Читать книгу Атыыһыт Кырбаһааҥкын - - Страница 4

Охуотскайга сындалҕаннаах айан

Оглавление

Ньукулай атыыһыт сыл аайы кэриэтэ олохтоохтортон хомуйар булдун, күндү түүлээҕин сайын саҕаланыыта Дьокуускайга киллэрэн үс-түөрт улахан баайдар нөҥүө батаран баран сүүсчэкэ көтөл аттарынан хас биирдилэригэр алталыы буут таһаҕаһы ындыылаан Өймөкөөн булчуттарыгар, табаһыттарыгар нэһилиэнньэ туттар табаардарын аҕалар. Ол иһигэр саа (бэрдээҥки), саа сэбэ (буорах, бөстүөн), ботуруон. Сибиниэһэ үстүү бууттаах, хардаҕас курдук быһыылаах балбаанканы ат икки өттүгэр ыҥыырдыллар. Кирпииччэ (дьуола) чэй биир киппэҕэ 48 устуука киирэр, эмиэ үстүү бууттаах киппэ, ат икки өттүгэр ыҥыырдаллар. Итини таһынан билээгэлээх арыгы, табах, саахар, үрүҥ бурдук (курупчаакы), арсыынай таҥас арааһа: даба, сиидэс, билиис, солко уо.д.а. бааллар.

Онтон кыһынын үксүгэр кини эмиэ итинник күндү түүлээҕин хомуйан ыраах Охуотскай муора биэрэгэр турар Айаан диэн кэлии-барыы, атыы-тутуу тэнийбит дойдутугар тиийэн батарар. Дьокуускайга айаныгар тыһыынчаттан тахса биэрэстэни үксүн атынан саас, күһүн сылдьар эбит буоллаҕына, Айаанҥа диэри алта сүүсчэкэ биэрэстэни үксүгэр күһүөрү кыһын таба көтөлүнэн айанныыр. Бу эмиэ олус кутталлаах, наар адаар таас хайаларынан тулалаабыт айан суолугар дэбигис киһи санамматын ыарахан олохтоох, тулуурдах табаһыт эбээннэри кытта уонунан сылларга алтыһан, доҕордоһон эрэ кыайа туппута. Ол курдук былыр-былыргыттан таба иитиитинэн дьарыктанар эбээннэр Өймөкөөн сиригэр Үчүгэй уонна Сордоҥноох нэһилиэктэринэн киэҥник тэнийэн олороллор. Ордук чуолаан Үчүгэй, Күбэмэ, Аҕыйакаан, Орто Балаҕан, Кураанах Салаа диэн миэстэлэринэн балайда элбэх табалардаах ыстаадалар бааллар. Бу олус дьоҕурдаах, табаларын батыһан өрүү сиртэн сиргэ көһө сылдьан иитэр хоһуун дьонноох норуоту кытта Ньукулай үчүгэйдик доҕордоспута, кинилэр астарын-таҥастарын тэриниилэригэр, ордук сааларын-сэптэрин булуналларыгар атыыһыт бэрт элбэх сыратын-сылбатын уурбута. Өрүү көмөлөһөр, ылсар-бэрсэр буолан, кини тыһыынча кэриҥэ кэтэх табаны ииттэрэр, онтунан ыраах айанныырыгар солбук табалардаан отучча, ардыгар түөрт уонча көтөлүнэн адьас эрэллээх, кыайыгас-хотугас табаһыт уолаттары илдьэ барар.

Онуоха хата биир улахан өйөбүлүнэн бу Өймөкөөнтөн тиийэн Охуотскай биэрэгэр олохсуйбут эбээннэр уонна сахалар бааллара буолар. Манна Оротук уонна Сэйимчээн диэн нэһилиэктэргэ хас биирдиилэригэр иккилии сүүстэн тахсалыы киһи олохсуйан олорор. Кинилэр хас эмэ көлүөнэ ыччаттар үөскээбиттэриттэн сэрэйдэххэ онно тиийбиттэрэ сүүһүнэн сыл анараа өттүгэр быһыылаахтар. Ону түөлбэлээн олорбут сирдэрин ааттара да туоһулуур: Саҥа Толоон, Бөрөлөөх, Тэҥкэ, Сордоҥноох, Эмтэгэй, Буор Ылбыт, Луоскалаах, Адаҕалаах, Сэйимчээн, Тааскаан, о.д.а. Онон Кырбаһааҥкыннаах атыыһыттыы тиийдэхтэринэ ол биир дойдулаахтарын быһа ааспаттар, кинилэргэ ырбыт табаларын солбуһуннаран, сынньатан, таһаҕастарын уурдаран, хонон-өрөөн ыалдьыттаан ааһаллар. Анараалар да дойду сириттэн кэлбит доҕотторун, аймахтарын туох баалларынан-суохтарынан көрсөн ыалдьыттатан, аһатан-сиэтэн, сынньатан атаараллар.

Ньукулай атыыһыт табаһыттар сыралаах үлэлэрин өрүү сыаналыыр буолан дьонун кытта сөптөөҕүнэн көрөн төлөһөр. Итиниэхэ кини Охуотскайга айанныырыгар Сордоҥноох табаһыттарыгар көрдөрөн туруорар табаларын өрүү кэтээн көрөр, кэмиттэн кэмигэр хонтуруоллаан кини көлө табаларын туруктаах илдьэ сылдьалларын ирдиир. Тоҕо диэтэххэ үчүгэй көлө табанан айанныыр букатын ураты туругу үөскэтэр. Онуоха эбии хас эмэ уонунан күн уһун сыралаах айан кутталлаах, сылаалаах, эрэй эҥээрдээх буолар. Аны итиниэхэ сөптөөх табаһыт баара ирдэнэр, оҕонньору кытта ыраах айаҥҥа ордук тулуурдаах, туохтан да толлубат, ыарахаттартан чаҕыйбат киһи наада. Оннук удьуор табаһыттар Баайыһаптар, Громовтар, Голиковтар буолаллар. Үчүгэй табаһыт айанныан иннинэ элбэх тэрээһини көрсөр, ол мал-сал наардааһына, быа-туһах, сыарҕа булунуута, онтон да атын айаҥҥа илдьэ сылдьар кэтэр таҥас, сиргэ хонор тэрил, туттар сэп-сэбиргэл сөптөөҕүнэн баара наада.

Аны элбэх табаттан көлө табатын сүүмэрдээн талан ылыы туспа сатабыл, ону илдьэ сылдьан айаҥҥа үөрэтиэххэ наада. Онуоха кини туйаҕа, түөһэ, сиһэ, илин өттүн сайдыыта барыта ыйааһынҥа турар. Үчүгэй көлө таба табаһыты аатырдар. Сордоҥноох табаһыттара бары да кыраҕы харахтаах, сүрэхтэринэн таайан көлө табаларын таба талан сүүмэрдээн ылар сэдэх үгэстээхтэринэн сураҕыраллар. Ол да иһин Кырбаһааҥкын бу уонунан сылларга кинилэри кытта бодорустаҕа, доҕордостоҕо дии. Кинилэргэ эрэнэн бэйэтигэр ааҕыллар табаларын ахсаанын тыһыынчаҕа тиэртэҕэ. Ити туһугар улахан ситиһии!

Тарыҥ Үрэххэ сэтинньи ый саҕаланан, тымныы обургу кэмэ-кэрдиитэ кэлэн, хам ыллар-ылан истэ. Үрэхтэр, күөллэр халыҥ мууска хам ылларан, тунал хаарынан бүрүллэн сири-хонууну кытта силбэһэн хааллылар. Хоту дойду олохтоохторугар сүөһүлэрин, сылгыларын энчирэппэккэ иитэр түбүк-садьык күннэтэ элбээн истэ. От-мас тиэйиитэ, сүөһүнү аһатыы, уулатыы, ол иһигэр эдэр ынахтары ыан күөрчэх, суорат, чэй үүтүн туомун оҥостуу курдук кытаахтаһар кэм кэлбитигэр дьиэлээхтэр бука бары түбүгүрэллэр. Ньукулай Даарыйата дьаһаллаах, тэрээһиннээх дьахтар буолан дьиэтигэр-уотугар соччо түбүгүрбэт. Кини сүөһүтүн-аһын көрөр үлэһиттэрин барыларын сөптөөҕүнэн көрөн, аттаран туруорар. Дьэ ол иһин Ньукулай быйыл эмиэ Охуотскайдыыр санаата күнүс-түүн батарбакка мускуйар. Онон быйыл айаҥҥа илдьэр дьонун, табаларын, таһаҕастарын ааҕа-суоттуу, ыйааһынныы сылдьар. Кылаабынайа төһө-хачча түүлээҕи илдьэ барыахтааҕын ампаарыттан киллэрэн ааҕан-суоттаан, бэрэмэдэйдэргэ хаалаталаан бэлэмнэтэлээн сытыарар.

