Читать книгу Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат - - Страница 6

I. ААСПЫТ КЭМ СИТЭ СЫРДАТЫЛЛЫБАТАХ КЫРДЬЫГА
ИЭДЭЭН ТӨРДӨ ТУОХХА ЭТЭЙ?

Оглавление

Сэрии сылларыгар Саха сирин территориятыгар биир да бомба, снаряд түспэтэҕэ. Ол эрээри уоттаах сэрии сотон ааспыт иччитэх сирдэригэр майгынныыр кураанахсыйбыт өтөхтөр, дьон олохсуйбут миэстэлэрэ үгүстэр. Ити дьоно-сэргэтэ аччыктаан, хоргуйан өлбүттэр олохторо.

«Чолбон» сурунаал бу 1992 сыллааҕы 4 №-гэр экономическай наука кандидата Н. Дьяконов «Төһө киһи хоргуйан өлбүтэй?» диэн ыстатыйата бэчээттэммитэ. Ыстатыйа матырыйааллара, официальнай статистика дааннайдарыгар олоҕуран суруллубут буоланнар, итэҕэтиилээхтэр.

Онно этиллэринэн, 1940 с. Саха сиригэр тыатын нэһилиэнньэтэ 325974 киһи эбит. Оттон ити сыыппара 1946 с. баара-суоҕа 218000 киһиэхэ диэри таҥнары түспүт. Оттон сэрии сылларыгар фроҥҥа тыа сириттэн 41,8 тыһ. киһи барбытыттан 27,6 тыһ. киһи өлбүт. Онтон ордуктара төһөтө хоргуйан уонна ол содулугар өлбүтэ биллибэт. Киин уонна Бүлүү бөлөх оройуоннарыгар 1941—1943 сс. өлбүт дьон 50,8 бырыһыаннара хоргуйууну кытта быһаччы сибээстээх эбит. Өскөтүн 1939 с. Чурапчы оройуонугар 16989 киһи баар эбит буоллаҕына, 1946 с. 8900 киһи буолбут. Ити сыыппаралар туһааннааҕынан Сунтаарга 22559—13900, Уус-Алдаҥҥа 16989—11600, Мэҥэ-Хаҥаласка 20711—14400, Ньурбаҕа 21601—1500, Арҕаа Хаҥаласка 18453—1500, Бүлүүгэ 16023—11900, Үөһээ Бүлүүгэ 14853—10400 тэҥнэспиттэр.

Дьэ, доҕоттоор, туох да диэбит иһин туох эрэ ыарыы сотон ааспытын курдук балысхан аччааһын. Ама, бу барыта сэриигэ баран суорума суолламмыт дьон охсуута буолуо дуо? Ити содула баара мөккүһүллүбэтин иһин, итиччэ үлүгэр быһа-бааччы көҕүрээһин тахсыан табыллыбат. Бу биричиинэтин туһунан дириҥник, киэҥник ырытыһар, хоҥнохтоохтук кэпсэтэр кэм кэллэ дии саныыбын. Саарбахтааһына суох, нэһилиэнньэ ахсаана ити сөҕүмэр аҕыйааһына хоргуйан өлүүнү кытта быһаччы сибээстээх. Уонунан тыһыынча биир дойдулаахтарбыт, биир хааннаахтарбыт туох да буруйа суох эрээри суорума суолламмыттарын кэриэстиир, ахтар-саныыр кэммит кэллэ. Ити хайаан да биирдиилээн салайааччылар уонна аҕыйах дьон бөлөхтөрүн интэриэһинээҕэр үрдүктүк тутуллуохтаах.

Өлөр-өлүү, быстарыы түбүлээбит сүрүн биричиинэтэ туохханый? Онто да суох аҕыйах киһилээх республикаттан бачча үлүгэр элбэх киһи тоҕо хоргуйан өллө? Кинилэри быыһыыр, өрүһүйэр тоҕо кыаллыбатаҕай? Итиннэ араас биричиинэлэр баар буолуохтарын сөп. Мин санаабар, икки сүрүн биричиинэ баар быһыылаах. Бастакытынан, республика уонна оройуоннар оччотооҕу салайааччылара тыа сиригэр хоргуйан өлүү аһара үксээбититтэн, маассабай характердаммытыттан куттанан, ону тохтотор кыахтара суоҕун билинэн, норуокка итиэннэ дойду үрдүкү салалтатыгар адьаһын биллэрбэт, кистиир-сабар суолу тутуспут буолуохтарын сөп. Иккиһинэн, хоргуйан өлүүнү туох да суолтата суоҕунан ааҕан төрүт аахайбат, кыһаммат, дэҥ тыаттан киирэр биллэриилэри государствоны баһааҕырдыы курдук көрөн, күөмчүлээн, куттаан саба баттыырга дьулуспуттара буолуо.

