Читать книгу Кистэлэҥнээх Саха сирэ - Группа авторов - Страница 5

Сүрүн иччилэри дьүһүннээһин

Оглавление

Аал уот иччитэ – Хатан Тэмиэрийэ – киһини араҥаччылыыр уонна көмүскүүр күүстээх. Ону таһынан уот куһаҕан киртэн-хахтан, дьайтан ыраастыыр аналлаах.

Сир-дойду иччитэ – Аан Алахчын хотун – айыыларга чугаһыыр үтүө санаалаах, орто дойду дьоно этэҥҥэ олороллоругар кыһамньытын биэрэр.

От-мас иччилэрэ – Эрэкэ-дьэрэкэ оҕолор – дьону батыһа сылдьан, ол-бу куһаҕан тыынтан көмүскүүр, өрүһүйэр аналлаахтар.

Тыа иччитэ – Баай Байанай – тыа көтөрүн-сүүрэрин, кыылларын-сүөллэрин барыларын бас билэр сүдү иччи. орто дойду дьонуттан кэһиини эрэйимтиэ, кыраҕа да олус үөрүнньэҥ, эйэҕэс майгылаах буолар. Үөрэн-көтөн, санаата манньыйар түгэнигэр булчут киһиэхэ элбэх булду тэбэн биэрэр диэн сахалар итэҕэйэллэр.

Уу иччитэ – Күөх Боллох Тойон – бу иччи сыһыаныттан балыксыттар, муҥхаһыттар бултуйуулара быһаччы тутулуктаах. Уу иччитэ булт тэрилэ ыраас буоларын сөбүлүүр. Ол иһин эр дьон балыгы бултуур тэриллэрин, илими эбэтэр муҥханы, сыт таһааран арчылыыллар.

Дьиэ иччитэ – Дьиэрдэ Бахсы – дьиэ кэргэни араҥаччылыыр, дьиэҕэ куһаҕан дьайы киллэрбэт, харыстыыр аналлаах.

Тиэргэн иччитэ – Элэс Баатыр – ыал олоҕор туох буоларын барытын билэ-көрө сылдьар, дьиэҕэ баар дьону барыларын араҥаччылыыр, куһаҕан тыыны киллэрбэт.

Хотон иччитэ – Ньаадьы Ньаҥха – хотону, ол иһигэр турар ынаҕы-сүөһүнү араҥаччылыыр, куһаҕан дьайтан көмүскүүр.

Сэргэ иччитэ – Тойон Түһүмэл – дьиэни-уоту, тэлгэһэни, ол иһигэр олохтоох дьону барыларын араҥаччылыыр, дьайы чугаһаппат, куһаҕан тыынтан көмүскүүр аналлаах.

Аартык иччитэ – Моһол Тойон, аартык иччитин кэргэнэ Буомча Хотун – бу иччилэр сөбүлүүр дьонноругар аартык суолун арыйаллар, оттон истэригэр киллэрбэтэхтэринэ, арыйбаттар эбит.

Кистэлэҥнээх Саха сирэ

Подняться наверх