Читать книгу Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат - - Страница 1

КИМ ДА УМНУЛЛУБАТ, ТУОХ ДА УМНУЛЛУБАТ
(Аан тыл)

Оглавление

И радости и рана на сердце открытом…

В день славной Победы звучит, как набат:

«Никто не забыт и ничто не забыто!»

Потомками верных Отчизне солдат.

............................................................

Под грохот орудий голодною смертью,

В блокадном кольце умирал Ленинград…

И пепел Хатыни обугленной твердью,

В нас гневом и болью все годы подряд…


Ольга Берггольц. «Никто не забыт, ничто не забыто!»

Бу ыар нүһэр ис хоһоонноох айымньы тыллара 1959 сыллаахха блокада сиэртибэлэрэ кистэммит Пискаревтааҕы кылабыыһа мемориальнай истиэнэтигэр сурулларга ананан айыллыбыта. Онтон ыла Ольга Берггольц өйгө хатанан хаалар кынаттаах тыллара Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ олохторун толук уурбуттары кэриэстиир мэҥэ өйдөбүнньүктэргэ, мемориалларга, суруйууларга үйэлээх луоһун быһыытынан киэҥник туттуллар. «Ставшие крылатыми слова «Никто не забыт, ничто не забыто» являются для нас незыблемым нравственным законом, мерилом всего общественного бытия», – диэн Татарстан бэрэсидьиэнэ Р.Минниханов сиэрдээх тылларын кытары сөбүлэспэт буолуохха сатаммат.

Тоҕо бу үс түһүмэҕинэн – 2001, 2005 сыллардаахха бэчээттэммит уонна Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө тахсар – хомуурунньуктар «Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат» диэн уопсай ааттаахтарын кылгастык быһаарар сөптөөх. Бастатан туран, улуу дойду хотугу киин куоратынан ааттанар Ленинград (билиҥҥи Санкт-Петербург) олохтоохторо сэрии сылларыгар түбэспит иэдээннээх балаһыанньалара ыраах хоту тыылга баар Саха сирин дьонун ол кэмнэрдээҕи алдьархайыгар атылыы. 1941 сыл балаҕан ыйын 8 күнүттэн 1944 сыл тохсунньутун 27 чыыһылатыгар диэри, ол аата 872 күннээх фашист сэриитин уот уобуруччутугар хам ылларан төгүрүйтэрэн олорон, Ленинград нэһилиэнньэтин аҥаарыгар чугаһыыр киһитин сүтэрбитэ диэн суруллар. Өстөөх төгүрүктээһинин иннинэ куорат нэһилиэнньэтэ 2,9 мөлүйүөн кэриҥэ этэ дииллэр. Араас ааҕыынан блокада сиэртибэтэ 600 тыһыынчаттан 1,5 мөл. диэри халбаҥныыр. Эргиччи артиллерия ытыытын, буомба түһүүтүн анныгар олорбут куорат олохтоохторун 97% аччыктаан, хоргуйан өлбүтүн чинчийээччилэр бэлиэтииллэр (Ол иһигэр куорат көмүскэлигэр өлбүт саха байыастарыттан ураты Саха сириттэн театр студиятыгар үөрэнэ тиийбит труппа үгүс ыччаттара). 3% буомба, снаряд дэлби тэбиититтэн, дьиэ умайыытыгар, сууллуутугар түбэһэн күн сириттэн сүппүттэр эбит. Үлэлэрин тохтоппокко дьүккүһэ сылдьар оробуочайдарга 250 гр, сулууспалаахтарга, кыаммат-кырдьаҕас дьоҥҥо, оҕолорго 125 гр эрэ мөлтөх хаачыстыбалаах булкаас килиэп көрүллэрэ. Бу блокада күчүмэҕэйдэрин, трагедиятын туһунан киэҥник үөрэтиллибитэ, сырдатыллыбыта, кинигэлэр, уус-уран айымньылар суруллубуттара, киинэлэр оҥоһуллубуттара. Сэрии алдьархайа, хайдах сыананан өстөөхтөн көмүскэнии буолбутун, кыайыы кэлбитин кэлиҥҥи көлүөнэлэр билэллэригэр, сыаналыылларыгар ол хайаан даҕаны наадалаах.

