Читать книгу Дьолу түстээччилэр - - Страница 1
Киирии тыл
ОглавлениеБу Орто дойдуга киһи Үөһэттэн айдарыллан олоҕу салгыыр аналлаах кэлэр. Киһи үрдүкү анала диэн ыал буолан, дьиэ-уот тэринэн, оҕолонон, удьуору ууһатан, дьоһуннаахтык уонна толору дьоллоохтук олоруута буолар.
Хомойуох иһин, бэйэтин төрүт аналын толорбокко, соҕотохсуйа сылдьар киһи үгүс.
Сулумах уолаттар уонна кыргыттар ыал буолалларыгар көмөлөһөр, кинилэри билсиһиннэрэр усулуобуйаны тэрийэр уопсастыбаннай тэрилтэнэн «Суорумньу» кулууптара уонна биирдиилээн суорумньуһуттар буолаллар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнигэр Дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах кэмитиэтэ үлэлиир кэмигэр, 2002—2011 сылларга ити уопсастыбаннай хамсааһыны регистрациялаан, үлэлиир ньымалары тэрийэн, уопсастыбаннай көҕүлээһини өйөөн, былааннаах үлэни ыыппыта. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ 17 улууһугар 133 «Суорумньу» кулууптара тэриллибиттэрэ. Улуустарга дьиэ кэргэн кыһалҕаларын быһаарар отделлары кытта биир сибээстээхтик үлэлээн, 30 сааһыттан үөһэ саастаах сулумах уолу-кыыһы, ыал буолбакка сылдьааччылары, испииһэктээбиттэрэ. Ыал буолуон баҕалаах дьоҥҥо аҥкыата ыытыллан, биирдиилээн үлэ саҕаламмыта. «Суорумньу» кулууптара араас көрсүһүүлэри, түмсүүлэри былааннаан, холбоон ыытар буолбуттара. Бу үлэни барытын Дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах кэмитиэтин суорумньунан дьарыктанар уопсастыбаннай хамсааһына сүрүннээбитэ. 2004 сылга Мэҥэ Хаҥаласка, Тааттаҕа, Уус Алдаҥҥа, Ньурбаҕа 80 ыал суорумньу көмөтүнэн баар буолбута. Ньурбаҕа 1995 сылтан 50-чэ ыал, Тааттаҕа 1992 сылтан 70-тан тахса ыал тэриллибиттэрэ. Уус Алдан улууһун Найахы нэһилиэгэр Исакова Розалия Михайловна уонтан тахса ыалы, Мэҥэ Хаҥаласка Андросова Мария Прокопьевна ити сылларга 15 ыалы, Уус Алдан улууһун Бэйдиҥэ олохтооҕо Пестряков Владимир Никитич 1989 сылтан 2004 сылга диэри 100 тахса ыалы түстээбиттэрэ.
2004 сыл от ыйын 2—3 күннэригэр 4-с өрөспүүбүлүкэтээҕи «Суорумньу» кулууптарын сэминээрэ Уус Алдан улууһун Тумул нэһилиэгэр Тутанхаайы алааһыгар «Кыыс ыһыаҕа» диэн ааттаан ыытыллыбыта. Онно өрөспүүбүлүкэ 12 улууһуттан барыта 300 тахса сулумах кыргыттар уонна уолаттар түмсүбүттэрэ. Кыыс ыһыаҕа дьон-сэргэ интэриэһин тардан, 2005, 2006 сылларга салгыы ыытыллыбыта. Бу үс сыл субуруччу ыытыллыбыт Кыыс ыһыаҕын түмүгүнэн 26 ыал баар буолбута.
Дьокуускай куорат «Суорумньу кулууба» тэриллэн (салайааччы Варламова И.А.) элбэх үлэни ыыппыта. Тулагы, Хатас нэһилиэктэригэр «Билсиһии» көрсүһүүлэрэ, биэчэрдэрэ ыытыллан, түмүгэр 6 ыал баар буолбута.
Дьэ ити курдук, сулумах сылдьар дьон аҥаардарын булан ыал буолууларыгар «Суорумньу» кулууптарын, биирдиилээн дьон үлэтэ, биһиэхэ, аҕыйах ахсааннаах омукка, ыал элбииригэр улахан суолталаах буолбута.
Алексей Егорович Сергучев,
СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ,
2002—2011 сс. СӨ Бэрэсидьиэнин иһинэн Дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах дьыалатыгар уонна
демография бэлиитикэтигэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