Аара аһыылларыгар анаан анал матааччахтарга быйыт, тэгили уонна бил балыктартан хатарыллан оҥоһуллубут дьуухаланы ыллылар. Онуоха эбэн хачымаас диэн балыктан хатарыллыбыт, өр кэмҥэ илдьэ сылдьарга табыгастаах ыһыгы угуннулар, онтуларын аара аччыктаатахтарына, эбэтэр хонуктарыгар хобордооххо ыһаарылаатахтарына сибиэһэй балык курдук тиллэн кэлэр, олус тотоойу буолар. Аны биир олус минньигэс, мааны астарынан буосса буолар, маны айанньыттар таптаан илдьэ сылдьааччылар. Тарыҥ Үрэххэ саас аайы өрүстэр, үрэхтэр халааннаан тахсан чугастааҕы күөллэри толороллор, онно кыра балык тахсан күөл былыыгынан аһаан уойар. Дьэ оччотугар балыксыттар сыа балыгы (ньоҕору), майаҕаһы анаан-минээн бултаан ууттан таһаараат буһаран, хоргунун баһан ылан тууйастарга туспа мунньаллар. Оттон этин маска тиирэн баран күн уотугар хатаран буосса диэн ас оҥороллор. Айаҥҥа бардахтарына буоссаны тирии халаабыска, эбэтэр матаҕаҕа кутан илдьэ сылдьаллар уонна миин курдук хобордооххо сылытан баран минньигэстик тото-хана аһыыллар. Ити астары Ньукулай тэрийэн, кэргэнэ үтүө Даарыйа кэтэбилинэн астаан-үөллээн, хаһаанан, ыраах айаҥҥа туһаналлар. Ити астар үксүлэрэ бу Өймөкөөн, Халыма диэки туһаныллаллар. Аны іссө ыраах айанньыттарга сибиэһэй амтаннаах аһылыгынан тайах, таба кыыллар хатарыллыбыт эттэрэ буолаллар. Манныгы булчуттарга, табаһыттарга этэн бэлэмнэттэрэллэр. Онуоха булду уҥуоҕуттан арааран баран этин оргуйа турар ууга уган хаҕылыйыар диэри тас өттүн буһаран ылаллар, оччотугар иһэ сиикэй сылдьар. Ол кэннэ анал тимир эрэһээҥки үрдүгэр ууран баран анныгар уот оттон, ыйааһынын чэпчэтэн хатаран баран дьиэҕэ аҕалан сөрүүн ампаарга ыйаан айаҥҥа бэрэмэдэйгэ уга сылдьан наадата кэллэҕинэ буһардахтарына адьас сибиэһэй, минньигэс амтаннаах, тотоойу буолар.

Биир үтүө күн Ньукулай Массакыны кытта Сордоҥнооххо тиийэн Сэмэннээйи Атылааһабы, Бүөтүччэ Мөлөкүүрэби, Сэмэнньэ Куруомабы илдьэ түөрт уонтан тахса көтөл табалары ньуоҕулаан, ыраах Охуотскайга аттаннылар. Сүрүн сирдьиттэрэ Сэмэнньэ ханнык да бэйэлээх ыарахан түгэҥҥэ киэҥ-холку, миҥэлэрэ үксэ киниэхэ айааһаммыт уучахтар. Бу көтөл табалар бөдөҥнөрө, күүстэрэ-уохтара олус µчµгэй. Өймөкөөн табалара, биирдэ баран эттэххэ, туундара табатынааҕар быдан үрдүктэр, кыахтаахтар. Барахсаттар харахтара бүлтэһэн, сааллара туолан, самыылара төгүрүһэн төһө баҕарар айанныах курдуктар, – дии саныы турда Кырбаһааҥкын бааллан турар табаларын имэрийтэлээн ыла-ыла, – сотору бу табалар барахсаттар бытархан тымныыны баардаабакка үрэхтэри, өрүстэри батан, таас хайалары уҥуордаталаан инньэ сүүрбэччэ күн айаннаан Охуотскай муораҕа элэҥнэтэн тиийиэхтэрэ турдаҕа…

– Чэ, доҕоттоор, айанныаҕыІ! – диэбитинэн Сэмэнньэ бастаан баран Куйдуһун үрэх сымнаҕас хаарын күдээритэ ыһан тус илин диэки хайысханы тутуста, атыттар кинини батыстылар. Үрэх икки эҥээринэн эҥсиллэн, хоҥкунаан, хоболор тыастара ыраахха тиийэн симэлийэ сүппүттэрэ. Ньукулайы ортоку балайда бөҕө-таҕа, сиэдэрэйдиҥи соҕус оҥоһуулаах наартаҕа олордубуттара. Өр-өтөр буолбакка табалар тамайа сиэлбиттэрэ, тымныы салгыҥҥа кинилэр итии тыыннара үрүҥ буруо буолан бургучуйан хаалбыттара.

Ньукулай табалар түргэн айаннарыгар бигэтэн анал оҥоһулаах наарта кэлин биттэҕэр өйөнөн муннун анныгар ыллаан кигинэйэ истэ:

… Сиэрэй солко сэбирдэхтээх

Хатыҥ мас хадьааһыннаах,

Буурай солко мутукчалаах

Тиит мас дьиппиэһиннээх.

Тыһы кырынаас кыраһалаах,

Атыыр солоІдо тобурахтаах,

Хардаҥ эһэ харабыллаах,

Сур бөрө толлумтуолаах.

Кымыс арыыта кыдьымахтаах,

Хайа арыыта халҕаһалаах,

Сүөгэй арыыта сүүрүктээх

Үс үөстээх Өймөкөөн үрэх дуо?


Дьэ ити курдук атыыһыт айаннаатаҕын аайы иэйиитэ киирэр, дууһата ыллыыр. Баҕар ол иһин да буолуо, дойдутугар биир сиргэ уһуннук тулуйан-тэһийэн олорбот, кыһын-саас атыытын-тутуутун санаан маннык ыраах айаҥҥа турунар. Аны кэлин сааһырдаҕын ахсын таҥара диэтин аттынан аастаҕына хайаан да таҥара сулууспатын көрөн, араас сиэдэрэй ханастааска олорор таҥара мэтириэттэригэр сүгүрүйэн үҥэн-сүктэн, кириэстэнэн, былаҕастабыы охсунан тахсар. Онтон айаннаан иһэн маннык ыраастанар итэҕэл дьиэтин дойдутугар Өймөкөөҥҥө туттарар санаа иитийиэхтэммитэ.

Бу этиэхтэн кэрэ айылҕалаах дойдутун ахсаана биллибэт кэрэ үрэхтэриттэн биирдэстэрэ Куйдуһун Индигиир эбэҕэ кутуллан киирэр, икки өттүнэн намыһах эниэлэрдээх, балай да көнө хонуулардаах, тула иинэҕэс хатыҥ маһы кытта тиит мас эркээйилээх, сорох сирдэринэн туруук таас хайалардаах, хойуу талах бөлкөйдөнө үүммүт хочолордоох. Куйдуһун ити курдук кыыл-сүөл таптаан үөскүүр, киһи-сүөһү олохсуйбут сирэ. Сотору айанньыттар уруккуттан хонон ааһар балыксыттар үүтээннэригэр тиийэн, бэлэм сылаас дьиэҕэ-уокка киирэн аһыы охсон утуйардыы оҥоһуннулар. Бу манна сайын бырааттыы Мөлөкүүрэптэр балыктаан сайылыыр сирдэрэ, таарыйа аҕыйах сылгыларыгар, сүөһүлэригэр оттууллар. Уолаттар табаларын ыытан баран утуйуохтарын иннинэ ону-маны сэһэргэһэллэр.