Оттон сэрии уотун анныгар, оккупацияҕа түбэспит Белоруссия, Украина, Арассыыйа уобластарыттан кый ыраах баар Саха сирэ сэриилэһэр армияҕа, үлэ фронугар мобилизацияламмыт, кыргыс хонуутугар өлбүт-сүппүт эр дьонун ахсаана олус элбэх. Онтон тыа сиригэр холкуоска дохуота суох кэриэтэ үлэлии сылдьан, сут-кураан, аччыктааһын, тоҥуу-хатыы содулугар олохтон туораабыт дьахталларын, кырдьаҕаһын-кыамматын, оҕотун ахсаанынан, бырыһыанынан таһааран тэҥнээтэххэ, уопсай сүтүгэ Россия, урукку Союз, бэл, белорустар сүтүктэриттэн таһыччы. Ол хомолтолоох, кутурҕаннаах устуоруйа чахчытын туһунан, сэбиэскэй кэмҥэ суруллара-этиллэрэ бобуулааҕын быһыытынан, киэҥ эйгэҕэ, бэл өрөспүүбүлүкэ иһигэр биллибэт, сырдатыллыбат этэ. Ону тэҥэ хамнаһа суох, сэрии сылларыгар аһыылларыгар даҕаны дохуот ылбат тыа сирин нэһилиэнньэтэ, сүрүннээн, нолуогу төлүүр кыаҕа суох буолан, суукка бэриллэн буруйданыыта олус маассабайа Илья Винокуров оҥотторбут «Справка об естественном движении населения Якутской АССР» диэн докумуонуттан көстөр. 1940 сылтан 1945 сыл саҕаланыытыгар диэри суукка 67643 киһи бэриллибититтэн 53938-һа суут уурааҕынан буруйга түбэспит. Ол дьон баһыйар үгүстэрэ «Дальстрой» лааҕырдарыгар көмүс, уран рудниктарыгар үлэлии сылдьан тыыннара быстыбыта. Бу турар-турбат дьоннорун барытын кэриэтэ фроҥҥа атаарбыт, кинилэр оннуларыгар холкуос күүстээх үлэтигэр хаалбыт кырдьаҕас-кыаммат, оҕо-дьахтар састааптаах тыа сирин нэһилиэнньэтигэр олус баттыгастаах сыһыаны сырдатар матырыйааллар Кыайыы хайдахтаах ыар толугунан кэлбитин, саха норуотун кыайыыга омук быһыытынан имири эстэ сыһан туран киллэрбит кылаатын билиҥҥи көлүөнэлэр билэллэрэ, сыаналыыллара ирдэнэр.

Үрүҥ күн анныгар икки атахтаахха олох биирдэ бэриллэр. Киһи барахсан «мутугунан быраҕар муҥур үйэтигэр» Аан Чэлбэр Айылҕа айбыт тыынар тыыннааҕын көрүҥүн, биир харамайын быһыытынан удьуорун ууһатан-тэнитэн бэйэтин кэнниттэн хаалларыахтаах. Киһи буолан төрөөбүт аналын быһыытынан өбүгэ үгэһин, дьон аймах сиэрин-майгытын, нуорматын-сокуонун тутуһан, үлэлээн-хамсаан, оҕо төрөтөн, иитэн-аһатан киһи-хара оҥорон, сиэннэрин көрсөн, таптаан, үөрэн-хомойон олорон ааһар. Хас биирдии киһи атыттартан уратылаах, туохха эмэ дьоҕурдаах, кини бэйэтэ эрэ олорор, киминэн да хатыламмат туспа дьылҕалаах. Дэлэҕэ даҕаны, киһи аймах өркөн өйдөөхтөрө бу курдук бэргэнник этэн кэбистэхтэрэ: «Хас биирдии киһи – туспа куйаар, хас киһи мэҥэ тааһын анныгар – бүтүн аан дойду устуоруйата көмүллэн сытар», – диэн. Ол да иһин, былыр-былыргыттан киһи тыынын быһыы, өлөргө-сүтэргэ тириэрдии, күһэйии ыартан ыар буруйунан, хараҥа аньыынан ааҕыллара. Айылҕа алдьархайынааҕар ордук баһархай иэдээни аҕалар сэрииттэн киһи аймах этэ салаһыан салаһар.

