Читать книгу Атыыһыт Кырбаһааҥкын - - Страница 3
Кыһалҕа кыһарыйан, эрэй эҥээрдэһэн…
ОглавлениеАрыый эрдэтээҥҥи кэмҥэ төнүннэххэ, Онтойор уолун уола Ньукулай оҕо сааһа ааһан, ыыра кэҥээн, ыраах-чугас нэһилиэктэринэн сырыыта-айана кэҥиир, билсиитэ-көрсүүтэ, доҕоро-атаһа элбиир. 20 сааһын быдан ааһыар диэри ускул-тэскил олоххо тардыһара улаатан иһэр. Онуоха эбии арыгыттан, хаартыттан дьалты туттубат, олус ыллам-дьэллэм буолан, аҕата өлүүлээн-чаастаан анаабыт баайын-дуолун 150 ынах, сылгы сүөһүтүн уҥа-хаҥас матайдаан улаханнык аҕыйатар. Ону билэ-көрө сылдьан ыаллара, аймахтара айбыт аҕатыгар үҥсэн, сэмэлээн көрөллөр да, аҕата өрүү көмүскүүр аакка сылдьар:
– Мин уолум өйдөөх, сотору кэминэн көнүөҕэ, киһи бэрдэ буолуоҕа, – диэн дьонун саба саҥарталыыр.
Онуоха дьоно:
– Сааһын сиппит киһи кэргэннэнэр, оҕолонор-урууланар, боччумурар да кэмэ кэллэ. Саатар дьиэтигэр-уотугар да көмөлөһүөх этэ.
– Суох-суох, уолум быстах-остох кэмэлдьитин тосту быраҕыаҕа, киһи суолугар үктэниэҕэ. Көрөөрүҥ да истээриҥ, – диир уонна саҥаттан дьалты туттар. Хас да сыл ити курдук ааһар, олох биир күдьүс күнү-дьылы кытта солбуйсан бардар баран иһэр. «Дьыл да араастаах» дииллэринии, Өймөкөөн, Халыма, Абый уокуруктарын эҥээрдэринэн сотору-сотору улуу курааннар сатыылыыллар. Инньэ гынан бэйэтэ да кэмчи бурдуктарын бааһыналарыттан «илиилэрин соттоллор». Өймөкөөнтөн 35 биэрэстэлээх сиргэ Индигиир өрүс баһыгар, Куйдуһун үрэх үрдµгэр сытар Тарыҥ Үрэх сыһыытыгар олордубут ньэчимиэннэриттэн аҕыйах эрэ куолас бурдугу хомуйаллар. Таҥара дьиэтин үлэһиттэрэ көрөн-истэн бүөбэйдээбиттэрэ туһалаабатаҕа, кураан сатыылаабыта, от үүммэтэҕэ.
Ордук ыарахан тымныы, тыаллаах кыстык 1860 сылга үүнэр. Онуоха эбии сайын курааннаан, от аанньа үүммэккэ, аны күһүн ситэ-хото ардаабакка, дуоннаах кэнчээри тахсыбатаҕа. Кыһынын олус халыҥ хаар түһэн сылгы хаһыытын уустугурдубута, дьон-сэргэ сылгыларын батыһа сылдьан хаары чарааһата сатаабыта да, аны тыал, тибии кэлэн барытын биир күдьүс тэҥнээбитэ. Дьон үлэтэ халтайга хаалбыта. Өймөкөөҥҥө олус халыҥ хаар түһэн, сылгы ньимси кэриэтэ охтор, киһи да хоргуйан, быстаран өлүүтүн үгүс түбэлтэтэ бэлиэтэнэр. Онуоха эбии кыһайбыт курдук олус тымныы, тыаллаах дьыл буолар. Сылгы ордук кыайан хаһан аһаабакка быстарар. Эстэн-быстан хоргуйан, ордук олоххо дьоҕура суох эдэр ыаллар наһаа аймаммыттар. Дьиэ-дьиэ аайы өй-мэйдээх кыайан тулуйан истибэт ытаһыыта-соҥоһуута, үлүгэрэ, алдьархайа буолар. Бу дьыл Өймөкөөн эргин нэһилиэктэргэ 2 тыһыынча сылгы, ынах-сүөһү хоргуйан, сутаан өлөллөр. 363 быстарбыт ыал 74 арыый кыаллар ыал устун умнаһыттыы бараллар. Бу кэмҥэ Ньукулай Кривошапкин 23 саастаах эдэр киһи этэ. Ол үрдүнэн бэйэтэ аҕатыттан өлүүлэтэн ылбыт сүөһүтүн туттан бэрт элбэх ыалы хоргуйан, сутаан өлөр өлүүттэн быыһаталаан, күн-ый буолбута.
