Читать книгу Кистэлэҥнээх Саха сирэ - Группа авторов - Страница 6
Сир иччитэ оонньооспут…
ОглавлениеБу түбэлтэ 2007 сыл дуу, 2008 сыл дуу сайыныгар буолбута. Соҕотох хомуһунан туолбут улахан күөллээх сайылыктаахпыт. Аата Хомустаах диэн. Онно үс ыал дьиэтэ турар. Сайын аайы оҕолор мустан оонньуурбут-көрүлүүрбүт… Эбэбит түүннэри тоҕо айдаараҕыт, хаһыытыыгыт, иччилэри уйгуурдаайаҕыт диэн куруук сэрэтэрэ.
Былыттаах борук-сорук күн этэ. Оҕолор сопхуос саҕана тутуллубут хотон аттыгар «милииссийэлээх уонна үспүйүөннээх» оонньоотубут. Биһиги,«үспүйүөннэр», бары «милииссийэлэртэн» куотар аакка түстүбүт. Мин хотон кэннигэр ойуурга улахан чөҥөчөх аттыгар састым уонна барытын төгүрүйэ көрүтэлии олордум. Арай уҥа өттүбүн көрбүтүм эмиэ мин курдук чөҥөчөх аттыгар биир киһи саһан олорор эбит. Ким буоларын таайбакка, ыйытарга сананным: «Доо, кимҥиний? Милииссийэҕин дуу, үспүйүөҥҥүн дуу?» – диэтим. Киһим эппиэттээбэтэ. Мин дьээбэлээри, «милииссийэбин» дии-дии туран кэлэн, кини диэки хаамтым. Киһим ойон туран ойуур диэки куотар аакка түстэ. Бэйэм да өйдөөбөппүнэн эккирэтэн бардым. Атаҕым анныгар мутук, мас тостор тыаһа иһиллэр. Оттон киһим уу чуумпутук сүүрэр, мас лабаалара хамсаабаттар даҕаны. Мин кини кэнниттэн сүүрэр курдукпун эрээри, барытыттан иҥнэбин. Ол эккирэтэһэн кыра ырааһыйаҕа таҕыстыбыт, онтон тута ыркый ойуур кэллэ. Кимин билиэхпин баҕараммын салгыы эккирэттим. Киһим ыркыйга киирэн симэлийэн хаалла… Дьэ онно биирдэ этим сааһа арылла түстэ, куттанан, кэнним диэки эргиллээт, куотар аакка түстүм. Бука санаатахха, балай да ыраах эккирэппит эбиппин. Ол куотан оонньуур сирбититтэн аһара түһэн, олох даҕаны алаас түгэҕинэн тахсан кэллим уонна оҕолорбун көрөн, туох баарбынан кинилэр диэки сүүрдүм. Онно, дьоммун куттаамаары, тугу да кэпсээбэтэҕим. Аҕыйах күн ааспытын кэннэ эмиэ оонньоору муһуннубут. Мин бу сырыыга кыттыспатым, туора турдум. Арай биир уол сүтэн хаалла. Онон оонньууну тохтоттулар. Син өр-өтөр кэминэн уолбут сүүрэн аҕай кэллэ, сатаан да саҥарбат буолуор диэри уолуйа куттаммыт, нэһиилэ кэлэҕэйдээн барда. Сонно тута, уоскутан, ыйыталаһан бардыбыт. Кини онно «милииссийэ» буолбут эбит. Уонна эмиэ ол хара киһини эккирэтэн икки-үс килэмиэтирдээх сиргэ тиийэ барбыт. Ол эккирэтэн истэҕинэ киһитэ, сыыры түһээт, сүтэн хаалбыт. Уолбут ону көрөн куттанан, туох баарынан төттөрү куотан кэлбит.
Дьэ онтон ыла тыаҕа мээнэ айдаарбат буолбуппут.
«Кистэлэҥ күүс» сурунаал
Дьылҕаны таайар дьоҕурдаах уу иччитэ. Үгүс киһи кинини оройугар муостаах, сибиинньэ курдук муруннаах, атаҕар туйахтаах нуучча чуортугар ханыылыы тутар. Дьиҥэ, сүллүүкүн олох атын – төбөтүн оройо уһуктаах, баттаҕа, хааһа суох, баҕатыҥы дьаллаҕар айахтаах, бытыылка курдук быһыылаах сарыннаах, кыра уҥуохтаах буолар. Номоххо кэпсэнэринэн, кини эмиэ киһи курдук бэйэтин дойдутугар оҕо-уруу үөскэтэн, дьиэ-уот тэринэн, ынах-сүөһү ииттэн олорор.
Таҥха Хаан – сэттис халлааҥҥа олорор киһи дьылҕатын айар-кэрдэр, төлкөтүн түстүүр Үрдүк айыы.
Тыл төрдө
Тыл билимин дуоктара Рифкат Ахметьянов этэринэн, «сүллүүкүн» (сахал.), «шуликун» (эргэр. славян.), «шулэйкин» (коми), «шүлгэн» (башк.) – тыллар бары «шуй-луҥ-хуан» диэн кытай тылыттан төрүттээхтэр. Шуй-луҥ-хуан диэн кытай мифологиятыгар уу дракона, кини – өрүһү, муораны, былыты бас билэр иччи.