Үгүс сэриини, өлүүнү-сүтүүнү көрсүбүт эрэйдээх-буруйдаах Арассыыйа, урукку ССРС диэн ааттанар улуу дойду бары норуоттара Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар нацизм, фашизм адьырҕаларын утары хабыр хапсыыга 27 мөлүйүөнтэн тахса хаан уруу, күндү дьоннорун сүтэрбиттэрэ. Бу – тугунан да кыайан кэмнэммэт, хаһан да төннүбэт ыар сүтүк, оспот баас, демография алдьархайа. Сэрии саҕанааҕы сүтүк демографическай дуораана күн бүгүҥҥэ диэри биллэ, саната турар. Ол содула ордук аҕыйах ахсааннаах норуоттарга, чуолаан, саха омукка ордук дьайыылаах. Маныаха сыһыаннаан биир умнуллубат түгэни санатыахпын баҕарабын. 2015 сыллаахха Литература сылыгар Кыһыл болуоссакка аан маҥнайгы кинигэ фестивала тэриллибитэ. Тэрийээччилэр – Арассыыйа кинигэтин кыһаларын ассоциацията, Арассыыйа бэчээтин уонна маассабай коммуникацияларга агентствота – былааннаан оҥорууларынан Улуу Арассыыйа бэрэсидьиэнэ В.Путин арыаллыыр дьонунаан кинигэ павильоннарын көрүүлэрин биһиги, саха кинигэтин кыһатын, дойду регионнарын биир бастыҥ үлэлээх кыһатын истиэндэтиттэн саҕалыахтаахтара. Кэтэһэн долгуйан аҕай турдахпытына, утары Кириэмил эркиниттэн тахсан бу тиийэн кэллилэр. Арыаллааччылара, суруналыыстар элбэхтэрэ сүрдээх, видеоҕа, хаартыскаҕа түһэрэн сырдырҕатыы бөҕөлөр. Аҕа баһылык судаарыстыбаннай дьыалалартан ситэ аралдьыйа илигэ көстөр. Аны Арассыыйа кинигэлэрин кыһаларын быыстапката диэн, барыта кэриэтэ сахалыы кинигэни килэччи тардан турар, түөрт үлэһит бары азиат көрүҥнээх дьоҥҥо аҕалбыттарыттан хайдах эрэ тугу кэпсэтиэн билбэтэхтии арыый соһуйа, атыҥырыы быһыытыйбытын сэрэйдибит. А.В. Егоров тоҕо-хоро кэпсээн, кинигэлэри билиһиннэрэн барбытыгар, өскүөрүтүн, сэҥээрбитэ буолара таһыттан биллэр. Онтон өй ылан, Улуу Кыайыыга анаан тахсыбыт альбому үҥүлүттүбүт. Фроҥҥа Саха сириттэн 62 тыһ. тахса киһи барбыта, аҥаардара төннүбэтэҕэ, бааһыран кэлэн уһаабатахтара диэн, снайпердарбыт эҥин туһунан аҕыйах тылынан билиһиннэрдибит. Дойду баһылыга альбому ылан арыйталаан көрө, ыйыталаһа туран, сирэйэ-хараҕа дьэ сымнаан барда. «Адьас бэйэбит дьоммут эбит, сахалар сэриигэ улахан патриотизмнарын көрдөрбүттэр эбит» диэн бэркиһии-сөҕө истэн быдан чугастык ылыммытын үөрэ көрдүбүт. Владимир Владимирович чахчы сэҥээрэн хас да ыйытыы биэрдэ. Онтон Август Васильевиһы санныттан кууһан туран: «Молодцы!» – диэн хайҕаата. Онтон ыла биһиги, сахалар, дойду туһугар улахан сиэртибэни биэрбиппитин кистии-саба сатыа суохтаахпыт, төттөрүтүн бу Арассыыйа судаарыстыбатын туһугар мэлдьэһиллибэт үтүөбүтүн-өҥөбүтүн киэҥник биллэриэхтээхпит диэн өйдөбүл өссө бигэргээбитэ.

