Читать книгу Киһи соҕотох сүрэхтээх… - - Страница 12
Cүрэх ыарыыларын эмтээһин эволюцията
Хирургическай практика саҕаланыыта уонна билиҥҥи ньымалар
ОглавлениеБылыр сүрэҕи эпэрээссийэлиир түгэннэрэ эмиэ бааллара. Аһаҕас сүрэххэ маҥнайгы эпэрээссийэлэр өссө биһиги э.и. 400 сыллаахха оҥоһуллубуттара биллэр. Ол эрээри бастакы эпэрээссийэни ситиһиилээхтик XIX үйэ ортотугар оҥорбуттара. Эпэрээссийэ кэмигэр былыргы Греция быраастара аорта уонна тыҥа артериятын кылаапаннара хайдах үлэлииллэрин болҕойон көрөллөрө. Билии мөлтөх уонна технология суох буолан, сүрэх эпэрээссийэтэ уһун үйэлэргэ кыайан сайдыбатаҕа. Арай XIX үйэ ортотугар анестетиктары уонна уопсай анестезияны туһаныы саҕаланыыта сайдар туруктаммыта. Сүрэххэ бастакы үрдүк таһымнаах эпэрээссийэни 1896 сыллаахха Франкфурт куоракка Ludwig Rehn оҥорбута, кини немец саллаатын сүрэҕин, бааһырбытын, хам тигэн абырахтаабыта. Өссө XVI үйэ саҕана сүрэхтэригэр бааһырбыт саллааттары наркоһа суох сэрии хонуутун ортотугар эпэрээссийэлээбит түбэлтэлэрэ аҕыйаҕа суохтар.
Хааны эргитэр аппараат үөдүйүүтэ.
XX үйэ саҕаланыыта эпэрээссийэ ньымата олус судургу этэ. Ол кэмҥэ эпэрээссийэ тэбэ турар сүрэххэ оҥоһуллар буолан уустуга. Хааны эргитэр искусственнай аппараат айыллыаҕыттан ыла сүрэххэ оҥоһуллар эпэрээссийэлэр сайдан, таһымнара лаппа үрдээбитэ. Хааны табыгастаахтык искусственнай аппараакка холбоон эргитэр, тромб үөскүүрүн утарар, сүрэх носуос курдук хааны хачайдыыр (эргитэр) үлэтин солбуйар уонна эти-сиини кислородунан хааччыйар ньымалары – барытын эргиччи билэн олоххо киллэрии тирээбитэ. Бу XX үйэ чинчийиилэрин биир сүдү суолталаах соруга этэ.
Медицинскэй факультет студена Jay McLean (Джеем МакЛин) 1916 сыллаахха, чинчийиилэрин түмүгүнэн, гепарин тымырга хаан бөлүөхсэрин тохтотор, тромб үөскүүрүн утарар диэн медицинскэй холбоһукка иһитиннэрбитэ.
Искусственнай хаан эргиирин хайысхата сайдыытыгар уһулуччу өҥөнү Джон Гиббон киллэрбитэ. Эдэр быраас 1930 сыллаахха Массачусетс (Пенсильвания) кылаабынай госпиталын лабораторияларыгар оҥорбут чинчийиилэрин түмүгэр 1937 сыллаахха киһи этин-сиинин үлэтин искусственнай хааны эргитэр уонна тыыннарар аппарааттар көмөлөрүнэн хааччыйыахха сөбүн дакаастаабыта. Сэрии кэнниттэн электроннай-вычислительнай массыыналары (ЭBM) оҥорор корпорация инженердэрин көмөлөһүннэрэн чинчийиитин салҕаабыта. Хас да эпэрээссийэни ыттарга ситиһиилээхтик оҥорон баран, 1953 сыллаахха киһини эпэрээссийэлээбитэ. Ол эрээри хас да киһи өлөн, 1955 сыллаахха өлүү төрүөттэрэ биллиэр диэри эпэрээссийэттэн аккаастаммыта. 1970 сыллаахха элбэх учуонай сыралаах үлэтин түмүгэр ыарыһахха куттала суох аппараат айыллыбыта. Билиҥҥи кэмҥэ искусственнай хааны эргитэр аппараат хас да чаас устата ыарыһахха туһаныллара туох да куттала уонна хос дьайыыта суох.
