Читать книгу Дьолу түстээччилэр - - Страница 6

НОРУОТ КЭХТИБЭТ КЭСКИЛЭ – ЫАЛ БУОЛУУ

Оглавление

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин РФ Федеральнай Мунньаҕар анал суруга чопчу киһиэхэ – төрүүр-ууһуур дьоҕурдаах ийэҕэ – туһуланыыта дьиэ кэргэни, демографическай быһыыны-майгыны бөҕөргөтүүгэ болҕомто туһаайыллыбыт кэмигэр өрөспүүбүлүкэбит салалтата өйөөн, «Дьылҕа түсчүтэ» диэн Суорумньуһуттар ассоциациялара тэриллибитэ. Суорумньу – саха норуота ахсаан өттүнэн элбээһинигэр, өрөспүүбүлүкэ демографическай балаһыанньата тупсарыгар ыытыллар биир былааннаах үлэ буолар.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн «Суорумньу» кулууптарын пааспардааһын түмүгүнэн, 17 улууска барыта 35 «Суорумньу» кулууптара үлэлээн кэллилэр. Уус Алдан, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Нам, Амма, Таатта, Өймөкөөн, Уус Майа, Томпо, Ньурба, Хаҥалас улуустарын үгүс нэһилиэктэригэр уонна Дьокуускайга «Суорумньу» түмсүүлэрэ үлэлииллэр. Ол курдук, Горнай улууһуттан суорумньуһут Альбина Сапаргалиевна Султашова, Ньурба улууһуттан Эльвира Николаевна Семенова-Сэргэ кыыһа Тускулаана, Мэҥэ Хаҥалас улууһун суорумньуһута, «Алаһа» кулуубу өр сыл салайан кэлбит Мария Прокопьевна Андросова, аныгы олоххо сөп түбэһиннэрэн таһаарыылаахтык үлэлии сылдьаллар, кинини кытта бииргэ Светлана Афанасьевна Сергучева, Маргарита Бэргэновна Неустроева үгүс үлэни ыыталлар, Чурапчыттан төрүттээх, «Кыталык» кулууп салайааччыта – Шеломов Алексей Михайлович-Хара Кыталык, Томпо улууһун Кириэс Халдьаайы бөһүөлэгиттэн «Дьол түһүлгэтэ» суорумньу кулууп салайааччыта Альбина Сергеевна Баланова, Өймөкөөн улууһун суорумньуһута Валентина Николаевна Прокопьева, Бүлүү улууһуттан Геннадий Петрович Харлампьев-Кынаачай, Светлана Тарасовна Иванова, Нам улууһун суорумньуһута Галина Андреевна Егорова-Арчылаана, Уус Алдан улууһугар Бэйдиҥэ нэһилиэгэр олорор Владимир Никитич Пестряков (1989 сылтан элбэх ыалы холбообута), Кэптэниттэн Надежда Петровна Аманатова, Майаҕастан Людмила Архиповна Бурцева-Күндүүнэ, Бороҕонтон Алексей Алексеевич Алексеев, Найахы нэһилиэгиттэн Розалия Михайловна Исакова 1984 сылтан суорумньунан дьарыктанан, элбэх ыалы холбообуттара. Суорумньуһуттар – бу чахчы да икки сүрэх олохторун холбуулларын туһугар бэйэлэрин бириэмэлэрин аахсыбакка үлэлэһиилэрэ, кырдьык даҕаны, улахан махталлаах дьыала.

Истиҥ-иһирэх махтал тылларынан ахтан ааһыам этэ – Чурапчы улууһун Мугудай нэһилиэгиттэн «Төлкө» кулуубу салайбыт Мария Павловна Толстоухованы. Кини ыыппыт үлэтин салҕаан араас тэрээһиннэри салайан үлэлэтэр Елена Васильевна Шадринаны. Хас күһүн аайы Елена Васильевна салайыытынан муҥха ыытыллара дьон сэҥээриитин ылар. Маннык саҥаттан саҥа бырайыактар үлэҕэ киирэ туруохтарын наада.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн суорумньуга бастакы улахан тэрээһин 2004 сыллаахха, от ыйын 2—3 күннэригэр СӨ Бэрэсидьиэнин Дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах дьыалаларыгар кэмитиэтин уонна Уус Алдан улууһун муниципальнай тэриллии дьаһалтатын Дьиэ кэргэн дьыалаларыгар отдел салайыытынан «Суорумньу» кулууптарын 4-с сэминээрэ Уус Алдан улууһугар Бороҕон нэһилиэгэр Тутанхаайы алааһыгар «Кыыс ыһыаҕа» диэн ааттанан саҥалыы бырайыагынан ыытыллыбыта. Бу ураты ыһыахха 500-тэн тахса сулумах уолаттар уонна кыргыттар түмсүбүттэрэ, ону таһынан «Суорумньу» кулуубун салайааччылара, ыҥырыылаах ыалдьыттар кыттыыны ылбыттара.

