Читать книгу Василий Босяк: кэриэспин ыһар кырыһым - Группа авторов - Страница 12

II түһүмэх
ИСТИҤ-ИҺИРЭХ ТЫЛЫНАН
(Ахтыылар)
Хабырыыл Билиикэп, билэлиэгийэ билимин дуоктара, бэрэпиэссэр,
«Сүгүрүйэбин икки күүскэ: тылга уонна тапталга»

Оглавление

Баһылай Босяк хоһоонуттан

Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, Саха өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Василий Иванович Босиков-Василий Босяк төрөөбүтэ 75 сылын туолла.

1946 с. олунньу 7 күнүгэр Уус Алдан Дүпсүнүгэр Евдокия Афанасьевна Босиковаҕа соҕотох уола буола, күн сирин көрбүтэ. Сулумах кыыс-дьахтар сэрии сылларыгар биригэдьиирдээн, солбуйар бэрэссэдээтэллээн, холкуос хонуутугар үрүҥ-хара көлөһүнүн тохпут, кэлин нэһилиэгэр бэрт өр кэмҥэ сэбиэттээбит ийэтин Дьэбдьиэйи бэрт хойукка диэри эдьиий курдук көрөн улааппыт. Ол оннугар эбэтин «ийээ» дии сылдьыбыт.

Оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэммит, бэрт эрдэттэн хоһоон суруйарга идэтийбит, успуордунан дьарыктаммыт. Тустан, буоксалаан уонна хомсомуолга көхтөөх буолан, нэһилиэккэ кэрэхсэнэр ыччат кэккэтигэр киирбит. Ол иһин оскуоланы бүтэрээтин кытта, сопхуоска босхоломмут сэкирэтээринэн талыллыбыт. Ол эрээри олоҕун суола атын хайысханан барбыт. Тапталтан…

Оскуола үрдүкү кылааһыгар Уля кыыһы таптыыр. Уля оскуолатын бүтэрээт, Бүлүү учуулуссатыгар үөрэнэ барар, Василий кинини батыһан Бүлүүлүүр. Холбоһон ыал буолаллар. Василий учуулуссаҕа лабараанныыр.

1968 с. Вася Босиков – СГУ-га саха салаатын устудьуона. Бу кэмтэн мин кинини кытта биэс сыл бииргэ үөрэммиппит. Бастакы кууруска Саха сирин үгүс оройуонуттан араас бэлэмнээх, араас өйдөөх-санаалаах, иитиллиилээх эрээри биир – учуутал буолар баҕалаах ыччаттар түмүллүбүппүт. Маҥнай утаа айаас, ыһыллаҕас соҕус этибит. Ордук Вася Босяк уонна Петя Захаров, саамай түгэххэ олорбут уолаттар, үгүһү-элбэҕи саҥараллара, лиэксийэҕэ хойутууллара, арыт пиибэлииллэрэ. Ордук Петя – хайа эрэ киин оройуон сопхуоһугар хомсомуол сэкирэтээринэн үлэлээбит буолан, истээччинэн быһа ылыллыбытынан күөн туттан, киэптиир быһыылааҕа. Кууруска табаарыһа суоҕа. Вася кинини өйөөн батыһар курдуга. Мин – ыстаарыстабын, Гоша Неймохов – хомсуор. Сүбэлэһэн баран, куурус хаһыатыгар элэктээн кириитикэлээтибит. Онтубутун бакылтыат хомсомуолун кэмитиэтигэр «состулар». Аны төттөрү бэйэбит «көмүскээччи» буоллубут. Сэкирэтээр уолу кытта этистибит: «Кириитикэни тууйаҕыт, ити иһин биир да кириитикэ хаһыакка суох эбит», – диэтибит. Вася көннөрүммүтэ, Петя бастакы сэмиэстиртэн кэтэхтэн үөрэххэ көһөн баран кэлин уһуллубута.

