Читать книгу Атыыһыт Кырбаһааҥкын - - Страница 5
Үтүө Даарыйа күүлэйэ
ОглавлениеЫтык Өймөкөөн сиригэр самаан сайын эргиллэн, окко киирии чугаһаабыта. Чээл күөх хатыҥнар чэчир курдук тэҥҥэ кэккэлэһэн, тугу эрэ сипсиһэр, суугунаһар кэмнэрэ үүммүтэ. Сайылыктарга ынахтар маҕырыһаллар, сыһыы аайы сылгылар сипсиһэллэр. Күп-күөҕүнэн чэлгийэ үүммүт сир симэхтэрин быыһынан сэрэммиттии дугунан сарыы этэрбэстээх кыргыттар күөх оту тосту үктүө суох курдук күөгэһэ хааман, ырыа ыллыы-ыллыы, күлсэ-салса ынах хомуйа сырсаллар. Онтон хойуу оттоох ходуһаларга сытыы кылыс хотуурдаах эрдэлээн киирбит кунайдар от охсон тэлэкэлииллэр, эттэрин «үөрэтэллэр», эрчиллэллэр.
Өймөкөөҥҥө быйыл быйаҥнаах сайын кэлэн иһэр сибикитэ эрдэттэн биллибитэ. Ол курдук кураан сайыҥҥа от намыһах сыһыыларга, өрүстэр хочолоругар, арыыларыгар, үрэхтэр сүнньүлэринэн эрэ үүнэр буоллаҕына, быйыл ньаассын кµөх от этэргэ дылы «маска эрэ үүммэтэх» чинчилээҕэ. Онон дьон-сэргэ улаханнык саҥарбакка, быйыл этэҥҥэ буолар инибит дэһэн сипсиһэллэрэ уонна сөп буола-буола оттуур ходуһаларын тиийэн көрөн-истэн, төһө от тахсыахтааҕын чинчилээн кэлэллэрэ. Бу ытык Өймөкөөн сиригэр сахалар хаһан кэлэн олохсуйбуттарын чуолкайын үгүстэр билбэттэр. Ол гынан баран бу муус-хаар дойдуга киин соҕуруу сирдэртэн көһөн кэлбиттэрин араас үһүйээннэртэн, кэпсээннэртэн удумаҕалаталлар. Бука мындыр, сытыы өйдөөх дьон кэлэн бу уустук айылҕаҕа олорон ууһаан-тэнийэн бардахтара…
Дьэ ол туһунан бүгүн Ньукулай атыыһыт доҕорун, сүбэһитин, суруксутун Үстүүн Атылааһаптыын олох-дьаһах уонна быйылгы оттооһуҥҥа күүлэйи тэрийии туһунан сүбэлэһэллэр.
Маҥнай кэпсэтиилэрэ дьиэ-уот тутуутун кыһалҕаларын диэки иэҕилиннэ.
– Дьэ, Үстүүн, үөлээннээҕим, бу тус хоту олохтоох омуктар ити хантан билэннэр балаҕаннарын үрэх, сыһыы халдьаайытыгар, күн үчүгэйдик көрөр өттүгэр туталлара буолуой? Аны балаҕаннарын арҕаа өттүгэр оІостоллор, үүт уурар умуһаҕы хаҥас диэкинэн, дьиэ күлүк өттµнэн тахсарын курдук хаһыналлар, – Ньукулай киһитин диэки хайыһар.
– Адьас сөпкө этэҕин, арааһа итинник мындырдаан оҥоһууну биґиги өбµгэлэрбит соҕуруу эҥээртэн кэлэллэригэр илдьэ кэлбит буолуохтарын сөп, – Үстүүн аҕыйах сµµмэх бытыгын тарбаҕын төбөтµнэн имэрийтэлиир, – итинник дьаһаныы дьаҥ-дьаһах, ордук сэллик ыарыы кинилэр дьиэлэригэр тµбэһиэх ыалдьыттаабатын туһугар кыһаннахтара. Аны бу кэлин аҕыйах сылтан бэттэх ньэчимиэни үүннэрээри сыыры батыһыннара соҕуруу тэллэҕинэн ыһар буоллулар. Ити кинилэр кµн уотун сылааһын күүскэ туһанаары толкуйдаан таһаарбыт буолуохтаахтар.
– Дьэ, дьикти диэтэҕиІ. Бу барахсаттар сир анныгар баар чэҥ мууһу чопчу билэн оннук гыннахтара.