– Оо, дьэ, былыр-былыргыттан манан төһөлөөх айанньыт илин, соҕуруу субуспута буолуой? – диир Массакы аан аттыгар сытан, – күндү түүлээҕи сонордооччулар барахсаттар хонон-өрөөн аастахтара.

– Дьэ, кырдьык, балай да байанайдаах дойду, ордук эриэхэлээх сылга саарба уонна тииҥ дэлэйээччи, оччоҕо булчуттар күннүүллэр, – оҕонньор улаҕаттан хардарар.

– Ньукулаай, дьиҥинэн, булчут үлэтэ наһаа ыарахан ээ. Кини кыһыҥҥы хаар куйаарга, хабараан буурҕаҕа тоҥору-аччыктыыры аахсыбакка туран сыралаһар. Онон кинилэр түүлээхтэрин үрдүк сыанаҕа тутан, төлөбүрүгэр араас сэби-сэбиргэли, аһы-таҥаһы үгүөрү аҕаларгын истэн үөрэбит, – Бүөтүччэ сөҥ саҥата иһиллэр, – онон сордоҥноохтор да, µчүгэйдэр да абыраналлар.

– Ээ, булчут эрэйин сыаналыы сатыыбыт, сөптөөҕүнэн көрөн мэнэйдэһэбит, билиҥҥитэ ол дьон баттаммыт курдук санамматтар.

– Ол кырдьык.

– Аны кинилэргэ биир кыһалҕа баар, ыты эбэтэр табаны булка сырытыннарааччылар. Онтулара итэҕэстээх буолааччы. Ыт көлө биир үчүгэйдээх, бэйэҕиттэн хаһан да араарбаккын, хонук сиргэр аҕаллаххына баайан кэбиһэҕин, сарсыарда ыллыҥ да айанныыгын. Ол гынан баран ыт айаҕа олус киэҥ, сууккаҕа икки киилэ балыгы сиир, оччотугар уонча ыттаах буоллаххына сүүрбэччэ киилэ балык наада. Көстөрүн курдук ороскуота элбэх, онон биһиги Өймөкөөн курдук дойдуга ити барбат ньыма.

– Сөпкө этэҕин, ол иһин биһиэхэ табанан бултуур быдан ордук буоллаҕа дии, – Массакы быһа түһэр.

– Кырдьык таба биирдэ санаатахха барыстаах курдук гынан баран, онтугун сарсыарда аайы сылгылыыргар бириэмэҥ барар. Аны сороҕор бөрө кыйдаан кэбистэҕинэ, олох да мэлийиэххин сөп. Эбэтэр буурҕа түстэҕинэ, таба наар тыалы утары барар үгэстээх, онон ыраатан сылайан хаалар. Ол да гыннар, биһиэхэ табаны булка илдьэ сылдьарга көдьүүстээх, – Сэмэнньэ мындыр табаһыт бигэргэтэр.

– Онуоха эбии булт сэбэ-сэбиргэлэ кыратык да буоллар тубуста ээ.

– Оннук буолуон сөп. Кэлин сылларга хапкаанынан бултааһын син балайда тэнийдэ дии. Урут мас чааркаанынан төһө өнүйүөҥүй? Хата Охуотскайтан аҕалбыт хапкааннарбыт син балайда көдьүүстээхтэрин көрдөрдүлэр, мас чааркааннар алдьанар буолан үйэлэрэ кылгас.

– Дьэ кырдьык, хапкаан обургу абыраата, – Бүөтүччэ булчут киһи сиэринэн астынар.

– Үс сыллааҕыта биэс сүүс хапкааны аҕалан тарҕаппыппыт. Быйыл табылыннаҕына биир тыһыынчаны аҕалыахтаахпыт. Оччоҕо кырсаҕа, саһылга тииһиниэх этибит. Тимир хапкаан таһаҕаһыгар аҕаларга ыарахан буолааччы. Аны онно эбии саахарбыт, тууспут, кэнсиэрбэлэрбит, саа-сэбэ сэбиргэлэ, чүмэчи, таҥас сап барыта наадалаахтар. – Ньукулай уолаттарын үөрэтэрдии такайан саҥарар.

– Дьэ, Сэмэнньээ, онтон эн тииҥ элбэхтик эбэтэр аҕыйахтык үөскүөхтээҕин хайдах чопчу быһаараҕыный? – Массакы мындыр табаһыттан элбэҕи билэн хаалаары туоһулаһар.

– һэ-һэ, онтун букатын судургу, – оҕонньор мүчүк гынна, үөһэ тыынна, – сорох саас тииҥ иссэр кэмигэр суола-ииһэ сүтэн, мэлийэн хаалар. Оччоҕо ол сыл кини аанньа төрөөбөт, олох аҕыйах буолар. Оттон сорох дьыл саас иссэр кэмэ кэллэ даҕаны, биэстии-алталыы буолан, бөлөхтөөн, күргүөмүнэн сүүрэр, суол-иис хойдор. Үөһээ-аллараа сүүрэкэлээн мас хатырыгын үгүстүк алдьатар, оччотугар күһүн тииҥ олус хойуутук үөскүүр. Оччоҕо дьэ күннүөххэ, бултуйуохха сөп.

– Оо, кырдьык судургу курдук эбит.

– Судургу-судургу, болҕомтолоох эрэ буолуохха наада, өрүү айанныы, кэлэ-бара айылҕаны көрө-истэ, чинчийэ эрэ сылдьыахха наада, – табаһыт сылаанньыйбыт куолаһынан унаарытар.

– Сэмэнньээ, оттон хайдах таҥастыылларый?

– Дьэ, тукаам, түүлээҕи таҥастааһыҥҥа болҕомтону уурар буол. Чэ, холобур тииҥи өлөрөн баран сүгэһэргэ укпакка эрэ курга баайан иилинэ сылдьыллыахтаах. Кини үчүгэйдик бөһүйбүтүн эрэ кэннэ, ону даҕаны кутуругун сиһигэр уһаты тутан баран сүгэһэргэ уктуохха сөп. Сүлэргэр кэннин хайытан баран ньылбы тардан сүлүллэр. Илин атахтарын тыһын хайыппакка эрэ уһулу тардан ылыллар уонна тыҥырахтарын төрдүнэн быһыллар. Тириини өҥүн тас өттүгэр гынан мөкүнүк маска тиириллэр. Сиппит тииҥ кулгааҕын кытыытынааҕы уһун түүлэр ситэн баран кэннилэрин диэки токуруччу түспүт буоллахтарына, ол аата тииҥ сиппит диэххэ сөп. Оччоҕо сыаната үрдүк буолар.

– Оо, дьэ, барытын мындырдаан да иҥэн-тоҥон таҥастыыр эбиккин дии?! – уол эмиэ сөхпүтүн биллэрэр.

– Оттон инньэ эрэ гыннаххына түүлээҕиІ сыаната үрдүүр, эрэйиҥ балайда тиллэр. Аны кырынааска тириитин хайыппакка эрэ айаҕыттан чулкулуу сүлүллэр. Маныаха төбөтүн сүлүүгэ сэрэниэххэ наада. Атахтарын, тыстарын эмиэ ньылбы тардан сүлүллэр, онуоха тарбахтарын уҥуоҕун тыстарын кытта ыыталлар. Аны сорох булчуттар кулгаах өҥүргэһин умнан кэбиһэн ылбаттар, ону хайаан да ылаҕын. Тирии сыатын уонна субатын ыраастаан баран, дэхси ньуурдаах холбоҕор хаптаһын киэпкэ тиириллэр. Дьэ, ити, – оҕонньор хамсатыгар табах уурунар.