Хата кырдьаҕастар сүбэлэринэн кыстык саҕаланыыта, кыайан сыл тахсыбат туруктаах сылгылары, быһа түһэ иликтэринэ, кэмчи от аһылыгы бараабакка эрэ эрдэ идэһэ оҥостубуттара. Кэмниэ-кэнэҕэс ыарахан кыстык ааһан, сандал саас эргийэн, хара хапсыырдаах да мэччирэҥ буоллар, сүөһү-ас күөххэ үктэммитэ. Ыарахан кыстык дьон-сэргэ өйүн-санаатын эмиэ бииргэ түмпүтэ, аймахтаһыы, доҕордоһуу, уруу-хаан бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһүүтэ ким баҕарар дууһатыгар махтал кыымын күөдьүппүтэ. Онтон Ньукулай өйүгэр-санаатыгар эмиэ ураты дириҥ түгэхтээх иэйиини сахпыта: «Санаатын уурдаҕына киһи барахсан сатаабатаҕа-кыайбатаҕа диэн суох эбит». Ускул-тэскил олоҕун тосту уларыппыта. Аҕата эппитин курдук арыгыттан-хаартыттан тэйбитэ, кэлэ-бара табаарынан эргинэр санаанан салайтарбыта. Били тибиилээх-хаһыылаах, тыаллаах, тымныы кыһыҥҥа дьонун-сэргэтин быыһаталаан ылбыт үтүө дьыалата умнуллубатаҕа, убаастанар буолбута. Бэйэтэ да үтүөнү оІорон биэрбит баайын-дуолун суолтатыгар эрэ төнүннэрбитэ, дьадаҥы дьон тута-бааччы сүөһүнү-аһы түргэнник дэлэтэ охсубатахтара. Кини аҕата анаабыт баайын эһээт да, Дьокуускайга киирэн чэпчэки сыанаҕа 200 буут хааһына тууһун атыылаһан ылан дойдутугар Өймөкөөҥҥө, Кириэс Халдьаайыга таһааран атыылаан 1000 солкуобай харчыланар уонна бу харчытынан уон көтөл ындыылаах аттары атыылаһан ылан, хас да сыл устата таһаҕас бэдэрээттэһэн таһан, бэрт түргэн тэтиминэн байан барар. Кэлин ындыы көтөҕөр көтөл аттарын сүүскэ тиэрдибитэ. Дьэ ити кини киэҥ ыырдаах уйгулаах аартыгын саҕаланыыта эрэ этэ.
1860–1862 сыллартан саҕалаан илин улуустартан уонна Дьокуускайтан тахсар таһаҕаһы барытын бэйэтэ сүрүннээн, тутан-хабан баран Өймөкөөҥҥө диэри бырахтарар, салгыы ол таһаҕаһы өссө хоту сытар Орто Халымаҕа, Айааҥҥа, Муомаҕа диэри сыл аайы бэйэтэ 100–120 көтөл ындыы атынан тастарар. Кини 100 көтөл ындыылаах аттарынан таһаҕас тастарарыгар, бэрт уһун сыллар усталарыгар, бэйэтэ эмиэ бииргэ сылдьыһар. Ол да иһин кинини: «Айыы сирин аһаҕаһын аһан, аҕыс адаардаах айаны айаннаспыт, кµн сирин көҥдөйүн күөнүнэн күрдьэн, тоҕус тоҕойдоох суолу тобулбут улуу кырдьаҕаспыт» – диэн дьоно-сэргэтэ мээнэҕэ киэн туттан туран кэпсиэхтэрэ дуо?! Дойдутугар кини ынаҕы ыалга төрүөҕүн биэрэр манньаҕа айахтыыр уонна хаһаас арыыны мустаран ылар. Ыанар ынахтарыттан отутун бэйэтин дьиэтин эҥээр туруоран ииттэрэр. Итини таһынан Кырбаһааҥкын нэһилиэгин ыалларыгар табаарын иэс биэртэлиир. Ол төлөбүрүн харчынан буолбакка түүлээҕинэн ылар. Кини сыллааҕы иэһин-күүһүн, ыларын-биэрэрин аахсарыгар, ылардаах дьонугар былырыын биэрбит табаарын сыанатын эбэн ылар. Онуоха сыл аайы нэһилиэккэ биирдэ түмсэн ааһар мунньаҕын туһанара, манна ородобуой бырааба суруксутун көмөтүнэн иэһин-күүһүн учуоттуур, эридьиэстиир, бэйэтэ өйүттэн тэбис-тэҥҥэ суоттаһар. Кыһыннары-сайыннары кини дьиэтин көрөн-харайан олорор уон биэс лонкур эр бэртэрэ хамначчыттардаах, алта сылгыһыттаах. уонча ынах сүөһүтүн көрөр дьахталлардаах.
