Читать книгу Кистэлэҥнээх Саха сирэ - Группа авторов - Страница 7

Сүллүүкүн иһиллээһинэ

Оглавление

Былыр сахалар таҥха кэмигэр бэлэмнэнэн эрдэттэн отторун хас да хонукка тиийэр гына тиэйэллэрэ, оттор мастарын дьиэҕэ кыстыыллара, саҥа ойбон аллараллара, эргэ ойбоннорун ыраастыыллара, дьиэ таһын ып-ыраас гына күрдьэн кэбиһэллэрэ, эдэр дьон сүллүүкүн иһиллииргэ бэлэмнэнэллэрэ. Өбүгэлэрбит сүллүүкүнү киһилии саҥарар дьоҕурдаах уу иччитэ диэн этэллэрэ.

Биирдэ, кыра эрдэхпинэ, Убайым Ньукулай, дьукаахпыт Баһылай Уус уонна абаҕам улахан уола Дьөгүөр буоланнар таҥха иһиллии барарга бэлэмнэннилэр. Мин кинилэри хайдах тутталларын-хапталларын кэтии сырыттым.    Убайым аах куобах истээх нэк суорҕаны, харалаах аас тэллэҕи ылан суулаатылар уонна туох да саҥата-иҥэтэ суох тахсан бардылар.

Ол киэһэ аҕам остуоллары, талах олох мастары атах ороҥҥо уурталаата. Балаҕаммыт тута хайдах эрэ кэҥээбиккэ дылы буолла. Мустубут дьон кыра уолаттары быа тардыһыннардылар, оттон атыттар биһилэх кутустулар. Ити курдук үөрэн-көтөн ортолуу оонньуу сырыттахпытына били таҥха иһиллии барбыт дьоммут аҕылаан-мэҥилээн киирэн кэллилэр. Кинилэр, таҥастарын устан оронноругар мээнэ быраҕаттаан баран, туох да саҥата-иҥэтэ суох уҥа оһох чанчыгар кэлэн иттэн бардылар. Туохтан эрэ өлө куттаммыттара биллэр этэ. Онно дьоммут ыйыталаһан көрбүттэрэ да, олох кэпсээбэтэхтэрэ. Баҕар, оҕолор бааллар диэн тутуммуттара буолуо…

Кэлин убайым аах туохха түбэспиттэрин ийэбиттэн билбитим. Таҥхаһыттарбыт бастаан сайылыкка тахсан дьагдьайыахтарыгар диэри сэргэни кууспуттар да, тугу да    истибэтэхтэр. Онтон салгыы ойбон таһыгар олорбуттар. Ол олордохторуна мууһу ортотунан аттаах дьон кэлэн аттарын уулатан барбыттар. Биир киһилэрэ, «сайын ардахтаах буолуо» дии-дии, таҥха истээччилэр төбөлөрүгэр уу куппут, онтуката хайдах эрэ ардах таммалыырын курдук үһү. Онтон: «Илэ абааһы мин кэлэн турабын. Кэпсээммин тулуйан истээри, кэлэн хоноһон олороҕут дуо?» – диэн баран, тугунан эрэ сискэ охсубут уонна суордуу кыламмыт. Иһиллээччилэр куттанан, саптыбыт суорҕаннарын киэр эһэн баран, бууттара быстарынан дьиэлэрин диэки куоппуттар. Онно хайалара да кэннин эргиллэн көрбөтөх буолан, туохха түбэспиттэрэ биллибэккэ, кистэлэҥ буолан хаалбыт.

И.С. Хоютанов

Кыра оҕо курдук быһыылаах-таһаалаах, кытархайдаҥы кугас тура сылдьар баттахтаах, сырдык кугас харахтаах, оройунан көрбүт мэник дьиэ иччитэ. Сороҕор сыгынньах, сороҕор тирэпиискэ-ирэпиискэ таҥас дуомалаах буолар. Дьоҥҥо улахан куттала суох эрээри, өһүөмньүлээх майгылаах, тугу эмэ сөбүлээбэтэҕинэ, иэстиһиэн, соруйан куһаҕаны да оҥоруон сөп.

Кистэлэҥнээх Саха сирэ

Подняться наверх