Читать книгу Дьолу түстээччилэр - - Страница 5
КЫЫС ЫҺЫАҔЫН УОННА СУОРУМНЬУ ҮЛЭТИН ТУҺУНАН
ОглавлениеКиһи Орто дойдуга кэлбит сүрүн анала ыал буолан, кэнчээри ыччаты төрөтөн, иитэн-аһатан улаатыннарыы, киһи-хара гыныы буолар. Саха итэҕэлинэн, ыал буолбут киһини толору буолбут дииллэрэ. Бөҕө ыал элбэҕэ судаарыстыба социальнай бэлиитикэтэ этэҥҥэ оҥоһулларыгар көмөлөһөр, нэһилиэнньэ элбииригэр ханнык баҕарар дойду интэриэстээх-баҕалаах буоллаҕа (арай Кытайга атын, элбэхтэрэ бэрт буолан). ХХI үйэ саҥатыгар Уус Алдан улууһугар өрөспүүбүлүкэ таһымынан Кыыс ыһыаҕын тэрийэ сылдьыбыттара. Бу ыһыах сыала саха дьонугар ыал элбээһинэ диэн этэ. Балай да элбэх киһи кыттан турар – 500 кыттааччы. Бу анал ыһыах холугар улахан сыыппара.
Ыһыах кэнсиэпсийэтэ Уус Алдан Бэрииһэптэрин номоҕор тирэҕирэр. Номох быһыытынан, ХIХ үйэ саҥатыгар Сыҥаах нэһилиэгэр Бороҕон улууһугар Түһүнэй аҕа ууһун баайа Түмэппий Барыыһап диэн киһи олорбут, сэттэ кыыстаах эбит. Кыргыттара саастарын ситэн, систэрин этэ ситэн, бууттарын этэ буһан, эргэ тахсар кэмнэрэ кэлбит да: баай ыаллар уолаттарын Түмэппий төрүт баай аҕа ууһуттан төрүттээх киһи буолбатаҕынан кэргэн кэпсэтэ ыыппаттар эбит; оттон дьадаҥы ыал уолаттарын аҕалара чугаһаппат эбит. Ол иһин кыргыттар ыксаан, сүбэлэһэн баран аҕаларыттан көҥүллэтэн ыһыах тэрийэн, утуу-субуу баай уолаттарга кэргэн тахсыталаабыттар. Оҕонньор баай ыаллартан халыым ылан баайа хаҥаатаҕа, үөрдэҕэ. Ыһыаҕы кыргыттар тэрийэллэригэр «Кыыс ыһыаҕа» диэн ааттаабыттара эбитэ үһү. Түмэппий Борисов бэйэтэ Мордьууска Хабырылла диэн киһиттэн төрүттээх, эһэтэ Дабыыкын диэн Сыҥаах нэһилиэгэр Улахан Сыһыыга олорбут киһи.
Мин 2019 сыл сайыныгар Национальнай архыыпка Бороҕон инороднай быраабатын кинигэтигэр ити Түмэппий Барыыһап туһунан матырыйаал булбутум. Сыҥаах нэһилиэгэр олорбут. Чаччыына эбит. Сир туһуттан улуус кулубатын кытта иккитэ сууттаһа сылдьыбыт. Мин бэйэм Борисов Борис Ивановичтан төрүттээхпин. Аҕам Ньурба драматическай тыйаатырын артыыһа, Щепкин аатынан театральнай училищены бүтэриэҕиттэн Ньурба куоракка олорор, үлэлиир. Кини аҕата, эһэм, Иван Константинович Борисов Уус Алдан Кэптэнитигэр олорбута. Кини аҕата Константин Петрович Борисов-Мурун Көстөкүүн эмиэ Лөгөй нэһилиэгэр олорбут, орто сэниэ ыал эбитэ үһү. Көстөкүүн аҕата Петр Петрович Борисов диэн, Сыҥаах нэһилиэгин киһитэ. Петр Петрович ХIХ үйэ иккис аҥаарыгар олорбут киһи. Кини туһунан миэхэ 2005 сыллаахха архыып үлэһиттэрэ булан биэрбиттэрэ. Киниттэн үөһэ дьону булбатах этилэр. Онон таайарбынан, Петр Петрович аҕата Мордьууска Хабырылланы кытта бииргэ төрөөбүт Түгүнүүр Бүөтүр диэн баайтан төрүттээх быһыылаах. Аҕатын аата да ону ыйар – Бөтүрүөбүс диэнэ. Түгүнүүр Бүөтүр сүөһүнэн байбыт, ойуунумсуйар киһи эбитэ үһү. Көмүллүбүт сирэ биллэр. Аһара байан «кыйдатыы» туомун ыыттарар эбит. Бу туом быһыытынан, сүөһүнү кый ыраах ураҕастаах аттаах уолаттар үүрэллэр уонна онно хааллараллар. Түгүнүүр аҕата Дабыыкын арааһа ХVIII үйэ бүтүүтүгэр, ХVIII—ХIХ үйэлэр кирбиилэригэр олорбут киһи буолуохтаах, номох быһыытынан, Дьокуускайга баран нуучча атыыһытыгар хамначчыттаабыт. Номоххо ол туохтан буолбута этиллибэт. Ол аата, Түһүнэй аҕа ууһа ол саҕана сүрдээҕин дьадайа сылдьыбыт кэмэ буолуон сөп эбит. Түһүнэй диэн ХVII үйэ иккис аҥаарыгар олорбут киһи аҕа ууһун тойоно, кинээс, аҕата эмиэ кинээс Окто диэн киһи, Лөгөй биитэ. Лөгөй, биллэрин курдук, нууччаларга утарсыбатах, «шерт» (сиэр, андаҕар) биэрэн баран онтун кэспэтэх аҕа ууһун тойоно. Атын тойоттор нууччалары утары өрө турууларыгар кыттыбатах, нууччалар сахалары утары сэриилэһэллэригэр эмиэ кыттыспатах. Архыыпка көрдүүрбэр миэтирикэҕэ өбүгэлэрбин булбатаҕым. Өр кэмнээх, анал күүстээх үлэ наада быһыылаах.