Хайдаҕын да иһин, бу икки биричиинэ тосту, толоос, сүөргү быһыыттан атыннык сыаналаныахтарын сатаммат. Ону ааһан норуот иннигэр улахан ыар буруйу оҥоруу буолар. Тыа сиригэр үөскээбит быһыыны-майгыны бүүс-бүтүннүүтүн билэ-көрө олорон маассабай аччыктааһыны, дьон хоргуйан өлүүтүн таһаарыы, ама, сиэрдээх быһыыга киирдэҕэй, хайҕаллаах дьыала буоллаҕай?! Норуокка маннык иэдээни соҥнооһун, геноцид быһыытынан көрүллэн, сөптөөх сыанабыл бэриллиэхтээх.

Сэрии сылларынааҕы Саха сирин салалтата кыратыттан улаханыгар тиийэ, бу дьыалаҕа быһаччы сыһыаннаахтарын быһыытынан, эппиэтинэһи кинилэр сүгэллэр. Самалык биричиинэлэргэ сигэнэн, буруйу-сэмэни атыттарга сүктэрэ сатыыр сүөргү. Буруй олохтоох салайааччыга сытара көстөн турар суол. Үлэни-хамнаһы, дьыаланы-куолуну, үлэһиттэри барыларын иилээн-саҕалаан, салайан, хамаандалаан олорооччулар эппиэттээбэккэ, туораттан буруйу ким сүгүөн сөбүй? Өлөн эрээччилэр бэйэлэрэ дуо? Суох, кинилэр бэйэлэрин буруйдарынан хоргуйан өлбөтөхтөрө, атын туора күүс орооһуутуттан суорума суолламмыттара. Ол туора күүһүнэн эн – оччотооҕу салайааччы, буолаҕын.

Тоҕо көрө-көрө көрбөтөҕө, билэ-билэ билбэтэҕэ буолан кубулуммуккунуй, өлөн эрэри быыһаабатыҥ, өрүһүйбэтиҥ?! Оттон эн аһыыр аскын оҥорооччу, дэлэтээччи ити өлөн эрээччи буолбатах этэ дуо?! Тыа сирин дьонун, холкуостаахтары, аһы-үөлү оҥорооччулары хоргутан өлөрөн бараҥҥын кимнээхтэринэн государственнай былааны, фронт наадыйыытын толоруом диэн толкуйдаабыккыный? Эн, сэрии саҕанааҕы тыа сирин салайааччыта, мантан куотунар албаһыҥ биир: буруйдаахтар республика үрдүкү салайааччылара, обком, совмин. Киирэр сигналлары кинилэр тибэ олорбуттара диэҕиҥ. Ол биирдиилээн кииртэлээбит үҥсүүлэр, сигналлар улахан далааһына, уота-күөһэ суох буоланнар умулуннахтара. Тоҕо табыллыбатай тыа сиригэр балаһыанньа тыҥааһыннааҕын чуолкай билээччилэр, оройуоннар салайааччылара, бары бииргэ түмсэн улахан комиссиялары тэрийэн иҥэн-тоҥон бэрэбиэркэлээн, итэҕэтиилээх дааннайдарынан ылыннарыылаахтык быһаарсыбыттара буоллар, обком да, совмин да ылыммакка ханна барыахтар этэй? Итинник комиссиялар оройуоннарга тэриллибиттэрэ тоҕо эрэ иһиллибэт. Бары куттанан, киксибит курдук, ууну омурдан олорбуттара. Обком уоһа хамныырын кэтэспиттэрэ.

Эн, саха салайааччыта, бэйэҥ омугуҥ дьылҕатын туһугар ис дууһаҕыттан ыалдьан кыһаммат буоллаххына, ол туора омук дьоно сылаас кабинекка, сымнаҕас кириэһилэҕэ тиэрэ түһэн олорбут Степаненко дуу, Масленников дуу кыһаллыахтара дуо?! Кинилэргэ сыччах государственнай былааны толоруу эрэ наада, атыҥҥа аралдьыйалларын оччо ахсарбат тойоттор буолаллара өйдөнөр. Тыа сирин иэдээнин барытын республика үрдүкү салалтатыгар түһэрэр тутах, кэрэгэй.

