Читать книгу Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат - - Страница 3

I. ААСПЫТ КЭМ СИТЭ СЫРДАТЫЛЛЫБАТАХ КЫРДЬЫГА
КӨМҮСКЭ УУЛААХ КЫАЙЫЫ ЫАР ТОЛУГА

Оглавление

Киһи аймахтан 50 мөлүйүөнтэн тахса олоҕу илдьэ барбыт иэдээннээх II аан дойду сэриитин төлө тарпыт фашистыы Германияны кыайыыга урукку ССРС бары норуоттара кыттыбыттара. 90-с сыллааҕы Госкомстат дааннайынан, Сэбиэскэй Сойуус 196,7 мөл ахсааннаах нэһилиэнньэтиттэн 26,6 мөл, ол иһиттэн сэрии хонуутугар – 8 668 400 киһи тыынын толук уурбута. Кэлиҥҥи бириэмэҕэ өссө да элбэх сыыппараны аҕалаллар. Оттон аан дойду 61 судаарыстыбатын сэриигэ киллэрбит, улуу державалары барыларын кытары сэриилэспит Гитлер баһылыктаах ньиэмэс аармыйатын өлбүтүнэн сүтүгэ уопсайа (1939 сыл балаҕан ыйыттан 1945 ыам ыйын саҥатыгар диэри) 3 950 тыһыынча. Ол иһиттэн 2,6 мөл саллаат биһиги дойдубутун кытары сэриигэ өлбүтэ. Көстөрүн курдук, адьырҕа нацист сэрииһиттэрин арҕаһын тоһутуу сүрүн ыарын сэбиэскэй норуот сүкпүтэ.

Ыраах тыылга баар Саха сирэ кыайыы туһугар ыартан ыар сүтүгү, хоромньуну көрсүбүтэ. Устуоруйа билимин дуоктара Ю.Д. Петров дааннайынан, фроҥҥа ыҥырыллыбыт 62 243 киһиттэн 1941, 1942 сыллардааҕы бастакы хомуурга туһааннааҕынан 16964; 21 449 киһи ыҥырыллыбыт. Ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ тас өртүттэн 2 тыһ. тахса саха кыргыс хонуутугар барбыт. Үлэ фронугар 3042 киһи кыттыбыт. 1945 сыл бэс ыйыттан 1947 кулун тутарыгар диэри 12 тыһ. төннүбүт. Оттон 1941 сылга диэри бааһыран сэрии хонуутуттан төннүбүт 3754 саллаат баара. Ол аата сэрииттэн төннүбүттэр уопсай ахсааннара 15754 киһи буоллаҕына, 40 тыһ. тахса киһи өлбүт, сураҕа суох сүппүт диэн учуонай ааҕар. Ол эрээри кэлиҥҥи чопчулааһынынан, өрөспүүбүлүкэттэн ыҥырыллыбыт нуучча, атын омук дьоно төһөлөрө эрэ киин куораттарга, уобаластарга хаалбыт. Кини 1939 сыл тохсунньутугар диэри тыа сиригэр 300 тахса тыһ. ахсааннаах нэһилиэнньэттэн 89,5 тыһ. фроҥҥа баран, тыылга сутаан, хоргуйан, ыалдьан өлбүтүттэн, 45 тыһыынчата бэттэх тыына быстыбыт диир. Ити сыыппараттан сылын аайы кырдьан, ыалдьан өлөөччү киһи ахсаанын көҕүрэттэххэ, сутаан, ыалдьан өлбүттэр ахсааннара тахсар.

1941—1944 сс. Саха АССР совнаркомун бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан, кэлин өрөспүүбүлүкэ салайааччытынан үлэлээбит С.З. Борисов «Алмазы и вожди» 2000 сыллаахха тахсыбыт кинигэтигэр оччотооҕу дьулаан алдьархай туһунан бу курдук ахтан суруйбута: «…Ведь прошедшая Отечественная война принесла якутянам очень много горя. Вкратце расскажу о том, что мне самому пришлось наблюдать и пережить в эти суровые годы.