Вася Улятыныын Ойуунускай уонна Петровскай уулусса быһа охсуһуутугар турар икки этээстээх дьиэҕэ биир олус кыра хоско олороллоро. Ол да буоллар, кинилэргэ иккитэ-үстэ кууруһунан түмсэн турабыт. Маҥнай улахан уоллара төрөөбүтүн бэлиэтээн. Иккиһин хайа эрэ бырааһынньыкка уонна үсүһүн – эксээмэн кэннэ Босяк төрөөбүт күнүн бэлиэтээн быһыылааҕа. Онон Босяктаах Уля ыалдьытымсах ыал этилэр диэххэ сөп. Гоша ол туһунан маннык суруйбут: «Баһылай… быыкаайык хоско ийэтиниин, кэргэниниин, оҕолорунуун симиллэн олороллоро. Сөҕөрүм диэн баар – ол хос сыыһыгар куурус оҕолоро бары субу-субу мустарбыт, хайдах батан эрэрбитин билигин сатаан санаабаппын. Баһылай ийэтэ Дьэбдьиэй, кэргэнэ Уля куруук үөрэ-көтө көрсөллөрө, арааһа, хайа да дьиэ киэҥиттэн, кыараҕаһыттан буолбакка, ыалдьыттары хайдах көрсөрүттэн сылааһа-тымныыта тутулуктанар быһыылаах».

Баһылай үөрэнэ киириэҕиттэн сүрүн дьарыга хоһоон этэ. Кууруспутугар икки поэттаахпыт: Баһылай Босяк уонна Сэмэн Попов. Иккиэн «Сэргэлээх уоттарыгар» сылдьаллара. Көхтөөхтөрө. Оччолорго куруһуогу Эрчимэн салайара. Биһиги үөрэнэ киирэрбитигэр «Сэргэлээх уоттара» хаһыат хас да миэтэрэ усталаах бүтүн истиэнэни ылар балаһанан тахсара. Сүрүн таһаарааччылар Н. Винокуров, И. Левин, о.д.а. уолаттар быһыылааҕа. Биһиги кэммитигэр элбэх дьоҕурдаах ыччат сылдьара: В. Дедюкин, В. Потапова, В. Хон, В. Иванов, П. Харитонов, А. Тарасов, В. Пермяков, М. Михайлова, Т. Алексеева, С. Попов, В. Босиков, о.д.а. Эрчимэн дьарыга үксүгэр айымньыны ааҕыы уонна ырытыы буолара. Биир-икки киһи айымньытын ырытыыга анаан ааҕаллара эбэтэр истиэнэ хаһыатыгар тахсыбыты сыаналыыллара. Эрчимэн биир эмэ устудьуону соруйан ырыттарара. Ол кэннэ атыттар «табыллыбыт, табыллыбатах», «үчүгэй, мөлтөх» диэбит санааларын тоҕотун дакаастыыллара. Егор Петрович бэйэтэ хаһан да быһаччы сыана быспат үгэстээҕэ. Туох эрэ санаа, уобарас баарын көрдөрө сатыыра. Ол гынан баран маннык гыннар тупсуох эбит диэбэтэ.

Куруһуокка сылдьыы булгуччута суоҕа, онон ким кэлэр – кэлэр, кыттар – кыттар буолара. Баһылай Босяк сырыттаҕына, көхтөөх буолара: сирэрэ, хайгыыра чопчу этэ. «Чэчиргэ» киириэн баҕарара да, кыайан баппатаҕа эбэтэр киирэн баран сыыйыллыбыта быһыылааҕа. Кууруска Баһылайдаах Сэмэн хоһооннорун Гошаҕа уонна миэхэ көрдөрөр эбиттэр. Мин сыаналыырым, оттон Гоша өйүгэр тутан, түмсүүлэргэ ааҕар буолара. Онон кууруска биллэллэрэ, кэрэхсэнэллэрэ. Баһылай хоһоону Сэмэнтэн ордук суруйабын диэн ааҕынара уонна ону аһаҕастык этэрэ. Кырдьык, Баһылай суруйуута ордук «минньигэс» буолара. Ол кини истиилин уратыта этэ. Уолаттар «Хомус» түмсүүгэ, суруйааччылар «чэппиэрдэригэр» сылдьаллара, Эрчимэн этиитинэн, устудьуоннарга суруйааччылары, ускуустуба үлэһиттэрин уонна тыйаатыр артыыстарын ыҥыран көрүһүннэрэллэрэ.