Итиччэлээх үгүс хоргуйан өлбүт дьон быыһыгар, хор, биир эмит кыра да салайааччы аччыктаан, хоргуйан эрэйдэммитэ адьас суох этэ, хоргуйан өлбүтэ баар буолуо дуо. Кыра кыаммат дьон, аһы-үөлү бэйэтин чэрдээх илиитинэн үлэлээн муҥнанан аһааччы боростуой үлэһит сордоох үрүҥ-хара көлөһүнүн тоҕон, дойдуну аһатан-таҥыннаран баран, быһылааннаах кэм үтүргэнигэр тиийэн бастаахтартан өрүһүллэрин оннугар өлөр-өлүү иннигэр умсары анньылыннаҕа…

Үтүмэн үгүс материальнай хоромньуну таһынан төһөлөөх үгүс культурнай, духовнай сүтүк таһаарыллыбыта буолуой? Ити уонунан тыһыынча өлбүттэр истэригэр эдэркээн бэйэлээх ыччаттар уонна оҕолор бааллара эбээт. Кинилэр ортолоругар эҥин эгэлгэ талааннаахтар былаҕайга былдьаннахтара. Кинилэр төһөлөөх үгүһү айаннар республика духовнай сайдыытыгар киллэриэхтэрэ хааллаҕай…

Ыал ыалынан, дьиэ дьиэнэн эстибитэ. Ити аата ол дьон утумнуур суоллара-иистэрэ имири эһиннэҕэ. Ол эрэйдээхтэр төһөлөөх ытаан-соҥоон, хомойон-хоргутан, муҥу-сору көрөн, үгүс киһи үөйбэтэҕин санаан бу орто дойдуттан араҕыстахтара. Кинилэри өрүһүйэр, быыһыыр ким кэлиэй. Тот аччыгы кыайан өйдөөбөт, кини эйиэхэ илиитин ууммат. Хоргуйан өлбүттэр хайдахтаах курдук тулуурдаахтарын, сэмэйдэрин, көнөлөрүн, чиэһинэйдэрин, майгы-сигили сөҕүмэр үрдүк чыпчаалын көрдөрбүттэрин патриотизм уонна геройство курдук көрүөххэ сөп. Киһи сөҕөрө баар, кинилэр аһы-үөлү бэйэлэрэ оҥоро, тута сылдьан өлбүттэрэ. Ити, туох да саарбахтааһына суох, ыраас суобас, чиэһинэй буолуу муҥутуур холобура.

Кыһыылааҕа-абалааҕа, хомолтолооҕо кинилэр били Крым татаардарын, Волга немецтэрин, Кавказ омуктарын курдук көһөрүллэн, үрүө-тараа баран өлбүт буолбатахтар. Сылаас дьиэлэригэр-уоттарыгар, өтөхтөрүгэр нус бааччы олорон, сыччах баар ас-үөл бэриллибэтэҕиттэн өлбүттэрэ. Чугастыы, биһиэхэ, Уус-Алдаҥҥа, Уһун-Күөл диэн бэрт кыракый дэриэбинэҕэ 59 киһи хоргуйан өлбүтэ биллэр. Ити хоргуйан өлбүт уонунан тыһыынча дьон дууһалара үөһэттэн таҥнары өҥөйөн туран билигин да ытаһа тураллар. Биһиги, буруйа суох эрээри, суорума суолламмыт дьону умнарбыт олох сатаммат, кинилэр сырдык ааттарын үйэтитэр иэстээхпит. Муҥ саатар, братскай ииннэри да тутуох баара.

Бу биһиги, сахалар, үйэлэр тухары оспот бааспыт, национальнай трагедиябыт быһыытынан сыаналаныахтаах. Оччотооҕу официальнай политика этэринэн, «дьэҥкэрэн» өлбүттэри кэриэстиир араас өрүттээх үлэ республика Правительствотын таһымыгар барыахтаах.

Петр Константинович Сивцев,

Уус-Алдан, Чэриктэй

«Сахаада», 02.09.1992 с.

Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат

Подняться наверх