Бу ыарахан, уустук тиэмэҕэ тоҕо ылсан үлэлэспити эмиэ быһаара түһэр оруннаах. Аан дойду үрдүнэн айылҕа ресурсата аҕыйаан, арҕааҥҥы улуу дойдулар араас сылтаҕынан сир баайдаах дойдулары хонтуруолга ылар, аһаҕастык сэриилээн киирэр, ис бэлиитикэлэригэр орооһон, итэҕэлинэн, омугунан хайытан иириһиннэрэн ас-таҥас таһаарынаары улахан сэриини төлө тардар кутталлара улаатан иһэр. Онуоха үп-харчы кириисиһэ күүһүрэн, ас-үөл кырыымчыгырар куттала эмиэ ааспат. Саха сиригэр сир, сири туһаныы боппуруоһун дириҥник хорутан үөрэппит профессор Георгий Башарин, норуот суруйааччыта Софрон Данилов, репрессия, сэрии тиэмэтигэр күүскэ үлэлээбит Дмитрий Кустуров, о.д.а. саха ытык дьонноро сэрии, сут-кураан сылларынааҕы дьон сутааһынын илэ харахтарынан, эт кулҕаахтарынан көрөн-истэн саха норуота тыыннаах буолар үрүҥ тыынын өллөйө сүөһүнү-сылгыны эһиэ суохтаах, сиир бурдугу ыһыныахтаах диэн элбэхтэ суруйбуттара. Сир түннүгэ ытык кырдьаҕас Максим Сибиряков Саха сирэ, ордук илин, киин, Бүлүү эҥээрдэр цикл эргииринэн кэлэ турар улахан курааннартан, уу суттартан мэлдьи оҕустаралларын, онуоха эрдэттэн сэрэниэххэ, бэлэмнэниэххэ наадатын туһунан үгүстүк санатар.

Ааспыт сэрии сылларыгар аҕа көлүөнэ дьоммут, былыргы дьон чээрэлэрэ буолан, улуу тулуурдарынан, үлэһиттэринэн, сатабылларынан, олоххо тардыһыылара, дьулуурдара күүһүнэн саха омук имири эстэр, генофона быстар кутталыттан быыһаабыттара. Оннооҕор айылҕа оҕото кыыл барахсан, уһун кыһыҥҥа хасааһа суох хааллаҕына, өлөргө-сүтэргэ барар. Өлүөхүмэ Тээнэтин олохтооҕо, табаһыт, булчут П.Е. Алексеев дьикти кэпсээнэ «Кыымҥа» (05.06.2008) бу курдук тахсан турар: «Моҕотой ис-иһиттэн улаханнык эҥсэн ытыырын мин хаста да истэн, илэ харахпынан көрөн турабын. Аны бу ытаан сордонон баран кыра ачаахтаах талаҕы, маһы булан, бүтэһигэр бэйэтигэр тиийинэн, моҥнон өлөр. Биричиинэтэ – кини уһун кыһыны туоруур аһын, сайыны быһа мунньан муҥнаммыт хаһааһын эһэ эбэтэр солоҥдо булан сиэн-аһаан, ордугун ыһан-тоҕон кэбиспититтэн буолар. Моҕотой салгыы олорор кыаҕа суоҕун билэн, итинник кытаанах быһаарыныыны ылынар», – диэн кэпсээбитин суруналыыс И.Неустроев бэчээттэппитэ. Оттон биһиги олохтон барбыт эбэлэрбит-эһэлэрбит, төрөппүттэрбит, билигин баар тыыл бэтэрээннэрэ, сэрии сылын оҕолоро хайдахтаах инчэҕэй эттээх кыайан тулуйбат үлүгэрин, хотоҥҥо сүөһү бааллан турдаҕына, маҥхааһайга эт-балык, бурдук симиллэн сыттаҕына, сокуонунан көрүллэр дохуоттарын суотугар, сатаатар, күөх үүтү, бурдук атаҕын ылбакка, кэтэх сүөһүлэрин идэһэлэммэккэ, хоргуйан өлүү-сүтүү тахсарын эттэринэн-хаанарынан билэн-көрөн, төһөлөөх улуу тулуурунан, кыайыы туһугар дьулуурунан, инники көлүөнэлэр кэскиллэрин туһугар туруулаһан ордон, омугу салгыы ууһатар, олоҕу салгыыр кыаҕы биэрбиттэрэ – улууканнаах хорсун быһыы, туохха да тэҥэ суох героизмы көрдөрүүлэрэ кэлиҥҥи көлүөнэлэргэ холобур буолуохтаах. Уонна сэрии сылларынааҕы иэдээн: мобилизацияҕа холкуоска, аймахха, ыалга иитэр-аһатар киһитэ суох гына имири хомуйан, олоччу уот сэриигэ ыытыы, хаалбыт иитимньилэригэр, хаалынньаҥнарыгар харысхала суох сыһыан, дьон олоҕунааҕар үөһэттэн ирдэбили – былаан, отчуот туолуутун өрө тутуу – оччотооҕу үрдүкү, орто, алын салайааччылар алҕастара, аһыныгаһа суох быһыылара, төһө даҕаны байыаннай балаһыанньа кытаанаҕын иһин, сиэри таһынан толоругастара – кэлэр кэмҥэ, бүгүҥҥү олоххо бары таһымнаах салайааччыларга хомолтолоох уруок, суостаах сэрэтии. Салайааччы дьонун-сэргэтин иннигэр сүгэр эппиэтинэһин хайдах да көлбөрүтүммэт. Төһө да кэм аастын – син биир бар дьон, устуоруйа, бүтүн омук иннигэр кырдьыктаах дьүүлтэн кыайан куоппат. Бар дьон куоластаан талбыт салайааччыта өссө сүүс бүк тус эппиэтинэстээх. Онуоха Платон Ойуунускай, Максим Аммосов, Исидор Барахов, Илья Винокуров, Гавриил Чиряев, Михаил Николаев чыпчаал холобурдара, бар дьон эрэлэ-итэҕэлэ эбээһинэстиир.