– Оттон, арба эйиигин кырынааһы бултуурга хапкаанынан бултааһын ньыматын кыайа тутар дииллэр.

– Ээ, оттон эдэр эрдэхпиттэн эриллэн үөрэннэҕим дии, онтуІ эмиэ дьиҥинэн судургу, мындырдыахха эрэ наада.

– Дьэ, ол хайдах мындырдыыгын?

– Үгүстэр хапкааны кырынааска хаптаччы иитээт да салгыы ааһаллар, онтукалара халтай эстэн хаалааччы. Мин хапкаан тылын төгүрүгүн баттаабат дугатын туруору, тыллаах дугатын эрэ сытыары гынабын, оччотугар кырынаас «тэриэлкэҕэ» ууруллубут мэҥиэни сиэри, кылыыны эһэр, биилиттэн хаптарар. Бүттэҕэ ол.

– Тыый, бэркэ да толкуйдаабыккын! Оччотугар кырынаас ханна бараахтыай, тириитэ да алдьаммат ини?

– Суох-суох. Хата саһылы бултаһар олус уустук. Онуоха хапкааны суолун алдьаппакка эрэ, туораттан хаар аннынан хаһан киирэн, хаардаах суолун бааһырдыбакка эрэ уурар сөп. Кини чопчу сылдьыбыт суолунан сылдьааччы, дьэ оччоҕуна киирэн биэрээччи, һэ-һэ, – оҕонньор утуйардыы тыыллаҥнаан ылла.

– Дьэ, дьиктини кэпсээтиҥ.

– Кэпсээтэххэ араас сэкириэт элбэх буолааччы. Эһиги хапкааны элбэҕи аҕалаарыҥ эрэ.

– Оттон төннөрбүтүгэр төһө кыайарбытынан таһаҕастаах кэлиэх этибит, иэс-күүс, араас сакаас да элбэх. Көстөн иһэр ини, – Массакы уута кэлэн унаарытан саҥарар, – айуу-айа, түүн ыраатта.

Сотору үүтээн иһэ чуумпурар, сылайа быһыытыйбыт айанньыттар түлүк ууларыгар утуйаллар.

– Турууҥ, туруҥ, туруҥ! – сарсыарда эрдэ Ньукулай оҕонньор уолаттарын уһугуннартаата. – Халлаан сырдаабыт. Чугастааҕы хайа үрдүнэн саһарҕа кыыһан ырааппыт, бүгүн айанныыр сирбит да ыраах, тыал-куус амаҕа дылы, онон табаларбытын тутан айан суолун тутуһуоххайыҥ, сир ылан хаалыахха наада. Бүгүн төрдүс күммүт үүннэ.

– Уу, дьэ, кытаанахтык утуйбуппун дии, бэҕэһээ эһиги кэпсээҥҥитин ситэ истибэккэ утуйан хаалаахтаабыппын, – диэтэ Массакы, эргэрбит абырахтаах таба ыстаанын кэтэ-кэтэ.

Сотору кэминэн табаларын тутан, хомуна охсон, Ньукулайдаах эмиэ айан суолун тутуспуттара. Арай уруккутунааҕар сорох сирдэринэн хаар халыҥаан айанныыллара бытаарбыкка дылы буолбута.

Айанньыттар табаларын тиэтэтэ-тиэтэтэ тэлээрдээн истилэр.

Оҥоло-чоҥоло быллаардардаах сыһыы халыҥ хаарынан бүрүллэн муора дохсун долгуна тохтоон хаалбытыгар маарынныыр. Кыһыҥҥы күөх халлааҥҥа тахсан эрэр күн чэмэлийэ тыгар. Дьэргэлгэн оонньуур сардаҥалар маҥан хаарга ыраахха диэри дьиримнээн дьикти хартыынаны үөскэтэллэр. Сыа хаар анныттан куоҕаһа быкпыт хагдаҥ оттор саһарбыт төбөлөрүн сиккиэр тыалга нуоҕалдьыталлара «былырыын биһиги күөҕүнэн чэлгийэн айылҕаны киэргэтэ үүммүппүт» диэн кэпсии, сипсиһэ турарга дылылар. Олох диэн дьикти баҕайы, син эмиэ ити хагдарыйбыт от курдук сылтан сыл, үйэттэн үйэҕэ киһи аймах эмиэ бэйэ-бэйэтин солбуйсан иһэр айылгылаах эбит.

Балайда айаннаабыттарын кэннэ, суоллара кэҥээн, аһаҕастыйан, аартыктара биир күдьүс биллибэт-көстүбэт буолан барда.

– Бээрэ, бу хотоолунан төһө өр айанныырбыт эбитэ буолла, урут маннык намыһах сир суохха дылы этэ, – Сэмэнньэ табаларын тохтотон, мунааран, наартатыгар балайда тулатын одуулуу олорбохтоото. Онтон чарапчыламмытынан эмискэ ойон турда: «Ээ, ол ыраах көстөр кып-кыра харалар туруук таас хайалар төбөлөрө көстөллөр быһыылаах, оччотугар хайысхабыт сөп эбит, айанныаҕыҥ». Табалар ону эрэ истибиттии тунал хаары күдээритэ ыһан айанныы турдулар. Арай намыһах наарталар халтараан эниэлэргэ түөрэ барыахтыы чэпчэкитик тэлээрэллэрэ.

Ньукулай кэлин уучах наартатыгар олорон иһэн, инникилээн иһэр табалары, ыраах тунаарар хайалар арҕастарын, хайа тэллэҕиттэн саҕалаан лиҥкирэн турар хойуутук үүммүт тыалары, үөһэ дьэҥкир абына-табына былыттаах киҥкиниир киэҥ халлааны эргиччи көрµтэлиир, олох өрүү маннык эриирдээх-мускуурдаах, айан суолунуу судургу буолбатаҕын эргитэ саныыр. Төһөтө-хаста бу суолунан кыһын аайы айаннаабытын бэйэтэ да ааҕан сиппэт, ол гынан баран бу илдьэн иһэр түүлээҕэ, аһа-таҥаһа табылыннаҕына, үп-харчы буола эргийдэҕинэ, ол буоллаҕа үөрүү, дьол диэн. Онтун сөптөөҕүнэн эргитэн дьонугар-сэргэтигэр ол-бу табаары атыылаһан илдьэн түҥэттэҕинэ ол буолуоҕа дуоһуйуу, санаа туолуута, бар дьонун үөрүүтэ! Дьэ, ол иһин бу маннык ыраах, ыарахан, сындалҕаннаах, сороҕор быһылааннардаах айаны тулуйан эрдэҕэ. Этэргэ дылы, тыйыс айылҕа, суола-ииһэ суох чиэски сирдэринэн тарҕанан сытар түөлбэлэргэ, сороҕор саха киһитигэр дэбигис өйдөммөт сиэр-майгы, атын үгэс, дьадаҥы, чычырбас олох-дьаһах чэпчэкитэ суоҕа сэрэйиллэр. Онон кини үлэтэ-хамнаһа дьон олоҕун-дьаһаҕын тупсарарга туһаайылларын бэйэтэ да өйдүүрэ.

Айанньыттар бүгүн таас хайаттан чугас баар налыыга хонорго быһаарыннылар. Ол иннинэ Ньукулай сыарҕатыттан түһэн туп-туруору таас хайа истиэнэтин кыйа хаамта. Биир сиринэн хайа барбыт таас быыһыгар тиийэн үөһээ диэки хантаарыҥнаата, онтон болҕойон көрбүтэ, өбүгэлэр «сир, хайа иччилэригэр» диэн анаан хаалларбыт бэлэхтэрин бэлиэтии көрдө. Онно: ботуруон, испиискэ, мохуорка, сибиньиэс буулдьалар, сылгы сиэлэ, дьэҥкир чокуурдар, араас өрбөхтөр бааллар эбит. Хата олору хаар, саммыр симэлиппэтэх, тыал-куус ыспатах, онно кэлбит-барбыт киһи эбии хаалларар үгэһинэн оҕонньор сиэбиттэн анаан илдьэ кэлбит сэбирдэх табаҕыттан ылан уурда уонна уоһун иһигэр: «Аар айыы айылҕам, биһигини араҥаччылаа! Аминь», – диэн баран кириэстэммитэ. Ол кэннэ тоҥуу хаарынан хонук ураһатын диэки хааман бадьаалаабыта. Дьиэлэриттэн хоҥнубуттара уонтан тахса хонно. Күн киэһэрэн, чугастааҕы тыа үрүҥ туманынан бүрүллэргэ дылы буолла. Ураһа оройун хайаҕаһынан сырдык сулустар чипчиҥнии тырымнастылар. Ити хайа арҕаһыгар буурҕа киэһээнэн эрэ намыраабыта. Ол иһин иһирдьэ уу чуумпу сатыылаабыт курдуга. Таһырдьа ким эрэ атаҕын тыаһа хаарга хаачыргаата, ол быыһыгар чугас сылдьар табалар хоболоро сотору-сотору салгымтыалаахтык тохтообокко хоҥкунуур, таҥкыныыр.

