Читать книгу Кэдээк ойуун уонна Оллой кулуба - - Страница 8

ЛОЙУТ
VII

Оглавление

Лойут алта уон сааһын ааспытын кэннэ үһүс кэргэнигэр олорбута. Иккис кэргэнэ эмискэ ыалдьан өлбүтэ. Ону оччотооҕу ойууттар «оннук-маннык абааһы үөр буолан киирэн сиэтэ» диэн көрүүлэнэллэрэ. Кини ону тоҕо эрэ итэҕэйиэх санаата кэлбэт этэ. Куруутун ыар баттык буолан, иккис кэргэнин өлүүтэ өйүттэн ааспакка муҥнуура. Аанча эдэр сааһыгар аатырбыт үлэһит, дьоҥҥо-киһиэхэ барытыгар аламаҕай санаалаах үтүөкэн дьахтар үһү. Кэрэ бэйэлээх дьахтар икки хонук иһигэр ыалдьан, күн сириттэн өлөн туораабыта. Онно ыксаан, маҥнай улаханнык ыалдьыбытыгар Дуудакаан ойууну ыҥыртарбыттара. Онуоха кэлэн кыыран араастаан дьүһүлэммитэ: «Урукку кэргэниҥ Мачыана эйигин өһүөннээн, үөр буолан кэлэн буулаабыт. Билигин кинини үүрэр кытаанах, арай ити сүүһүгэр туоһахталаах тыһаҕаһы өлөрөн, хаан таһааран алҕаатахха, хайыа эбитэ буолла? Сибилигин тахсан, тус арҕаа хайыһыннаран баран, тыһаҕаһы сүгэнэн охсубакка, быһаҕынан өлөрүҥ! Мин ол кэмҥэ үөр буолбут үлүгэрдээх абааһыны үтэйэн көрүөм», – диэбитэ. Лойут быраатын уолун кытта тахсан тыһаҕаһы, ойуун эппитин курдук, силигин ситэрэн хабарҕатын быһаҕынан быһан өлөрбүттэрэ. Ойуун сарсыарда тыһаҕас аҥаарын соболоҥор ылан, тиэнэн дьиэтигэр айаннаабыта. Оттон Аанча ойуун барарын кытта сотору өлбүтэ. Лойут олус хомойбута уонна иһигэр элбэҕи эргитэ санаабыта. «Маҥнайгы кэргэним Мачыана өстөһүө суохтаах. Кини өлүөн аҕай иннинэ ис дууһабытын аһан, дуоһуйа кэпсэппиппит. Хайаан, өлөн баран, өстөһөн өс аахса сылдьыай?.. Аны Дуудакаан албыннаан көрүүлэммитэ буолаарай? Кэнники, хаһан эмэ, билиэм буоллаҕа». Кини сотору 40-ча саастаах Дьэбдьиэй диэн соҕотох дьахтары кэргэн ылбыта. Кинилэр санаалара табыллан, эмиэ эйэлээхтик олорбуттара. Ити кэргэнин кытта хас да сыл олорон баран, биирдэ, өйдөөн кэлэн, «бэйи, Дуудакаан хайдах ойуунун билиэм, сымыйанан ойууннаабыт буоллаҕына, кэһэтиэм» диэн, кимиэхэ да эппэккэ, бэйэтин ис санаатын толорорго былааннаммыта.

Биир күн бултуу барбыта уонна киэһэ олус улаханнык ыалдьан, кэлээт, ынчыктаан иэрийэ-иэрийэ, оронугар кыл тыына эрэ сыппыта. «Хаһан да ыалдьыбатах бэйэм өлөр ыарыыбынан ыарыйдым быһыылаах. Дьэ, Дьэбдьиэй, кытаат, быраатым аахха бар. Ньукуус түргэнник баран Дуудакаан ойууну аҕаллын. Ыксаабыт үһү диэн ойууҥҥа этиэхтин!» – диэбитэ Лойут. Онуоха Дьэбдьиэй эрэйдээх ытыы-ытыы сэттэ биэрэстэлээх ыалга тэбиммитэ. Ньукуус абаҕатын илдьитин истээт, атынан ойууҥҥа ыстаннарбыта. Дуудакаан илдьити истээт, иһигэр иҥсэрэ санаабыта: «Лойут өлгөм астаах-үөллээх, үс-түөрт сүөһүлээх үчүгэй ыал. Сатаатахпына, обургу соҕус өттүк харалаах кэлээ инибин» диэн эрдэ сиэбит-аһаабыт саҕа буолбута. Түргэнник хомунан, түүннэри айаннаан, икки аҥаар көһү атара сэлиинэн астаран, түүн ортотун саҕана кэлбиттэрэ. Дьэбдьиэй дьиэтигэр кэлэн, ас үчүгэйин бэлэмнээн, көмүлүөк оһоҕун күндээрдэ оттон, ойуун кэлэригэр бэлэм олорбута. Дуудакаан кэлээт, чэйдии түһээт, кыырарга тэриммитэ. Ньукуус ойуун чэйдиэр диэри дүҥүрүн, таҥаһын ириэрэн куурдубута. Лойут өйүн сүтэрэн араастаан үлүгүнэйэрэ, арыт улаханнык хаһыытаан ынчыктыыра.