Бу хомуурунньукка, ордук итэҕэтиилээх буоларын туһугар, урут бэчээккэ, кинигэҕэ-хаһыакка тахсыбыт матырыйааллар түмүллэн киирдилэр. Кинигэ кээмэйэ кырыымчыгынан үгүс суруйуу кылгатыллан бэрилиннэ. Араас докумуон, чахчылар, дааннайдар мунньуллууларыгар ис сүрэхтэриттэн көмөлөспүт үтүө дьоҥҥо: СӨ Национальнай архыыбын дириэктэрин солбуйааччы Наталья Степановна Степановаҕа, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ профессорыгар, устуоруйа билимин хандьыдаата Саассылана Иннокентьевна Сивцеваҕа, СӨ Национальнай библиотекатын үлэһитэ, сүрүн библиограба, кыраайы үөрэтээччитэ Валентина Николаевна Павловаҕа, бу темаҕа бэчээккэ элбэхтэ суруйбут билигин биһиги ортобутугар суох кыраайы үөрэтээччи, суруналыыс Василий Львович Алексеевка, кинигэ бэчээккэ бэлэмнэнэригэр көмөлөспүт Светлана Васильевна Татарниковаҕа, о.д.а. дириҥ махталлаахпын.

Саха сирин устуоруйатын саҥардан, билиҥҥи билим үрдэлиттэн көрөн суруйа, бэлэмнии сылдьар билим үлэһиттэригэр бу үс түһүмэхтээх хомуурунньук матырыйаала ханнык эмэ көмө-тирэх буоллаҕына, кинигэ сыалын-соругун сиппитинэн ааҕыллыа этэ. Эдэр чинчийээччилэр бу өссө даҕаны дириҥник, кэлимник чинчиллэ илик тиэмэҕэ ылсыһыахтарыгар экчи эрэнэбит. Бар дьону, биир дойдулаахтарын быыһаабыт, күн-ый буолбут араас таһымнаах салайааччылар, аһыныгас сүрэхтээх үтүө, көннөрү дьон барахсаттар, туох да буруйа-аньыыта суох, кыайыы, дойду, дьон туһа диэн үлэлии сылдьан, иитинэрэ-аһыыра суох буолан, олохтон маппыт тыа дьонун сырдык кэриэстэригэр бу «Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат» кинигэ мэҥэ өйдөбүнньүк кэриэтэ буолан, биир дойдулаахтарыгар кинилэр ыраас суобастарын, умнуллубат ааттарын саната, үйэтитэ турдун!

Хомуйан оҥорооччу

Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат

Подняться наверх