Сүрэх тымырдарыгар эпэрээссийэ 28. Сүрэх быччыҥнарын тымырдарын эпэрээссийэлээһин эбэтэр коронарнай артериялары шунтируйдааһын кэнники кэмҥэ cүрэххэ элбэхтик оҥоһуллар буолла. 1890 сыллаахха Алексис Каррель тымырдары холбооһуҥҥа (анастомоз) холоммута. «Веналар уонна уорганнар трансплантациялара» диэн Карл Гатрины (Charle Guthrie) кытта бииргэ суруйбут үлэтигэр хас да хирургическай ньыманы сырдаппыта, ол иһигэр сүрэх гетеротопическай көһөрүллүүтүн методиката эмиэ киирбитэ. Бу чинчийиилэрин иһин 1912 сыллаахха Каррель медицина уонна физиология уобалаһыгар Нобелевскай бириэмийэни ылбыта. Кини тымыр хирургиятын уонна трансплантологияны (көһөрөн олордууну) төрүттээччинэн буолар. 1953 сыллаахтан сүрэх быччыҥар хаан эргиирин тупсарыы хайысхатыгар Кливленд клиникатыгар Ckaude Beck чинчийиилэри саҕалаабыта. 1946 сыллаахха Arthur Vineberg сүрэх быччыҥын (миокард) реваскуляризациятыгар түөс иһинээҕи артерияны туһаммыта. Бу ньыма 19501970 сылларга олус киэҥник тарҕаммыта. Ол да буоллар, 1967 сыллаахха эмиэ Кливлеҥҥэ аргентинец Rene Favaloro сүрэх тымырдарын ыарыыларын сиһилии үөрэтэн баран, шунтирование ньыматын олоххо киллэрбитэ күн бүгүнүгэр диэри туттуллар. Сүрэҕи аһатар уҥа тымыр29 кыараабыт сирин тумнарга (шунтирование) атах тириитин иһинээҕи улахан венаны30 ылан туһаммыта. Dudley Johnson маннык эпэрээссийэни сүрэҕи аһатар хаҥас тымырга31 оҥорбута. Favaloro оҥорбут эпэрээссийэтин сүрүн тосхоллоро бүгүҥҥү күҥҥэ улаханнык уларыйбакка кэллэ, ол эрээри саҥа эпэрээссийэлиир ньымалар уонна саҥа технологиялар трансплантаннар туһаныллар болдьохторун уһаталлар, ыарыһах өлүүтүн аччаталлар, ону тэҥэ соторутааҥҥа диэри өлөр дэммит ыарыһахтар туруктара чөлүгэр түһэригэр кыах биэрдилэр.
Сүрэх кылаапаннарыгар эпэрээссийэлэр. Сүрэх кылаапаннарын эчэйиилэрин көннөрүү уонна уларытыы искусственнай хааны эргитэр аппарааттар үөдүйбүттэрин эрэ кэннэ оҥоһуллар кыахтаммыттара. Кылаапан сарбынньахтарын32 эбэтэр кылаапаны бүттүүнүн уларытар маҥнайгы эпэрээссийэлэри Bahnson, Muller уонна McGoon, бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуга суох, 1950-с сыллар бүтэһиктэригэр оҥорбуттара. Кылаапаны уларытар маҥнайгы эпэрээссийэни ситиһиилээхтик 1953 сыллаахха Hufnagel аллараа түһэр аортаҕа33, шаровой протеһы туттан, оҥорбута. Аатырбыт Америка кардиолога Пол Дадли Уайт «Сүрэх ыарыылара» диэн кинигэтигэр (50-тан тахса сыл анараа өттүгэр бэчээттэммитэ) маннык суруйбута: «митральнай, ону тэҥэ аорта кылаапанын эчэйиилэрин эмтиир анал ньымалар суохтар». Ол эрээри олох сайдан истэҕин ахсын клиническэй практикаҕа уустук механическай кылаапаннар уонна аутогеннай биологическай протезтар туттуллар буолбуттара, олору тэҥэ кылаапаннары араас ньымаларынан (комбинированнай) уларытыылар, сүрэх тымырдарыгар эпэрээссийэлэр, тириини нөҥүө (чрескожное) кылаапаннары көннөрүү (вальвулотомия) о.д.а. технологиялар көдьүүстээхтик туттуллар буоллулар.
Сүрэх тэтимин булкуллуута. XX үйэ ортото ааһыар диэри бу ыарыыттан өлүү-сүтүү олус элбэх этэ. Сүрэх тэтимин салайар аппараат элбэх сыллар усталарыгар сыралаах үлэ түмүгэр айыллыбыта. 1960-с сыллардаахха олору туһаныы саҕаламмыта. Маҥнайгы сүрэх тэтимин биэрэр аппарааттар (кардиостимулятордар) электродтарын түөһү хайытан, сүрэххэ сыһыары тигэн холбууллара, кэлин электродтары хомурҕан аннынааҕы венанан киирэн сүрэххэ тириэрдэр технология айыллыбыта.
Маҥнайгы кардиостимулятордар кээмэйдэрэ балайда улахан этэ уонна стимулу биир кэм тохтоло суох сүрэх куртахтарыгар биэрэллэрэ. Кэлин икки электродтаах стимулятордар (сүрэххэ киирэр уҥа камера кулгааҕар уонна куртахтарга) айыллыбыттара, кээмэйдэрэ лаппа кыччаабыта. Билиҥҥи кардиостимулятордар үлэлэрин тэтимэ сүрэх үлэтин тэтимин кытта дьүөрэлэһэн үлэлиир34. Сүрэх үлэтин тэтимин сорох түгэҥҥэ уҕарытыан, наадалаах түгэҥҥэ эбэн биэриэн сөп.
Сүрэх тэбэр тэтимэ улаханнык кэһиллэн, ордук сүрэх куртахтарын быччыҥнарын үлэлиир тэтимэ булкулуннаҕына35, соһумардык өлүү түгэннэрэ элбэх этэ. 1980-с сылтан ону утары электрическэй разряд биэрэр кардиодефибриллятор аппараат ыарыһахха туруоруллар буолуоҕуттан ыла сүрэх үлэтин итинник кэһиллиититтэн соһумар өлүү биллэрдик аҕыйаата.
28
Коронарнай шунтирование
29
Правая коронарная артерия
30
Большая подкожная вена ноги
31
Левая коронарная артерия
32
Створки клапана
33
Нисходящая аорта
34
Частотно адаптивные
35
Фибрилляция желудочков