланнар, олохторо чуҥкук, тутах эбит. Оччотооҕуга аҥаардас тирииттэн, түүлээхтэн саха таҥаһын оҥостоллоро. Онуоха дьоҥҥо үлэлээн биэрэн эбэтэр бултаабыт астарыттан бэрсэн, дьахталларга тиктэрэллэрэ.

Лойут ыраах сирдэринэн эргийэ сылдьар буолан элбэх булду, ол иһигэр эһэни даҕаны элбэхтик бултаабыта. Төһө да бултаан, балыктаан айахтарыгар үчүгэйдик аһаабыттарын иһин, таҥастара сотору алдьанан моһуоктуура. Онон уолаттар ийэлэрэ өлбүтэ үс сыл ааспытын кэннэ, убай киһи быһыытынан, бастаан Уйбаан кэргэн ыларга быһаарыммыта. Инньэ гынан бэйэтигэр сөптөөх таптыыр кыыһын чугас-ыраах сылдьан көрдөөн көрөргө санаммыта. Кини баара эрэ 20 саастааҕа. Оччотооҕу ыраах алаас аайы ыһыллан олорор ыалларга бэйэтигэр тэҥнээх кыыһы көрдүү-көрө барыталыыра. Ол сылдьан биирдэ күһүн, балаҕан ыйын ортотугар, ыраах Иитиэх диэн алаас ыалыгар кэлэн баай ыал 19 саастаах Мачыана (Матрена) диэн кыыһын сөбүлүү көрбүтэ. Мачыана үрдүк уҥуохтаах, бэйэтигэр сөрү-сөп эттээх-сииннээх, киэҥ-киэҥник хап-харанан көрбүт, ис киирбэх кыыс этэ. Кини аҕата Күчүмэ Өлөксөй Иитиэх алаас бастыҥ баай ыала этэ. Уолаттара Чиркэйэр Дьөгүөр, Хаһыйаан Өлөксөй уонна Ыадьаан Мэхээлэ диэн эбиттэр. Оттон кыыһа Маанылаах Мачыана эрэ эбит. Онон Лойут, төһө да таптаабытын иһин, кинини кэргэн көрдөһөр кыаҕа суоҕа. Оччотооҕуга баайдар эрэ киһи ахсааныгар киирэллэрэ. Дьадаҥы дьон аҥаардас атаҕастабылга сылдьаллара. Лойут кыыһы дьонуттан ыйытара табыллыбатын билэрэ. Киниэхэ, туох да баайа суох хаама сылдьар киһиэхэ, кыыстарын кэргэн биэрбэттэрэ чахчы этэ. Ол да буоллар, кыыһы кистээн көрсөн, туох санаалааҕын билиэн баҕарбыта. Чэйдээн бүтэн баран, таһырдьа тахсан ойбон суолунан оргууй аҕай хааман, уу баһар көлүччэҕэ тиийбитэ. Онно кыра сэппэрээк иһигэр кирийэн олорбута. Кини ханнык да аарыма эһэҕэ улаханнык долгуйбат буолара. Ол бэйэтэ билигин, ити кыыһы көрсүөм дии санаабытыгар, сүрэҕэ тиргэҕэ иҥнибит кустуу мөхпүтэ. Мааҕын уол дьиэҕэ чэйдии олордоҕуна, кыыс ийэтэ: «Мачыана, тэмиэрийэ, дьэгдьийэ түһээри да, киэһэлик көлүччэттэн уута баһан аҕалаар», – диэбитэ. Онон кыыс манна хайаан да кэлиэхтээх диэн мас курдук эрэммитэ.

Сэрэйбитин курдук, сотору Мачыана икки туос ыаҕайаны тоҕоноҕор иилинэн уу баһаары кэлбитэ. Уутун баһан, суол устун суһаллык хааман долгуйан иһэн, иннигэр киэҥ харахтаах, саһаан үрдүктээх, араҕас ыраас хааннаах эдэр уол суолун туора турарыттан соһуйан «һук» диэбитэ уонна сирэйин умса туттан, сири одуулаабыта. Уол саҥата суох кыыс тутан турар ыаҕайаларын ылбыта. Кыыс кулгаахтыын кытаран, ыаҕайаларын быатын ыытан кэбиспитэ. Лойут кыратык инники хаампыта. Кэмчиэрийэн кэһиэхтэммит куолаһынан:

– Мин… мин эйигин кытта кыратык кэпсэтээри күүттүм, – диэбитэ.

