Читать книгу Кистэлэҥнээх Саха сирэ - Группа авторов - Страница 3

Дьиҥ олоххо буолбут түбэлтэ
Чучунаалыын доҕордоһуу

Оглавление

Бу түбэлтэ Кэбээйи улууһун Сангаарыгар буолбут. Үйэтин тухары балыктаан, бултаан олорбут Софронеев диэн киһи 1970 сыллар саҕаланыыта чучунааны кытта доҕордоспут үһү. Ол маннык саҕаламмыт. Бултуур сирин булан, балааккатын туруоран, күөлтэн балыктаан киирбит. Утуйаары оҥосто сырыттаҕына арай балааккатын аттынан ким эрэ хаамар тыаһа иһиллибит. Онуоха Софронеев саатын ылан, балааккаттан өҥөйбүт уонна көрбүтүн итэҕэйбэккэ өр-өтөр таалан турбут. Икки миэтэрэ уһуннаах уонна бүүс-бүтүннүү түүнэн бүрүллүбүт киһи оҥкучахха кистэммит ас хаһааһын, илиитинэн баһа-баһа, сии турар эбит. Онтон «дьик» гынан соһуйбут курдук туттубут уонна доҕолоҥнуу-доҕолоҥнуу хааман бара турбут. Софронеев, тута чучунаа сылдьарын сэрэйэн, маҥнай утаа олус күүскэ куттаммыт. Чучунаа барбыта син өр-өтөр буолбутун кэннэ булчут балааккаттан тахсан, сиргэ хаан таммалаабытын көрөн, «барахсан, атаҕын улаханнык өлөрбүт ээ» диэн аһына санаабыт. Сарсыҥҥы күнүгэр хомунан бараары туран, аһын ордугун, тобоҕун барытын мунньан эргэ чөҥөчөк төрдүгэр уурбут.

Софронеев Сангаарга төннөн баран, «Чучунаа хайдах биһиэхэ тиийэн кэллэҕэй, атаҕын туохха өлөрдөҕөй?» – диэн олус элбэҕи эргитэ санаабыт. Бадаҕа, үйэтин тухары бултаабыт, балыктаабыт айылҕа оҕото буолан маннык санааҕа ыллардаҕа. Сарсыныгар, тулуйбакка, ол көрсүбүт сиригэр төннөргө санаммыт. Тиийбитигэр бэҕэһээ хаалларбыт аһын тобоҕо ханна да суох эбит. Баҕар, өссө кэлиэ диэн эмиэ ас уурбут. Булчут киһи соһуйуоҕун иһин, чучунаа киниттэн куттанар эбит: ас уурбут чөҥөчөҕүттэн икки сүүсчэкэ миэтэрэҕэ тэйбитигэр, кэнниттэн кэлэн аһаан барбыт. Маннык, ас хаалларан, булчут биир ый кэриҥэ чучунааны аһаппыт. Аны сорох ардыгар чучунаата, киһитийэн, махтанан илиитинэн далбаатыыр буолбут. Биир күн, аһылык уура сылдьан, булчут уонна чучунаа эмиэ көрсө түспүттэр, онуоха чучунаа аны икки илиитинэн далбаатаабыт. Бу быраһаайдаһыы кэнниттэн чучунаа булчукка көстүбэтэх. Софронеев сааһыран хара өлүөр диэри чучунаалыын доҕордоспутун дьоҥҥо кэпсиирэ үһү.

Е. Аммосова

Иччи диэн айыы уонна абааһы икки ардынан сылдьар күүс. Кини киһини арчылыыр, көмүскүүр аналлаах, ол эрээри өскөтүн түктэри быһыыланнаҕына – накаастыан, кэһэтиэн сөп. Саха итэҕэлинэн, араас хамсыыр-харамай, көтөр-сүүрэр, кыыл-сүөл, үүнээйи, от-мас, айылҕа көстүүлэрэ: тыал, алаас, аартык, хайалар, күөллэр, үрэхтэр, о.д.а. – барыта иччилээх. Онон, туохха барытыгарсиэрдээхтик сыһыаннаһыахха наада.

Кистэлэҥнээх Саха сирэ

Подняться наверх