Ойуун сотору олбоҕор олорон, ол-бу иччилэрин-эмэгэттэрин ыҥыртаан баран, ыарыһахха кэлэн үрдүгэр дүҥүрүн охсо-охсо ынырыктаахтык кутуран доллоһуппута: «Арах, арах, улуу-дьаалы хотун дьахтар! Өстөөҕүм диэн үөр абааһыта буолан, үрүҥ тыынын быһан эрэҕин дуо? Тохтоо, болҕой!» – диэн тохтуу-тохтуу туойан, кыыран кыырайа сылдьыбыта.

Лойут эмискэ туран кэлээт, Дуудакаан өссө да кыыран эккирии турдаҕына, саҕатыттан харбаан ылаат, оҕо курдук ыстаанын сулбурутан баран, кыпчыйан олорон таһыйан лабырҕаппыта. Дуудакаан ыарыытын тулуйбакка үөгүлээбитэ: «Тохтоо, абыраа, өлөрүмэ, аһын!» – дии-дии көрдөспүтэ. Онуоха Лойут өссө күүскэ таһыйан биэрбитэ. «Хара түөкүн, албыннаан ойууннуургун билээри сымыйалаан ыалдьыбыта буолбутум. Билигин албыҥҥын биллим, ээххин этитиэм! Эн дьону албыннаан баар-суох сүөһүлэрин өлөртөрөҕүн. Соболоҥҥор манньа бөҕөтүн ылаҕын! Ону барытын төлөтүөм! Ыл, кырдьыккын эт, аны ойууннуоҥ дуу, суох дуу?» – дии-дии эбии таһыйбыта. Ойуун ыарыытын тулуйбакка өйүн сүтэрэн, уҥан ылбыта. Онтон өйдөнөн баран ытыырын быыһыгар: «Өлөрүмэ, күн буол, тохтоо! Кырдьык, аһыыр-таҥнар кыһалҕаттан албыннаан кыырар этим. Аны хаһан да ойууннуом суоҕа, ылбыт аспын-үөлбүн төннөрүөм, төлүөм. Абыраа, тохтоо, ыыт!» – диэбитэ Дуудакаан.

– Эн миэхэ тугу да төннөрүмэ. Дьонтон албыннаан ылбыккын барытын аны сааскыга диэри төннөр. Төннөрбөтөх буоллаххына, ыаллартан ыйытан биллэхпинэ, тыыҥҥын иһиллиэм! – диэн сэрэппитэ.

Дуудакаан дьиэтигэр дэлби таһыллан кэннинэн олорбот, киһи өйөбүлэ суох кыайан хаампат буолан тиийбитэ. Дьонугар сымыйалаабыта: «Улаханнык ыарыйдым. Аны абааһыларбар хаһан да ойууннуо суох буолан андаҕайдым», – диэбитэ. Хойут, кырдьык, ойууннаабатаҕа дииллэр, төлөбүрүн да ким ылааччыга төннөрбүтэ. Сорох дьон төттөрү ылбатахтара үһү.

Лойут итинтэн ыла ойууннары итэҕэйбэт буолбута. Кэнники үс ойууну «ыарыйдым» диэн тус-туспа кэмҥэ ыҥыран кыырдарбыт, олор эмиэ сымыйанан көрүүлэнэн дэлби таһыллыбыттар. Лойукка «ээхтэрин этэн», ойууннуулларыттан аккаастаммыттар. Дьонтон албыннаан ылбыттарын төннөрүөх, төлүөх буолан андаҕайбыттар. Кини таптыыр кэргэнэ Мачыана мэҥэтигэр тиийэн, кириэһин кууһан туран иһиллэр гына улаханнык эппит: «Күн сиригэр көлдьүн-албын ойууннар эн сырдык ааккын албыннаан киртитэн үөр абааһыта оҥоро сылдьыбыттарын иһин эттээх хааннарыттан иэстээн, кинилэри кэһэттим, албыннаабыттарын айахтарынан таһаардым. Күндү доҕорум, эйиэхэ мин хом санаам суох, билигин да эйигин умнубаппын. Эн дууһаҥ анараа дойдуга да куруук ыраас буоллун! Эйиэхэ хоп, албын тиийбэтин».

Кэдээк ойуун уонна Оллой кулуба

Подняться наверх