Бүөтүччэ уотун иннигэр олорон эрдэттэн бэлэмнээбит маһын сотору-сотору уокка үҥүлүтэр. Ол кэнниттэн хайытыллыбыт кураанах хардаҕаһы ылан эбэн биэрэр. Киниттэн чугас сиргэ тэлгэммит таба тириитигэр Массакы өттүгэстээн атаҕын тыылыы тэбэн, ичигэс уокка сылаанньыйа сытар:

– Бүгүн балайда сири бардыбыт, мин суоттуурбунан 40-ча биэрэстэни айаннаатыбыт, аны сарсыҥҥыттан ыла өссө түһүүлээх-тахсыылаах, кыараҕас суоллаах таас хайалар быардарынан айанныырбыт буолуоҕа.

– Онно кытаатан маска, тааска тэптэрбэтэх киһи. Дьон айан аартыгынан өрүү сылдьыбат буолан суолга мас туора түһэрэ, таас саккыраан бүөлүүрэ баар суол.

– Төһөнөн тиийэрбит буолуой Охуотскайга?

– Ээ, оннук буолуо! Суолу киһи тымтыктанан билбэт, хайа буолар, этэҥҥэ айаннаатахпытына нэдиэлэ курдугунан Майыыда үрэххэ тиийиэх этибит, – Сэмэнньэ төІкөйөн хамсатыгар аһыы табах уурунна. Хата хамсата сиэдэрэй баҕайы, хатыҥ силиһиттэн бэрт нарыннык чочуллан оҥоһуллубут, онто киһи эрэ ымсыырыах курдук.

Ньукулай оҕонньор киһитин диэки сыҕарыс гынна уонна өссө чуолкайдаан кэриэтэ ыйытта:

– Оччоҕо биһиги хас күнүнэн Ураак үрэҕэр түһүөхпүтүн сөбүй? Мин өйдүүрбүнэн ол үрэҕинэн айанныыр, муора тардыылаах буолан, сүрдээх чэпчэки буолааччы.

– Онтон бастаан Майыыда үрэххэ тиийэн баран Юдома өрүһүнэн Юдома кириэһигэр тиийэбит, ол кэнниттэн эрэ Ураак үрэхпит кэлэр. Оччотугар Охуотскайга тиийбит да курдук сананыахпытын сөп этэ.

– Арааһа, кыайдахпытына, 3–4 хонугунан, суолбут-ииспит, халлааммыт туругуттан тутулуктаах.

– Оо, халлааммыт туран биэрдэр ханнык, буурҕа түспэтэр.

Сэмэнньэ аҕата Нуһулган кырдьык ааттаах айанньыт, булчут этэ диэн сэһэргээччилэр. Ол эрээри кини харчыга ымсыыта суох. ДьаарбаІкаҕа сылдьан дьону албыннаабат, сүрдээх көнө киһи этэ дииллэрэ. Тииҥи, кырынааһы элбэҕи сууһарара да эргиниинэн муҥнаммыт табаарын аҕалан дьонугар, табаһыттарыгар түҥэтэн кэбиһэрэ. Онто да чэй, бурдук, саахар, сороҕор кыра арыгы, саа сэбэ буолаахтыыра. Хаста да бэрдээҥки саалары аҕалбыта үһү, онон түөрт сүүсчэкэ хаамыыттан бөрөнү мэйиигэ түһэрэллэр дииллэрэ.

– Тоҕо бэрдэй, былыргы саалар бэргэннэрэ да бэрт эбит!

– Оннук буолбакка, сураҕа ол саалары устууканан анал саа уустарыгар сакаастаан оҥортороллор үһү, – Сэмэнньэ ситэрэн биэрэр.

– Билигин оннук саалар суох буолан эрэллэр…

Ити икки ардыгар Бүөтүччэ хоруорбут тастаах солууртан буруолуу сылдьар таба этин таһааран миискэлэргэ уурталаата. Атыттар сытыы быһахтарын чугас уурунан, мииннэрин куттаран аһаан-сиэн, аччыктаабыт дьон ыла-ыла уостарын быһыахча үлүгэр тэлэ быһан сиэн ыллаҥнаттылар, саҥа-иҥэ аччаата. Ол кэнниттэн иккис солуурчахтан хойуу чэйи иһэ-иһэ дьон олорор тэллэхтэригэр ким өйөнөрдүү, ким сытардыы тыыллаҥнастылар. Күннээҕи сылаалара дьэ киирэн, сорохтор сыҥааҕырдан, утуйардыы бэлэмнэннилэр.

Дьэ итинник күн аайы сирдэрин кээрэтэн төһө да сылайдаллар, айаннара бүтэрэ чугаһаабытыттан санаалара балай да көтөҕүллүбүт курдуга. Охуотскайга чугаһаан истэхтэрин аайы, суоллара-иистэрэ ураты буолан испитэ. Кинилэр тус илин хайысханы тутуһаллар. Ол аайы аІхарыттаҕас аппалар элбээн, суорба таас хайалар хапчааннарынан киирэр, түһэр-тахсар суоллар үксээн истилэр. Онуоха хапсык тыал сороҕор иннилэриттэн, арыт ойоҕосторуттан сытыытык үрэн сирилэтэр, ол аата кинилэр киэҥ муора салгынын тардыытыгар чугаһаабыттарын бэлиэтэ буолар. Кэмниэ-кэнэҕэс Охуот өрүс аллараа тардыытыгар үрүҥ хаарга ыраахтан хаастар түһэн олороллорун курдук ааллар күөннэрэ харааран көстүбүттэрэ, онтон сыыйа-баайа үрүҥ мачталара туналыһа сырдаабыттарын көрөн, айанньыттар: «Оо, куоракка чугаһаатыбыт-чугаһаатыбыт, кэлэр күннээх эбиппит», – дии-дии сүрэхтэрэ күүскэ тэппитэ. Ол икки ардыгар куорат эниэттэн ытыска уурбуттуу нэлэһийбитэ, табалар эмиэ сынньалаҥ сирдэригэр кэлбиттэрин сэрэйэн айаннарын түргэтэппиттэрэ.

Ньукулайдаах нөҥүө сарсыарда үчүгэйдик сынньанан туран, сылдьыахтаах дьаарбаҥкаларын диэки хаамыстылар.