– Билэн-билэн, сииги тутар өбүгэ үгэстэрин былыргыттан тиһэн илдьэ сылдьар буолан бэйэ омуктуу толкуйдууллар.
– ?
– Аны маны иһит, – Үстүүн урут ханна эрэ аахпытын өйдөөн кэлэн кэпсээнин салгыыр,– өбүгэлэрбит урут бэл өрµс кытыытынааҕы, эбэтэр арыыга үүнэр дулҕаны уонна ходуһа талаҕын «сииги тутар» диэн тыыттарбат, кэттэрбэт этилэр.
– Оо, тоҕо бэрдэй. Дьэ, доҕоччуок, аны бэйи, быйылгы күүлэйбитин хайдах тэрийэбит? Ол туһунан туох этиилэрдээххиний? Тэрээһиннээхтик ыытар инниттэн эрдэттэн иҥэн-тоҥон былааннаныахпытын наада, – Ньукулай кэпсэтии онотун атыІІа хайыһыннарар, – ол кэнниттэн Даарыйаны кытта сөҥнөһүөхпүт, кини хайаан да этиилэрдээх буолааччы.
– Кырдьык, эрдэттэн торумнуур ордук. Урут үс сыллааҕыта Томторго уонна ол иннинэ СордоІнооххо тэрийэ сылдьыбыттаахпыт. Онуоха ити олохтоохтортон син элбэх киһини кытыннара сатаабыппыт да сорох тэйиччи сылдьар отчуттары сиэрин ситэрэр гына хаппатахпыт. Суол-иис куһаҕана уонна ыраахтара моһуоктаабыта. Мин өйдүүрбүнэн онно Томтортон Кырыы Дьарааһын, Бэрт Бүөтүр, Уус Миитэрэй, Бииктэр Мөлөкүүрэп, Хоточчу Хотуоһап, СордоІноохтон Уйбары Уйбаан, Силип Сэмэн, Суптуус Охонооһой диэн охсооччулар кунай хотуурдаахтары иннилэригэр түһэрбэккэ аҥаардастыы аатырбыттара…
– Оо, хата өйдүүрүІ да бэрт эбит. Ол кыттыбыт дьону быйыл эмиэ барыларын кытыннарыахха наада, – Ньукулай сэргэҕэлээн ойон туран лиис кумааҕыны аҕалан киһитин иннигэр үҥүлүттэ.
– Сөп-сөп, испииһэк хайаан да наада уонна кэмигэр илдьит ыыталаатахпытына үөрэ-көтө кэлиэхтэрин сөп этэ.
– Чэ, үчүгэй, ити эппит кунайдаргыттан Кырыы Дьарааһын арааһа саамай хоннохтоохторо быһыылааҕа. Чахчы кылбаһытан, тэлэҥнэтэн охсор ыччат этэ, аны түргэнэ хара сор, ыллар хаамыынан айаннатара. Мин ону кэрэхсээн акка олоро сылдьан кэтээн көрбүтүм ээ, бастакы тыырыыны тахсан баран, көр, аҕылаан, тиритэн да көрбөтөҕө.
– Кырдьык, ону мин эмиэ көрөн, итэҕэйэн, саллан турардаахпын.
– Доҕоор, аны аспытын-үөлбүтүн уруккубут курдук дэлэччи тардыахпытын наада. Күүлэйбитин бу сырыыга Өймөкөөн биир саамай аатырбыт киэҥ сыһыытыгар Булуустаахха оІоруохпут этэ. Сураҕа ол дойду быйыл ото сытар гына үүммүт үһү. УІуор-маІаар өттүлэрэ нэлэһийэн көстөр ходуһаҕа дьон-сэргэ көрөллөрүгэр да үчүгэй буолуо.
– Сөптөөх этии. Ол ходуһаҕа былыр-былыргыттан күүлэйдэр ыытыллаллара эбитэ үһү да, бу кэлин ол үгэс умнулла быһыытыйда дэһэллэр, – Үстүүн тэтэрээккэ тугу эрэ бэлиэтэнэ-бэлиэтэнэ кэпсэтэ олордо.
– Чэ, итини барытын эн сурукка тиһэн ис. Суотун сөпкө ааҕар наада.
– Сөп-сөп, бэлиэтэнэн баран дьиэбэр тиийэн түмүгүн таһаарыам.