С 1941 по 1944 годы я работал заместителем председателя Совнаркома ЯАССР. Что касается условий существования якутян, то это был жуткий период. Крепкие мужчины ушли воевать, и вся тяжелая работа легла на плечи стариков, женщин и подростков. А тут еще ежегодные напасти – засуха, лесные пожары и прожорливая саранча. В одно время прекратился завоз продуктов с «материка». От недоедания, истощения умирало много людей. До сих пор перед моими глазами стоят изможденные лица, тянущиеся за подаянием руки. Как-то зимой приехал в одно село. Около животноводческой фермы на снегу лежали десятки трупов людей, умерших от голода…

…И все-таки голод в Якутии в те годы собрал большую жатву. Согласно официальным данным, голодной смертью умерло около сорока тысяч якутян, то есть почти столько же, сколько погибло их на полях сражений.

Такими вот последствиями для моей республики обернулась Великая Отечественная война. И разве могли мы равнодушно смотреть на то, как готовятся к войне другие и ждать, когда они вновь застанут нас врасплох? Вот для чего в первую очередь нужно было много алмазов» …

Арассыыйа географиятын уопсастыбатын бочуоттаах чилиэнэ, РФ, СӨ наукаларын үтүөлээх үлэһитэ, дойду, аан дойдутааҕы, СӨ НА академиктара, профессор М.К. Гаврилова «Мое поколение с обожженными крыльями» диэн 2007 с. тахсыбыт ахтыы кинигэтигэр сэрии алдьархайын маннык бэлиэтээбит эбит: «Голод в Якутии в военное время сильно подорвал численность якутского народа. По предварительной прикидке, в Якутии от голода во время войны умерло примерно 69 тысяч человек, т.е. даже больше, чем было призвано в армию. Таким образом, потеря людей в тылу была почти в два раза больше погибших на фронте. Если по переписи 1939 г. численность якутов была 413 115 человек, то в послевоенные годы она уменьшилась до 300 тысяч, или снизилась более чем на 100 тысяч. И лишь в последние годы, т.е. через полстолетия, она достигла довоенного уровня. Считается, что в Белоруссии, где шли жаркие бои в Великую Отечественную войну, погиб каждый четвертый житель. Но у нас это же произошло в далекой от фронта Якутии…

Рождаемость в Якутии во время войны, естественно, снизилась в три раза. Но велика была смертность и среди родившихся детей. Так, до 1944 г. в возрасте до 5 лет умерло 45,5% детей, при этом среди них до 1 года – 54,3%. Я помню, что смерть грудных детей в знакомых мне семьях была тогда довольно обычной, всё это воспринималось как естественное и не вызывало больших эмоций…

Впервые фамилию Степаненко (обком I секретара. – В.Л.) я услышала в 1942 г. от жившей в нашем доме учительницы Е.Д. Прокопьевой. Она часто рассказывала о своем избалованном ученике начальных классов Вове Степаненко, сыне большого человека. «Я сказала его матери, – говорила она, – чтобы она не давала ему в школу роскошных завтраков. Все дети собираются вокруг него и глотают слюни. Валентина Мефодьевна была, конечно, недовольна. Но все-таки завтраки стали скромнее».