Аны булчуттартан элбэх ахсааннаах түүлээҕи тутарыгар түүлээх сыанатын адьас чиҥэтэн тутар уонна кыра бытархай харчытын бөдөҥсүтэн тутарыгар улаханнык барыһырар. Онон бүтүн Өймөкөөн, Муома уонна Охуотскай түүлээҕэ сыл аайы биир илиигэ киирэр. Маны Өймөкөөн—Охуотскай суолун аһан, Саха сирин хотугулуу илин өттүнээҕи түүлээҕи барытын олоххо быһаччы наадалаах аска, табаарга атастаһан, хас сыл аайы ылар. Онон дьоно быстарбакка, орто баайыылаахтык олороллорун хааччыйар. Дьэ ити курдук айанныырын, эргинэрин быыһыгар өрүү көмөлөһүннэрэр, суруксуттарын илдьэ сылдьар сытыы-хотуу уолунаан сири-уоту чинчийэн көрө сылдьан иччитэх үрэхтэргэ, тэҥкэ тииттэргэ төһө тииҥ, саарба олоруохтааҕын, кырынаас, лааскый үөскүөхтээҕин, оттоох ходуһаларга төһө сылгы, ынах-сүөһү иитиллиэн сөбүн сылыктаан ааҕар-суоттуур. Оннук тоҕоостоох сирдэргэ эдэр ыаллары, сороҕор бэйэтэ дуруускалаан, тэрийэн, сүөһү бэлэхтээн, саҥа сиргэ көһөллөрүгэр көмөлөһөр. Маннык саҥа ыаллары олохтотолоон маҥнай аһынан-үөлүнэн, булт тэриллэринэн хааччыйан баран кэлин, атахтарыгар турбуттарын кэннэ, бултарын, түүлээхтэрин сөп сыанаҕа хомуйан ылаттыыр уонна эргиэнин хаҥаттар-хаҥатан иһэр. Бу дойду үгүс салаа үрэхтэринэн дьон-сэргэ торҕо буруону унаарыппытыгар кини үтүөтэ-өҥөтө элбэҕин, таба дьаһанара муударайын олохтоохтор астыналлар, махтаналлар.
Оҕонньор эргиэнин хаҥатар өссө биир көдьүүстээх ньымата диэн ханнык эрэ ыалга биир атыыр үөрүн уон сылга диэн ииттэрэ биэрэр, ол бэдэрээтин кэмэ туолуута кинилэртэн манньатын биир эдэр атыыр үөрүн төннөттөрөр. Ол эбэтэр ол ыал уонча сылынан икки-үс атыыр үөрдэнэн сэниэ ыал ахсааныгар киирсэр. Онтон атыыһыт барыһынан бэлэм көлө аттанарын ааһан түүлээх атыылаһар дьоннонон хаалара буолар. Эмиэ итинник ньыманан Өймөкөөнүн таһынан Магадан уобалаһыгар тиийэн кураанах сирдэри булан сахалары олохтуур, эбээннэри кытта бэдэрээттэһэн таба иитиитин тэнитэр уонна эргиэнин лаппа кэҥэтэр. Онон сылга уопсайа сүүс тыһыынчаҕа тиийэ тииҥ тириитин, үс тыһыынча кыһыл саһыл уонна икки-үс тыһыынчаҕа тиийэ кырынааһы хомуйан Магаданынан, Охуотскайынан, Дьокуускайынан, Аллараа Новгородка тиийэ дьаарбаҥкаларга батарар. Олохтоох нэһилиэнньэ булда барыта Ньукулай Уоһукабыс киэнэ, «атын кэлбит-барбыт урдустарга биэрбэппит», «бэйэбит киһибит албыннаабат» диэн олохтоохтор үөрэнэн хаалаллар.
