Читать книгу Атыыһыт Кырбаһааҥкын - - Страница 2
Бордуулаахтан сыдьааннанан
ОглавлениеАаспыт кэм үрдүк мындааларыгар, уһун үйэлэр кыраман улаҕаларыгар хоту Өймөкөөн сиригэр-уотугар сахалар хаһан, хайдах кэлэн олохсуйбуттара таайыллыбатах таабырын, кистэлэҥнээх кэпсээн буолан тарҕаммыт. Арай былыргыттан олохсуйан сылдьар аҕа уустарын ааттара-суоллара хантан эрэ соҕурууттан силистээхтэрин-мутуктаахтарын туоһулуур. Балайда тэнийбит үһүйээннэр бигэргэтэллэринэн, сорох биис уустар ыраахтааҕы сылтан сыл ыараан иһэр түһээниттэн куотан, тэскилээн, бу дойдуну булбут курдуктар, олор Бороҕон, Хаҥалас аҕаларын уустарыттан сыдьааннаахтара кинилэр ааттарыттан-суолларыттан, дьүһүннэриттэн-бодолоруттан биллэргэ дылы. Манна үксэ Кырбаһааҥкыннар, Хотуоһаптар, Мөлөкүүрэптэр, Сиипсэптэр, Байаараптар, Луукапсаптар, Дьэкиимэптэр, Буурсаптар, Скырыбыыкыннар, Саабылыскайдар диэн ааттаах-суоллаах дьон кэлэн олохсуйбуттар. Сирдэрин-уоттарын ааттара да ону да кэрэһилииллэр: Томтор, Аартык, Төрүт, Орто Балаҕан, Биэрэк Үрдэ, СордоІноох, Хара Тумул, Икки Ампаар, Үчүгэй, Хоноҕор, Кураанах Салаа, Алыһардаах, Тарыҥ Үрэх… Кинилэр бары тус-туһунан устуоруйалаахтар, онтон биһиги Тарыҥ Үрэх дьоно маҥнай кэлиилэрин үһүйээннэртэн сэгэтэн билиэхпит. Тарыҥ Үрэх сиригэр-уотугар аатырбыт атыыһыт, баай Ньукулай Кырбаһааҥкын күн сирин көрбүтэ, онтон силис тардан олохсуйан, сириэдийэн тахсыбыт, ону үһүйээҥҥэ кэпсэнэр сэһэннэртэн билсиэҕиҥ. Аан бастаан Өймөкөөҥҥө хантан эрэ удаҕан эмээхсин оҕонньорунуун, салаасканан сүгэһэрдэнэн кэлэн иһэн быстаран хаалбыттар. Эмээхсинэ салааска курдук оҥорбут уонна оҕонньорун суулаан баран: «Адьаһын, букатын көрүмэ», – диэбит. Дьэ онтон айаҥҥа турбуттар, туох да күлүмэх айан буолбут, көтөн эрэр курдук үһү, оҕонньор тулуйбатах, кистээн көрбүт. Ол көрбүтэ эмээхсинэ сур бөрө буолан салааскатын быатын кэтэн, көтөн ахан иһэр үһү. Бу дойдуга күүскэ сүүрүүнү «көтөр» дииллэр. Онно буоллаҕына эмээхсин соҕотохто айанын тохтоппут, онтон оҕонньоро эмискэ көрбөт буолан хаалбыт. Айанньыттар ити сиргэ хаалан олохсуйбуттар уонна хайалартан биирдэстэрин Оҕонньор Хайата, биирдэстэрин Эмээхсин Хайата диэн ааттаабыттар. Кинилэр уҥуохтара ханан кистэнэн сытара биллибэт. Ити оҕонньордоох эмээхсин Кырбаһааҥкыннар төрдүлэрэ дииллэр.
Аны Тарыҥ µрдүгэр, адьаһын ойуур тыа ортотугар, Удаҕан Уҥуоҕа диэн биир таабырыннаах дьикти сир баар. Ол сири олохтоохтор өрүү тумналлар. Дьикти сир туһунан маннык үһүйээн баар. Кырбаһааҥкын аймахтан киһи өлөөрү гыннаҕына, Удаҕан Уҥуоҕар дүҥүр тыаһа иһиллэр дииллэр. Кырдьаҕас сытар сирэ тумустаан киирэр, ол тумуска киһи уҥуоҕа элбэх. Аны кини буоллаҕына киһи уҥуоҕуттан ойуччу, тыа иһигэр баар, ол аата балайда тэйиччи кистээбиттэр. Онно Сүөгэй Кэрэх диэн сир баар. Былыргы сахалар көһөн кэлэн өрүс сүнньүгэр сытар сирдэринэн сүөһүлэнэн, сылгыланан оттоох ходуһалары, мэччирэҥнээх сыһыылары батан олохсуйбуттар. Онно да сөптөөх кээмэйинэн ыал ыалтан хас да биэрэстэнэн тэйиччи түһүтэлээбиттэр. Үксүн аттарын миинэн, малларын ыҥыырдаан, ынах сүөһүлэрин үүрэн ааһаллара үһү. Өрүс нөҥүө үчүгэй үүнүүлээх, бултаах сири-уоту буллахтарына, болуот охсон өрүһү туорууллара. Сорох астарын-таҥастарын атыыһыттан кэлэ-бара хааччыналлара. Дьэ маннык сиргэ-уокка Кырбаһааҥкыннар былыр-былыргыттан кэлэн олохсуйан, ууһаан-тэнийэн барбыттар.
