Читать книгу Василий Босяк: кэриэспин ыһар кырыһым - Группа авторов - Страница 14
II түһүмэх
ИСТИҤ-ИҺИРЭХ ТЫЛЫНАН
(Ахтыылар)
Василиса Романовна Шишигина, РФ уонна СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үтүөлээх учуутала,
«Учууталлар учууталлара» бэлиэ хаһаайына, «Саха-Азия оҕолоро» аан дойдутааҕы пуонда стипендиата
Ийэ тылыгар бэриниилээх поэт уонна учуутал
ОглавлениеУчууталлар идэлэрин үрдэтэр институкка үлэлии кэлэрбэр Василий Иванович Босиков сиппит-хоппут, хайыы үйэҕэ баай уопутун тарҕатар кыахтаах учуутал быһыытынан Дьокуускай куорат 14-с нүөмэрдээх оскуолатыгар үлэлии сылдьар этэ. Оччолорго кини уонна 2-с нүөмэрдээх оскуолаҕа үлэлиир Вячеслав Федорович Афанасьевтыын биллэр-көстөр, уопуттаах учууталлар ахсааннарыгар киирэн, саха тылын уонна литературатын учууталларын ортотугар эргийэр киин буолаллара.
Иккис оскуолаҕа сурук-бичик түмэл кэбиниэтэ үлэлиирэ, оттон 14-с оскуолаҕа саха балаҕана моһуоннаах баай матырыйааллаах үөрэх кэбиниэтэ баара. Ити кэмнэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥ үлэлээх кэбиниэти көрүү-куонкурус ыытыллыбыта. Онуоха, биллэн турар, иккиэн бириистээх миэстэҕэ тиксэннэр, биир идэлээхтэрин сэҥээриитин ылбыттара. Ити 1989 с. этэ, саха оскуолатын национальнай кэнсиэпсийэтэ өссө «төрүү» илигэ. Оччолорго сахалыы тыыннаах кэбиниэт кимиэхэ да суоҕа. Василий Иванович аан бастакынан бэйэтин толкуйунан кэбиниэтин саха балаҕанын курдук эркиннээх гына оҥорбута.
Бэйэтэ техническэй тэриллэри сатаан туһанара, онон аудио-видео устуулары оҥорон мунньара, уруоктарга киэҥник туттара. Суруйааччылар этиилэрин, саҥаларын устан фонотека тэриммитэ. Итинник сэргэх, сонун ньымалары хайдах туттарын көрөөрү, оскуолаҕа элбэх киһи сылдьара, кэбиниэт базатыгар сэминээрдэр, куурустар ыытыллаллара.
«Национальнай оскуоланы сайыннарыы кэнсиэпсийэтэ» диэн дьиҥ саха оҕотун иитэн таһаарар сыаллаах-соруктаах, саха оскуолатын тосту уларытар көрүүлээх докумуон оҥоһуллан тахсыытыгар Василий Иванович куорат оскуолатыгар ыытар үлэтэ-хамнаһа олук буолбута чуолкай. Ону таһынан айымньылаахтык үлэлиир учууталлары, үөрэх исписэлиистэрин түмэн, айар бөлөҕү тэрийэн Үөрэх министиэристибэтэ үлэлэппитэ. Онно Василий Иванович бастакы кэккэҕэ сылдьан, көхтөөх кыттыыны ылбыта, эппитэ-тыыммыта, куорат усулуобуйатыгар сахалыы тыыннаах оҕону иитэ-үөрэтэ сылдьар киһи буолан, элбэх сүбэни-аманы биэрбитэ.
