Читать книгу Киһи соҕотох сүрэхтээх… - - Страница 9
Cүрэх ыарыыларын эмтээһин эволюцията
Сүрэх кыаммат буолуута 21
ОглавлениеБу ыарыы былыр-былыргыттан Египеккэ, Грецияҕа, оннооҕор Индияҕа биллэр этэ. Римляннар бу ыарыыны эмтииргэ наперстянканы (от бииһин ууһа) ииктэтэр көдьүүстээҕин иһин туһаналлара. Англия бырааһа Уильям Уизеринг 1785 сыллаахха наперстянкаттан алкалоиды арааран ылбыта уонна сүрэх үлэтин күүһүрдэр дьайыылааҕын туһунан сиһилии суруйбута. Маны тэҥэ хааннааһын ньымата ХIX уонна XX үйэлэргэ тарҕаммыта. Наперстянкаттан ураты хинин, стрихнин, о.д.а. туттуллаллара.
XX үйэ саҕаланыыта ииктэтэри көҕүлүүргэ теофиллины уонна кофеины туһаналлара. Ииктэтэр күүстээх дьайыылаах маҥнайгы препаратынан сифилис ыарыылаахтарга туттуллубут мербафен диэн препарат этэ. Итинник дьайыылаах ацетазоламид, хлоротиазид уонна гидрохлоротиазид сульфаниламидка олоҕуран оҥоһуллубуттара, ыарыһаҕы эмтээһиҥҥэ 1958 сылтан олоххо киирбиттэрэ. Сүрэҕэ мөлтөөбүт ыарыһахха 1981 сылтан каптоприл туттуллар буолбута, ону тэҥэ сүрэхтэрин быччыҥа (миокардара) ишемиялаахха уонна гипертоническай ыарыылаахтарга XX үйэ бүтэһик сылларыттан бета-блокатордар көдьүүстээхтик туһаныллыбыттара.
Кэлиҥҥи кэмҥэ ангиотензины уларытар фермени утары уонна бета-блокатордары туһаныы бу ыарыыттан өлүүнү биллэрдик аҕыйатара бигэргэтиллибитэ.