Онуоха кыыс тохтуу түспүтэ. Эбии өссө кытаран, атаҕын тумсунан сир очурун тэбиэлии турбута уонна долгуйбут куолаһынан оргууй сыыйан саҥарбыта:

– Дьэ, кэпсэттэҕиҥ дии…

Кыыс кэнники тылларыгар куолаһа илибирээн ылбыта. Лойут холкутугар түһэн, бэйэтин туһунан кыыска кэпсээбитэ:

– Мин ыраах хоту нэһилиэккэ олохтоохпун, онно бырааппын кытта иккиэйэх олоробут. Кэргэнэ суох буоламмыт, дьиэбитин көрөр, таҥаспытын үүйэр-абырахтыыр киһитэ суох олус эрэйдэнэбит. Онон бэйэбэр сөптөөх, сүрэхпинэн сөбүлүүр кыыһым түбэстэҕинэ, кэргэн кэпсэтиэм, дьоллоох олоҕу тэринэн олоруом диэн бу эһиги олоххутугар кэллим. Эн саатыма, кыбыстыма. Мин эйигин таптыы көрдүм, онон тэҥнээх доҕор буолан дьолбутун холбуох диэн эйигиттэн көрдөһөбүн. Көрөрүҥ курдук, дьадаҥы муҥнаахпын, көлүнэр көлөм – икки атаҕым иҥиирэ эрэ. Таҥара атаҕастаабатах буолан күүстээхпин, быһыйбын. Ол иһин булду-аһы бултуур, булар киһибин. Эн сөбүлэстэххинэ, дьон сиэринэн дьиэ-уот тэриннэхпитинэ, барыта баар буолуо. Билигин сүүрбэччэ көстөөх сиргэ сатыы барабын. Ортотугар хонон дьиэбэр тиийиэхтээхпин. Эн дьоҥҥуттан ыйытан да туһа суох, дьадаҥы киһиэхэ кэргэн биэриэхтээҕэр, иһиттэхтэринэ, дьиэлэрин да аанын астарыахтара суоҕа. Ону сэрэйэр буоламмын, уу баһар суолгар күүтэн, көрсөн кэпсэтэн, санааҕын билэн бараары турабын. Сөбүлэһэр буоллаххына, хойут кэлэммин, дьонуҥ билбэттэринэн кыһын илдьэ барыам этэ. Сайын илтэхпинэ, өллөҕө-сүттэҕэ диэн аҕыс айдааны, аймалҕан бөҕөтүн тардыахтара. Дьэ, ону туох дии санаатыҥ? Баҕар, үйэлээх сааһым дьоллоох доҕоро буолуоҥ буолаарай? Ону этэн ыытаргар көрдөһөбүн.

– Сөбүлүүбүн, – диэбитэ Мачыана уоһун иһигэр симиктик.

Уол онно олус үөрэн, кыыһы иэдэһиттэн сыллаан-уураан ылбыта. Уонна күһүн хаар халыҥыы илигинэ кэлэн илдьиэх буолбута. Кыыс күрээн барсыахтаах этэ. Ол оччотооҕу кэмҥэ дьулаан суол буолуохтааҕа. Ону олох бэйэтэ оннукка кыһайбыта… Мачыана ийэлээх аҕата кинини 40-ча саастаах Ымыыһыыр диэн кэргэнэ өлбүт, үс оҕолоох огдообо киһиэхэ, баайыгар ымсыыран, кэргэн биэрэргэ сүбэлэспит этилэр.

Мачыана Ымыыһыыры абааһы көрөрө. Ол иһин киниэхэ кэргэн тахсан ойох буолан олоруом кэриэтэ өлбүтүм ордук диэн санаталыы сылдьар кэмэ этэ. Ону баара, итинник ыарахан санааҕа ыллара сырыттаҕына, Лойут тиийэн кэлэн ыйыппыта. Маннык үчүгэй уол баара буолуо диэн кини түһээн да көрбөтөҕө. Лойут оннук Мачыана сүрэҕин долгуппута. Дьиэҕэ чэйдии олордоҕуна, «үчүгэй да уол эбит, ханнык дьоллоох кыыс киниэхэ кэргэн тахсара буолла?» диэн иһигэр ымсыыра санаабыта. Ону баара, этиэх түгэнэ, билигин бэйэтэ киниэхэ кэргэн тахсарга кэпсэтэн үөртэҕэ үһү. Ымыыһыыры баайа эрэ сураҕырдар. Кини баайа-дуола Мачыанаҕа олох наадата суох, онуоха эрэ ымсыырбат. Ол кэриэтэ туга да суох Уйбаан уолу кытта олорон төһө да кыһалҕаны көрүстүн! Дьон туох да диэтиннэр. Таҥара даҕаны тапталы сыаналаа ини…

Кэдээк ойуун уонна Оллой кулуба

Подняться наверх