– Охуотскай бөһүөлэк Охуотскай муора биэрэгин кыйа сытар. Манна балыксыттар, булчуттар, табаһыттар олороллор. Муора итии тыына илгийэр буолан үүнэр маһа-ото ураты. Кыыла-көтөрө дэлэгэй, ордук чөкчөҥө бииһэ хас эмэ уонунан көрүҥнээх. Төрүт олохтоохтор эбэҥкилэр, уильталар, айналар, сахалар. Балык тириититтэн таҥас тигэллэр, омук сириттэн кытайдар аҕалан атыылыыр араас таҥастарын кэтэллэр, оҕуруоларынан киэргэнэллэр. Оҥочону тирэх мастан хаһан оҥороллор, онтукалара туонна таһаҕаһы уйар кыахтаах үһү, – диэн дьонугар кэпсии-ипсии истэ Бөтүрүүскэ, – биһиги да оннугу оҥостуохпутун сөп этэ. Маннааҕы олохтоох омуктар муораҕа киирэн бултууллар үһү да, үксүгэр хайалаах хапчааннарга, от-мас үрэхтэргэ табаны иитиинэн дьарыгыраллар, ордук элбэхтик кырсаны бултууллар. Сороҕор муораҕа дьону кытта куска киирэллэр, табылыннахтарына кыра кииттэри эмиэ бултаһаллар үһү. Балайда идэтийэн бултаатахтарына муорсаны, ниэрпэни, балыгы бултаһаллар. Саамай улахан тыылара бельбуот диэн 6—7 миэтэрэлээх оҥочо, түгэҕэр баалга түҥнэстибэтигэр аналлаах сис мастаах-кииллээх эбит. Ол сэптэрэ хайдахтаах да долгуҥҥа утары да, ойоҕоһунан да буоллаҕына түөрэ эргийбэт аналлаах үһү. Дьэ, дьикти!

Ньукулайдаах дьаарбаҥкаҕа тиийэннэр, араас атыыһыттар, баайдар, көннөрү да атыылаһааччылар мустан улахан мэнэйдэһии тэриллэн эрэрин бэлиэтии көрдүлэр. Онно чукча, юкагир, ламут, эбээн омуктар мустан кус-хаас тойугун түһэрэн эрэллэр эбит. Ол иһигэр тэрийээччилэр араас оонньууну-көрү, арыгыны-аһы, чэйи-табаҕы туох баарынан тардыбыттар. Үгүстэр кырса тириитин, араас суол балык аһы, көтөр булдун, быыһыгар мамонт аһыытын атыылыы сатаан улаханнык саҥара, далбаатана, дьон болҕомтотун тардаары хаһыытыы-ыһыытыы да тураллар. Ким эрэ атыылаһан үөрэр-көтөр, ким эрэ туохха да тиксибэккэ дьаарбаҥканы салгыы кэрийэр.

Ньукулай итини барытын элбэхтэ көрөн-истэн билбит дьыалата. Кини хаһан да иҥсэлээх-оботтоох атыыһыкка маарыннаабат буолара. Ол курдук табаардарын дьаарбаҥка сыанатыттан намыһах соҕус гына тутара, аны кини түүлээҕэ үксүгэр туруга үчүгэй буолан хамаҕатык барара. Өссө үгүс баайдар кини кэлбитин биллэхтэринэ, кэпсэтэн, дуогабардаһан табаарын куулунан ылаллара, онтон кэлин оҕонньор бүтэн барбытын кэннэ, лааппыга таһааран үрдүк сыанаҕа атыылыыллара. Ол ити дьаарбаҥкалар суруллубатах сокуоннара этэ. Икки өттүттэн көдьүүстээх эргинсии – эргиэн сүрүн быраабылата. Ньукулай атыылыырыгар мэлдьи кичээҥи, сэрэхтээх, аһара барыыта суох буолан, кимиэхэ да албыннаппат этэ.

Кырбаһааҥкыннаах уонтан тахса хонук дьаарбаҥкаҕа сылдьан, түүлээхтэрин үксүн батаран, сороҕун мэнэйдэһэн саа-сэп, буорах, бурдук, чэй, табах, таҥас, иннэ, чаанньык, о.д.а. тэриллэринэн байан, кэлбит соруктарын ситиһэн, ону-маны көрө сырыттылар. Дьон маҥнайгы күннэрдээҕэр быдан аҕыйаан, үксэ харчыта кыра, эбэтэр төрүт да суох, аҥаардас кырсаны эрэ тута сылдьар табаһыттар эрэ ордубуттар быһыылааҕа. Олор да ол-бу түгэннэргэ түбэһэн, иһэн- аһаан, сирэй-харах холлубут дьоннор курдуктара. Арай кинилэри кытта аттыларыгар бэйдиэ сылдьар ыттар иилэҥкэйдэһэллэрэ. Сороҕор араас сүүлүктэр эмиэ көстүтэлииллэр, кинилэр дьону албыннаан, арыгылатан, тылларыгар киллэрэн туох эмэ ордубут табаардарын босхону үрдүнэн мүччү туттаран ылаллара. Туһугар эмиэ туспа талаан, сатабыл диэтэҕиІ, дьону албыннааһын, сүүлүктээһин. Ол барыта манна баар.

Бүтэһик күннэргэ дьаарбаҥка таһыгар турбут түһүлгэлэр сыбыдахтанан, хомуллан, атыыһыттар баран-кэлэн, иҥэн-сүтэн бардылар. Аны олор чугастарыгар турбут табаһыттар, булчуттар тордохторо, эмиэ көтүрүллэн аҥаардас баҕаналар уонна сис мастар эрэ онно-манна чочоруһан, адарайданан хааллылар. Хата олорго «бу биһиги баарбыт» диэбиттии муора хоптолоро кэлэн түһүтэлээн истилэр.

* * *

Ньукулай атыыһыт, ол-бу дьиэҕэ-уокка, олоххо-дьаһахха туһаныллар тимир тэриллэри төһө да Дьокуускайтан аҕаллар, ордук анньыы, мас хайытар сүгэ, хотуур, кыстык курдук тэриллэр олохтоохторго өрүү тиийбэт буолан, маннааҕы дьон-сэргэ Чабылаан Ууска, эбэтэр Муттук Ууска эрдэттэн үлэһэн оҥортороллор. Оттон адьас былыр сайдыы суох үйэтигэр бу түҥкэтэх хоту дойдуга тимири олох да булбаттара. Хата, дьолго, бу Индигиир өрүс икки хочолорунан иҥиэттэр таас хайаларга тимир уһаарыллар тааһа кыралаан да буоллар баара тимир уустара сайдалларыгар төһүү буолбута. Тимирдээх таас көҕөрүмтүйэн көстөр, дьэбин сиэбитигэр маарынныыр, ону хомуйан, тиэйэн илдьэн тимири уулларар анал оһох чугаһыгар чохчолууллар. Итини Төрүт олохтоохторуттан Муттук Уус ордук баһылаабыта. Кини тимир ууһун таһынан мас ууһунан эмиэ биллибитэ, ол туоһутунан эдэригэр Халыманан, Абыйынан сылдьан таҥара дьиэлэрин тутууга маастардаан, сураҕа, ыраахтааҕыттан ылбыт төгүрүк алтан мэтээллээҕээх үһү.

Бүгүн сарсыарда Муттук тимирдээх тааһы бэркэ диэн сыныйан көрдөөн үрдүк таас хайалар быардарыттан хомуйаары, хойгуо сүгэһэрдэнэн улахан уолунаан уонна биир көмөлөһөөччүтүнээн Индигиир өрүс нөҥүө биэрэгэр турар үрүҥ сирэйдээх хайалары кэрийдилэр. Онтон кус түөһүнүү мөтөҕөр кырыылаах таас хайа анныгар аата-ахсаана биллибэт бытархай таастардаах боротуохалаах биэрэккэ кэлэн тохтоотулар. Манна үксэ ынах быарын курдук өҥнөөх тааһы хомуйан, күнү быһа тоҥхоҥноһон, ону тыыга хаалаан, хаста да кырынан ыкса киэһэ дьиэлэрин буллулар:

– Дьэ, тукаам, Өллүөт, бүгүн син балайда тааһы хаһаанныбыт, онон аны күһүн от-мас үмүрүйбүтүн, балаҕаҥҥа киирбит кэннэ тимирбитин уһаарыахпыт. Сүрүн күүстээх үлэбит эмиэ онно.

– Ээ, сөп-сөп, аҕаа, онтон уруккубут курдук маспытын тэйиччи куруҥ тыаттан таһынарбыт буолуо дии?! Элбэх мас наада.

– Оннук-оннук. Тиит мас хаппытыттан чох ордук тахсар, ол гынан баран биһиэхэ тирэх, тэтиҥ да мастар булкуһан умайыахтарын сөп, онон хайа баҕарар мас барсар. Көрүөхпүт.