Устудьуоннуур кэмигэр Баһылай артыыс дьоҕура арыллыбыта. Учууталбыт В.Н. Протодьяконов бакылтыат уус-уран самодеятельноһын салайара. Онно хаста да пьеса туруорбуттара. Мин өйдүүрбүнэн, хайа эрэ казах суруйаачытын «Ини-бии» пьесатын тылбаастаан туруорбуттарыгар Баһылай сүрүн оруолу толорон биһирэммитэ. Аны «Улукбек» драмаҕа Улукбек оруолун оонньоон бэстибээл лауреата буолбута. Уопсайынан, Баһылай Босиков кыбыстан турбат майгылаах, туттарыгар-хаптарыгар артыыстыы маньыаралаах, үчүгэй тыллаах-өстөөх буолан, дьон иннигэр бэркэ көстөрө. Кини бу устудьуон кэмигэр ылбыт үөрүйэҕэ кэлин үлэтигэр-хамнаһыгар туһалаабыта.

Биирдэ, кураторбытын Е.П. Шестакову кутугунатан, бүтүн кууруһунан оччолорго саха тылын бастыҥ кэбиниэтин тэрийбит В.Ф. Афанасьев үлэтин-хамнаһын билсэ барар буоллубут. Тырааныспары үнүбэрситиэт хааччыйда. Оттон Кэптэнигэ хонукпутун уонна сырыыбыт бырагырааматын дойдулаах киһи Баһылай быһаарыста. Тиийээт, кэбиниэти көрдүбүт-иһиттибит, онтон биэчэрдээтибит: оскуола оҕолоро уонна устудьуоннар оонньоотубут, сынньанныбыт. Нөҥүө күнүгэр – сэминээр. В.Ф. Афанасьев: «Сэминээр кэмигэр мин уруоктарбын солбуйуҥ, ким учууталлыы киирэр?» – диэн турда. Биһиги: «Бэҕэһээ эт…», – диэн эрдэхпитинэ: «Биһиги!» – диэтилэр икки поэппыт уонна Гоша. Сэминээр кэнниттэн уолаттарбытын оҕолор батыһа сылдьаллар: «Үөрэххит кэнниттэн биһиэхэ учууталлыы кэлээриҥ!» – дииллэр. Ити курдук Василий Босиков учуутал буолар дьоҕура дойдутугар арыллыбыта.

Үнүбэрситиэт ыччаты идэҕэ эрэ үөрэппэт, кинини лиичинэс быһыытынан үүннэрэр. Биһиги икки учууталбыт мөккүһэллэр: В.Н. Протодъяконов Эрчимэҥҥэ: «Эн ити туох да дьоҕура суох оҕолору таах сааратаҕын, «туох эрэ баар быһыылаах» диигин», – диир. Онуоха Егор Петрович: «Мин кинилэри литератураҕа чугаһатабын, литератураны сэргиир, өйдүүр, өйүүр дьон эйгэтин хаҥатабын. Оннук эйгэтэ суох литература сайдыбат. Бу дьонтон дьоҕурдаахтара, үлэһиттэрэ суол тобулан биһигиттэн тутулуга суох тахсан иһиэхтэрэ. Көрөөр даҕаны!» Сем. П. Данилов 1946–1952 сс. саха тылын уонна литературатын хаапыдыратыгар үлэлээбэтэҕэ буоллар, тэҥнээхтэриттэн биллэ-көстө сайдан, үүнэн тахсыа суох этэ дии саныыбын. Баһылай Босиков устудьуон сылдьан, Эллэй поэт 20–30-с сыллардааҕы литератураҕа кириитикэтин хасыһан үөрэппитэ, дьупулуом үлэ суруйбута. Салгыы аспырантыыраҕа киирэн учуонай буолбатаҕа эрээри, кини ити билиитэ, өйдөбүлэ «сахалыы саха» буоларыгар улаханнык сабыдыаллаабыта чахчы.

