Читать книгу Кэдээк ойуун уонна Оллой кулуба - - Страница 6
ЛОЙУТ
V
ОглавлениеМачыана манна мөлтөхтүк олорбута. Саҥа кэргэнин таптаабат этэ. Аны Бөлгөөнөй ийэтэ, эдьиийэ кинини абааһы көрөллөрө. «Манна Лойут олоҕо буолбатах, хотумсуйума», – дииллэрэ. Мачыана ону барытын тулуйбута. 34 сааһыгар, Бөлгөөнөйү кытта олорбута иккис сылыгар, уол оҕо төрөөбүтэ. Онуоха олус да үөрбүтэ, мэник санаатыгар Уйбаантан оҕоломмут курдук санаммыта. «Уйбаан» диэн Лойут аатынан уолун ааттаабыта. Лойутугар курдаттыы тартарара, кинини санаабатах күнэ диэн суох этэ. Уйбаанын кытта уон икки сыл олорбуттара, ол устатыгар биир тылынан куһаҕаннык саҥарсыбатахтара. Ону санаан аастаҕына, саҥаттан саҥа үтүө өйдөбүллэр өйүгэр киирэллэрэ. «Ытаан-соҥоон туран, буруйбун-аньыыбын этэн, көрдөһөн көрүөм. Хат холбоһон, тупсуһан олоруо этибит. Бу кырыыстаах дьонтон уонна Бөлгөөнөйтөн арахсыам этэ» дии санаабыта. Онтон сотору Лойут сүүрбэччэ саастаах эдэр кыыһы ойох ылбытын туһунан сураҕы истибитэ.
Лойут даҕаны Мачыананы умнубатаҕа. Төһө да кэлэйдэр, кэнники оҕо төрөөбүтүн уонна кини аатынан оҕону ааттаабытын истэн баран, үөрбүтэ. Бултаан төннөн иһэн, арыт таарыйан Мачыанаҕа кыыл этин, балыгы бэрсэрэ. Биирдэ Лойут Бөлгөөнөй дьиэҕэ баарыгар маннык эппитэ үһү: «Эн сүрэҕэ суоххун. Ордуктаах киһи буолан, ойохпун ылан оҕолоотуҥ. Мачыана оҕоҕо баҕарар этэ, ону эр бэрдэ толордуҥ. Билигин кинилэри үчүгэйдик аһатыахтааххын. Мин кинини кытта дьоллоохтук олорбутум, оҕобут эрэ суоҕа. Бултаан үчүгэйдик аһаппытым. Эн дьоҥҥун аччыктатар- гын биллэхпинэ, үчүгэй аҕайдык кэһэтиэм». Бөлгөөнөй онтон ыла олус куттанар буолбута. Лойут күөл уҥуор иһэр диэтэхтэринэ, саһан хаалара.
Мачыана кыыс оҕону төрөппүтэ, ону Кэтириис диэн ааттаабыттара. Оттон Лойут саҥа кэргэниттэн да оҕо төрөөбөтөҕө. Сэттэ сыл күүтэн көрөн баран, быраата Дьаакыптан уоллаах кыыһы ылан ииттибиттэрэ. Оҕолорун наһаа таптаан улаатыннаран истэхтэринэ, уол уон иккитигэр, кыыс аҕыс сааһыгар, олорор күөллэригэр, сиэн тамаҕар куйаас күн сөтүөлүү сылдьан ууга өлбүттэрэ. Оҕолорун булан баран, Лойут абаккаран хаһыытаабыта бэрт ырааҕынан эҥсэн иһиллибитэ үһү. Кини оҕолорун кэриэстээн бастыҥ сэргэтигэр 12, иккис сэргэтигэр 8 үүтү оҥорбут үһү. Ол аата оҕолорун саастарын бэлиэтээбит буолуохтаах. Сэргэлэри урут көрбүт, билигин 74 саастаах Слепцов И.М. миэхэ кэпсээбитэ.
Кэнники оҕону ииттибэтэхтэр, иккиэйэх олорбуттар. Сыллар ааспыттар.