Таҥха күннэрэ
Саха өйдөбүлүнэн, сүллүүкүттэр тохсунньуга, таҥха кэмигэр, олохтоох ууларыттан сир үрдүгэр аҕыйах хонукка тахса сылдьан баран, төннөллөр. Бастаан уот оттооччулар суолу арыйаллар, өтөхсүйбүт дьиэлэргэ, балаҕаннарга олохторун бэлэмнииллэр, онтон кинилэр кэргэннэрэ, оҕолоро, кырдьаҕас өттүлэрэ тахсаллар. Бу кэмҥэ таҥха күннэрэ үүнэллэр, төлкө иһиллээһинэ саҕаланар.
Таҥха кэмигэр куһаҕан тыынтан харыстаныы:
Сүллүүкүттэртэн сэрэнэн, тымтыгынан аан, түннүк үрдүнэн, дал, хотон айаҕар кириэс саайаллар;
Киһи кута барсыа диэн таһырдьа таҥас хаалларбаттар;
Ойбонтон уу баспаттар;
Абааһылар аймахтаһар ыйдара диэн уруурҕаһыыны оҥорботтор;
Ордук хос тыл-өс тахсара сатаммат.
Былыргы таҥха көрүҥнэрэ
Өбүгэлэрбит сүллүүкүттэртэн илэ бэйэлэриттэн дьылҕаларын истэллэрэ билигин үһүйээн буолан ахтыллар.
Ол курдук, былыр сахалар, инникилэрин билээри, тохсунньу тоһуттар тымныытыттан толлубакка, алаас ортотугар өтөхсүйбүт балаҕаҥҥа саһан олорон, баҕар, сүллүүкүттэр киириэхтэрэ диэн кэтииллэрэ. Таба тайаннахтарына, кинилэр талбыт балаҕаннарыгар киһи диэхтэрин киһи буолбатах, кыыл диэхтэрин кыыл буолбатах дьикти күтүрдэр киирэн буолаары турар уларыйыылары, күн-дьыл хаамыытын – барытын кэпсэтэллэр эбит. Онно дьон, баалларын биллэрбэккэ, иһийэн олордохторуна, дьылҕаларын билэллэрэ.
Иккис таҥха көрүҥэр: өбүгэлэрбит түүн оройо ойбон аттыгар халыҥ таҥаһынан бүрүнэн олорон, сүллүүкүттэри кэтииллэрэ. Уу иччилэрэ ойбонтон таҕыстахтарына, кинилэри тула эргийэ сылдьан, төбөҕө сүр ыарыылаахтык охсо-охсо, дьылҕаларын кэпсээн саҕалыыллара. Дьон ону тулуйан олордохторуна эрэ, инникилэрин билэллэрэ.
Бу көрүҥнэринэн кытаанах санаалаах эрэ дьон таҥхалыыллара. Тоҕо диэтэххэ, өскөтүн таҥхаһыт куттанан хаһыытаатаҕына-ыһыытаатаҕына, сүллүүкүҥҥэ баарын биллэрдэҕинэ, бу киһи дьылҕата уһаабата.
Аныгы таҥха көрүҥнэрэ
Буосканан сэрэбиэй
Чүмэчи буоскатын бытарытан баран, улахан ньуоскаҕа ууран, атын умайа турар чүмэчи үрдүгэр тутан ууллараллар. Онтон тымныы уулаах иһиккэ куталлар. Ол кэннэ тоҥмут буоска быһыытынан билгэлэнэллэр. Холобур, массыына, сөмөлүөт курдук быһыылаах буоллаҕына – ыраах айаҥҥа.
Иннэнэн сэрэбиэй
Икки иннэни сыанан сотон баран, тымныы уулаах бүлүүһэҕэ угаллар. Иннэлэр бэйэ-бэйэлэрин таарыйыстахтарына, таптыыр киһигин кытта сыһыаҥҥыт тупсуо диэн сабаҕалыыллар.
Кинигэ ааҕыыта
Бу сэрэбиэйгэ хас да киһи кыттыан сөп. Халыҥ, сахалыы тылынан суруллубут кинигэни ылаллар, чүмэчи уматаллар. Сэрэбиэйдээччи иһигэр тугу билиэн баҕарарын таайар, хараҕын симэн баран түбэһиэх сирэйи арыйан, түбэһиэх этиини эмискэ ыйаат, төлкөтүн ааҕар.
Кумааҕы күлүгүнэн сэрэбиэй
Халыҥ кумааҕыны, «быйыл миигин туох күүтэрий?» дии-дии, кумалыы тутан баран, бүлүүһэ үрдүгэр уматаллар. Кумааҕы умайан бүппүтүн кэннэ, чүмэчи уотугар туһаайан бүлүүһэни араастаан эргитэ сылдьан, күлүгүн эркиҥҥэ көрөн, инникини сылыктыыллар.
Сүллүүкүн манньыата
Сүллүүкүттэр олус баай буолаллар. Кинилэр сылдьыбыт сирдэригэр көмүс манньыаттарын хаалларыахтарын сөп үһү. Ону булбут киһи үс күн иһинэн бараан бүтэриэхтээх, ол эбэтэр манньыат ньамахха кубулуйан хаалар диэн итэҕэл баар.
Хаһан эрэ, ханна эрэ кыбытан баран умнубут харчыгын таҥха кэмигэр булан ыллаххына, бу сүллүүкүн үбүгэр тэҥнээҕинэн ааҕыллар, ол аата сылы быһа үптээх буолаҕын диэн сылыктанар.