Читать книгу Василий Босяк: кэриэспин ыһар кырыһым - Группа авторов - Страница 8
II түһүмэх
ИСТИҤ-ИҺИРЭХ ТЫЛЫНАН
(Ахтыылар)
Учуутал буоларга уһаарыллыы
ОглавлениеУстудьуоннуур сылларыгар, төһө да айар үлэнэн, поэзиянан умсугуйа дьарыктаннар, кини улахан учуутал буолуохтааҕа биллэр этэ. Кураатарбыт Е.П. Шестаков-Эрчимэн уонна Баһылай Босяк тэрийиилэринэн Уус Алдаҥҥа Кэптэни орто оскуолатыгар Вячеслав Федорович Афанасьев уонна Петр Васильевич Оготоев тэрийбит түмэллэрин кууруһунан көрө тахса сылдьыбыппыт. Онуоха Василий Босиков бастыҥ үлэлээх учууталлар саха тылын уонна литературатын үөрэтиигэ үлэлэрин кытта кимнээҕэр да ордук иҥэн-тоҥон билсибитэ, араас ыйытыылары биэртэлээбитэ. Үчүгэй учуутал буоларга устудьуон эрдэҕиттэн бэлэмнэммитэ. Үчүгэйдик ойуулуура, хоһоону көтөҕүллэн туран ааҕара. Уус-уран тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кыттара учуутал буоларыгар эмиэ көмөлөспүт буолуохтаах. Кини конферансьелаан да ылара, Василий Никитич Протодьяконов туруортуур пьесаларыгар сүрүн оруоллары толорон лауреат буолара. Улугбек оруолун талааннаахтык оонньообутун оччотооҕу устудьуоннар умнубат буолуохтаахтар. Кини педагогикаҕа быраактыкатын Дьокуускай куорат 2-с оскуолатыгар аһара бэркэ барбыта. Василий Никитич, төһө да литературнай кириитикэ сорох түгэнигэр мөккүстэллэр, быраактыкатын үрдүктүк сыаналаабыта, учуутал буолар баҕа санаатын чиҥник бигэргэппитэ.
Ол да иһин, үрдүк үөрэҕи бүтэрээт, дойдутугар Уус Алдaҥҥa учууталынан анатан үлэлии тахсыбыта уонна айымньылаах үлэтин саҕалаабыта. Өнөргө үлэлиир сылларыгар оройуоҥҥа биир бастыҥ үлэлээх кэбиниэти тэрийэр, маҥнайгы аттестациятын ситиһиилээхтик ааһар. Ол эрээри, балык уу дириҥэр талаһарын курдук, 1978–1979 үөрэх сылыгар Дьокуускай 14-с оскуолатыгар саха тылын уонна литературатын учууталын үлэтэ тахсыбытыгар куоракка киирбитэ. Итинтэн ыла Василий Иванович бэйэтэ талан ылбыт идэтинэн айымньылаах үлэтэ саҕаламмыта.