Өймөкөөн диэн тыл былыргыта күөл аата, сорох үһүйээннэргэ күрүөйэх саха киһитин аата эбитэ үһү диэн кэпсэнэр. Өймөкөөҥҥө аан бастаан Лэбэрэ Уус диэн киһи олохсуйан олорбут. Киниттэн силистэнэн-мутуктанан манна киһи-сүөһү сыыйа үөскээн, тэнийэн барбыт. Лэбэрэ урдуһа Сэттэ Сирэй Хайаҕа олохтоох Аан Чаачай Ойуун Кэдирги Кээдьэй диэн уолуттан Тэлгэһэ, Модьукаан, Сэттэ Тимир Тиргэлээх Түһүкээн Түөкүн диэн дьон төрөөн, билиҥҥи Баайаҕа, Өтөх Таатта Дьиэрэҥнээх, Бэрээйи уонна Дьохсоҕон сорох дьонун-сэргэтин төрдө-ууһа буолбуттара диэн кэпсииллэр. Өймөкөөн сирэ Орто Халымаҕа, Айааҥҥа уонна Охуотскайга тахсар суоллар аартыктарын айаҕар сытар дойду буолан, былыр-былыргыттан нуучча, саха баайдара түмсэн, түрүлүөннээн ааһаллара. Былыргы үһүйээҥҥэ кэпсэнэринэн, Өймөкөөҥҥө улахан хара уоспа хаһан да турбатаҕын туһунан биир дьикти сэһэн баар. Ол төрүөтэ маннык эбит. XVIII—XIX үйэлэр кирбиилэригэр Өймөкөөн сиригэр аҥаардастыы аатырбыт Айыы Таҥараттан айдарыылаах, сиртэн-халлаантан ыйаахтаах, сибиэт дойдутуттан силистээх-мутуктаах Үрүҥ Айыы Ойууна олорон ааспыта үһү. Бу ойуун оруобуна 100 сааһын туолан баран өлбүт. Ол усталаах-туоратыгар кыыбаҕа ыарыылары кыйдыы, улахан уоспаны да уостуганныы олорбута үһү. Дьэ бу маннык дьикти устуоруйалаах ытык сиргэ төрөөн-үөскээн, олорон ааспыт эбит саха сирин биир дуулаҕа баайа Н.О. Кривошапкин кырдьаҕас.
Кырбаһааҥкын баай төрдүн-ууһун ахтар буоллахха: кини хос эбэтэ ол Бордуулаах Удаҕан диэн. Бордуулаахтан Онтойор диэн уол төрүүр. Бу уол улаатан, ситэн баран Уоһук диэн уолу төрөппүт. Уоһук эмиэ ситэн, ойох ылан, ыал буолан баран, син балайда байбыт. 350-ча ынах, сылгы сүөһүлэнэн Орто Алыыга олорбут. Ньукулай, Охонооһой уонна Уйбаан диэн үс уолу, Афимья, Прасковья, Мавра, Анисия диэн түөрт кыыһы төрөтөн, барыларын ыал оҥортоон баран өлбүт. Ньукулай диэн сэһэммитигэр киллэрбит улуу баайбыт. Кини инитэ Тыыллар Охонооһой син байан баран, сиэбигэр биэс харчыта суох буолуор диэри эстэ арыгылаан, хаартылаан, дьадаҥытык олорон өлбүтэ үһү. Онтон үһүс уол Уйбаан байбатах, көннөрү бэйэтин сөпкө көрүнэн ыал буолан олорбут, ойох ылан Сэмэн, Ньургул, Охонооһой, Бугдуун, Бүөтүр, Бүөтүр 2 (Саха Бүөтүрэ), Омукаан Ыстапаан, Ньукулай уонна Өндөрөй диэн барыта тоҕус уолу төрөтөн, улаатыннаран, киһи-хара оҥортообут. Ол оннугар инилэрэ иккиэн оҕону-урууну төрөппөтөхтөр, балтылара Мавра биэс оҕолонон Өймөкөөҥҥө олорбут. Төрдүбүт-ууспут дьэ ити курдук.