1973 с. үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, саха тылын уонна литературатын учуутала дьупулуомнаах Саха сирин араас оройуонугар ананан, дьылҕабыт суолун тута аттанабыт. Үөрэнэр кэмигэр үс оҕоломмут Баһылай Босиков дьол көрдүү дойдутугар Уус Алдаҥҥа тиийэр, «көстүөх» буолбут миэстэтэ көстүбэккэ, Бороҕоҥҥо интэринээккэ үлэлээн баран, түөрт сыл Өнөргө нуучча тылын уонна литературатын учууталынан сирдэрбэккэ үлэлиир. Бастыҥ кэбиниэт тэрийэн, улууһугар биллэр. Дьокуускай куорат 14-с нүөмэрдээх оскуолатыгар 1978–1979 үөрэх сылыгар учуутал миэстэтэ тахсар сураҕын истэн, куоракка көһөн киирэр. Кылгас кэмҥэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи бибилэтиэкэҕэ лабараанныыр уонна куорат саха тыллаах оскуолатыгар уһун кэмнээх айымньылаах үлэтэ саҕаланар.

В.И. Босиков учуутал уонна В. Босяк суруйааччы быһыытынан саха оҕотун сахалыы иитэрэ наадатын, саха дьоно төрөөбүт тылбытын оҕолорбутугар иҥэрэр сорукпут туһунан уһун, дьаныардаах туруулаһыыта, ахсаабакка, сылайбакка өйдөтөр үлэтэ трибун буолар дьарыга түстэнэр.

Куоракка олорор нууччалыы тылламмыт саха оҕолоругар саха тылын уонна литературатын үөрэтэр манан киһиэхэ кыайтарбатын уонна судургута суоҕун үгүс дьон сэрэйэр буолуохтаах. Василий Иванович оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр хомсомуол актыбыыһа, устудьуон кэмигэр «умайа» үөрэммитэ, артыыс уонна худуоһунньук дьоҕура, араатардыыр сатабыла учууталларга, оҕолорго уонна төрөппүттэргэ тута сэргэхсийиини үөскэппитэ. Оҕолорун саха тылын уонна литературатын олимпиадаларыгар, аман өс куонкурустарыгар кытыннаран, сахалыы тыыҥҥа уһуйбута. Үөрэнээччилэри кэрэхсэтээри, үөрэтээри бэйэтэ эмиэ «аман өс» куоҥкуруһугар кыттан элбэхтик бастаабыта. Саха таҥаһын таҥнарга, кэтэргэ көҕүлээбитэ. Тылыгар эрэ бөтүрүйүөт буолбакка, Дьокуускай усулуобуйатыгар бэйэтин биэс оҕотун сахалыы тыллаары Оробуочай городоктан Сайсарыга 14-с оскуолаҕа таһан үөрэттэрбитэ элбэҕи этэр.

В.И. Босиков бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрин Г.Н. Пономареваны, Е.К. Санникованы, Е.К. Готовцеваны кытта оҕолору үөрэтэр кэбиниэттэрин саха балаҕаныгар кубулуппута. Өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан тылы, литератураны уонна төрүт култуураны биир утумҥа киллэрэн үөрэтэн барбыттара. Балаҕан кэбиниэккэ саха биллиилээх суруйааччыларын уонна артыыстарын, ускуустуба диэйэтэллэрин кытта көрсүһүүлэри тэрийэн, куорат оҕолорун саха эйгэтигэр чугаһатар, норуоттарынан киэн туттар өйгө-санааҕа иитэн барбыта. Суруйааччылар тыыннаах тылларын түмэн, саха литературатыгар кэрэхсэбиллээх фоно-хрестоматияны таһаартарбыта.

В.И. Босиков үөрэппит сорох оҕолоро хоһоон айар, саха тылын, литературатын уонна төрүт култуураны идэ гына талар суолга үктэммиттэрэ. Ол курдук, М. Стрекаловская, Т. Скрыбыкина, Р. Аргунова, О. Мартынова, Л. Игнатьева, кыыһа Уля Босикова уо.д.а. учууталларын туйаҕын хатарар дьон буолбуттара. Ульяна Васильевна аҕатын туһунан «Поэт уонна учуутал» диэн ис киирбэх кинигэни суруйбута.