Аны аһы-үөлү харыстаабакка хатаҕалыыр наада. Онуоха мин кэтэх хотоммор турар байтаһын ынахпын тиэрэ бэрдэрэр санаалаахпын. Биэ кымыһын Дьаарыйа эмээхсиҥҥэ дэлэччи бэлэмнэтиэххэ наада. Үчүгэйдик аһатар эмиэ икки өттүлээх. Сорох кыттааччылар бастаабаттарын биллэллэр да, эмис этинэн эмсэхтэнээри, кыынньар кымыһынан кэҕэрдээри кэлэллэрэ баар суол, аны төттөрү айанныылларыгар өйүө-тайаа оҥорорбутун дьон бары биһирээбит сурахтарын истээччибин, – Ньукулай кэпсэтии түмүктэнэн эрэрин биллэрэн олбоҕуттан туран эҥээр оһох диэки хаамыталаата, сөҕүрүйэн эрэр чоххо мас чугаһатта уонна алтан чаанньыгын үөс диэки сыҕарыта аста, – чэйдии түһүөхпүт этэ.
Ити икки ардыгар сайыҥҥы сүүрбэччэ хонук элэҥнээн ааһа оҕуста. Эрдэ биллэриллибитин курдук күүлэйгэ кытта кэлбит от охсооччулар үүнүүлээх ходуһа диэки субурустулар. Хотуурдаахтары Булуустаах киэҥ нэлэмэн ходуһата өлгөм отунан долгулдьуйа көрүстэ.
Ким эрэ охсооччулартан: «Оо, дьэ, аатырыан аатырбыт эбит, Булуустаах эбэ, нөрүөн-нөргүй буоллун! Эн киэҥ көхсүгэр бу бүгүн дууһабыт иэйиитинэн сирдэтинэн ааттаахтары кытта алтыһаары, бэртэри кытары бэһиэллэхтэһээри, иҥиирдээхтэри кытта иилэҥкэйдэһээри кэллибит. Атыҥырыы көрсүмэ, бэртэх буолан мичилий!» – диэн саҥаран субурутан баран былаҕастабыы охсунна уонна хотуурун таҥас сабыытын сүөрэн иирэ талах төрдүгэр тиийэн өйөннөрү уурда.
Сотору күүлэй дьоно бары мустубуттарын кэннэ, Ньукулай атыыһыт кэргэнэ Үтүө Даарыйалыын кэккэлэһэ туран охсооччуларга туһаайан:
– Дьэ, доҕоттоор, өр күүтүүлээх күүлэйи тэрийэр кэммит тиийэн кэллэ. Халлаан да анаабыт курдук күнү бэлэхтээтэ, кыттааччылар да кэлэ сатаатылар. Билиҥҥи туругунан 42 охсооччу ходуһаҕа илин-кэлин түсүһүөҕэ. Бириистэрбит да куһаҕана суохтар. Өссө саас Аллараа Новгородтааҕы киэҥ Арассыыйа атыы-эргиэн дьаарбаҥкатыгар кытта сылдьан от охсооччуга аналлаах сэби-сэбиргэли аҕалбытым, олор истэриттэн бүгүн аҕыс ааттаах бастыҥ охсооччуларга буускап хотууру уонна үс түргэн, икки эдэр, икки саастаах охсооччуларга туттарыаҕым. Онтон сорохтор кыстык, өтүйэ, аалыы таас, о.д.а. тэриллэргэ тиксиэхтэрэ. Дьэ, онон кытаатын, эрэттэр, ким күүстээх, уһун тыыннаах – ол кыайдын!
Ити кэнниттэн алгысчыт Арамаан ходуһа саҕатыгар аал уоту айах тутан аһатан, алҕаан баран үрүҥ сылгы сиэлинэн, арыылаах алаадьынан айах тутта:
«Аал уотум иччитээ, Хатан Тэмиэрийээ!
Күөх быйаҥтан сомсоору Күүлэй тэрийэн эрэбит,
Хороҕор муостааҕы хойуннараары,
Сыспай сиэллээҕи сырыһыннараары,
Уйгулаах олоҕу унаардаары,
Аймах-билэ дьоммутун аһатаары
Алгыспытын түһэрэн эрэбит, Дом!..»