Түһүнэй бэйэтэ «Общественный строй якутов» диэн Токарев кинигэтигэр ахтыллар. Ол курдук, ХVII үйэ иккис аҥаарыгар Мэҥэ сиригэр Дьаарбаҥ кытылын таһыгар Солук Боотур диэн Бороҕон ууһун бухатыыра биир мэҥэ киһитин, көмүскэнээри, алҕас ох саанан табан өлөрбүт. Ону мэҥэлэр, ол киһи аймахтара, иэстэһэн Суола үрэх таһыгар бороҕоттор бас киһилэрэ остуруоктан улууһугар айаннаан истэҕинэ, ох саанан дьөлүтэ ытыалаан өлөрбүттэр. Онтон сылтаан Түһүнэй икки сүүсчэкэ киһилээх мэҥэлэргэ (Бодоевтар аҕа уустара) саба түһэн Бороҕон сиригэр сүөһүлэрин үүрэн барар, дьону билиэн ылан чаҕар оҥостор. Түһүнэйдэр, бадаҕа, ХVIII үйэ ортотугар эбэтэр иккис аҥаарыгар христианствоны ылынан Бэрииһэптэр буолбут быһыылаахтар. Ону эмиэ архыыбы хасыһан билиэххэ сөбө буолуо.
Мин ыстатыйа саҥатыгар суорумньу туһатын эппитим. Кыыс ыһыаҕа тэриллиитигэр Евдокия Бочкарева-Налыйа Хотун улахан үтүөлээх. Кини курдук, саха омукка сулумах дьон аҕыйыырыгар үлэлээбит уонна үлэлиир дьон бааллар. Бу дьон улахан туһалаах үлэни ыыталлар.
Мин эмиэ кыра да буоллар олохпор киллэһиктээхпин. Ол курдук, 2009 сыллаахха ыал буолан баран, ИП быһыытынан регистрацияланан ОКВЭДка дьону кэргэнниир пууну киллэртэрэн брачнай агентство арыйан сыл курдук үлэлэтэ сылдьыбыттаахпын.
Сүбэ-соргу
Үлэбитигэр сулумах дьоҥҥо аҥкыата толорторон тэҥнээн билиһиннэртиир этибит, төлөпүөннэрин хардары-таары бэрсиһэллэрин ситиһэн, итини таһынан «вертушка» – ньыманан тэрээһиннэри ыытар этибит. Вертушка диэн кылгас кэмҥэ элбэх киһини кытта билсии ньымата. Аныгы киһи мэлдьи иллэҥэ суох, арыт тус олоҕун оҥосторугар да бириэмэтэ тиийбэт. Ол иһин оннук дьону рестораҥҥа, кафеҕа ыҥыран анал биэчэр тэрийэрбит – кофелаах, чэйдээх, мороженайдаах, пирожнайдаах. Кыргыттар остуолларга тус-туһунан биирдиилээн тэйиччи-тэйиччи олороллоро, оттон уолаттар остуолтан остуолга күн эргииринэн анал бэлиэнэн көһөн миэстэлэрин уларыта сылдьан кинилэрдиин билсиһэллэрэ, кэпсэтэллэрэ. Сөбүлэһэ санастахтарына, төлөпүөннэрин бэрсэллэрэ. Билсиһэргэ-кэпсэтэргэ биэс мүнүүтэ бэриллэрэ. Намыын муусука уларыйар: уолаттар атын остуолга олорор кыыска көһөллөр. Дьэ ол кэннэ уопсай ол-бу билсиһэр оонньуулар ыытыллаллара, ким кыттыһар кыттыһара, ким баҕарбат – барара.
Инньэ гынан, сыл иһигэр уонча дьону ыал оҥорон турабыт. Биир тэрээһиҥҥэ түөрт Бүлүү улууһун дьонун мунньан турардаахпыт. Үлэбэр Галина Лидочен диэн Сунтаар кыыһа көмөлөспүтэ, үлэлэспитэ. Үлэни кини ыытара, мин тэрийэр өттүгэр сылдьыбытым. Онтон Галина ыал буолан дойдутугар көһөн, бэйэм да салгыы үлэлииргэ бириэмэм тиийбэт эҥин буолан (иккис үлэм этэ) тохтообуппут, агентствоны саппыппыт. Дьон хойукка диэри ыйыталаһар этэ, үтүө тылынан ахталлара.
Мин санаабар, суорумньу үлэтигэр улахан суолта бэриллэн, аныгы технологиялары туһанан судаарыстыба таһымыгар өрө тутан үлэ ыытыллыах тустаах. Тоҕо диэтэххэ, сулумах киһи сахаҕа олус элбэх. Тыа сиригэр – уолаттар, киин, куорат сиригэр – кыргыттар. Ити, биллэн турар, үчүгэйэ суох.
Онон, суорумньу үлэтин ыытар дьон – саха омукка улахан үтүөлээх дьон.
Бииктэр Барыыһап-Алтан Түһүнэй,
СӨ ыччат бэлиитикэтигэр уонна култуураҕа туйгуна
Дьокуускай. 21.01.21 с.