– Ээ, оннук эбит дии, – уол тимир уһаарыытын балайда билэр буолла эрээри өрүү чопчулаһар, мээрилэһэр идэлээх.

Оттон Муттук Уус уола ону-маны мындырдаан билэ-көрө, өйдүү сатыырын хайҕаан, иһигэр үөрэ саныыр: «Кэлин баҕар мин туйахпын хатарыан сөп, биэс оҕобуттан соҕотох уол ээ».

Сотору ийэлэрэ Дэбдэ дьонун аһылыкка ыҥырда. Күнү быһа үлэлээн сылайбыт эр дьон эмис эттээх миини тыастаахтык иһэн сыпсырыйдылар, сытыы быһахтарынан эттэрин элийэн ыла-ыла сиэн тэллэҥнэттилэр.

– Хайа, доҕоор, төһө тааһы буллугут, хайа диэкинэн сылдьан кэллигит? – хотуна дьэс чаанньыктан чэй кута-кута ыйыталаһар.

– Ээ, өр көрдөөтүбүт, Алаас Хайатыгар аҕыйах эбит, ол иһин Төрүт Хайатыгар тиийбиппит, хата онно син баар соҕус, ону хомуйан тыынан таҥнары уһуннаран аҕаллыбыт уонна уһаарар оһох таґыгар таһааран чөмөхтөөн кэбистибит, – Муттук сылаас алаадьыны ууллубут арыыга уган ыла-ыла минньигэстик быллаҥнатар.

– Хата син булбуккут, мэлийбэтэххит, аны кыһын үлэлииргэр болгуоҥ баар буолбут, дьон үлэһиитэ элбэх, үгүстэр анньыы наада дии-дии ыксаталлар. Бэйи, анньыыта суох күһүн муус да ылыммаккын, ойбоҥҥун да тэспэт буоллаҕыҥ. Оччоҕо хайдах туспа ыал буолан, сүөһү ииттэн олоруоххунуй? Дьэ, накаас.

– Оннук. Бүгүн күүстээх-уохтаах уол Өллµіт көмөлөһөн абыраата, эрдиигэ олус дьоҕурдаах оҕо эбит, кини баар буолан үлэбит үмүрүйдэ, – оҕонньор туран хамсатыгар чох уурунаары эҥэр оһоҕор чугаһаата. Сотору сылайбыт дьон уулара кэлэн утуйардыы оҥоһуннулар. Таһырдьа хараҥа халлааҥҥа аата-ахсаана биллибэт бачымах курдук сулустар чыпчыҥнастылар. Хотуттан тымныы тыал үрбүт.

Күһүн кыстык хаар түспүтүн кэннэ Муттуктаах өрүс тэҥкэтигэр мас мастыы таҕыстылар. Бу хойуу мастаах сискэ кубарыччы хаппыт куруҥах тииттэри охтортоон уот оттон күөдэпчилээтилэр, сорохтор чугастааҕы кур тирэхтэри эбэн уматтылар. Көмөрү оҥорууга сүрдээх элбэх мас наада буолар, онон сүүрбэччэ сыарҕа мастан көмөр мустулар. Ону сойбутун кэннэ хаптаһын хоппоҕо кута-кута уһанар дьиэ таһыгар тастылар. Ол кэннигэр уус дьиэтин күн диэки өттүгэр тилийэ, хордоҕой эниэтигэр кэтит турбалаах, киһи үрдүгүн саҕа төгүрүк моһуоннаах улахан оһох турар. Бу уус дьиэтиттэн күөттэнэр тимири уһаарар оһох. Кини эниэ сирэйин диэки өттүгэр саамай аллара сиксигинэн дьөлөҕөстөөх, онон кэлин тимир сааҕа ууллан түһэр, онтон сабыытын аһан болгуо тимирдэрин оруохтаахтар.

Били сайын бэлэмнээбит таастарын мунньубуттара сүүрбэччэ буут буолбута. Онтукаларын симии оһохторун турбатынан кутуохтарын иннинэ көмөрү түһэрэллэр, таастарын уматан кэбирэтэллэр, онтон сиидэлээн баран дьэ ол кэннэ биир холбо тааһы угаллар. Дьиэттэн биир лаппаахы умайа сылдьар чоҕу таһааран турба сурааҕынан куталлар. Ол аайы Муттук уолаттарга туһаайан:

– Чэ, кытаатыҥ, туттумахтааҥ, чох умуллаары гынна, күөрдү үлэлэтиҥ, күүскэ баттаталааҥ, чэй-чэй, чэйиҥ эрэ! Эрэттэр!

– Сөөп-сөп, саҕалаатыбыт, аҕаккаа, – дии-дии кµөрт ураҕаһынан үөһэ-аллараа күөрэҥнэтэн ыгыта баттаталаан истилэр.

Сотору оһох тула итии салгын сатыылаата, оһох үөлэһинэн үрүҥ буруо сыыйыллан таҕыста, ол кэннэ аны күөх буруо унаарыйда. Дьэ ити курдук тимир уһаарыыта саҕаланан барда. Итини барытын Муттук Уус мындырдык кэтээн одуулаһан үс түөрт уолу утум-ситим салайан үлэлэтэ сырытта. Оһох турбатын устун угуллубут кэрдиистээх бэлиэни көрө сылдьан, уопсайа уончаҕа чугаһыыр холбо тааһы түһэрэ-түһэрэ солбуһа сылдьан күнү быһа күөртээтилэр. Били ойоҕоһугар баар кыра дьөлөҕөһүнэн тимир сааҕа тохторун күрдьэҕинэн тарыйан тэйиччи илдьэн чохчолоотулар. Киэһэ хойутуу көмөр даҕаны, таас даҕаны барыта умайан бүтэн, оһох үөлэһиттэн кыым кытыастыбат буолла. Оччоҕо Муттук аан бастаан саҥа таһаарар:

– Бүтэн эрээр, бүтэн эрэр, өссө аҕыйахта баттыалаан биэриҥ. Оо, дьэ, бүттээ, бүттэ. Түксүү, – дии-дии үөрэн үөгүлүүр.

Күөртээччилэр дьэ уоскуйаллар. Күнү быһа үөһэ-аллара биэрэҥнээбит мас дьэ тохтоон сиргэ түһэр.

Сылайа үлэлээбит дьон дьиэҕэ чэйдии киирэллэр, чугастааҕы ыаллар үлэ түмүгүн көрө охсоору кэлэ-бара сыбыытаһаллар, оҕо дьахтар симии оһоҕу тулалыы эргийэллэр. Онтон чочумча буолан баран:

– Оһох умуллубут, болгуо тахсар кэмэ кэлбит, – дэһэ-дэһэ дьон чугаһыыллар. Муттук дьону сэрэтэр:

– Өссө да итии турар, чох ыстаныа, тимир үлтүрүйүө, сэрэниҥ, олус чугаһаамаҥ!

Били хордоҕой эниэтинээҕи баар оһох бүөлэммит айаҕын хойгуонан үлтү сынньан арыйаллар. Ол аллараатынан луомунан сууралаан-сууралаан хоҥуннаран, били ууллубут тимир болгуоларын тимир тордуоҕунан оҕуурдаан хаһыа да буолан нэһииччэ тардан таһаараллар. Онтукалара уонча киилэлээх көһөҥө тимир болгуо буолан тахсар. Онуоха оҕонньордоро алгыһын-тойугунан саҕалыыр:

Оо, дьэ, доҕоттоор, дьээ-буо,

Бүгүҥҥү үөрүүлээх күммүт

Үтүөтэ үүммүтүнэн алҕаатаҕым буоллун.

Сарсыҥҥы саргылаах олохпут

Саҕаламмытын туһугар туойдаҕым буоллун!.. —


диэн баран, Муттук кылыһахтаах куолаһынан Айыы Аар тойонтон көрдөһөн-ааттаһан дьоллоох-соргулаах олоҕу бар дьонугар баҕаран ыллаан кигинэйэ турбута: «Дьээ-буо», «дьээ-буо»… Ол быыһыгар тахсан болгуоларын көрөн киирэр, уотун аһатар.

