Читать книгу Пробуждение. Стихотворения и поэмы / Уһуктуу - Михаил Иванов - Страница 28
Куччугуй Ботуобуйа
ОглавлениеКуччугуй Ботуобуйа үрэҕэр
Олус да үчүгэй буолара
Сайыҥҥы нуһараҥ киэһэҕэ
Сүүрүктэр сипсиһэр кэмнэрэ.
Килбик кыыс кэриэтэ сэмээрдик
Күлүмнэс уулара усталлар,
Халлаантан сулустар түһэннэр
Хараарар чүөмпэҕэ умсаллар.
Туус маҥан хатыҥнар киирэннэр
Кытылга сэлэһэ тураллар,
Будьурхай баттахтаах иирэлэр
Уу кырсын сэрэнэн бигииллэр.
Киэһээҥҥи сарыалга куустаран
Кытылга эдэр саас дьаарбайар.
Туолбут ый суолугар уйдаран
Таптаһар сүрэхтэр булсаллар.
Куччугуй Ботуобуйа үрэҕэр —
Эдэр кэм эриэккэс түгэнэ!
Эргий дуу сылааскын сыдьаайан,
Санньыйбыт санаабын сырдатан.