Онтон сотору охсооччулар аллараа сиккиэр тыалтан долгулдьуйар хойуу оттоох ходуһа кытыытыгар мустан бэлэмнэнэн киирэн бараллар. Илиилэрин-атахтарын мускунан, хас эмэ абырахтаах халыҥ даба соннорун сыбыдахтанан, хаһааҥҥыта эрэ туус маҥан ырбаахылара киртэн-хахтан дьүүлэ-дьаабыта көстүбэт буолбутун кэтэн хаалаллар. Охсуохтаах сирдэрин чинчийэн көрдөхтөрүнэ, сорох сирдэринэн кытаанах кылыс, ардыгар хопто тыла диэн дэбигис хотуур кыайбат отторун тэҥэ боруу булкаастаах сиппит кулун кутуругун хараҥатыҥы төбөтө харах ыларын тухары тэнийэн, ырааттар-ыраатан хатыҥ мастардаах халыҥ тыа саҕатыгар тиийэн анньыллар…
Өр-өтөр буолбат, тэрийээччилэртэн Үстүүн Атылааһап: «Чэ, саҕалааҥ!» – диирин кытта куоталаһааччылар утуу-субуу киирэн сытыы хотуурдарынан куһуйбутунан бараллар. Дьиҥэ, бириэмэ да эрдэ. Сарсыардааҥҥы күн үрдүк тииттэр төбөлөрүттэн саҥа тэмтэйэ ойон тахсан эрэрэ. Аны күнүскү омурҕан уонна түөртүүр минньигэс аһылык кинилэри күүтэрэ. Томтортон кэлбит Кырыы Дьарааһын хайа да күн эдэрдэргэ иннин биэриэ суоҕа эрдэттэн биллэр курдуга. Кини уруккуттан удьуор күүстээх Атастыыраптар сыдьааннарыттан тардыылааҕа. Дьарааһын, өрүү буоларыныы, ааттаахтары кытта аат былдьаһарыттан, күүстээхтэри кытта күрэс күрдьүөттэһэриттэн былчыҥ-былчыҥнара быыппаста күүрбүтүн чараас ырбаахыта таһыгар билиннэрбэт этэ. Арай сирэйэ-хараҕа тыҥаабытын сирийэн көрдөххө быһаарыахха сөп курдуга.
– Оо, дьэ, Дьарааһын обургу эмиэ бастаата, арааһа, кыайарга анаан оҥостон кэлбит быһыылаах, – диэн хатыҥ анныгар күлүккэ туран Ньукулай атыыһыт бүтэйдии мүчүйэн ылла.
– Кырдьык оннук буолуон сөп. Төһө да биэс уончатын аастар, оҕонньор чахчы кулун атаҕа киирбит курдук, хотуурун иэнэ күн уотугар килбэҥнээн олорор, дьэ киһи чахчы охсооччулаахпын диир киһитэ. Көрүҥ-көрүҥ, – аастыйбыт баттахтаах оҕонньор талах тайаҕынан ыйан көрдөрөр, сыҥааҕын ньолос гынан онтун бигэргэтэр.
– Барахсан, барыылардаах уол оҕото буоллаҕа. Иэмэх курдук эриллэҥнээн дайбыырын оҕоккото, оо, дьэ кунай да кунаай, – үөһэ халдьаайы быарыгар турааччылар саҥа аллайаллар.
– Бэйи-бэйи, көрүөхпүт, күн да уһун, былыргы киһи киэһэнэн хонноҕо аһыллааччы. Олус хайҕаамаҥ эрэ, киһигит эстэн хаалаарай, һэ-һэ.
Ыраахтан көрдөххө бэҕэһээҥҥэ диэри иһийэн турбут Булуустаах ходуһатыгар киһи-сүөһү бөҕө тоҕуоруспут. Чугас баар элгээнтэн хойуу күөх буруо унаарыйар. Онно бүгүн сарсыарда аҕалан тиэрэ биэрбит байтаһын ынахтарын олгуйдарга буһан эрэр эмис этин асчыт эргитэлээн биэрэр, талах маһынан ураннаан оҥоһуллубут былаайаҕынан хостоон ылан көрөн баран: «Өссө да ситэ буһа илик», – диэн ботугуруур, оргуйа турар мииҥҥэ салгыы түһэрэр. Кини аттыгар өссө икки-үс дьахтар көмөлөһөн кэлэ-бара сүпсүгүрэґэллэр. Бэтэрээ кулуһуҥҥа саламаат буһан кулдьугуруу турар. Арыый хады күөх сэбирдэххэ үөлүллүбүт мунду кэккэлэччи ууруллубута кэчигирээн көстөр.
