Читать книгу Кистэлэҥнээх Саха сирэ - Группа авторов - Страница 2
Чучунаа кимин-тугун туһунан сабаҕалааһыннар:
ОглавлениеНатуралист учуонай Карл Линней бу күтүрү «homo troglodytes» (хайа киһитэ) диэн ааттаабыт. Түҥ былыргыттан кэлбит, сүтэн эрэр киһи бииһин ууһа диэн быһаарар.
Биллиилээх этнограф Гавриил Ксенофонтов этэринэн, чучунаа диэн фольклорга олоҕурбут тайҕа, хайа, туундара иччитэ, дьиҥ олоххо суох көстүү.
Уһук хотугу норуоттар олохторун чинчийээччи, этнограф Илья Гурвич чучунаа туһунан 30-тан тахса сыл үөрэппит. Кини «чучунаа – төрүт сириттэн арахсан, дьонуттан-сэргэтиттэн тэйэн хаалбыт булчут чукча» диэн сабаҕалыыр. Тоҕо диэтэххэ, чукчаларга, былыргы үгэстэринэн, сүтэ сылдьыбыт киһи төттөрү бииһигэр төннөрө аньыынан ааҕыллара. Сир-халлаан икки ардыгар хаалан хаалбыт булчут кыыллыйан барара – этэ-сиинэ тыйыс тымныыга сылдьан түүнэн бүрүллэрэ, киһилии тылын умнара.