Читать книгу Атыыһыт Кырбаһааҥкын - - Страница 1

Киириитэ

Оглавление

Киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин хас биирдии улуустара араас эгэлгэ дириҥ устуоруйалаах, дьикти дьоҕурдаах дьонноох, тус-туһунан ураты тыыннаах үгэстэрдээх. Дьэ ол иһин саха дьоно бэйэ-бэйэлэрин кытта билсиһиэхтэрин иннинэ «кимтэн кииннээххин», «хантан хааннааххын» диэн туоһулаһар үгэстээхтэр. Ол курдук эмиэ биир баай ис хоһоонноох, уустук дьылҕалаах Өймөкөөн улууһун биир сүдү талааннаах баай, эргиэмсик киһитин Ньукулай Кырбаһааҥкын олоҕун-дьаһаҕын сырдатыахпыт. Оччолорго VIII—XIX үйэлэргэ ыраахтааҕылаах Арассыыйаҕа хотугу сахалар хас да араас ийэ-аҕа ууһун холбоһуктарыгар арахсан, суол-иис суоҕар киэҥ-нэлэмэн сирдэринэн тайаан, тэнийэн олорбут буолан «удьуор аймах», «улуус дьоно», «алаас ыччата» диэн өйдөбүллэринэн салайтаран олорбуттара. Дьэ бу маннык уустук усулуобуйаҕа Ньукулай Кырбаһааҥкын эргинэр ыыра урукку Байаҕантай улууһун сирдэринэн, ол эбэтэр билиҥҥи Уус Алдан, Таатта, Томпо уонна Өймөкөөн улуустарын ааһан аныгы Магадан, Сэйимчээн уонна Сусумаан оройуоннарынан тайыыр. Итини таһынан үрдүк хайалар быыстарыгар сытар Муоманы, туундаралаах тумаралаах үс Халыманы эбэн кэбиһэҕин. Аны ити үлүгэрдээх киэҥ нэлэмэн сирдэри бүтүннүүтүн ытынан, атынан, табанан айаннаан тиийэн олохтоохтору кытта атыы-тутуу тэрийсэн, ылсан-бэрсэн, «дуогабардаһан», атыыласпыт тµµлээҕин, булдун сыа-сым курдук энчирэппэккэ тутан-хабан Дьокуускайынан, Магаданынан, Охуотскайынан, Айаанынан батаран, атыылаан харчы оҥорон, чэй, табах, бурдук, чүмэчи, кыраһыын, саа сэбэ-сэбиргэлэ, булт тэрилэ, таҥас-сап, иһит-хомуос атыылаһан, төттөрү тиэйэн илдьэн дьонугар тиэрдэрэ төһөлөөх сыраны-сылбаны, күнү-дьылы, күүґү-уоҕу ыларын сэрэйиэххэ эрэ сөп. Дьэ хайдахтаах курдук сүдү үлэний, ону булгуччу тиһэҕэр тиэрдэр модун санааный?!

Оччолорго саха атыыһыттарыттан Сэрбэкэ, Манньыаттаах, Боһуут, Кирилэ Дабыыдап, Тэрэпиин, Хапсыын Арассыыйа эбэ хотуҥҥа эргитэр үптэринэн, баайдарын кээмэйинэн 2–3–с гильдийэлээх атыыһыттарга киирсэллэрэ. Онтон биир мөлүйүөнтэн тахса үптээх атыыһыкка 1-кы гильдийэни иҥэрэллэрэ, оччотугар кини тас дойдулары кытта эргинсэр бырааптанара. Саха сиригэр биэс эрэ бастакы гильдийэлээх атыыһыт баар эбит буоллаҕына, иккитэ эрэ саха этэ: Манньыаттаах Уола уонна Ньукулай КырбаһааІкын.

Баай Кырбаһааҥкын олоҕун-дьаһаҕын ситэ-хото арыйан көрдөрөргө Өймөкөөн олохтоох нэһилиэнньэтин ааспыт устуоруйатын төһө табылларынан, кыалларынан сибээстии сатаатыбыт. Онуоха саха этнографиятын XIX үйэҕэ дириҥник чинчийбит Р.К. Маак, В.Л. Серошевскай суруйууларыгар, онтон кэлин ССРС Наукаларын Академияларын экспэдииссийэлэриттэн И.Д. Черскэй, С.В. Обручев сырыыларын баар чахчыларыгар сигэннибит. Дьиҥинэн, Байаҕантай улууһа оччолорго волоһунан ааттанара, Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитин кэннэ дьаһааҕы хомуйуу кинигэлэригэр 1638 сылтан бэлиэтэнэр. Онон бу улуус Cаха сирин биир саамай кырдьаҕас улууһун быһыытынан сурукка-бичиккэ киирэ сылдьар. Оччолортон ыытыллыбыт элбэх административнай уларыйыылар кэннилэриттэн эмиэ Кырбаһааҥкын быһаччы орооһуутунан 1920 сыл бэс ыйын 28 күнүгэр билиҥҥи Өймөкөөн оройуона тэриллибитэ.

Кинигэни суруйууга Н.О. КырбаһааІкын туґунан элбэх кинигэ, хаґыат матырыйаалларын сэргэ архыып докумуоннарын туһанныбыт. Олор истэригэр С.И. Ковлеков, С.М. Егоров, А.А. Павлов, Р.А. Кулаковскай, Л.Р. Кулаковская, Н.М. Заболоцкай, Е.Д. Андросов, С.В. Обручев, Н.С. Николаев, З.П. Оконешникова, Р.Т. Дягилева, А.Е. Кривошапкин, А.С. Сивцева, Т.Е. Васильева, Е.Е. Потоцкая, С.С. Слепцов суруйуулара бааллар. Түмүкпэр бу кинигэни суруйарбар күүс-көмө буолбут кэллиэгэлэрбэр, матырыйаалларынан көмөлөспүт үтүө санаалаах доҕотторбор, мусуой үлэһиттэригэр барҕа махталбын тиэрдэбин. Ытык Өймөкөөҥҥө мин араас сылларга түөрт төгүл сылдьан турабын. Онно үгүс нэһилиэктэри кэрийэн 80-с сылларга «Өймөкөөн» сопхуос социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын программатын оІорбуппут, саха сылгытын боруода оҥорууга чинчийиилэри ыыппыппыт, онон Өймөкөөн дьонун-сэргэтин, сирин-уотун, сайдыытын таһымын, устуоруйатын балайда билэбин диэххэ сөп. Ити барыта бу кинигэни суруйарга бигэ тирэх буолбута саарбахтаммат.

Бу кинигэни, туох ханнык иннинэ, эдэр ыччакка анаан таһаардыбыт. Онуоха былыргы атын укулааттаах, кэккэ ыарахаттардаах кэмҥэ олус таһаарыылаахтык үлэлээн-хамсаан ааспыт биир дойдулаахтарын олохторун чаҕылхай холобура ыйынньык сырдык сулус буолан үлэҕэ-хамнаска кынаттыаҕа диэн бигэтик эрэнэбит. Сахабыт сирин сайдар кэскилэ эдэр үүнэр көлүөнэттэн быһаччы тутулуктааҕа чуолкай. Ытык Өймөкөөн үтүө-мааны үлэһит дьонугар дьолу-соргуну баҕарабын, этэҥҥэ байылыаттык олоруохтара диэн эрэлбин биллэрэбин. Дом!

Ааптар

Атыыһыт Кырбаһааҥкын

Подняться наверх