Дьэ ити курдук Н.О. КырбаһааІкын сыл аайы Ылдьыын күн (атырдьах ыйын 2 күнэ) муспут түүлээҕин Өймөкөөнтөн Дьокуускай куорат дьаарбаҥкатыгар илдьэр. Ол эбэтэр 3000 саһыл, 15000 кырынаас, 100 тыһыынча тииҥ тириитин саха, нуучча бөдөҥ атыыһыттарыгар Кушнаревка, Коковиҥҥа, Громовка, Силиҥҥэ туттаран, хардатын үтүмэннээх арсыынай таҥаһы, чэйи, табаҕы, мээккэ бурдугу, саахары, булт араас тэрилин уо.д.а. ылан, олортон сорҕотун 100 көтөл атынан дойдутугар ыҥыырдан таһааран, нэһилиэгин дьонугар үллэрэр. Ол үрдүнэн кини нэһилиэгин дьонуттан 10 тыһыынча солкуобай уу харчынан ылар иэстэнэр. Оттон тµµлээҕинэн ылар иэһэ 30 тыһыынча солкуобайга тиийэрэ. Маны таһынан атыыһыт Байаҕантай улууһун илиҥҥи уонна хотугу эҥээр нэһилиэктэриттэн сыллата эрдэттэн үлэһэн, иккилии сыл курулатан уоттарбыт элбэх ат оҕустарын күһүн аайы Дьокуускайга үүрдэрэн киллэртэрэн атыылаттарар. Кини бу оҕустарын киллэттэрэригэр Кириэс Халдьаайы Хаадьыматынан, Уолбанан, арахсыылаах Баайаҕа Эбэтин илин өттүнэн, Сылдьырыкы үрэҕинэн, ардыгар Маттаҕа µрэҕинэн, Мас Аҥардааҕынан, Кулун Куойанан быһаччы суолланар. Ол былаһын тухары элбэх ахсааннаах сиргэ сыста сытар мас муосталары туттартыыр. Аҥаардас Алдан—Таатта икки ардыларынааҕы суол муосталарын тутуутугар барыта 10 тыһыынча солкуобайы сиэртибэлээбит.
Ньукулай Уоһукабыс кураан, сут сылларга нэһилиэгин дьоно ынахтара, ардыгар бэйэлэрэ да сутаатахтарына босхо отунан да, аһынан-таҥаһынан да булгу көмөлөһөр биир үтүө үгэстээҕэ.
* * *
Өймөкөөҥҥө саас иһэр сибикитэ күнүс-түүн биллэр буолан истэ. Олохтоохтор биир саамай ытык күннэринэн Былаҕачыанньыйап таҥара буолар. Бу күнү Кырбаhааҥкын олус итэҕэйэн үлэтин-хамнаһын былаанныыр, хайдах саас, сайын буолуохтааҕын билгэлиир таҥара күнэ буолар. Дьон-сэргэ да Былаҕачыанньыйабы улахан бэлиэ күнүнэн билинэллэр. Оннооҕор чыычаах айыырҕаан уйа туттубат күнэ диэн ааттыыллар. Таҥара күн хара сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри айылҕа хайдах сигилилээн хаамарын кэтээн көрөллөр уонна онон сирдэтэн хайдах сайын буолуохтааҕын билгэлииллэр. Эмиэ баччаҕа эhэ, моҕотой айылҕаҕа тахсаллар. Мотуруона күн муус устар ортото, тураах кэлиитэ, чалбах сүүрүгүрүүтэ, Дьөгүөрэйэпкэ ыам ыйа саҕаланыыта, үрэх уута киирэр, чыркымай кус кэлэн «чалк» гына тµһэрэ бэлиэтэнэллэр. Сааскы Ньукуолун ыам ыйын 22 күнэ сайын барахсан тиийэн кэлбитин кэрэ бэлиэ күнэ. Аны Ньукуолунунан сиэттэрэн кэҕэ этиитин кэтээн истэллэр. Кэҕэ 5—6 хонук эбэтэр өссө эрдэ эттэҕинэ бөрүкүтэ суох сайын буолуохтааҕын билгэлииллэр. 1–2 күн эрдэ эбэтэр оруобуна ол күн эттэҕинэ өІ-быйаҥ сайыны кэтэһэллэр. Хойутаан эттэҕинэ соччото суох сайын буолууһу диэн буолар.
