Читать книгу Дьолу түстээччилэр - - Страница 7

СУОРУМНЬУҺУТ – АЙЫЛҔАТТАН БЭРИЛЛИБИТ ТАЛААН

Оглавление

Киһи Орто дойдуга кэлэр – сирдээҕи аналын көрсөн ыал буолан, дьиэ-уот тэринэн, оҕо төрөтөн, мас олордон бэйэтин суолун-ииһин хааллараары, дьоллоох олоҕу олороору.

Мин быйыл 77 хаарбын көрсөн олорон санаатым: бу Орто дойдуга тугу ситистим, кимиэхэ көмөлөстүм, өссө тугум итэҕэһий, санаабын толордум дуо?

Дьиҥэр, киһи олоҕо – хартыына, хартыына араамата – эн дьылҕаҥ. Бу хартыынаҕа – эн хаһаайыҥҥын: сырдык, ыраас өҥнөрү – эн талаҕын, хараҥардан эн ылаҕын, тупсарыаххын баҕарар буоллаххына – эн тупсараҕын. Онон, олоххор хаһаайынныы сыһыаннаһыахха наада. Төһөнөн уһуннук олороҕун да, соччонон хараҕыҥ арыллан, дьоҥҥо-сэргэҕэ тапталыҥ, махталыҥ күүһүрэн иһэргэ дылы буолар эбит.

Мин, ыал улахан оҕото, кыра сааспыттан дьаһайарбын сөбүлүүр этим. Ол да иһин буолуо, үлэбин старшай пионер баһаатайтан саҕалаан, үс нэһилиэккэ сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн, Дьокуускай куорат Октябрьскай уокуругар управдом салайааччытынан, баһылык солбуйааччытынан өр сылларга үлэлээн, билигин СӨ Ил Түмэн Государственнай Мунньаҕын дьокутааттарыгар көмөлөһөөччүнэн 6 ыҥырыыга үлэлээн кэллим. Бу күҥҥэ эдэр, эрчимнээх, сытыы өйдөөх, саҥа суоллары арыйар норуот дьокутаатыгар Мичил Кимович Николаевка көмө, сүбэ-ама буоларбыттан дьоллоохпун. Биһиги сыал-сорук туруорунан дьон олоҕо тупсарыгар, дьоллоох олох кэлэригэр туруулаһан араас хайысхаларынан үлэлэри ыытабыт.

Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев дьон туһугар ыытар үлэтин сэҥээрэбин, хайгыыбын, тугунан эрэ көмөлөспүт киһи диэн сыалтан бу суорумньу үлэтин өйдөөн сүбэ-ама буолабын. 2022 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ 100 сылын көрсө Сахабыт сиригэр олорор киһитин ахсаана 1 мөлүйүөн буоларыгар бу суорумньуһуттар элбэх өрүттээх үлэни ыыталлар.

Суорумньуһуттар наһаа элбэх үлэни көрсөллөр, ыытар тэрээһиннэрин ардыгар бэйэлэрин харчыларынан тэрийэллэр. Мин «Ил Эйгэ» айылҕаҕа дьиэ кэргэнинэн сынньанар туристическай комплекска иккитэ суорумньу тэрээһинин ыытыһан турардаахпын. Варвара Васильевна, Сергей Гаврильевич Трубиннар бэйэлэрин кыахтарынан, аһаҕас халлааҥҥа араастаан мындырдаан, айылҕа матырыйаалынан оҥорон туппут тутуулара киһи хараҕынан көрөн үөрэр, дууһалыын сынньанар комплекса буолбут. Бу тэрээһини тэрийэрбитигэр Ыччат уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтин министиэристибэтин Афанасий Семенович Владимиров салайар эрдэҕинэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи Дьахталлар түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ Анжелика Егоровна Андреева, өрөспүүбүлүкэтээҕи Аҕалар түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ Айхал Иванович Габышев үлэбитин өйдөөн, туох кыалларынан көмөлөһөн тэрээһиммит сыалын сиппитэ. Маннык салайааччылар баар буолан, санаабыт көнньүөрэн үлэлии-хамсыы сырыттахпыт.

Биһиги бу комплекс салайааччыларыгар кэргэннии Варвара, Сергей Трубиннарга наһаа махтанабыт, баҕарбыт баҕа санаалара туола турдун, доруобай, чөл туруктаах олоҕу, элбэх үтүө санаалаах ыалдьыты, өссө да сайда, туругура турдуннар!