Саха сиригэр 1938—1939 сыллартан кураан сута саҕаланан, кэлин салалта холбоһуктааһыны күүскэ ыытан, кэтэх сүөһүнү эһэн, алдьархай эбии мэҥэһик дириҥээбит. Өскөтүн ССРС үрдүнэн сэрии сылларыгар хас сэттис—ахсыс киһи өлбүт-сүппүт буоллаҕына, түгэх тыылга тыйыс килиимэттээх хотугу сиргэ олорор Саха сирэ хас үһүс киһитин сүтэрбит алдьархайыттан айманан, оччотооҕу саха бастыҥ дьоно, интэлигиэнсийэтэ, биирдиилээн да буоллар, киин былааска баар балаһыанньаны биллэрэ, суруйа сатаабыттар. Ол курдук профессордар И.М. Романов, А.Е. Мординов бырабыыталастыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Е.Е. Винокуров өрөспүүбүлүкэ уонна дойду салалтатыгар үөскээбит ыар балаһыанньаттан тыа сирин нэһилиэнньэтин быыһыырга сурук ыыталаабыттара. Суруйааччылар Ф.Г. Винокуров-Даадар, Н.Н. Павлов-Тыаһыт кырдьыгы эппиттэрин иһин сэбиэскэй былааһы баһааҕырдыыга буруйданан хаайыллыбыттара. Хоргуйуу тиэмэтин чинчийиини суруналыыстар Д.В. Кустуров, Н.И. Максимов, устуоруйа билимин дуоктара Е.Е. Алексеев, экономист Х.Н. Дьяконов маҥнайгынан сырдаппыттара, бэчээтинэн, радионан киэҥ эйгэҕэ таһаарбыттара.

Саха сирин хас оройуонун, холкуоһун аайы сутааһын тахсыбыта. Ол үрдүнэн нэһилиэнньэ нолуоктары таһынан күһэлэҥ аҥаардаах заемҥа суруттаран, оборуона фондатыгар итии таҥас, көмүс мал-сал, киэргэл, итии таҥас туттаран, «Советская Якутия» тааҥка холуонната, самолет эскадрильята тутулларыгар харчы сиэртибэлээн көмөлөспүтэ. Барыта 37,8 мөл харчы хомуллубута. 50 тыһ. ат аҥаардас киин оройуоннартан кавалерияҕа, артиллерияҕа, таһаҕас таһыытыгар ыытыллыбыта, онуоха эбии 27 тыһ. норуот хаһаайыстыбатын чөлүгэр түһэриигэ көмөҕө, 19 466 ат көмүс хостооһунугар үлэҕэ босхо бэриллибитэ. Устуорук В.И. Пестерев даннайынан, 50 тыһ. тиийэ сылгы сэриилэһэр аармыйаҕа, үлэ фронугар, промышленноска Саха сириттэн ыытыллыбыт. Ол содулугар кураантан ото суох көнньүнэн охтубут ынах сүөһү оннугар, сатаатар, сылгыларын этиттэн дохуот ылыахтаах, көлүнэр ата суох буолан оҕуһу кытары ынаҕы көлүүр оҥостубут холкуостаахтар муҥнаахтар өлүүлэрэ, араас нолуокка, кыһалаҥ заемҥа төлүүрдэрэ суох буолан суукка бэриллиилэрэ, буруйга түбэһиилэрэ ордук улааппыта. Аҥаардас байыаннай нолуок 300 солк. эбит, ону харчынан хамнас ылбат, төлөбүргэ ылыахтаах дохуота да суох, босхо икки хараҥаттан хараҥаҕа диэри үлэлиир, кэтэххэ 1 ынах, 1 кыра сүөһү эрэ нэһиилэ көҥүллэммит, үлэни-хамнаһы кыайар дьоно фроҥҥа ньимси хомуллубут тыа сирин олохтоохторо туохтарынан төлүөхтэрэй?! Ол да иһин, норуотун имири эстэртэн өрүһүйбүт күн санаалаах Илья Винокуров оҥотторбут «Справка о естественном движении населения ЯАССР» (СР Национальнай архыыбын филиала, 3 ф., 71 оп., 81 дь., 58 л.) диэн докумуонугар 1940—1941 сылларга суукка дьыалалара түһэриллибиттэр, хаайыыга бириигэбэрдэммиттэр ахсааннара туһааннааҕынан 67 643 уонна 53 938 сыыппараҕа тиийбит. Бу маннык аҕаларын, уолаттарын, убайдарын фроҥҥа бүтүннүү кэриэтэ ыыппыт, кыайыы туһугар туох да төлөбүрэ суох, бэл, айахтарыгар да аһыыллара быстыбыт кырдьаҕастарга, дьахталларга, кыраларга-кыамматтарга хайдахтаах аһыныгаһа суох сыһыаны, террорга тэҥнээх түүрэйдээһини, буруйга-сэмэҕэ анньыыны – илэ өйүнэн киһи кыайан өйдөөбөт иэдээнэ. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ити сылларга 71 080 өлбүтүттэн тыа сиригэр – 52 473. Дьэ, итинник кутурҕаннаах, киһи хараастар статистиката…