Ыһыах буолуохтаах сирин кырдьаҕастартан сүбэлэтэн Бороҕон нэһилиэгэр (уруккунан Сыҥаах нэһилиэгэ) Тутанхаайы диэн алааска оҥорбуппут. От ыйын куйааһа, айылҕа ситэн силигилээн турар кэмигэр киһи ис кыаҕа арыллан, санаа көнньүөрэр кэмигэр өбүгэлэрбит сирдэригэр-уоттарыгар элбэх киһи кыттыылаах улахан тэрээһин буолбута.

ХIХ үйэ бастакы аҥаарыгар Бороҕон улууһун Сыҥаах нэһилиэгэр Түмэппий Бэрииһэп диэн орто баай оҕонньор сэттэ кыталык кыыһыгар анаан ыһыах ыспыта уос номоҕуттан «Лөгөй былыргыта» диэн кинигэҕэ киирэн турар. Кыргыттар ыһыахтаабыт сирдэрэ Кэптэни бөһүөлэгэр (былыргынан, Сыҥаах нэһилиэгэ) баар, онно үүт сойуппут миэстэлэрэ билигин да оннунан турар.

Түмэппий Бэрииһэп сэттэ кыыһын сыдьааннара, бэһис көлүөнэ дьон – Бээрийэҕэ олорор норуот эмчитэ, туостан тигии маастара Варвара Тихоновна Васильева, суорумньуһут Алексей Алексеевич Алексеев, Сыҥаах нэһилиэгиттэн төрүттээх сэттис көлүөнэ сэттэ кыыстаах Петр Егорович Заровняев кыргыттара-сиэннэрэ, Егор Егорович Заровняев оҕолоро-сиэннэрэ, Борисов Константин Константинович оҕолоро-сиэннэрэ, Борисов Иван Константинович оҕолоро-сиэннэрэ буолаллар (П.П. Бурнашев. Лөгөй нэһилиэгин былыргыта. – 2002с.).

Бастакы ыһыах түмүгүнэн 13 улуустан 500-тэн тахса сулумах киһи кыттыыны ылбыттара. Суорумньу сэминээригэр өрөспүүбүлүкэ Дьахталларын түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ В.И. Кириллина, профессордар Р.И. Бравина, В.Б. Окорокова, Г.С. Попова-Санаайа, медицинскэй наука кандидата, «Иэйиэхсит» кулууп салайааччыта Е.Н. Тролукова кыттыыны ылбыттара. Саха драматическай тыйаатырын артыыстара Анна Кузьмина, Зоя Багынанова, Маргарита Борисова, Михаил Апросимов «Ньургуһун иккистээн тылыннар» диэн испэктээҕи көрдөрбүттэрэ мустубут дьону-сэргэни кэрэхсэппитэ. Киһи хараҕа хатанар быыстапкатын улуустартан кэлбит норуот маастардара туруорбуттара.

Бу ыһыахха Сэһэн Ардьакыап өтөҕүттэн булуллубут, сүктэр кыыс сэргэтин үтүгүннэрэн Тумул бөһүөлэгин олохтоохторо оҥорон, сиэри-туому тутуһан туруорбуттара. Сэргэ төбөтүгэр саха дьахтарын дьабака бэргэһэтин илин өттүн ойуулаан оҥорбуттара, сибэкки курдук үөһээ ойуута – уоллаах кыыс тапталлара, ортокута – дьиэ кэргэн, ыал буолаллара, аллара сэбирдэх ойууланыыта – оҕолорун-ыччаттарын төлкөтө буолуон сөп диэн быһаарбыппыт. Бу сэргэ ойуулуун-бичиктиин билиҥҥи да уоллаах кыыс холбоһоллоругар ис хоһооно сөп түбэһэр диэн санааларын ууран чочуйбут Бороҕон нэһилиэгин олохтоох уустарыгар барҕа махтал буолуохтун.

Иккис ыһыах төлкөлөөх түһүлгэтин сэргэтин Арыылаах бөһүөлэгин олохтооҕо Н.Г. Пестряков мындырдаан оҥорбута, Өлтөх нэһилиэгэ бэйэтин кылаатын киллэрсибитэ.

Үһүс ыһыах сэргэтин Лөгөй нэһилиэгин олохтооҕо П.С. Нафанаилов дьиэ кэргэн сэргэтин оҥорон сиэри-туому тутуһан туруорбуппут, Лөгөй нэһилиэгин салалтата тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кыттыбыттара.

Үс сыл тэрийэн ыыппыт ыһыахпыт сэргэлэрэ үйэлэр тухары Уус Алдаҥҥа «Кыыс ыһыаҕа» ХХI үйэҕэ үрдүк таһымҥа тэриллибитин туоһута буолаллар.