Сарсыныгар болгуо таһыгар туруоруллубут улахан кыһаҕа күөттээн аны ол тимирдэрин кырбастыыллар. Болгуону аҥаар өттүттэн кырбастаан уонча кырбаһы таһаараллар, онтукалара араас-араас кээмэйдэнэн инникитин туох оҥоһуллуохтааҕар туһаайыллар. Аны туран итийбит болгуону сойо илигинэ балтанан ньаҕаччы охсон тохтоло суох үлэлииллэр. Ону уус уола күүстээх-уохтаах Өллүөт ордук кыайа-хото тутарын дьон сөҕөллөр, сатабыллаахтык туттарын ымсыыра, кэрэхсии көрөллөр.

Муттук Уус уһаарар тимирин үс көрүҥҥэ арааска араартыыр: «атыыр тимир», «тыһы тимир», «көннөрү тимир» диэн уонна ону үлэлии сылдьан быһааран дьонугар кэпсиир:

– Дьэ, уолаттаар, бу биһиги тимирбитин ыллыбыт уонна үс арааска араардыбыт. Көрүҥ эрэ, бу тимир «тыһы тимиргэ» киирсэр уонна барыларыттан саамай табыгастаахтара, үчүгэйдэрэ. Маннык тимиртэн оҥоһулубут хотуур эбэтэр кылыс токурутан баран ыытан кэбистэххэ чиккэс гына көнө түһэр. Ону сахалар эрэ сатаан уһааран, охсон, былыр кыргыс үйэтин саҕана саба түһүүлэртэн кыайыы-хотуу эҥээрдэспиттэрэ эбитэ үһү. Атыыр тимиртэн ыһыыны, үттэни, сүгэни, быһаҕы, анньыыны оҥороллор. Тимир хатыыта халлаан уларыйыытыттан эмиэ тутулуктаах. Ыраас күҥҥэ, киэһэ, сарсыарда, күнүс уонна былыттаах күҥҥэ тимир хатыытын өҥө-туруга араас буолар. Ону өр сылларга хараххынан көрөн үөрэнэн, ымпыктаан-чымпыктаан быһаараҕын, ол ньыма уустар көлүөнэлэрин устун салҕанан бара турар.

– Оо, тоҕо бэрдэй, дьэ былыргылар мындыр да дьон эбиттэр! – ким эрэ саҥа аллайар. – Ол иһин да боотурдар диэн аатырдахтара.

– Кырдьык, оннук мындыр дьон эбиттэр. Ордук киэҥник биһиги төрүттэрбит Хаҥаластар аатыраллара үһү. Онно Сата уустара диэн Ньурбаҕа тиийэн бүтүн аҕа ууһунан дьарыгырбыттара дииллэр, кинилэртэн Сыраан, Маачах, Омтоон уустара сураҕырбыттар. Аны онуоха сөптөөх күүстээх-уохтаах, сатабыллаах балтаһыттар бааллара дииллэр. Ол курдук Сыраан Уус уолаттара Халыына, Омтоон, Суппуунай, Чаачаҥ курдук дьон төрөөн-үөскээн ааспыттар. Дьэ, итинник барыта, кылгастык кэпсээтэххэ.

– Дьэ, аҕабыт барахсан, барыны-бары билэрин-көрөрүҥ да бэрдэ бэрт. Ол да иһин эйигин эмиэ ааттыыр-суоллуур эбиттэр дии, – Өллүөт аҕатын диэки өссө күүскэ сөҕөн, убаастаан, ытыктаан имэрийбиттии сымнаҕастык көрөн ылла.

* * *

Үөһэттэн үөттэриилээх, айылҕаттан айдарыылаах дьонтон биирдэстэринэн Орто Алыы Хабырыллата дьонун-сэргэтин эмтээн-томтоон, арчылаан, араҥаччылаан абырыыр. Орто Алыы учаастага Тарыҥ Үрэх бөһүөлэгиттэн аҕыс биэрэстэ эрэ курдук тэйиччи, Индигиир өрүс хаҥас биэрэгэр баар. Бу кэрэ-мааны көстүүлээх, ис-иһиттэн киһини бэйэтигэр тардар абылаҥнаах күүстээх сиргэ Кырбаһааҥкын атыыһыт бэйэтэ туттарбыт чочуобунатын кириэһэ ыраахтан дьону ыҥыра, кэрэхсэтэ, угуйа турара. Айан суола ааһар сирэ буолан Алыы Хабырыллалаахха дьон-сэргэ өрүү таарыйар, ону кинилэр төһө да кырыымчыктык олордоллор, былыргы үгэһинэн өрүү баалларынан-суохтарынан ыалдьыттаталлар-маанылыыллар.

Хабырылланы эмиэ да эмчит, отоһут, көрбүөччү уонна сэрэбиэйдьит буоларын билинэллэрин ааһан, өссө ойуун быһыытынан кистии-саба аатырдан-сураҕырдан кырдьаҕас Өймөкөөҥҥө киэҥник тэнитэллэр. Ол чахчы.

Биирдэ Чыычаах Харахха олорор Ыстапаан Бэриэскин иһинэн ыалдьан бэрт уһуннук эрэйдэнэн баран, ыксаан эмчит Омуокай Хабырылланы ыҥыртарар. Онон тыынан тиийэн Орто Алыыттан киһилэрин аҕалбыттарыгар, ыарыһаҕы сыгынньахтаан тиэрэ сытыаран баран үөттүрэҕинэн оһоҕу булкуйа-булкуйа, тугу эрэ өр баҕайы алгыстыыр дуу, ааттаһар дуу курдук гыммыт. Ол кэннэ бүтүүтүгэр оһоҕуттан хоруорбут маһы ылан баран Ыстапаан иһин кириэстии соппут уонна: «Сотору үтүөрµіҥ!» – диэбитэ, кырдьык, аҕыйах хонугунан ыарыһаҕа үтүөрэн үлэ-хамнас киһитэ буолан хаалар. Хаста да улахан тыа баһаара буолбутугар, Алыы Хабырыллатын ыҥыран аҕалан умулларарга көмөлөһүннэрэллэр. Онуоха киһилэрэ оһоҕун аһата-аһата ботугураан, көрдөһөн-ааттаһан этиҥнээх ардаҕы аҕалар эбит. Эмиэ оннук көрүүлэнэн, Тарыҥҥа олорон Өймөкөөҥҥө саҕаламмыт баһаары күүстээх ардаҕы ыытан умуллаттарбытын олохтоохтор олус диэн сөҕөллөр. Аны төрөөрү моһуогурбут дьахтары оҕото сыыһа сытарын имэрийэн көннөрөр, хаартынан барыһыайдаан Суума оҕонньор кыыһа эргэ барарын эрдэттэн этэн биэрэр, онуоха тыһаҕаһын энньэлиирин бэйэтигэр сэрэтэр. Оннооҕор Өлөксөөндүрэ Дьөгүөрэбэ сүтэрбит ынаҕын эмиэ сэрэбиэйдээн айан суолун кытыытыгар баайыллан турарын ыйан биэрбитин тута тиийэн буланнар дьон бары сөҕөн кэпсээн оҥостубуттара. Өссө биир түгэҥҥэ Дьэбдьиэ Дэһээккинэ диэн кыыс оҕо тарбаҕа «көрөр» ыарыынан ыалдьыбытын кылынан бобо баайан баран хаста да үрэн суох гыммытын ол аата оҕонньор ойууннаабыт диэн кэпсэл оҥорбуттара. Итини таһынан силгэ быстыытын, уҥуох тостуутун курдук оһоллору, ньиэрбэтинэн, төбөтүнэн ыалдьыыны, босхоҥ буолбут дьону атахтарыгар туруоран абыраталыыр, бэрт үгүстүк эмтээн бар дьонун-сэргэтин махталын ылыан ылбыта, аатырыан аатырбыта. Эмиэ туһугар туспа талаан, бука, үөһэттэн айдарыллан кэллэҕэ диэн, дьон кистии-саба махтанар.

Атыыһыт Кырбаһааҥкын

Подняться наверх