Сайын барахсан саха киһитигэр саамай күндү кэм. Ол эрэн кылгаһын, түргэнник элэс гынан ааһарын эриэхсит. Дьон барахсан өҥүрүк куйааска тутуу былдьаһан сылгыларын, сүөһүлэрин иитээри күөх оту сомсолоһон оттоон-мастаан хаалааччы. Инньэ гымматаҕына уһун кыһыҥҥа баар-суох баайын-дуолун ким көрөн-харайан, аһатан-сиэтэн кыстыгы туоратыай? Дьэ ити курдук күүрээннээх күннэри баттаһа киһи эрэ барыта күүстээх үлэҕэ турунар. Ол кэннэ саҥардыы уоскуйан, дуоһуйан эрдэхтэринэ, көмүс күһүн күөйэ түһэн көстөн кэлэрин кытта, хаһыҥнар, бастакы тоҥоруулар саҕаланаллар. Арай Ньукулайдаах кыраларыгар бырааттара Охоноос, Уйбаанчык буолан Индигиир өрүскэ киирэн сөтүөлээн чомполоноллоро, моҕотойдоон сүүрэллэрэ-көтөллөрө. Ардыгар хонуу уутугар чычаас, сылаас ууга сөтүөлээн күннэрин барыыллара. Оччолорго сайылык оҕолоро ким төһө элбэх моҕотойу бултаһарыгар куоталаһан кэрии тыаны кэрийэллэрэ, ходуһа күрүөлэрин эргийэллэрэ, онно тиритэн-хорутан киэһэ аһылыктарын да умналлара. Ону төрөппүттэрэ мөхпөккө-эппэккэ, хата эбии атаахтатан, ачаалатан ииппиттэрэ. Баҕар ол оҕо этэ-сиинэ сөптөөхтүк сайдарыгар, өйө-санаата көҥүл хайысхаланарыгар төһүү буолбута буолуо. Онтон ити дьоҕур барыта киһи оҕо эрдэҕиттэн саҕаланара баар суол. Ньукулай улаатан истэҕин аайы доҕотторуттан күүһүнэн-уоҕунан, кытыгыраһынан хаалсыбат буолан испит. Ол курдук түү мээчигинэн бырахсыыга, аттаах сырсыыга, харбааһыҥҥа, кулуну тутан сэлииргэ тэҥнээхтэриттэн хаалсыбат буолар. Дьылыгырас үрдүк уҥуохтаах, сырдык ыраас хааннаах, бэйэтигэр сөрү-сөп эттээх-сииннээх уол оҕо бэрдэ буола улаатар.
Ньукулай Уоһукабыс үйэтигэр үстэ кэргэннэнэ сылдьыбыт. Сааһын ситиитин саҕана кини Уолбаҕа биллэр баай Силэпсиэптэр огдообо кийииттэрин Дьэбдьэкийэ Силэпсиэбэни ойох ылар. Ньукулайтан биэс хас сыл аҕа. Уопсайа отут сыл олороллор да оҕо үөскээбэт. Бу саҥа эриттэн быдан аҕа саастаах, хаста да оҕолоно сылдьыбыт, олус өйдөөх, судургу эрээри тыйыс майгылаах, таҥараһыт, эригэр үтүө сүбэһит дьахтары кытта отут сыл устата эйэ дэмнээхтик олорбуттар. Кэргэннии буолбут бастакы сылларыгар эдэр киһи көрү-нары батыһан, арыгылаан-хаартылаан аҕата биэрбит баайын үксүн матайдаан кэбиһэр, сорох сүөһүтүн сут сылга быстарбыт дьоҥҥо босхо түҥэтэн биэрэр. Маны барытын көрө-билэ сылдьан аҕата уолун бу кэдэрги кэмэлдьитин биирдэ да сэмэлээн көрбөтөх. Арай биирдэ нэһилиэк дьоно сылга биирдэ ыытар мунньахтарыгар убайа Охонооһой итирэн баран, бөрүкүтэ суох таҥастаах-саптаах, тэлиэс-былаас сылдьарын көрөн Ньукулай сэмэлиир. Онтон сылтаан ини-биилэр этиһэллэр. Убайа Ньукулайы үлтү үөҕэр: «Эн да холооҥҥун», – диэн хомуруйар. Итинтэн сылтаан уйулҕата хамнаан быраата арыгытын-хаартытын быраҕарга андаҕайар. Дьэбдьиэйигэр кэлэн итини эппитин дьахтара: «Убайгын сыыһа саҥарбыккын», – диэн сэмэлиир. Ону киһитэ: «Дьолбун Дьокуускайтан булуом», – диэн күһүҥҥү дьаарбаҥкаҕа дьону кытта барар, биир аты миинэн, дьоҕус өйүөлэнэн-тайааланан айан суолун тутуһар.
