Читать книгу Василий Босяк: кэриэспин ыһар кырыһым - Группа авторов - Страница 6
II түһүмэх
ИСТИҤ-ИҺИРЭХ ТЫЛЫНАН
(Ахтыылар)
Оҕо эрдэҕиттэн хоһоонньут эбит
ОглавлениеБаһылай Уйбаанабыһы кытта 1968 сылтан, СГУ саха салаатыгар үөрэнэ киириэхпититтэн, бииргэ алтыһан үөрэммиппит уонна олоҕун бүтэһик күннэригэр диэри доҕордуу сыһыаннаах, тыл, төрүт култуура, литература сайдыытын боппуруостарыгар биир санаалаах, бэйэ-бэйэбитин кытта өйдөһөр, өйөһөр, эн-мин дэһэн кэпсэтэр, сэһэргэһэр дьон этибит.
Кини бэйэтэ да этэринэн, үөлээннээхтэрэ да ахталларынан, оскуолаҕа орто сүһүөх кылаастарга үөрэниэҕиттэн хоһоон суруйуутунан умсугуйан дьарыктаммыт. Онуоха бастакы кыымы саҕааччынан саха тылын уонна литературатын учуутала Р.П. Максимова буолбут. Рея Павловна, Дьокуускайдааҕы пединституту бүтэрээт, саха тылын кафедратыгар хаалан, бэркэ үлэлээн истэҕинэ, 50-с сыллардааҕы мөккүөргэ саха литературатын сырдатыыга токурутуулары көрдөөһүн содулугар түбэһэн, кэлин Саха сирин суруйааччыларын сойууһун өр сылларга салайбыт, CACCӨ норуодунай поэта буолбут Семен Петрович Даниловы кытта тэҥҥэ кафедраттан үүрүллэр кэриэтэ барбыта уонна кэргэнин дойдутугар тиийэн учууталлаабыта. Ол сылдьан, литературнай куруһуогар Вася Босиковы хоһоон алыптаах эйгэтигэр уһуйбут. Ордук айылҕаны тыыннааҕымсытан хоһуйарын учуутала көҕүлээбит. Онтон ыла Вася Босиков хоһоон суруйар ыарыыга ылларбыт.
Үрдүкү кылааска үөрэнэр сылларыгар, кини дьолугар, кэлин СӨ норуодунай поэта үрдүк ааты ылбыт В.Т. Сивцев Дүпсүҥҥэ учууталлыы кэлбит. Василий Тарасович айар имэҥҥэ ылларбыт үөрэнээччини тута таба көрөн, бэйэтигэр сыһыарбыт, тэҥнээх киһитинии кэпсэтэн, поэзия алыптаах эйгэтигэр сирдээбит. Бэйэтэ талааннаах тэрийээччи үөрэнээччитин хоһоонноро өрөспүүбүлүкэ, улуус хаһыаттарыгар бэчээттэнэрин көҕүлээбит, араадьыйанан биэриилэргэ мэктиэлээбит. Онон Вася Босиков хоhоон хонуутугар хотуулаахтык киирэригэр олук охсубут.