Читать книгу Пробуждение. Стихотворения и поэмы / Уһуктуу - Михаил Иванов - Страница 32
Айан ырыата
ОглавлениеЭриэ дэхси суолунан
Элэҥнэтэн иһэбин,
Эндирдэри билиммэт
Эрэллээх тимир аппынан.
Элэс гынан ааһаллар
Элбэх араас көстүүлэр:
Эйимнэрдээх үрэхтэр,
Элгээннэрдээх хочолор.
Эйэҥнэспит талахтар
Эккирииргэ дылылар,
Эмдэй – сэмдэй хатыҥнар
Эһиэкэйдээн тэйэллэр.
Элэктэһэн ылаллар
Эгэлэйдиир көтөрдөр.
Эккирэтэр, арыаллыыр
Эйэҕэстэй кыһыл Күн.
Элэйбэккэ айаннааҥ
Эдэр – сэнэх эрдэххэ,
Эһигини күүтэллэр
Эҥин элбэх кэрэлэр.