Ньукулай үһүс кэргэнин 66 саастааҕар Өймөкөөн орто сэниэ ыалын кыыһын 16-лаах Даарыйа Сэмэнэбинэ Силэпсиэбэни ойох ылан 28 сыл устата олорбуттар. Бу дьахтар ийэтэ Балааҕыйа Баайаҕа нэһилиэгин баайа Баһылай Кирилэбис Ондуруоһап-Ыачаан Баһылай кыыһа. Даарыйа кэрэ дьүһүннээх, олус үтүө санаалаах, дьонугар-сэргэтигэр үчүгэй майгытынан, дьадаҥыга-кыаммакка аһыныгаһынан аатырбыт дьоһун дьахтар. «Бу кыыһы дьоно көтөҕөн кэлэн таҥараҕа тиксэ сырыттахтарына, Ньукулай Кырбаһааҥкын атыыһыт бэлиэтии көрбүт: «Туох үчүгэй кыысчаанай? Хата улааттаҕына мин ойох ылыам», – диэн элэк курдук эппит. Онтон ыла бу кыыска кыра эрдэҕиттэн улаатыар диэри айаҥҥа сылдьан бэлэх-туһах арааһын аҕалар идэлэммит. Устунан кыыс 16 сааһын туолбутун кэннэ кэргэн ылан ТарыІ Үрэххэ көһөрөр. Дьахтар бэрт сытыы-хотуу эбитэ үһү. Өр баҕайы оҕоломмокко сылдьыбыттар, онтон Даарыйа эмискэ хат буолан хаалбыт. Кини оҕолоноору ТарыІ Үрэхтэн Өймөкөөҥҥө атынан айаннаан иһэн Сэргэй Сиһэ диэн хайаны туораан баран, налыы сиргэ оҕоломмут. Ол сир Даарыйа Оҕоломмута диэн ааты сүгэр. Даарыйа ол оҕотун дьонугар Өймөкөөҥҥө хаалларан баран ТарыІ Үрэххэ оҕонньоругар төннүбүт. Бу оҕо улаатан иһэн сундуук муннугар чэчэгэйин дьөлө түһэн өлөн хаалар. Сорохтор кэпсииллэринэн, Ньукулай оҕонньор өллөҕүнэ баайын туһанаары соруйан нэһилиэнньиги суох гыммыттар. Даарыйа Сэмэнэбинэ соһуччу хат буолуута эмиэ таабырын кэриэтэ. Ол гынан баран көссүүттэн хат буолбута итэҕэтиилээҕин элбэх кырдьаҕастар туоһулууллар. Ол курдук, суруйааччы Н.Д. Неустроев аҕата Денис Петрович эдэр сылдьан Охуотскайтан Дьокуускайга диэри Ааллаах Үүнүнэн ааһар араадьыйа үс атахтаах остуолбатын туруорсууга үлэлэһэ сылдьан, Ньукулай оҕонньорго үгүстүк ыалдьыттаан, хонон ааһара үһү. Ньукулай оҕонньор ыраах айаҥҥа барбытын кэннэ, ойоҕун Даарыйаны кытта көссүүлэһэр.
Ньукулай дьиэтигэр көмөлөһөр дьонноох. Ол курдук Старкова Балаайа диэн иистэнээччилээх. Үтүлүк, бэргэһэ тигэр, абырахтыыр, ону таһынан түннүк кырыатааһына, иһити сууйуу, дьиэ харбааһына. Улахан нуучча дьиэтигэр атыы-тутуу, ыалдьыттары көрсөр, аһатар саала, ону таһынан икки хос, бииригэр Ньукулай, иккиһигэр кэргэнэ Даарыйа утуйаллар. Дьиэни кытта сыста саха балаҕаныгар кымыс оҥороллор, аһыыллар-сииллэр. Кыстык дьиэлэрэ арҕаа турар, тула үүт күрүө. Онно кыһын тахсан олороллор. Бу дьиэҕэ түүлээҕи тутар. Кырынааһы дьааһыкка, тииҥи улахан ынах тириитэ матаҕаҕа симэллэр. Барытын уоннуу гына баайаллар, кэргэнэ Даарыйа уонна Уксаан уола Дьэмиит Мөлөкүүрэп көмөлөһөллөр. Маны таһынан баайы-дуолу уурар үс тиһилик ампаар, боппуолдьа, биэни сөрүүкэтэр, ыыр сарай, аты баайан туруорар бөҕө-таҕа сэргэлэр. Бу Индигиир өрүс уҥа кытылыттан чугас кырыы таас кырдаллаах үтүө-мааны сир.