Ити икки ардыгар оттоох ходуһаны уһаты-туора солоон, сэрбэйбити барытын тэлэкэлээн куоталаһааччылар бэтэрээ диэки эргиллэн төннөн иһэллэрэ көһүннэ.
– Оо, дьэ, дьоммут сүрдэммиттэр. Мааҕыҥҥыттан тэтимнэрэ өссө эбиллибиккэ дылы, тоҕо сүрэй… – ким эрэ саллан баһын быһа илгистэр.
– Буолуо-буолуо, оннооҕор бу мин нэһииччэ борутар киһи «көрдөхпүнэ», күүдэпчилэнэн дьэ сүрдээхтэр, – хараҕа бэрэбээскилээх оҕонньор кыыкынаан саҥарара иһиллэр.
– Ээ, арба омурҕаммыт да чугаһаатаҕа. Ол иһин тэрийээччилэр итинник эргиттэхтэрэ. Үһүс эргиирдэрэ буола оҕустаҕа. Дьэ хата бу үлүгэрдээх киэҥ дуолу тулутуохтара суох. Кырбаһааҥкыммыт адьас сөпкө дьаһайбыт, ходуһатын киэҥ көхсүн бүтэртэрэн кэбистэҕинэ, отун сүрүн үлэтин түмүктүүһү…
Омурҕаҥҥа тахсыбыттара, сыалаах эт дэлэччи тардыллан күөх окко тэлгэтиллибит. Арыылаах саламаат көһүйэлэргэ сойутуллан турарын отчут дьон хамыйаҕынан ылан сиэн тунахтаан бардылар, ол кэнниттэн дьон сыалаах эти тэллэччи быһа-быһа ыстаан ыллаҥнаттылар.
– Оо, хата, бу эппит сымнаҕас баҕайы эбит! – дии-дии Кырыы Дьарааһын эти минньигэстик ыстаталаан дьүккүк гынан ыйыста олордо.
– Дьэ, үлэһит киһи аһастаах буолар баҕайыта, бу Дьарааһын биир күүлэйгэ сап-саһархай сыалаах сылгы үс ойоҕоһун биирдэ тиниктээн кэбиспитэ. Онто сэниэ биэрдэҕэ буолуо, ол сырыыга кини күүлэйгэ эмиэ миэстэлэһэн турардаах.
– Оҕонньор, сураҕа, эн эмиэ эдэргэр охсор үһүгүн дии, ити хотууру сатаан оҥостууттан улахан тутулуктаах дииллэр, миэхэ барыта биир курдук дии? – чугас турар Дьөгүөр Дьэкиимэп ыйыталаһар.
– Ээ, мин диэн, урукку кунайдар бааллара, киһи киэнэ кииллээхтэрэ, охсоочу киэнэ хоннохтоохторо. Ити охсууну үс сүрүн күүс быһаарар – илии күүһэ, сис күүһэ уонна сарын күүһэ. Дьэ олору сөптөөхтүк дьүөрэлэһиннэрэн оҕустахха киһи төһөнү баҕарар охсор куолута. Холобур, кыбыс-кытаанах бэттиэмэ окко илииІ күүһүн туһанаҕын, оччотугар икки күүһүҥ сынньанан ылар. Аны кэбирэх уу отугар санныҥ күүһэ сөп буолар. Онон ханнык өттүттэн, сириҥ ньууруттан көрөн охсуохтааххын. Олус имиллэҥнээн, түллэҥнээн оҕустаххына биир күҥҥэ күүскүн эһиэххин сөп. Сорох отчуттар хотуурдарын угун эриллэ хаппыт үөт мастан оҥостоллор, оччотугар хотуур уга эриллэҕэс, мэтэҕэс буолар. Хотуурун укка олортоҕуна, хотуур биитэ бакыр буолар, ол охсорго өссө үчүгэй.
– Оо, тоҕо мындырдарай, былыргы дьон барахсаттар. Ол иһин да оту-маһы кыайан эрдэхтэрэ.
– Оннук-оннук. Төрүкү хотуур биитэ сир кырсын кытта биир тэҥ хайысхалаах буолуохтаах.
– Кырдьык да бэрт кэпсээни иһитиннэрдиІ, – уол ходуһа диэки хайыста.
– Бай, оннук буолумна, онтон биир ханнык эрэ күүлэйгэ Күүстээх Киэсэ диэн бухатыыр көрүҥнээх киһи тоҕус хамыйах сыа саламааты сиэн турбута эбитэ үһү. Оччотооҕу биир хамыйахтара биир көһүйэ истээх үһү, дьэ санаан көрүҥ эрэ, төһө аһастааҕын.