Орто саастарыгар диэри алаһа дьиэни тэриммэккэ сылдьар аҥаардас дьон ыал буолар кэскиллэрин түстүүр усулуобуйаны тэрийэр аналлаах 3 ыһыахтар түмүктэринэн 28 ыал үөскээбитэ, кийииттэргэ аналлаах сэргэ туруоруллан, бу ыһыах үйэттэн үйэҕэ умнуллубата түстэммитэ, суорумньуһуттарга практическай, методическай көмө оҥоһуллан үлэлииргэ саҥа кыах бэриллибитэ.

Тэрээһиҥҥэ наһаа элбэх үлэни көрсүбүппүт: улуустартан 10-нуу сулумах киһини аҕалыы, күрэхтэһиигэ бэлэмнэнии, түһүлгэни сахалыы киэргэтии, улуус тэрилтэлэрин барытын өрө туруоран ыһыах ыспыппыт. Мин саныахпар, ханнык баҕарар тэрээһин элбэх киһи кыттыылаах буоллаҕына табыллар. Мэҥэ Хаҥаластан дьиэ кэргэн отделын сүрүннүүр исписэлииһэ Дария Ивановна Назарова салайыытынан кэлбит кыттыылаахтар наһаа үчүгэйдик тэринэн кэлбиттэрэ. Түһүлгэлэрин «Сардаана сибэкки – таптал сибэккитэ» диэн тиэмэлээн, наһаа тупсаҕай фотозона оҥорон дьон-сэргэ интэриэһин тардыбыттара. Горнай улууһуттан толору оптуобуһунан дэлэгээссийэ айаннаан кэлэн тэрээһиннээхтэрин көрдөрбүттэрэ. Хаҥалас, Чурапчы, Таатта, Амма, Нам улуустарыттан кэлбит дьоммут-сэргэбит ыытыллар күрэхтэргэ көхтөөхтүк кыттыбыттара, элбэх паара баар буолбута.

Үс сыл Уус Алдаҥҥа Кыыс ыһыаҕа үрдүк таһымҥа ыытыллыбыта. Бу тэрээһиннэри ыытыыга биһиэхэ күүс-көмө буолбуттара – Дьиэ кэргэн уонна оҕо дьыалаларыгар кэмитиэт сүрүннүүр исписэлиистэрэ Александра Васильевна Николаева, Анна Васильевна Маркова.

Кэлин санаатахпына, бу мин бэйэм өбүгэлэрим ыыппыт ыһыахтарын утумнаан, маннык өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тэрээһини тэрийсибиппинэн дьоллоохпун.

Салгыы суорумньу ыһыахтара улуустарынан ыытыллар буолбута кэрэхсэбиллээх. Ол курдук, Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Амма, Томпо, Бүлүү бөлөх улуустарын суорумньуһуттара элбэх тэрээһини тэрийэллэр, дьиэ кэргэн элбиирин туһугар үлэлэһэллэр. Суорумньуһуттар тэрийэр тэрээһиннэрин бэйэлэрин кыахтарынан оҥороллор, онно Ассоциация бырагыраама оҥоруутугар, наҕараада, бириис өттүгэр көмөлөһөр.

Суорумньуһут үлэтэ олус уустук уонна эппиэтинэстээх. Кини киһи уйулҕатын үчүгэйдик билэр буолуохтаах, холбооттуур дьонун биир өйгө-санааҕа түмүөхтээх, хомоҕой тылынан-өһүнэн кэпсэтэн-ипсэтэн тылыгар киллэриэхтээх, дьон итэҕэлин ылыахтаах. Суорумньуһут диэн, мин саныахпар, айылҕаттан айдарыылаах киһи. Хас биирдии суорумньуһут бэйэтэ үлэлиир ньымалардаах: ким эрэ тэрийэр ураты дьоҕурдаах, ким эрэ сынньалаҥ киэһэлэрин иилээн-саҕалаан кыайа тутан ыытар, ким эрэ биирдиилээн дьону бэйэ-бэйэлэригэр ыпсарар дьоҕурдаах буолар.

Өрөспүүбүлүкэбит Бырабыыталыстыбата, тустаах министиэристибэлэр, тэрилтэлэр бу санааларын ууран үлэлии сылдьар суорумньуһуттары өйүөхтэрэ, биир санаанан, түмсэн сөптөөх дьаһаллары таһаарыахтара диэн эрэнэбит.

Сахабыт сирэ сайдарыгар, бигэ тирэхтээх буолуутугар ис сүрэхтэриттэн үлэлэһэ сылдьар суорумньуһуттарбар улахан туһалаах үлэҕит таһаарыылаах буоллун, дьон-сэргэ махтала эһиэхэ үөрүүнү, ситиһиини аҕаллын диэн алгыыбын!

Евдокия Петровна Бочкарева-Налыйа Хотун,

«Дьылҕа түсчүтэ» Суорумньуһуттар ассоциацияларын салайааччыта,

СӨ үөрэҕириитигэр, СӨ гражданскай көҕүлээһинигэр,

СӨ ыччат уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр туйгуна,

СӨ сайдыытыгар кылаатын иһин бэлиэлээх

Дьолу түстээччилэр

Подняться наверх