Читать книгу Кистэлэҥнээх Саха сирэ - Группа авторов - Страница 4
Тыл төрдө
Оглавление«Иччи» – түҥ былыргыттан силис тардыылаах ытык тыл. Ол курдук, тыл үөрэхтээхтэрэ «иди» (хозяин, владелец; господин (о боге)) диэн былыргы түүр тылыттан үөскээбит дииллэр, ону сэргэ «идь» (властитель, владыка) диэн биһиги эрабыт иннинэ үөскээбит санскрит тылыгар эмиэ ханыылыы тутталлар.
Иччилэргэ итэҕэйии язычество диэн ааттанар. Язычество – аан бастакынан үөскээбит былыргы итэҕэл. Билигин иччи өйдөбүлэ күүскэ сайдыбыт сиринэн азия омуктара буолаллар.
Этнограф Семен Николаев-Сомоҕотто суруйарынан, иччи диэн киһи курдук тыллаах-өстөөх, саныыр санаалаах, киһилии иэйиилээх буолар.
Иччилэр олус өһүргэстэр, онон сахалар кинилэри кыыһырдыбат, кэлэппэт туһуттан, кыылга-сүөлгэ, окко-маска барытыгар куруук сүгүрүйэллэр. Айылҕа оҕотугар сиэрэ суохтук сыһыаннаспыт киһини иччилэр кырыыллар, олоҕор ол-бу араас ыарахаттары көрүһүннэрэллэр. Өскөтө улахан аньыыны оҥорбут буоллаҕына, алдьархайга түбэһиннэрэн тыынын да былдьыахтарын сөп.
Иччилэри хомоппот буоларга кыһан:
Сиргин-уоккун айыы аһынан аһата сырыт;
Кири-хаҕы сиргэ, эбэҕэ быраҕыма;
Уокка силлиир, кири быраҕар, уһуктаах малынан булкуйар аньыы;
Айылҕаҕа сылдьан улаханнык айманар, хаһыытыыр-ыһыытыыр түктэри;
Булка-алка сылдьан сиэри таһынан элбэҕи эбэтэр кыылы эрэйдээн, сэймэктээн өлөрөр аньыы;
Көтөр уйатын алдьатар, оту-маһы тоһутар аньыы;
Суолга сылдьан ытык маска салама ыйаан, бэлэх тутан ааһар буол;
Дьиэҕэ иһиирэр сатаммат;
Дьиэҕэ улаханнык айдаарсар, этиһэр-охсуһар куһаҕан тыыны үөскэтиэн сөп;
Дьиэ эркиннэрин уһуктааҕынан анньар, алдьатар түктэри.