Читать книгу Атыыһыт Кырбаһааҥкын - - Страница 6

ӨймӨкөөҥҥө үрүҥ тунах ыһыах

Оглавление

1890 сыл бэс ыйын ортотугар Өймөкөөҥҥө нэhилиэктэр ыҥырыылаах Үрүҥ тунах ыhыллыбыта. Онуоха сүрүн тэрийээччилэринэн улуус кулубата Доропуун Ностуруойап, олохтоох I Бороҕон нэhилиэгин кинээhэ Уйбаан Хотуоhап уонна атыыhыт Ньукулай Кырбаhааҥкын этилэр. Ыhыах тэрээhин үлэтигэр балай да сыра барбыта, ону үксүн Ньукулай дьиэ ис-тас үлэhиттэрэ толорбуттара. Элбэх биэни анал хааччахтарга хаайан ыйтан ордук кэмІэ ыан уохтаах кымыс бөҕөнµ бэлэмнээбиттэрэ. Маныаха оҕонньор кымыс бэлэмниир дьахталлара күнүстэри-түүннэри түбүгүрбүттэрэ, кинилэр биэ үүтүн ыан киллэрээт, сылааhына симииргэ толору куталлара, онтулара көөнньөрүгэр сүөhү бэстээх иҥиирин бүтүннүүтүн уган баран тыын тахсыбат гына сабан, ичигэс сиргэ туруораллара. Онтукаларын сөп буола-буола биhиэйэҕинэн көөнньөн эрэр кымыhы күүскэ баттыалаан биэрэллэрэ. Оччотугар салгын киирэн, кымыс көөнньүүтүн күүhүрдэр, түргэтэтэр. Итинник ньыманан түөрт-биэс хонугунан бэлэм буолбут кымыhы таhааран сөрүүн умуhахтарга уурбуттара.

Хас да балайда уус дьоннор ыhыах сэргэлэрин бэлэмнээбиттэрэ. Уустар өйдөбүллэринэн ол сэргэлэр ыhыах кэмигэр Үрүҥ Айыылар халлаантан түhэн олороллоругар аналлаахтар уонна ыhыах сиэрэ-туома ыытылларын көрө, истэ-билэ олоруохтаахтар. Ити сэргэлэртэн саамай сиэдэрэй, киэргэллээх, оhуордаах оҥоhуулаах «Аар баҕах сэргэ» буолар. Бу сэргэттэн илин күн тахсар сирин диэки уот оттуллар холумтаны оҥорбуттара. Онно алгысчыт сиэр-туом оҥоруохтаах диэн буолбута. Ыhыах буолара үс хонук иннинэ Ньукулай Уоhукабыс ыhыахха бэлэмнэниини көрө-истэ кэлэ сылдьыбыта уонна сэргэлэри эрдэтинэ туруортарбыта. Били Аар баҕах сэргэни арҕаа өттүнэн эргийэ хаамыынан мээрэйдээн уон икки сэлэ сэргэлэри туруортарбыта уонна:

– Аны бу сэргэлэргитин холбооттоон саламалары баайталаарыҥ, ону ынах ситиитин хатан, туос томторуктаан араас оонньуурдарынан киэргэтэргитигэр дьахталларга сорудахтаабыппын бµтэрэн эрэр буолуохтаахтар. Дьэ, кытаатыҥ, – диэн уус уолаттарыгар дьаhал биэрэн барбыта.

Ыhыах күн ыраах СордоІноохтон, Үчүгэйтэн, Биэрэк Үрдүттэн аттаах, табалаах дьон тиийэн кэлбиттэрэ. Ньукулай оҕонньор бэйэтэ Тарын Үрэхтээҕи дьиэтиттэн кэргэнин Даарыйаны акка мэҥэhиннэрэн үрүҥ көмµс ыҥыыра ыраахтан кылбачыйан иhэрин көрөн чугас аймахтара утары хааман тиийэн көрсүбүттэрэ. Түhүлгэҕэ элбэх киhи мустубута, бука бары били саҥа туруоруллубут сэлэ сэргэлэр тастарыгар эргиччи олорбут этилэр. Арай былыргы өбүгэлэрин үгэстэрин тутуhан аймаҕа өлбүт киhи иккис саҥа ыйа үүнэ илигинэ уонна саҥа оҕоломмут дьахтар Үрүҥ Айыылартан кымньыылатыахпыт диэн кэлбэтэхтэр. Онтон төбүрүөннээн олорор дьон ыhыах оонньуута аhыллыар диэри ол-бу үлэ-хамнас, от-бурдук, олох-дьаhах, дьыл хаамыытын туhунан кэпсэтэ олорбуттара.