– Оо, дьэ эмиэ кырдьык аһастаах уол оҕото эбит…
– ?
Итинник кэпсэтэн, аһаан-сиэн баран бүтэһик сырыыга киирии саҕаланар. Күн арҕаа тыа саҕатын диэки салаллан сыралҕана арыый мөлтүү охсубут, онуоха эбии хоту хайа диэкиттэн сөрүүн салгын илгийбит, үлэлииргэ бэртээхэй киэһэ үүммүт.
Омурҕан кэнниттэн кунайдар күрэстэрэ өссө күүскэ тэтимирэн саҕаланар. Били Дьарааһыннаах түөрт-биэс киһи буолан биир хотоҕос курдук субуруспуттарын кубулуппакка түһэ тураллар. Кинилэр кэнниллэриттэн кыра соҕус арыттаах Хоточчу Хотуоһаптаах айаннаабыттар, бу бөлөххө арыый эдэр охсооччулар мустубуттар. Иккис омурҕаҥҥа балабыай түһэннэр, бастакылары эккирэтиһэннэр сэниэ-сылба эстэн эрэрэ биллэ быһыытыйбыта. Оннооҕор Хоточчуларын көхсүн тыаһа күрдүргээбитэ, күн уотугар уоттуйбут көлөһүннээх ырбаахыта көхсүгэр хам сыстыбыта, сотору-сотору хотуурун кылааннаары тохтуура элбээбитэ. Онто илистибит этин-сиинин чөлүгэр түһэриэхтээҕин оннугар сүһүөхтэрин нукаай курдук оҥортуурун дьиибэргии иһэр.
Кэмниэ-кэнэҕэс эмиэ үһүс бүтэһик эргиирдэригэр тиийэллэр. Бары да сылаалара киирбитэ таайан, бытаан соҕустук дайбаҥнаһан дьэ бэтэрээ саҕаны булаллар: «һуу-һуу», «оо, дьэ, сындалҕаннаах күн ааста», «хотуурум быйыл хайдах эрэ биитин мөлтөппүт кэриҥнээх», – дэһэ-дэһэ күрэхтэһээччилэр биэтэккэ утум-ситим тахсаллар. Онуоха сөрүүн умуһахха турбут симиирдээх кымыһы таһааран түһүлгэҕэ олордоллор: «Ким төһө кыайарынан иһэн иһиІ», – диэн ыҥыраллар.
Түмүк таһаарыытынан Кырыы Дьарааһын, Уус Миитэрэй, Уйбары Уйбаан, Силип Сэмэн – барыта уонтан тахса киһи килбэлдьигэс эркиннээх, кылыс курдук кылааннаах буускап хотуурунан, сорохтор тууйастаах арыынан, сатыын таҥаһынан, ыраахтан кэлбиттэр тымтайга угуллубут сыалаах этинэн күндүлэнэллэр. Маны барытын Атыыһыт Кырбаһааҥкын бэйэтинэн алҕаан, тыл этэн, сорохторун үлэҕэ ыҥыран, атыттары аар тайҕаҕа тахсыахтаахтарга байанайы баҕаран, түүлээхтэрин сөбүгэр, баттаабат сыанаҕа тутуох буолан илии тутуһан истиҥник алҕаан атаарталыыр. Сотору киэһээҥҥи үрүҥ туман түһүүтэ, ыраах олорооччулар күнүс мэччийэн топпут аттарга олорон дьиэлэрин диэки тэптэрэн иҥэн-сүтэн, аҕыйаан истилэр.
Ити итинэн ааспыта. Күүлэйи онтон ыла соччо-бачча ыыппатахтара. Арай кэлин оҕонньор кырдьыбытын кэннэ, бэрт сытыы ойоҕо Үтүө Даарыйа Күүлэйи тэрийэрэ. Төрүттэн икки көстөөх Күөл диэн учаастакка киэҥ-куоҥ ходуһаҕа, ас бөҕөнү астатан, охсооччулары күрэхтэһиннэрэрэ. Бастаабыт охсооччуларга мүһэ, атыттар эмис эт ылаллара. Аан бастаан ходуһаны туораан баран төттөрү эргийэн кэлбит киһиэхэ ураҕаска кыбытыллан турар харчы тиксэрэ. Ону кэлин «Даарыйа күүлэйэ» диэн суолталаан ааттаабыттара.