Читать книгу Дьолу түстээччилэр - - Страница 3

САЙДЫЫ ТӨРДӨ – ТӨРҮТ ҮГЭС

Оглавление

Саха – улуу омук, түҥ былыргы устуоруйалаах, кэлэр кэскиллээх. Саха сирин дьоно-сэргэтэ бу киэҥ нэлэмэн хаармуус дойдуну тилэри иччилээн, тыын киллэрэн, хаһаайын буолан, сыспай сиэллээҕи сыһыы муҥунан, хороҕор муостааҕы хонуу муҥунан дэлэтэн, суон сураҕыран олорбута. Саха сирэ омукпут төрүт сирэ буоларын хас биирдии саха киһитэ бигэтик өйдүөхтээх, сирдээх-уоттаах, төрүт олохтоох киһи курдук көҥүлбүтүн күүрдэ күөдьүтэн, холкутук тутта-хапта, айымньылаахтык айа-тута сылдьыахтаахпыт.

Өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан дойдуга бэриниилээх, төрөөбүт дойдутун таптыыр, айылҕатын харыстыыр, бэйэ-бэйэҕэ убаастабыллаахтык сыһыаннаһар, ханнык да үлэни кыайар, сомоҕолоһор өйү-санааны хас биирдии ыччакка тириэрдэн бу күҥҥэ кэллилэр. Саха – бэйэтэ туспа итэҕэллээх омук. Күүс өттүнэн күһэйэн ылыннара сатыыр итэҕэллэригэр саха омуга өйүнэн-санаатынан хаһан да чугаһыа суоҕа. Киһи айылҕаны кытта алтыһыыта ханнык баҕарар итэҕэлгэ үрдүк таһым буоларын бары билиэхтээхпит, билиниэхтээхпит.

Саха дьоно хайдах ууһаан, тэнийэн, халыҥаан испиппитин туһунан кэпсээн ааһыым. «Хотугу сулус» сурунаалга (1960, № 1) Степан Дьяконов «Кыргыттар ыһыахтара» диэн иитэр да, биллэрэр да сүҥкэн суолталаах үһүйээн-кэпсээни бэчээттэтэн турардаах.

ХIХ үйэ маҥнайгы аҥаарыгар Бороҕон улууһугар Сыҥаах нэһилиэгэр Түһүнэй аҕатын ууһугар Түмэппий Бэрииһэп диэн сэттэ кыыстаах баай оҕонньор олорбут. Кини сэттэ кыргыттара, улаханнара отуччатыгар чугаһаан, кыралара сокуоннай сааһын ситиэр диэри кэргэннэммэккэ олорбуттар.

Биир кэмҥэ кыргыттар сүбэ булбуттар. «Аҕабыт оҕонньор биһигини бачча сааспытыгар диэри сатаан кыайан кэргэннээмээри гынна. Аны мантан уһаатахпытына, букатын даҕаны олох олорортон ааһарга тиийиэхпит. Онон, «Кыргыттар ыһыахтара» диэн ааттаан ыһыахта тэрийиэҕиҥ. Оччоҕо, баҕар, сонургуу истэн, үгүс киһи мустан, таба көрдөхтөрүнэ, сатаатар биирбит эмит ыал буолан хаалаарай?» – диэн. Кинилэр кыһын ити курдук сүбэлэһэн баран, саас эрдэ Хампа Маарыйа диэн бары таптыыр балыстарынан оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ: «Оҕолоргут бары улааттыбыт. Бачча тухары барыбыт көлөһүнэ түмүллэн, син ыалтан итэҕэһэ суох сүөһүлэннибит-астанныбыт. Онон, дьон сиэрин батыһан, быйыл сайын ыһыахта ыһыаҕыҥ. Ол ыһыаҕы сиэри-туому тутуһан кыргыттар, биһиги бэйэбит, тэрийиэхпит, «Кыргыттар ыһыахтара» диэн ааттыахпытын баҕарабыт», – диэн этиппиттэр.