– Быйыл биhиэхэ іймөкөөннөргө кыhыммыт сымнаҕас буолла, онон сайын итии күннэри кытары, кэмигэр ардыаҕа, өҥ дьыл буолара билиннэ дии, от-мас үүнэн силигилээн эрэр, – диэтэ маҥан былаатынан төбөтүн тууна бааммыт, сирэйин күн уота быһыта сиэбит аарыма кырдьаҕас Түмэппий оҕонньор бырдахтан дэйбииринэн сапсына олорон.

– Ээ, буолуо, от үүнүүтэ ханна да куhаҕана суохха дылы. Онтон дьыл кэлиитэ хайдах буолуой?

– Хата ол оннугар күhүн саҕаланыыта ардаҕа суох буолуоҕа, эрдэ соҕус хаhыҥныан сөп, оччотугар от-мас эрдэ хагдарыйыа. Онтон балаҕан ыйын ортотугар хаардаан кэбиhиэн сөп, онтубут сыыйа урукку сыллар курдук ууллубакка салгыы кыстык хаарынан солбуллуон сөп, оччотугар кыстыкпытыгар эрдэ бэлэмнэниэхпитин наада.

Дьэ бары бэлэмнэнии үмүрµйбүтүн, дьон-сэргэ балачча кэлбитин кэннэ, СордоІноохтон сылдьар алгысчыт Атастыырап былыргы сиэри-туому толорон, үгэс быhыытынан аал уоту, дойду, от-мас иччилэрин аhатан, үөрµйэх тылынан алҕаан баран уhун уктаах удьаа хамыйаҕынан арыылаах кымыhы баhан ыла-ыла: «Улуу тунах, уруй-айхал!» – дии-дии халлааҥҥа кириэстии ыhан күндээриппитэ. Онтон ыhыах көрө-оонньуута саҕаланан, быhыйдар сырсан, бөҕөстөр тустан көр-нар бөҕөтө буолар. Этэргэ дылы, Айыы чалбараІ быстар сыа, бастар арыы түhүлгэлээх оонньуу көҕүтүhүүлээҕэ буолар.

Ити кэмҥэ оонньууну-көҕү тэрийээччи эрдэ бэлэмнээбит үс үөстээх доро кыл көнтөhү туппутунан түhүлгэни эргийэ хаамар.

– Хайа, доҕоттоор, быа тардыhыытын күрэхтэhиитин саҕалыыбыт, онон нэhилиэктэринэн кыахтаах, эрчимнээх бөҕөстөргүтүн сүүмэрдээҥҥит чугаhатыҥ. Билиҥҥитинэн алта быа тардыhааччы аата-суола билиннэ. Өссө эбии дьону сүүмэрдиибит. Бэлэхпит үчүгэй буолуоҕа.

– Оо, дьэ, биhиги µчүгэйдэртэн икки уолу эбии киллэрэбит, – Күүстээх Куруомап уонна Дайыыла Мөлөкүүрэп диэннэр, – ким эрэ үөгүлээн биллэрэр.

– Сөп-сөп, өссө Биэрэк Үрдүттэн саатар биир-икки киhи наада. Биэрэктэр урукку өттүгэр өрүү көхтөөх буолааччылар.

– Чэ, оччоҕо бырааттыы Сиипсэптэри суруйуҥ, киирсиэхтэрэ.

– Оттон іймөкөөннөртөн Өндөрөй Дьөгүөрэби киллэриҥ, – хайа эрэ торуоскалаах доҕолоҥ оҕонньор тэрийээччилэргэ чугаhыыр, сүбэлэhэр.

– Оо, дьэ бэрт, уопсайа уон икки киhи киирсэр буолла. Сөп буолуо. Сотору күрэхпитин саҕалыыбыт, билигин сэрэбиэй оонньотобут.

– Дьэ, доҕоттоор, чугаhааҥ эрэ. Бастакынан сэрэбиэй тардыытын быhыытынан Күүстээх Дьөгүөссэ уонна Хаамыска Бүөтүр хапсыhаллар.