Е.Е. Алексеев кытаанах кырдьыгы арыйан суруйуутун киһи харааста ааҕар: «С точки зрения фактической и эмоциональной стороны о состоянии голодного погибающего народа у руководящего состава республики было достаточно материала, сигнала, донесений, докладных. Много было и судебного материала. Прокурор республики И.С. Елисейчев при обсуждении вопроса об ошибках обкома партии на VIII пленуме партии в конце мая 1943 г. привел такие факты: в прокуратуре республики было представлено на санкцию для ареста 182 председателя колхоза, из которых прокуратура дала согласие на арест 102. В Вилюйском районе «одного председателя посадили и выдвинули второго, но вместо помощи опять просили санкцию нашего о предании к суду». В Амгинском районе одним решением просили санкционировать, отдать под суд сразу четверых председателей. В Таттинском районе в первом квартале 1943 г. отданы под суд 41 животновода. А руководители говорят, что это мало» (1.37). Сколько людей было осуждено без санкции судей и прокуратуры?!

И эта карательная политика поощрялась обкомом партии и представителем КПК при ЦК ВКП(б). Секретарь Усть-Алданского райкома партии на том же пленуме говорил: «Когда на обкоме ВКП(б) заслушивали доклады районных работников, то обычно спрашивали, что же предпринято по отношению тех или иных людей, допустивших падеж скота, забой и т.д. Когда следовал ответ, что такой же отдан под суд, такой то снят с работы, то среди членов бюро обкома партии наступило явное удовлетворение. Это ориентировало нас, районных работников, на то, чтобы принимать самые строгие меры, вплоть до массового снятия с работы председателей колхозов…»

Ити курдук туох да дохуота, хамнаһа суох холкуостаахтар муҥнаахтар уонунан ахсааннаах араас нолуогу төлүөхтээхтэр этэ. Дьиҥинэн, тыа сирин бары ыалларын аҕаларын, уолаттарын бастакы хомуурга имири хомуйан баран, дойду үрдүнэн Кыһыл Аармыйаҕа сэриилэһэ сылдьар байыастар дьиэ кэргэттэригэр оҥоһуллуохтаах нолуокка чэпчэтиилэри, босуобуйа көмөнү Саха сирин оччотооҕу кэмин салалтата тыа сирин нэһилиэнньэтигэр оҥотторботоҕун кэриэтэ быһыылаах эбит. Нолуоктарын иэһин суотугар диэн ааттаан, сэриигэ барбыт дьон дьиэ кэргэттэрин, фроҥҥа өлбүттэр тулаайахтарын соҕотох ынахтарын тутан ылан өлөр өлүүгэ өйдүү-өйдүү анньыы, эбэтэр төлөөбөтөх буруйдарыгар диэн суукка биэрэн хаайыыга ыытыы курдук ыар аньыылаах дьайыы оччотооҕуга күннээҕи баар балаһыанньа эбит. Итинник киһи сатаан санаатыгар батарбат ыартан ыар балаһыанньатын туоһулуур Ньурба хорсун киһитин иһитиннэриитэ архыыпка хараллан сытар холобурун аҕалабыт.