В.И. Босиков үлэтин-хамнаһын Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин министиэристибэтэ Е.П. Жирков, Е.И. Михайлова үрдүктүк сыаналаабыттара. Үгүс саҕалааһыннарын өйөөбүттэрэ. В.И. Босиков үлэтин уопутун тарҕатан, улуустарга сэминээрдэри тэрийбитэ, элбэх кэмпириэнсийэҕэ кыттыбыта. Төрүт култуураны үөрэтэр «Куккун куоттарыма, сүргүн сүтэримэ» диэн улахан альбом оҥорбута. Өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар тылы, литератураны, төрүт култуураны үөрэтии, саха оҕотун иитии туһунан элбэх ыстатыйаны суруйбута.

Онон В.И. Босиков үлэлиир оскуолатыгар эрэ кэрэхсэнэр буолбакка, куоракка, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр учууталлар учууталлара буолбута.

Баһылай Уйбаанабыс 1988 с. үлэтин үгэнигэр Горнай оройуонугар кэмпириэнсийэҕэ кытта сылдьан, оҕустаран, орон киһитэ буолан тиэллэн киирбитэ. Ити кэмтэн кини ыарыыны кытта унньуктаах охсуһуута саҕаламмыта. Тайахха тэптэрэн туран кэлбитэ уонна сөбүлүүр үлэтигэр эргиллэн уһуннук үлэлээбитэ. Оҕолорун кытта айылҕаҕа экскурцияҕа сылдьара, төрөөбүт айылҕа умсулҕаннааҕын уонна олох кэрэтин туһунан айар үлэ суруйтарара.

Ити курдук, уоттаах-төлөннөөх устудьуон уол буһан-хатан, төрөөбүт тылын ботуруйуота, муударай учуутал буола үүммүтэ. Киниэхэ СӨ үтүөлээх учууталын аата иҥэриллибитэ.

Төрөөбүт тылыгар кэрэхсэбилэ Рея Павловна Максимова үөрэтиитинэн эрдэ уһуктубут. Кэлин биллэр поэт В.Т. Сивцев сабыдыалынан хоһоон суруйан барбыт, ону учуутала өрөспүүбүлүкэ араадьыйатыгар таһаарбыт, «Бэлэм буол», «Эдэр коммунист» хаһыаттарга бэчээттэппит. Бастакы хоһооно 8-с кылааска сырыттаҕына 1963 с. бэчээттэммит. Маҥнайгы хоһоонноро иэйиини сиһилээһин, санааны сааһылааһын, көстүүнү хартыына оҥоруу уонна биллэр суруйааччылары үтүгүннэрии суолунан айыллар буолан, соччо сонуна суох эбиттэр. Онтон ыйы, күнү уобарас быһыытынан туттар буолбут, атыттартан уратытык ойуулуурга дьулуспута көстөр. Ол курдук сүүрбэччэ сыл тухары кинигэтэ суох поэт аатырбыт.

Кини «Угуйар саҕах» (1988), «Барыта эйиэхэ ананар» (1991), «Эн мичээриҥ» (1995), «Ойуун үөскээһинэ» (1996), «Уолукпар оргуйар санаалар» (1996) диэн хоһоон кинигэлэрдээх, «Суруллубут суоруллубат» (2002) диэн ыстатыйа уонна биллэр суруйааччылартан ылбыт интервью хомуурунньуктаах, «Ыра санаам кыната» (2008) талыллыбыт хоһоон кинигэлээх. Хас биирдии кинигэлэрэ ураты кэрэхсэбиллээх дьоһун үлэлэр.

Мин бүгүн таптал эрэ хоһооннорун таарыйабын. Улуу суруйааччы Амма Аччыгыйа бытархайга улаханы көрөр, бытархайынан улаханы көрдөрөр сатабыл суруйааччыны суруйааччы оҥорорун бэлиэтиир буолара. Ону санаан, поэт тапталы хоһуйарыгар киһи быһыытынан кэрэтэ, дириҥэ уонна поэт быһыытынан дьоҕура көстүөхтээҕин сэрэйдим.