Онуоха Күүстээх Дьөгүөссэ ыІыралларын кэтэспэккэ хааман түөhүллэҥнээн кэлэн лаглас гына олоро түhэр. Анараа киhи тутан олорор быатын хаба тардан ылан баран эрчимнээх илиитинэн эрийэ тутар уонна чинэрис гынан түллэн ылар. Утарылаhааччыта Хаамыска икки илиитин холбуурун кытта тэрийээччи киhи «чэ» диэн хамаанда биэрэр. Сонно тута икки өттүттэн кытаанах чиччигинэhии буолар, иҥиир тыаһа лаґыгырыыр. Көрөн турааччылар маҥнай суугунаhыах курдук буолан иhэн ах бараллар, ким эрэ «кытаат-кытаат», «тулуй-тулуй» диэн истэриттэн ыган таhаараллар. Тэбинэр мастара икки күүстээхтэр бүгүллэҥнээн хамсааhыннарыттан оннуттан сыҕарыйбытын тутан олорооччулар кыайбакка ынчыктаhаллар. Ол кэмҥэ Хаамыскалара кытарбыт сирэйэ ыгыллан, устунан муннун анныттан хаан быгыалаабытын дьон көрөн: «ТохтотуІ-тохтотуҥ, киhигит хаана барда», – диэн тохтотон, кыайыыны Күүстээх Дьөгүөссэҕэ быһа биэрэллэр. Салгыы Дьөгүөссэ барыларын кыайан бастаан тахсар.

Ити кэнниттэн атах оонньуута саҕаланар. Аан бастаан кылыйсыы, онтон ыстаҥа, куобах оонньуулара ыытыллар. Онно үксүгэр Томтор уолаттара күннээтилэр, үс аҥаардыы ыллар хаамыылаах уон биир туоска Куола Мөлөкүүрэп, Бэһэл Дьөгүөрэп уонна Уйбаан Ностуруойап утуу-субуу миэстэлэргэ тиксэн сыалаах мүһэ тутан үөрдүлэр-көттүлэр. Ити кэнниттэн хапсаҕайдаһан тустуу саҕаланар. Онуоха хотторбут бөҕөс туораан иһэр буолан, күрэхтэһии бэрт судургутук, улахан мөккүөрэ суох баран истэ. Уолаттар курданалларыгар диэри сыгынньах, сыалдьалаах сылдьан араас хамсаныыларын албастаһан охторсоллор. Арай Үчүгэй тустууга Куруомап Сордоҥноох уолун Халдьыа Хаабыһабы тарбахтарыттан ылан сыһыары тардаат, моонньун холуоккалаан ыксатар, онтон сыалдьатын бүүрүгүттэн харбаан бүдүрүтэн сири булларар. Кэмниэ-кэнэҕэс икки бөҕөс – Өймөкөөнтөн Көөскө, Тарыҥтан Сэмэнньэ хаалаллар. Дьэ, кырдьык да иккиэн быһыы-таһаа чахчы мааны уолаттара буолан ыһыах дьонун болҕомтотун тартылар. Арай Сордоҥноохтон сылдьар Миитэрэй Дээгилэп уонна Үчүгэйтэн кэлбит Дайыыла Баайыһап ким кыайыаҕар мөккүһэн сакалааттаһан турдулар.

– Чэ, мин Сэмэнньэни ылабын, дабаай уксуохха.

– Кырдьык этэҕин дуо? Мин Көөскө диэки буолабын, холоон кыайыаҥ, – диэн кыһытыһа турдулар.

– Сөп, чэ, оччоҕо ким кыайбыт үстүү тииҥ тириитигэр киирсиэххэ, – Дайыыла булчут киһи эрэмньилээхтик этинэр.

– Чэ, сөп, сөбүлэһэбит, – Миитэрэй киһитин илиитин ыга тутар уонна хайалара эрэ аттыгар турарыгар быстарар.

Сотору хапсыһыы саҕаланар да, уолаттар тэбис-тэҥҥэ эрийсэллэр, иҥиирдэрин тыаһа лаһырҕаан олорор. Ону көрөн Дайыыла:

– Оо, дьэ, тэгил сиртэн тэҥнээхтэр көрсүспүттэр да, мин Сэмэнньэм арыый күүһүнэн баһыйарга дылы. Кытаат-кытаат!

Итини истибиккэ дылы Сэмэнньэ харса суох кимэр, онтон аллараттан кууһан ылаат, түөһүнэн көтөҕөн таһаарар да, уола халбарыс гынан мүччү көтөр. Онуоха тарыҥнартан ким эрэ:

– Дьэ, хаарыан уолбутун кыайаары гынна-аа! Кытаат! Ити Көөскө бэйэ ыккардыгар биирдэ эмэ туһуннахпытына халбархайа бэрт буолан тулутааччыта суох. Дьиҥэ туруору күүһүнэн киһи киирсэр киһитэ, ол гынан баран сылбырҕата, түргэнэ бэрт буолан хайдах охтубуккун соһуйан эрэ хаалаҕын. Дьэ, дьикти тустуук! Арай букатын кыараҕас сиргэ-уокка киһи хам тутан охторуо эбитэ буолуо, – Өймөкөөнтөн сылдьааччы Өрөкүй Миисэ Көөскөнү хайгыы турда.