Тыаһыт 1942 с. алтынньы 1 күнүгэр силиэстийэҕэ биэрбит көрдөрүүтүгэр (Н.З. Копырин бэчээккэ архыыптан киллэриитэ) илэ бааччы түбүлээбит иэдээн туһунан бу курдук этээхтээбит: … «Правильное решение крестьянского вопроса, как говорил Ленин, есть правильное решение национального вопроса. Раз крестьянский вопрос решается неверно, раз национальный доход Якутской республики из года в год все уменьшается, то как быть носителю этого национального дохода – якуту-крестьянину? Подобные рассуждения привели меня, и не могли не привести в то убеждение, что якуты, как национальное целое, стоят на краю гибели. И действительно, в годы 40-й, 41-й, 42-й колхозники Чурапчинского, Горного, Кобяйского, Мегино-Кангаласского, Усть-Алданского районов умирали от голода; такое, скажем, вымирание приняло массовый характер, это всем хорошо известно. А между тем руководители якутских партийных и советских организаций и учреждений на это смотрели сквозь пальцы. И если в самые последние дни, летом 1942 года якутское правительство сочло нужным улучшить положение чурапчинцев – и то вышло наоборот, «первый блин с комом». Чурапчинцев перевели в Булунский, Жиганский и Кобяйский районы на охоту и в рыболовы, т.е. земледельцев и скотоводов перевели в охотники! Это ли правильное решение национального вопроса?.. Эти эксцессы, которые подорвали мои надежды на то, что Советская власть, вернее, коммунисты правильно решают национальный вопрос…(Мин бэлиэтээһиним. – Хомуйан оҥорооччу)

Я подробности своей речи хорошо не помню. Скажу то, что помню: Во времена исторических катастроф (имел ввиду войну) судьбы карликовых национальностей решались всегда одинаково – они были сметены с карты мира. Потому якутские писатели… и якутские интеллигенты должны работать единодушно, не разобщаться, не враждовать, как это у нас было. Нас мало, великие нации могут нас поглотить. О направлении же этой совместной деятельности ничего определенного сказано не было …»