Таптал иэйиитэ туһуланар барамайа үгүс дьоҥҥо атылыы буолар: күнү көрдөрбүт ийэлээх аҕаҕа, ииппит-аһаппыт эбэлээх эһэҕэ, уруу-аймах дьоҥҥо, төрөөбүт дойдуга, норуокка уонна кыыс аймахха ананар. Поэттарга тапталы биллэрэр ньымалара үгүс уонна араас көрүҥнээхтэр. Хайаан да сөбүлүүбүн, таптыыбын диэн буолбат. Үгүстэр умсугуйар, сөбүлүүр уобарастарын араас кэрэ быһаарыылаан (эпиитэттээн), туохха эрэ холоон, тэҥнээн, ханыылаан хоһуйаллар. Сорохтор уйулҕаларын араас хамсааһынын: ахтылҕаннарын, күүтүүлэрин, суохтааһыннарын, үөрүүлэрин, өрөгөйдөрүн уо.д.а. көрдөрөн истиҥ иэйиилэрин этэллэр.

В.И. Босиков бу күн сиригэр сүгүрүйэр күүстэрэ Таптал уонна Тыл буоларын билинэр:

Таптал уонна Тыл

Хатат кыымнара.

Таптал уонна Тыл

Өлбөт мэҥэ уута.

Кыттыстарбын ол кыымнарга,

Умустарбын ол улуу ууга.


Төрөөбүт тыла бэйиэккэ «сытыы кылыһа», туттар матырыйаала, «көмөлөһөөччүтэ», «быстыбат быйаҥа», «кэриэс ыһар кырыһа». Ол иһин В. Босяк этэр:

Мин күүстээхпин Ийэ тылбынан,

Аалы көтөҕөр алгыспынан,

Өбүгэлэртэн силис тардынан

Тыыннаах кэлбит үгэспитинэн.


Дьэ бу төрөөбүт тылын көмөтүнэн эрэ поэт сырдык иэйиитин, уоттаах тапталын бар дьонугар этэр, тиэрдэр кыахтанар. Тыла суох хайдахтаах да дириҥ иэйии сүрэхтэн сүүдүйэн тахсан сүрэхтэри долгутар кыаҕа суох.

«Сүгүрүйэбин тылга уонна тапталга» диэбитин арыйар тосхолбун тутуһан, аҕыйах тылы таптал туһунан хоһоонноругар аныырга быһаарынным.

Вася Босиков оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, аналын Уля кыыһы кытта олоҕун биир дьылҕалыырга анаабыта диэбиппит. Ити кэмнээҕи тапталга анаабыт хоһоонноро буолуохтарын сөп диэбиппитин көрүөҕүҥ. Идеала: «хара харахтаах хара суһуохтаах хара бараан кыыс», «арыы саһыл хааннааҕым, хара саһыл хаастааҕым», «эн кэрэ түүлүм Айыы Куота… чоҕу хайа туппуттуу чоҕулуччу көрөҥҥүн абылаатыҥ дууһабын; көтөр-дайар көҥүл лыахтыы сэгэлдьийэ хаамаргын… угуйбахтыы долгуһуйар толбоннурар суһуоххун имэрийэн ылларбыан, сир симэҕэ уоскуттан уҥа-таала уураатарбыан», «эн биһиги көрсөн билсибиппит ыраатта, харахпытынан кэпсэтэбит, мичээрдэһэн ааһабыт. Чугасыһыахпытын – икки ардыбытыгар көстүбэт мэһэй турар. Ол – бэйэ иэйиитигэр саарбахтааһын», «сүрэҕим тэбиитин сүрэххинэн, хараҕым кэпсэлин хараххынан таайдыҥ ини, биллиҥ ини. Кэбис, миигин муҥнаама, бэйэҥ этиий биир тылла», «кырдал устун дайан иһэр тапталлаахпын саната, куба маҥан хатыҥ турар лабаатынан дайбана», «мин эйигин билэр курдукпун өртүүн-өртөн. Ийэм эмиийин үүтүн сылааһа эйигин көрсүөхпүн эрдэттэн санаттаҕа».

