Читать книгу Василий Босяк: кэриэспин ыһар кырыһым - Группа авторов - Страница 1
ААН ТЫЛ
ОглавлениеБалысхан сайдыы олохпутугар модуннук, дохсуннук күн-түүн киирэ турар. Түргэн тэтим, сымса толкуй, туттуу-хаптыы, айыы-тутуу – бүгүҥҥү сайдыы тутаах соруга буолла. Куйаар ситимэ – интэриниэт модун ооҕуй ситиминии орто дойдубутун курдуу кууста. Маннык дохсун сайдыы кыра омук тылын-өһүн симэлитиэх кэриҥнээх. Төрөөбүт тылбыт эйгэтэ кыараатар кыараан иһэр. Тыл сүттэ да – омук сүтэр.
Олох саҥа кэрдиис кэмигэр норуоту инники күөҥҥэ сирдиир, санаатын салайан биэрэр, толкуйун тобулар дохсун тыллаах-өстөөх, кимиэллээх киирсиилээх дьон баар буолар. Саха норуота биир киэн тутта ааттыыр, чулуу уола Василий Иванович Босиков-Василий Босяк – СӨ үтүөлээх учуутала, Учууталлар учууталлара, поэт, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Василий Иванович олоххо биир өрө тутар, нохтолоох тойон сүрэҕинэн сүгүрүйэр, уйадыйа долгуйар, тууйуллар санаатын чопчута – төрөөбүт төрүт тыла этэ. Нуучча тыллаах саха оҕотугар төрөөбүт тылыгар тапталы иҥэрэр, сахалыы тыынныыр туһугар олоҕун бүтүннүү анаабыта.
Истиҥ-иһирэх тыллаах поэт сахатын тылын кэрэтин, этигэнин туттан, сылаас-сырдык тыыннаах, дьикти уобарастаах хоһооннору суруйан хаалларбыта. Хоһоонноругар тылы айылҕа араас көстүүтүгэр дьүөрэлээн истиҥник хоһуйара:
Эн – сырдык үрүйэҕин,
Кылыгырайа сүүрдэҕин,
Этиэхтэн дьикти кэрэҕин
Уулла маныыр сүрэҕим.
В.И. Босиков төрөөбүт төрүт тыла, араас өҥүнэн күлүмүрдүү оонньуур кэрэтин сүтэрбэккэ, этигэн сүдү күүһүн мөлтөппөккө, саҥаттан саҥа үйэлэргэ сырдык сулус буолан, кэнчээри ыччаты угуйа туруон баҕарара. Саха омук быһыытынан, Аан дойду атын омуктарыттан хаалсыбакка, ахсаана тономмокко, орто дойду олохтооҕо буолан, үүнэ-сайда турдар диэн баҕа санаалааҕа.
Бу кинигэҕэ Василий Иванович олох уустук ыйытыыларыгар тус санаатын хаһыаттарга, сурунаалларга суруйбут ыстатыйалара, литература атын көрүҥэр холоммут айымньылара, бииргэ үөрэммит, үлэлээбит дьонун, үөрэтэн-такайан олох киэҥ аартыгар таһаарбыт үөрэнээччилэрин, аймахтарын, доҕотторун, биир санаалаахтарын ахтыылара киирдилэр.
Бастыҥ учуутал, уһуйааччы, уран тыллаах поэт төрүт тылын туһугар бүтүн олоҕун анаабыт, омугум туһа диэн эппит-тыыммыт саха омук биир саарына – Василий Иванович Босиков айымньылара ааҕылла, аата ааттана, ахтылла туруоҕа.
Ульяна Заболоцкая