Мачыана 56 сааһыгар уһуннук ыалдьан, өлөрүн чахчы билинэн баран, уолун ыытан Лойуту ыҥыртарбыт. Уйбаан илдьити истээт, сонно Мачыанаҕа тиийбит. Мааҕы бэйэлээх көрүөхтэн күндү бэйэтэ көлбөҕүрэн, Мачыана кэрэ сэбэрэтин сүтэрээхтээбит этэ. Ол да буоллар урукку хара харахтара үөрэн мичилиһэ түспүттэрэ. Хаһан эрэ 36 сыл анараа өттүгэр ойбон суолугар сир очурун атаҕын тумсунан тэбиэлии турара уонна «сөбүлүүбүн» диэн симиктик эппит саҥата Лойут Уйбаан кулгааҕар иһиллэргэ дылы буолбута. Кини саҥата суох дьахтар илиитин ылан сылаастык имэрийэ олорбута. Мачыана ыарахан ыарыыта мүлүрүйэргэ дылы буолбута. Кини хаһан да умнубат этэ били киэҥ күөл кытыытыгар, аһаҕас халлаан анныгар, кутаа аттыгар маҥнайгы таптаспыт түүннэрин… Ону өйдөөн кэллэҕинэ, умуллан эрэр сырдык хара харахтара чаҕылыһан, уоттанан кэлэллэрэ. Оргууй ыҥырбыта:
– Уйбаан, эйиэхэ кэриэс тылы этээрибин ыҥыртарбытым. Өр сылларга сүрэхпэр ыар ыарыы оҥостон сылдьыбыт санаабын. Улахан көрдөһүүлээхпин, – диэбитэ.
Лойут онуоха улаханнык долгуйан баран, холкутуйа сатаабыта.
– Мачыана, миэхэ туох этэрдээххин барытын эт. Мин тулуйан истэ сатыам.
– Уйбаан, эйигин олус таптыырым, ол бэйэм оҕобут суоҕуттан мунааран, үйэҕэ өһүллүбэт ыар буруйу оҥостубутум. Эн тапталгын таҥнарбытым. Ону билигин өлөр күммэр бырастыы гынаргар көрдөһөбүн. Ийэ буолуохпун баҕаран… Онтон ийэ буолан, оҕолоох ыал аатыран да баран, син биир эйиэхэ курдаттыы тартара сылдьыбытым. Адьас таптаабат киһини кытта олоруу – сор олох буолар эбит. Мин эйигин ахтан-санаан төһөлөөхтүк эрэйдэммитим буолуой?! Уһун түүннэргэ утуйбакка ытаан, икки хараҕым уутунан суунарым. Ону барытын айбыт таҥара билэн турдаҕа. Итиниэхэ барытыгар бэйэбин буруйданабын. Бэйэм оҥостубут аньыыбар күн сирин үтүө олоҕун олорбокко өлөн эрэбин, – диэт, бөтөн ыла-ыла ытаан барбыта.
– Мин эмиэ эйигин олус саныырым. Кыыһырбычча үүрэн баран, кэнники эйигин ахтан олус эрэйдэммитим. Аһыыр аһым амтана суоҕа, бэйэбин мөҕүттэн муҥнанарым. Эн оччолорго оҕолору Дьаакыптаахтан ылан ииттэргэ эппиккин, ону аккаастаабыппын кэнники кэмсиммитим иһин, хайыам баарай? Хойут тулуйбакка, тупсуһан, төттөрү көһөрөн аҕалыахпын саныы сырыттахпына, оҕоломмут этиҥ. «Ыал ийэтин аймыы сылдьыам дуо? Оҕоҕо баҕарар этэ, дьолун буллаҕа» дии санаабытым. Ол эрээри ити санаам сымыйа этэ. Син биир эйигин түүн түһээн көрсөрүм, уһуктан олус хомойорум. Онон, төһө да мунчаардарбын, бэйэм кэргэннэнэргэ санаммытым. Дьадаҥы ыал кыыһын, бэйэбиттэн уон икки сыл балыс саастааҕы ойох ылбытым. Олус эйэлээхтик олоробут да, эмиэ оҕо төрөөбөтө, онон дьоло суохпут. Били эн эппиккин өрүү өйдүүр этим, быраатым Дьаакыптан уоллаах кыыс оҕону ылан иитэн улаатыннарбыппыт. Ситэри дьоло суох эбиппит, били, өйдүүр инигин, дьиэбит аннынааҕы сиэн тамаҕын. Оҕолорбут онно сөтүөлүү сылдьан ууга өлбүттэрэ. Дьэ, санаан көрдөххө, ынырык суол – кэннигэ хаалар кэнчээри ыччат суоҕа. Аан дойдуга олох олорботох кэриэтэ… Дьэ, Мачыана, сылайдыҥ буолуо. Сыттыккын көннөрөн биэриим, – диэбитэ Лойут долгуйбут куолаһынан, онтон төбөтүн имэрийэн баран: – Дьэ, доҕоччуок, миигиттэн ыар санаа ындыылаах барыма. Мин ис санаабын эйиэхэ кэпсээтим… Бастаан мин бэйэбин буруйданыахтаах эбиппин, оҕобут суоҕар… Ааспыт төннүбэт, арай эйигин күн сиригэр тыыннааҕым тухары күндүтүк саныам, хаһан да умнуом суоҕа. Итиэннэ эйиэхэ биири этэбин: бачча кэлэн баран, эйигин уҥуох тутан, харайан барыам диэн санаан олоробун.