«Өлүөнэ үрдүгэр… түллэҥнии оргуйар долгуну одуулуу турбуппут… долгуҥҥа дыгыйан киирэр күн сарыала кылыйта. Олортон биир көмүс сардаҥа биһиэхэ дьол суолун ыйбыта. Ол суолу тутуһан, сиэттиһэн, аһыыны-ньулууну да иһэн, инники дьулуһан иһэбит. Олоххо дьоллоохпут дэһэбит.» «Үрүмэччи кыната чараас солко ырбаахыҥ тэллэҕэ тэлээрэн, сэгэйэ дыгыйан, сэгэриэм кэллиҥ эн миигинниин көрсүһэ… Эн курдук атастаах, ахтылҕан аргыстаах сылдьартан үөрэбин, дьоллоохпун дэнэбин». «Илин арҕаа саҕахтарга саһарҕа сарыаллыын уураһар түгэнигэр араҕыстыбыт – күннээх буолуо көрсүһүүбүт». «Аҕыйах хонукка эйигин көрбөккө кууллуйдум, муунтуйдум. Оннубун булбакка, олорон турбакка эргийдим. Урбайдым. Эрэйбин кэпсээри, таптыырбын этээри, кэллим бу эйиэхэ. Убураан ылаарыый, сүрэхпин уоскутууй, сэгэрим оҕотоо!» «Билэбин: эн миигин ахтаргын – сир хайа (да) муннугар буолларгын миигинэ суох сатаммаккын».

«Ама да алҕаһаабытым иһин алыс да ыар тыллары аадырыстаатыҥ миэхэ. Бэл түөрт атахтаах бүдүрүйэр иккиэйэхтэр ээ миэннэрэ». «Ардыгар сылдьан иһэн кыраттан да сылтанан кыйыттан бараҕын. Уоту умуруораллар уотунан – мин эмиэ кыыһырабын». «Күнүскү ырам, түүҥҥү түүлүм эн эрэ буоларгын ханнык тылынан эйиэхэ итэҕэтиэхпин билбэппин… эн миигин чугаһаппаккын.» «Тэрбэс гыннылар хаастарыҥ, чаҕылыстылар харахтарыҥ, ити тырым мичээргин кимиэхэ анаан көтүттүҥ? Эн мичээриҥ аҥаара, саатар уонтан биирэ арай миэхэ тигистин. Ол эрэн дьылҕам миэхэ оннук дьолу тосхойботох, арай атын дьолго ымсыырар алдьархайтан матарбатах».

«Оо, көрүмэ даа, көрүмэ Мин диэки сэнээбиттии! Үөх, мөх, кынчыатаа, Чэ, баҕар кырбаа!.. Сыппах быһаҕынан сүрэхпин сулуйума тыыннаахтыы». «Эйигиттэн атыны таптааммын дьолунан таһымныы туолбуппун, хаҕыс тыллары тамнааҥҥын быһаҕас түһэрэ сатаатыҥ. Саараама, самныа суоҕа кыната кытааппыт санаа. Тапталым үйэлээх буолуоҕа, хата, алгыскын анаа». «Хаһан да, ханна да тиийдэрбин ааспат ахтылҕан буолаҥҥын эн миигин батыһа сылдьаҕын, сырдыгынан сыдьаайаҕын…» «Хаһан даҕаны, кимиэхэ даҕаны, ааттаһан сүгүрүйүөм диэбэтэҕим. Мин ол улахамсык санаабын эн булгуруттуҥ. Бүтэһиктээхтик өйдөөтүм, эйигинэ суох сатаан олоруо суохпун. Таптыыр эрэ сүрэх бу курдук ыллыыр, буруйа да суоҕар буруйдана саныыр…», «Эн мичээриҥ кыаҕа түспүт кыым буолан, сүрэҕим кутаатын күөдьүтэн, уулларда икки ардыбытынааҕы уонча сыл кыстык хаарын. Уҕарытыма даа ити мичээргин иннибэр күүтэр хаардарга анааҥҥын».

Василий Иванович Босиков саха поэзиятыгар маннык уһулуччулаах хоһооннору айан баран, биһирэммэккэ өллөҕө. Бу хоһооннору Василий Босяк эрэ айар кыахтааҕа: киһи сөҕөр кырдьыксыт уонна хорсун буолан.

2021 сыл, олунньу

Василий Босяк: кэриэспин ыһар кырыһым

Подняться наверх