Оҕонньордоох эмээхсин, уһуну-киэҥи толкуйдаан баран, сөбүлэспиттэр. Дьэ ити курдук сүбэлэһэн, «Кыргыттар ыһыахтара» диэн ааттаан эрдэттэн сурах ыытан, кыргыттар уһун сааһы быһа биэ тутан, кымыс кымыстаан, ыһыах бары иһитин-хомуоһун, араас тэрилин бэлэмнээн, үлэ бөҕөтүн көрсөллөр. Ол курдук түбүккэ түһэн, ыһыахтарын кэмэ тиийэн кэлэр.

Кырдьык сэрэйбиттэрин курдук, бэркэ сонургуу истэн, үгүс улуустартан бэрт элбэх киһи мустубут. Кыргыттар бары илин-кэлин кэбиһэрдэрин, мөҥүрүөн кылдьыыларын, үрүҥ көмүс туоһахталарын кэтэн-киэргэнэн, ыһыаҕы бары сиэрин-туомун тутуһан, ыспытынан барбыттар. Ыһыах, көр-нар 3 түүннээх күн буолбут. Ол кэнниттэн мустубут ыалдьыттар ыһыахтаах кыргыттарга, оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ махтанан, уруйу-айхалы кытта тарҕаспыттар.

Кыргыттар санаабыттарын курдук, ити ыһыах ыспыт сылларын кыһыныгар Тааттаттан, Байаҕантайтан, Дүпсүнтэн уонна да атын улуустартан күтүөттэр кэлэн, сэттэ кыыс сэттиэн биир дьыл дьиэлэнэн хаалбыттар диэн номох түмүктэнэр. Кыргыттар ыһыах тэрийбит сирдэрэ билиҥҥэ диэри «Ыһыах ыспыт» диэн ааттанар уонна кинилэр ас уурбут, кымыһы туруорбут оҥкучахтарын онно билигин да баар.

Тапталлаах кэргэн сылаас хоонньо диэн тугун, олох олорор, оҕо төрөтөр дьолун билбэккэ хаалартан ордук иэдээн диэн киһиэхэ суох да буолуо. Оннук тутах дьылҕаланыыны киэр кыйдаабыт кыргыттар сытыы өйдөрүн, сатабылларын норуот ити курдук үйэлэри уҥуордуур кэрэ кэпсээн оҥостубут.

Билигин Сахабыт сиригэр ахсаан өттүнэн элбиирбитигэр үлэлэһэр суорумньуһуттар үлэлэрин өйүүбүн, туох кыалларынан көмөлөһөбүн.

2004 – 2006 сылларга Уус Алдаҥҥа Бороҕон нэһилиэгэр (уруккунан Сыҥаах нэһилиэгэ) Тутанхаайы алааска улуус дьиэ кэргэн отделын тэрийиитинэн Кыргыттар ыһыахтара сөргүтүллэн ыытыллыбыта хайҕаллаах дьыала. Өрөспүүбүлүкэбитигэр Суорумньуһуттар ассоциациялара тэриллэн Евдокия Петровна Бочкарева салайыытынан суорумньуһуттар күүскэ үлэлииллэр, араас тэрээһиннэри тэрийэллэр. Бу үлэни өрөспүүбүлүкэ өттүттэн өйөөн, сөптөөх былааннаах үлэ барыан наада.

Киһи бу Орто дойдуга кэлбит ытык анала диэн ыал буолуу, аналлааҕы кытта муҥутуурдук таптаһан, байан-тайан олоруу, оҕону-урууну тэнитии, саҥа аҕа ууһун олохтооһун. Ол аата, баай-байылыат, иллээх олохтоох буолуу, үтүө майгылаах саха ууһун тэнитии, үксэтии буолар.

Айхал Иванович Габышев,

«Биир ньыгыл Россия» баартыйа

Саха сиринээҕи салаатын полит-сүбэтин чилиэнэ,

СӨ Аҕаларын түмсүүтүн салайааччыта

Дьолу түстээччилэр

Подняться наверх