Суорумньуһуттар бары дьоҕурдаахтарын мин көрө-көрө үөрэбин: ким эрэ ыллыыр, ким эрэ үҥкүүлүүр, ким эрэ тэрийэр, хомоҕой тыллаах буолар. Ол иһин түмсэ түһэн мунньахтаан Ассоциация тэриниэххэ, бары түмсүөххэ диэн Евдокия Петровна Бочкареваны-Налыйа Хотуну салайааччы оҥостон үлэлии-хамсыы сылдьабыт.

Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ тэрийэр, үлэлиир усулуобуйа табыгастаах буоллаҕына эрэ, көдьүүстээх үлэ тахсыан, көрдөрүү үрдүк буолуон сөп. Ол инниттэн бэйэ-бэйэҕэ истиҥ сыһыан баар буоларын туһугар болҕомтону ууран, саҥа бырайыактары олоххо киллэрэн араас өрүттээх үлэни ыытабыт.

Баҕа санаам диэн СӨ Бырабыыталыстыбата өйдөөн, бу үлэни өйөөн 2 киһиэхэ үлэ миэстэтин көрөн, хамнастаан үлэлэтэрэ буоллар, көдьүүстээх үлэ тахсыа этэ.

Мин Уус Алдаҥҥа Курбуһах нэһилиэгэр сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлээн олорон, бастакынан «Дьиэ кэргэҥҥэ уонна оҕолорго социальнай көмө киинэ» тэрийэн, дьону хамнастаан өрөспүүбүлүкэҕэ улахан көрдөрүүнү ситиспитим. Дьиэ кэргэҥҥэ болҕомто уурулуннаҕына, дьон-сэргэ бары үөрэ-көтө сырыттаҕына, дьэ бу кырдьык, судаарыстыба сайдар, олох тэтимэ күүһүрэр. Ол курдук, бу суорумньуһуттар дьиэ кэргэн элбииригэр, оҕо-уруу тэнийэригэр үлэлэһэр дьон буолаллар.

2006 сыллаахха 3 өрөспүүбүлүкэтээҕи суорумньу ыһыаҕар тэрийэр хамыыһыйаҕа киирэн, дойдубар тахсыбыттаахпын. Анжелика Егоровна, Александра Васильевна, Анна Васильевна буолан күнүс паромунан туораан, Суоттубут кытылын буллубут. Биэрэккэ дьиэ кэргэн отделын салайар Евдокия Петровна биһигини көрүстэ, аара остолобуойтан ас ылан Суотту музейыгар хонор буоллубут. Сарсыарда чыычаах ырыатыгар уйдаран, сибиэһэй салгыҥҥа хааман олус даҕаны сынньанныбыт. Ол гынан куорат дьонун кумаар утуппата. Ону ол диэбэккэ ыһыах буолар сиригэр Тутанхаайы алааска салгыы айаннаатыбыт. Ыһыах тэрээһинэ үчүгэй, кыттааччыта элбэх буолан үөрэ-көтө, киһи эрэ билсиэх, таптаһыах күннэрэ туран тэрээһин сыалын ситтэ. Ол тухары бу тэрийээччилэр утуйар ууларын умнан сүүрдүлэр-көттүлэр, ас-үөл дэлэйэ, күрэҕэ элбэҕэ – 2 күнү билбэккэ аһардыбыт. Евдокия Петровна маннык үлэтигэр бэриниилээх буолан, дьон туһа диэн билигин да суорумньуһуттары илдьэ сылдьара кэрэхсэбиллээх дьыала.

Урукку кэмҥэ үлэлииргэ үчүгэй этэ, билигин куһаҕан диэн этэр кыаҕым суох – сайдыыны кытта тэҥҥэ баран истэххэ, ханнык баҕарар кэм үчүгэй өрүттэрдээх. Сатаан үлэлиэххэ, дьоҥҥо туһалаах буолуохха, үтүө дьыаланы үксэтиэххэ, олох тупсарыгар үлэлэһиэххэ наада. Ханна да сырыттарбын, холобур быһыытынан бэйэлэригэр эрэллээх, үтүө дьону тумус туттабын. Ол курдук, Анастасия Николаевна Божедонова, Люлия Николаевна Григорьева, Василий Васильевич Гоголев уо.д.а. Маннык үтүө дьону кытта алтыһан үлэлээбиппинэн киэн    туттабын, кинилэр сүбэлэрэ-амалара миигин инники күөҥҥэ сылдьарбар кынаттаабыта!

Сахам дьонугар баҕарыам этэ, толору дьоллоох, эйэлээх олоҕу, чөл буолууну, аныгы сиэринэн дьоҥҥо-сэргэҕэ нус-хас олоҕу!

Мария Семеновна Черкашина,

«Бочуот Знага» уордьан кавалера,

норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ,

«Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээллээх,

Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо,

Мүрү, Дүпсүн, Курбуһах, Суотту нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо

Дьолу түстээччилэр

Подняться наверх