Сэрии хонуутугар, тыылга эмсэҕэлэммэтэх дьиэ кэргэн сахаҕа суоҕун кэриэтэ. Чопчу холобурдары аҕыннахха, төрөөбүт нэһилиэкпиттэн, Таатта Баайаҕатыттан, балтараа сүүс дьон талыыта фроҥҥа аттаммытыттан аҥаардара кыргыс толоонугар хаалбыта. Ол иһигэр биир дьиэ кэргэнтэн Хобороос Малгина уолаттара – биэс бырааттыы Малгиннар уонна күтүөттэрэ. Аҥаардас, бэйэм аймахтарбыттан холобурдуур буоллахха: 11 оҕолоох Х.Р. Луковцев дьиэ кэргэниттэн биир уол Иван Украинаны босхолоһо сылдьан сэрии хонуутугар охтубута. Иккис уол, аҕам Николай, төрөппүттэрин сүтэрэн тулаайах хаалбыт кыраларын хаалларан Илиҥҥи фроҥҥа дьоппуоннары кытары сэриигэ доруобуйатын сүтэрэн эргиллибитэ. Дьоно аах отутус сыллар бүтүүлэриттэн бүрүүкээбит сут-кураан тэбиитигэр хоргуйан, ыалдьан тыыннара быстыбыта. Улахан дьиэ кэргэнтэн ордубут СӨ үтүөлээх учуутала, Өлүөхүмэ улууһун бочуоттаах олохтооҕо Х.Х. Луковцев ахтыытынан, нолуок иэһин суотугар диэн соҕотох ынахтарын туура тутан барыахтарыттан быста иэдэйбиттэр, икки кыра уол, биир кыыс эрэ детдомҥа иитиллэн, аһыныгас ыалларыгар сыстан тыыннаах ордубуттар. Оттон Уус Алдаҥҥа олорор иним Станислав кэргэнэ Александра Николаевна эһэтин Дьөгүөр бииргэ төрөөбүттэрэ, сэттэ бырааттыы Румянцевтар, бары сэрии хомууругар хабыллыбыттара. Кинилэртэн олус үчүгэй куоластаах ырыаһыт-тойуксут, артыыс талааннаах буолан Ойуунускай Ньукулай диэн таптал ааттаммыт улаханнара, Ньоччуо Лэгэнтэй диэн аччыгыйдара, бэһис уол Алексей уонна иитиллибитинэн Федор Степанович Сивцев диэн аатынан сурукка киирбит алтыс уоллара төрөөбүт-үөскээбит Чагдаайыларыгар төннүбэтэхтэрэ. Икки Дьөгүөр, Киргиэлэй этэҥҥэ эргиллэн кэлэн, сэриигэ ылбыт бааһырыыларыттан үйэлэрэ уһаабатар даҕаны, оҕо-уруу төрөтөн, үлэ-хамнас бөҕөнү үлэлээн ааспыттара. Онтон кэргэним Лидия аҕата Иван уонна абаҕата Лэгэнтэй Сахатаевтар Сунтаар Хаданыттан биирдэрэ үлэ фронугар, иккиһэ сэриигэ ыҥырыллан ытык иэстэрин төлөөбүттэрэ. Ийэ кынным «Үлэ Кыһыл Знамята» уордьаннаах тыыл бэтэрээнэ Мотрена Петровна Семенова Тойбохой Туойдааҕар үгүс биир дойдулаахтара, саастыы оҕолоро сут кэмигэр тыыннара быстыбытын, кини дьолугар холкуоска түһээнинэн 16 сааһыгар Сунтаарга промкомбинакка үлэлии киирэн, тыыннаах орпутун хараастан кэпсиир буолара. Ити курдук сэрии ыар содулун, сут иэдээнин хас биирдии саха ыала көрсүбүтэ, үгүс оҕо төрөппүтүн, чугас дьонун сүтэрбитэ. Хас да уонунан тыһыынча эдэр-чэгиэн сэриигэ охтубут, суттан-кураантан тэптэрэн өлбүт-сүппүт хаан уруу дьоннорбут сүтүгүн демографическай дуораана билиҥҥэ диэри биллэ турар, саха норуотун ахсаана эбиллэн биэрбэт.

Улуу Кыайыы итинник сөҕүмэр сүтүгүнэн кэлбитин, ааспыт сэрии киһи өйүгэр кыайан баппат алдьархайы адаҕыппытын дьиҥ хайдах баарынан сырдатыы билигин даҕаны ситэ кыалла илик. Ол да иһин аныгы дьон-сэргэ, ордук ыччат, «сэрии, сут-кураан» диэн хара дьайдаах өйдөбүлү умна быһыытыйан эрдэҕэ.

Билиҥҥи кэмҥэ киһи саамай дьиксинэрэ – эмиэ аан дойду үрдүнэн сэриинэн тииһигирии адьыната адаҕыйан эрэр. Ньиэби, гааһы баһылаан атын дойдулары сабыдыалга киллэрэргэ, экэниэмикэлэрин, бэлиитикэлэрин барытын хонтуруоллуурга дьулуһар үөгүлүүр үптээх, халыҥ харчылаах транснациональнай эргимтэлэр саҥа сэриини төлө тардар кутталлара көрдүгэннээн тэнийэн иһэр. Бэйэлэриттэн тутулуктаах оҥороору, итэҕэлинэн, омугунан, социальнай араҥаларынан хайытан, былааһы былдьаһыннаран утарыта туруортаан, иирсээни-атааны күөртээн сэриини төлө тардан ас таһаарар баҕалаахтар.

Валерий Николаевич Луковцев

Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат

Подняться наверх