– Оннук курдук эбит, билигин даҕаны киһитигэр таба туттарбат, хаста да атахха тэбэн чуут охторо сыста. Дьэ, хайаһаллар эбит, көрүөхпүт, – аттыгар турар тайахтаах оҕонньор ньолос гына-гына сыыбырҕаата, – былыр баар этэ күүстээх бэйэлээхтэр, олор тустууларыгар тиийиэхтэрэ дуо?

– Бэйи, оҕонньоор, наар былыргыны эрэ кэлтэй хайгыы турума. Бу уолаттарыҥ да тэтиэнэх дьон, мээнэ киһи тэҥнэспэт бөтөстөрө, көрөөр дьэ. Кыратык тулуйа түс ээ.

Онтон Көөскө төһө да аҕылаатар, синим биир диэбиттии, киһитигэр кимэн киирэр уонна ньилбэгэр «тас» гына охсон баран умса садьыйбыта, киһитэ бүдүрүйэн хара буорга тайана түһэр.

– Ураа! – іймөкөөннөр уоллара кыайан уруйдуу турдулар. Бары эргийэ сылдьан эҕэрдэлээн илиитин көтөҕөллөр, саннын таптайаллар, кууһан ылаллар.

Ыкса киэһэ ат сүүрдүүтэ буолла. Манна эмиэ улахан хатыһыы суох буолла. Уруккуттан сүүрүк аттардаах Тарыҥ Үрэх сылгыһыттара кыайыы өрөгөйүн туттулар. Аҕыйах ат Орто Алыыттан бэркэ илин-кэлин түһүстүлэр. Тэрийээччилэр кыайбыттарга араас бириистэри туттартаатылар. Адьас ыраах сиргэ сүүрдүүгэ бастаабыттар ыҥыырга, ат иҥэһэтигэр, кымньыытыгар тиийэ бэлэх-туһах тутаннар үөрдүлэр-көттүлэр, сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ. Эһиил дьэ эмиэ киирсиэхпит онно көрсүһүөхпүт дэһэн араҕыстылар.

Дьэ, онон ыһыах түмүктээһинигэр элбэх үтүө тыллар этиллэннэр, ордук кыайыы көтөлүн билбиттэр үөрэ-көтө сыыйа-баайа тарҕаһан барбыттара. Ол кэннэ ким сөбүлүүр саха таптыыр оһуохайыгар киирэн үҥкүүлээн эргийбиттэрэ. Онно үксэ кыргыттар, уолаттар үҥкүү тылын этээччи таһыттан саҕалаан тоҕонох-тоҕонохторуттар ылсыһан элбээтэр элбээн, төгүрүччү туран, оргууй аҕай атахтарын иһирдьэ-таһырдьа үктүү-үктүү эргийэ баран испиттэрэ. Оттон үҥкүү тылын таһаарааччы Ырыаһыт Атылааһап кылгастык аҕыйахтыы тылынан ыллаан биэрэрин атыттар бары үтүктэн испиттэрэ:

Оһуо-оһуо оһуокай. Эһиэ-эһиэ эһиэкэй,

Чэйиҥ эрэ, кыргыттар,

Оонньуур-күлэр уолаттар,

Көбүөр күөххэ үктэнэн

Көрү-нары тардыаҕыҥ.

Илиилэртэн сиэттиһэн

Эгэй-тэгэй үктээммит,

Эллэй эһэбит саҕаттан

Этиллибит оһуохайы,

Эргийэ хаама сылдьаммыт

Этэн-тыынан биэриэҕиҥ,

Оһуо-оһуо оһуокай.

Эһиэ-эһиэ эһиэкэй!


Сотору киэһэрэн сайыҥҥы аламай күн сыыйа намтаатар-намтаан, арҕаа күөх хайалар кэтэхтэригэр саспыта. Ону кытта тута кэриэтэ сөрүүн салгыннаах нуурал киэһэ киэҥ тоҕойу иилии кууспута. Арай түүн хойукка диэри оһуокай ырыата тохтоон ыла-ыла өр да өр дьиэрэйбитэ. Индигиир эбэ хотун ону истибиттии сороҕор бытаарбыттыы, ардыгар тиэтэйбиттии тус хоту диэки туһулаан үйэлэргэ устан сүүрүгүрэ сыппыта.

Атыыһыт Кырбаһааҥкын

Подняться наверх