Онуоха Мачыана оргууй аҕай саҥарбыта:
– Кыыһым Кэтириис чугас баар буоллаҕына, манна аттыбар кэллин эрэ.
Кэтириис үгэх ороҥҥо муннукка кирийэн олорон, кинилэр кэпсэтэллэрин кистээн истэн, олус долгуйбута: «Ийэм эрэйдээх урукку тапталлааҕа ити киһи эбит. Билигин да аҕабынааҕар ордук таптыы сылдьар эбит». Төһө да кыбыһыннар, үгэхтэн тахсан, ийэтин аттыгар кэлбитэ. Мачыана ону көрөн оргууй аҕай, сынньана-сынньана, эппитэ:
– Кэтириис, эн улахан киһигин, ытаама. Мин күн сириттэн букатын баран эрэбин. Убайыҥ кэллэҕинэ, этээр: миигин үйэлээх сааһым тухары сүрэхпэр таптал оҥостон илдьэ сылдьыбыт урукку кэргэним Уйбаан бэйэтэ харайыах, көмүөх буолар. Онуоха улахан үөрүүлээх өлөн эрэбин. Көмүллэрбэр эһиги убайгынаан көмөлөһөөрүҥ. Оттон аҕаҕыт миэхэ чугаһаабатын. Мин кинини таптаабат этим. Оччоҕо алҕас олугу үктээбитим… Онон дьиҥнээх тапталы билбэккэ, көрүнньүк олоҕу олорон аастым. Ол иһин оҕолорбор эһиэхэ кэриэс этэбин – маҥнайгы ыраас тапталгытын киртитимэҥ, үйэлээх сааскытыгар харыстааҥ диэн.
– Мачыана, мин эйигин дьиэбэр илдьэн, били маҥнайгы саас буолбутугар «сибэккилээх үчүгэй да томтор!» диэбит үрдэлгэр көмүөм. Кэнники бэйэм өллөхпүнэ, кэккэлэһиннэри көмнөрүөм этэ. Ону туох дии саныыгын? – диэбитэ Лойут.
Мачыана күүһүн мунньан илиитин ууммута.
– Олус үөрэбин. Кыахтаах буоллаххына, онно, таптыыр сирбэр, уонна бэйэҥ аттыгар көмө илдьэргэр олус баҕарабын, – диэбитэ саҥа олоххо олоро баран эрэр, дьолломмут киһилии.
– Билигин да сүгэр, көтөҕөр кыахтаахпын, онуоха эрэн, көмүс уҥуоххун көтөҕөн, бэйэм дойдубар көмүөм, – диэн эрэннэрбитэ Лойут.
Ити киэһэ харыс да хамсаабакка, Лойут Мачыана аттыгар модьу бэйэтэ нөрүйэн, ыарахан санааҕа ылларан олорбута. Мачыана киэһэлик Бөлгөөнөй хантан эрэ кэлбитин холдьохпута: «Эн бааргына дууһам тахсыбат, кэбэлий!» Онтон Бөлгөөнөй барбытын кэннэ уһаабатаҕа, түүн үөһүгэр тиийбэккэ өлбүтэ. Лойут Мачыана өлүгүн сууйан, таҥыннарбыта. Сарсыарда эрдэ уолу кытта хоруобу оҥорбуттара. Сотору бүтэрэн, Мачыана өлүгүн онно укпуттара. Лойут хоруоптаах киһи өлүгүн сүгэн, сатыы хаама турбута. Кини кэнниттэн Уйбаан уол балтын акка мэҥэстэн айаннаабыта.
Лойут Мачыананы, эппитин-эрэннэрбитин курдук, дьиэтин аттынааҕы томторго көмпүтэ.