Дьэ маннык тоҥмот-хаппат, аччыктаабат, сүөһүнү быстарбат кыстык улуу мөккүөрүн кэнниттэн сайылыкка көһүү диэн кэрэ-бэлиэ кэм кэлэр. Дьон-сэргэ сайылыкка көһөн тахсан бараннар айылҕаларыгар сүгүрүйэн, бары түмсэн буолбакка, биирдиилээн ыаллар хайа кыалларынан аһатан-сиэтэн уруйдууллар, дьылы этэҥҥэ туораабыттарыгар махтаналлар. Салама ыйыыллар, уоту аһаталлар уонна дьыл тэрээһинин бэрээдэгинэн Аан Алахчынтан өҥү-быйаҥы көрдөһөллөр-ааттаһаллар. Кымыс диэн хантан кэлиэй?! Сайылыкка тахсыы Саар Көстөкүүн кэннэ буолар. Ол аата бэс ыйын саҥатыттан саҕалаан. Тоҕо ыксаабаттар этэ диэтэргит, Саар Көстөкүүнү баттаһа өрүү улахан тыаллар, сорох дьыл тоҥоруулар түһэллэр. Күөллэргэ өрүстэн анды тахсар күннэрэ буолаллар. Улахан тыалга өрүс балкыырыттан анды хайыытыгар уу киирэн, өрүскэ сүгүн олорбокко тыа күөллэринэн тарҕанан көтөр, аһыыр-сиир, сынньанар дииллэр. Дьэ ити кэнниттэн окко киирии бэлэмэ саҕаланар. Сайылык күрүөтүн саҥардыы, үүйүү-хаайыы, уулаах дьыл хоруу хаһыталаан ууну түһэрии, ходуһаттан сылгыны таһаарыы, ходуһаны ыраастааһын – барыта салҕанан бара турар баһаам элбэх үлэ буолар. Ити тэрээһини Ньукулай Уоһукабыс тутуһуннара сатыыр. Онтон ыһыах диэн хас нэһилиэк, дьон олорор түөлбэтин аайы ыһыллыбат. Ыһар кыах да суоҕа. Биир эмэ сиргэ Кырбаһааҥкын курдук улахан баай киһи окко киириэх иннинэ дьону түмэ тардан анаан-минээн биэ ыатан, сүөһү өлөрөн ыһыах ыһар. Сэдэхтик буолар тµбэлтэ. Ыһыахтарын сыала-соруга диэн син биир дьылы туоруур оту бэлэмнээһиҥҥэ хайдах соруйсан, үллэрэн, бэдэрээттэһэн, эттэһэн, түүлэһэн үлэлээһини былааннааһын, кэпсэтии буолар. Ол иһин дьон санаатын тутар сыалтан үлэлэтиэхтээх баай киһи буор-босхо эт-ас, кымыс тарҕатыыта, ыһыы эбэтэр ыһыах диэн буолар. Улуу улахан ыһыахтар улуу тунах кэмигэр ыһыллаллара биллэр. Ол даҕаны ханна улахан баай баар сиригэр санаата кэлэн тэрийдэҕинэ биирдэ эмит буолар.
Сахалар төһө да үөрэҕэ суох буоллаллар, от сиэмэтэ хаһан ситэрин, сири буларын кэтэһэллэр, эһиилги оттуулларын эрдэттэн оҥостоллор. Окко Бөтүрүөп таҥара, Көмүс хотуурдаах (Кунай хотуурдаах), «абааһы мунньаҕын» кэнниттэн киирэллэр. Үрүйэ-харыйа, үрэх ото түүн хараҥарыыта түргэнник эбиллэр дииллэр. От ыйын ортото. Дьэ бу түгэҥҥэ эмиэ сири-дойдуну аһатан, айах тутан айылҕа быйаҥыттан дьылы быстарбакка туоруур оту бэриһиннэртэрээри ааттаһар-көрдөһөр сиэри-туому ситэрэллэр. Ити икки ардыгар Ылдьыын, атырдьах ыйын саҥата ыгар. Ылдьыыҥҥа сорох сайын бастакы тоҥоруу тµһэн баар-суох ыһан муҥнаммыт, эмиэ дьылы туоруохтаах астарын, бурдуктарын тоҥорон кэбиһэр. Онон бурдугу ыспаттар. Ол да буоллар саамай сэрэхтээх бэлиэ кµннэринэн I, II, III Ыспааһап күннэрэ буолаллар. Ардахтаах сайын үс Ыспааһабы тилийэ ардаан от сытыйыыта, ходуһа сирэ хаттаан ууга барыыта, от ууга былдьаныыта диэн алдьатыылаах быһыы-майгы үөскүүр. Ыарахан олох өссө уустугурар. Оччотугар күһүн хаары үрдүнэн мууһу тостурута үктүү сылдьан оту, хомуһу ходууллуурга күһэллэллэр. Онтон Сэмэнэпкэ дьэ олохтоохтук кыстыкка көһүү буолар.
Дьэ ити курдук Дьыл обургу ханна да халбаҥнаппакка, бэйэтин былааһынан саха дьонун олоҕун ыарахан үлэнэн күһэйэн салайа, эргитэ-урбата турара. Онуоха Ньукулай атыыһыт курдук сатабыллаах, мындыр өйдөөх, кыһамньылаах, тэрээһиннээх дьон олохтоохторго өрүү сүбэ-ама, күүс-көмө буолаллар.