Көрдөрөр-иһитиннэрэр матырыйаалы Василий Иванович бэйэтэ оҥосторо. Кэнсиэпсийэ киллэрбит «Төрүт култуура» диэн саҥа биридимиэтин куорат оҕолоругар үөрэтиини бастакынан саҕалаабыта. Үөрэнэр кинигэтэ да суох биридимиэккэ «Куккун куоттарыма, сүргүн сүтэримэ» диэн көмө босуобуйаны оҥорбута. Бу олох саҥа сүүрээн этэ. Оччолорго «Айыы үөрэҕэ» диэн өйдөбүл киирэ илигэ, оскуолаҕа үөрэтиллиэхтээх диэн өйгө да суоҕуна, Лазарь Афанасьевтыын итинник бырайыагы олоххо киллэрэн барбыттара. Кинилэри батыһааччы үксээбитэ. Учуутал өбүгэлэрбит олохторун, үгэстэрин, оҕону, ыччаты иитэр холобурдарын, норуот педагогикатын билэринэн сөхтөрбүтэ. Араас публика иннигэр ону элбэхтик быһаарбыта.
Онон Василий Иванович биир идэлээхтэриттэн инники хардыылаабыт учуутал, иитээччи быһыытынан өрөспүүбүлүкэҕэ биллибитэ-көстүбүтэ. Биһиги Институппут общественнай лектора этэ, улуустарга ыҥырыыга сылдьан, бэйэтин уопутун кэпсиирэ, тарҕатара. Куорат, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах мунньахтарга уоттаах-төлөннөөх тылы этэн, хайаан да туруорсубутун толортороро. Итинник чаҕылхай, сытыы-хотуу, ылыннарыылаах тыллаах-өстөөх буолан, куорат учууталларыгар өрүү дурда-хахха буолара.
Оччолорго Лысенкова, Шаталов, Дъяченко, о.д.а. курдук Арассыыйа новатор-учууталларын уопуттарын күүскэ тарҕата сатыыр этибит. Оччоттон баччааҥҥа диэри саҥаны, сонуну учууталларга тиэрдэ охсоору методистар тиэтэйэрбит. Онуоха Василий Иванович этэр буолара: «Олох бэйэбит методикабытын оҥоруохха, айыахха наада», – диэн. Ити санаатын кини эдэр учууталларга тиэрдэ сатыыра. Оччолорго общественнай лектордарбытын илдьэ уруоктарга элбэхтэ сылдьарбыт, ырытарбыт. Сорохтор кини сытыы тылыттан саллаллар этэ да, Василий Иванович кими да хомуруйбат буолара, биир идэлээхтэригэр харыстабыллаахтык сыһыаннаһара. Мин уопуппунан киниэхэ тэҥэ суоҕум, сааспынан да сабырыйтарарым, ол гынан баран Василий Иванович сэнээбэт этэ, тэҥнээҕин курдук тутара.
Саха оскуолатын сайыннарыы кэнсиэпсийэтин идиэйэлэрин олоххо киллэриигэ дьоһун кылааты киллэрбитэ. Ол СӨ үтүөлээх учуутала, Василий Иванович Босиков, бүтүн оскуоланы сахалыы саҥардыбытыгар, ийэ тылга, төрүт култуураҕа тапталы, бэриниилээх буолуу холобурун бэйэтинэн көрдөрөн, үөрэнээччи, учуутал, төрөппүт кэлэктииптэригэр иҥэрбитигэр, поэт быһыытынан уруоктарыгар уран тыл кистэлэҥин арыйбытыгар, ол барыта күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри үлэлээбит оскуолатыгар үгэс быһыытынан салҕанан бара турарыгар көстөр. Василий Иванович биир хоһоонугар этиллибитин курдук:
«Мин күүстээхпин Ийэ тылбынан!
Аалы көтөҕөр алгыспынан,
Өбүгэлэртэн силис тардынан
Тыыннаах кэлбит үгэспитинэн», —
диэн толору этэр бырааптаах этэ диэн сыаналыыбын. В.И. Босиков – бэйэтин кэмин төлөннөөх патриота, ийэ тылын эрэллээх көмүскээччитэ, сытыы тыллаах поэта, дьиҥ норуот учуутала этэ.
2021 сыл, балаҕан ыйа