Читать книгу Биһиги сахалар…. Туруулаһыы - - Страница 2

ААН ТЫЛ

Оглавление

«“Туруулаһар” диэн тылы, билигин эрэ, аһаҕастык, бэйэтин суолтатынан өйдүүр кэммит кэллэ. Бу олус күүстээх тыл», – диэн кэриэһин этэн хаалларбыта саха биир бастыҥ өйдөөх саарына, саха тылын күүһүн тилиннэрээччи, саха омук кырдьыгын, уратытын туруулаһааччы Баһылай Бырдьахаанап 1.

Саха омук үс атахтаах толору кымыстаах чороону күөрэччи көтөхпүт көрүҥнээх:

Биир атах – киин сахалар.

Иккис атах – Бүлүү сахалара.

Үһүс атах – хоту сахалар.

Оттон биир атах доҕолоҥноотоҕуна – омук сатарыйыа, кымыһа тохтуо.

«Биһиги, сахалар…» диэн кинигэм тахсыбыта номнуо 30 сыл буола оҕуста. Демография науката 30 сылы көлүөнэлэр солбуйсар кэрчик кэмнэринэн билинэр. Ол аата, ааспыты кытта ситимнээн, саҥа көлүөнэҕэ туһаайан, инникини торумнаан толкуйдуур соругу ситиһэргэ дьулуһуохтаахпыт. Суруллубут – суоруллубат. Отут сыл анараа өттүгэр суруйбут кинигэбин саҥалыы хараҕынан ааҕан көрдүм да, туохтан да аккаастанар, бу сыыһа халытыы барбыт диэн кыбыстыбатым. Баҕар, оннук мастыйан хаалбытым буолуо.

Бу икки кинигэ икки ардытыгар бэрт элбэх билии мунньулунна, араас өрүттээх историческай уларыйыылар ыгымнык сөрөөтүлэр, көҥүл тыынын да уктулар, хааһахха да тыыннардылар. Билэ-көрө, тэҥҥэ олук үктэһэ сылдьар дьон кэм-кэрдии кэрэһиттэрэ буолаллар. Оннук дьону кытта санаа атастаһар баҕаттан бу иккис кинигэни суруйарга сананным.

Саха омук бэйэтин дьылҕатын тас дьайыылар күһэйиилэриттэн ыктаран толкуйданарга, тыыннаах хаалар, онтон сайдар суолу биттэнэн, таба тайанарга дьулуһар, ол тула сомоҕолоһор майгылаах омук. Онуоха сонун, туһалаах буолуо диир уратылары хамаҕатык ылынар дьоҕурдааҕын былыргыттан билиҥҥигэ диэри атын омуктар бэлиэтии көрөллөр. Сэрэхтээх, туга-ханныга, ис биэтэһэ биллибэт угаайыга киирэн биэрбэккэ дьулуһар.

Саха омук сайдыытын 100 сыллаах былаанын ойууннаан, научнай тас күүстэри да түмэн, политическай да, литературнай да билиилэринэн сирдэтинэн Өксөкүлээх Өлөксөй, Былатыан Ойуунускай, Максим Аммосов, Софрон Данилов, Михаил Николаев толкуйдарынан айыллан, олоххо араас өрүттээхтик киирбиттэрэ.

Судаарыстыба дьылҕата уонна омук дьылҕата – араас араастар, тус-туспа да хайысхалаах, дьүөрэлэспэт да буолуохтарын сөп. Быйыл биһиги государственностаах омук буолбуппут 100 сыла диэн бэлиэтии сылдьабыт. Дьиҥинэн ыллахха, 1921 сыл алтынньы 23 күнүгэр ылыныллыбыт «Декларация прав и обязанностей трудящихся Якутской Социалистической Советской Республики» уонна 1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр араас омуктаах норуот аатыттан ылыныллыбыт «Декларация о государственном суверенитете Якутской-Саха Советской Социалистической Республики» саха омук былааһа буоларын кэрэһилээбэттэр. Инньэ гынан, хайалара да саха омук судаарыстыбалара буолбатахтар. Итини чуолкайдык өйдүөхпүтүн наада. Онон, саха бэйэтин уопсастыбаннай, гражданскай күүстэринэн салайынарга дьулуһар.

Оннук бэйэ ис кыаҕынан сайдыыны тутуһарга күүстээх туруорсуу, билии-көрүү таһымынан официальнай былааһы кытта дьүөрэлэһэн, сомоҕо тылын-санаатын тиэрдэр кыахтаах бэлэмнээх, тэрээһиннэрдээх буолара ирдэнэр. Өскөтүн 1990-с сыллар саҥаларыгар инкооптация диэн уопсастыбаннай лиидэрдэри былаас структураларыгар хото киллэрбит эбит буоллахтарына, билигин оннук суох. Түмүгэр, оппозиция да, бииргэ куолаан үлэ да тахсыбат. Оннук турук былааска да, уопсастыбаҕа да охсуулаах, түмүгэ – сытыйыы, эстии, ыһыллыы.

Өрөспүүбүлүкэ былааһа үүт-үкчү үөһээҥҥилэри үтүктэр. Тутулбут оннук, арбаҕастаах да абыраабат. Маннык кэмҥэ биһиги «мягкая сила» диэн ньыманы туттуохтаахпыт дии саныыбын. Ханныгын да иһин былааска бэйэлээх бэйэбит дьоммут олороллор. Оннук олохтоох омук бас-көс дьоно салалтаҕа тахсыбыттара федерация субъегын аайы кыаллыбат. Онон, бу дьоммут ааттарын-суолларын харыстыахха уонна тылбытын сатаан тиэрдэр ньымалары көрдүөххэ. Бэйэ эрэ туһун буолбакка, Арктика, бүтүн Сибиир кыра-хара, аҕыйах ахсааннаах, бэйэлэрэ субъект быһыытынан таһымнаах тутулларын кыаммакка олорооччулар дорҕоонноох куоластара буолуохтаахпыт. Онуоха хайдах бэйэ бодобутун тардынан, атыттары тардар дьон-норуот буолабыт?

Биһиги туһаайыыбыт – норуоппутун кытта бииргэ буолан, кини куолаһа, киэҥ көхсө, уһун тыына, сырдык санаата буолуу.

Ол сорук туолуутугар, аан бастаан, олохтоох дьаһалталар истэригэр өтөн киирии наада. Олохтоох публичнай былаас сис дьоно буолуу – бу кыаллар тирэх, салгыы өрөспүүбүлүкэ, федеральнай таһымнарга тахсарга тирэнэр үүнүү, бэйэни салайыныыга бэлэмниир олуктар туһалыахтара.

Ханнык да омук бэйэтин салайынар таһыма ис кыаҕынан быһаарыллар. Бу ааспыт сүүс сыллаах үөрэхпит дьиҥнээх ис хоһооно итини бэйэбит толкуйбутунан өйдүүрбүтүгэр тириэртэ. Баары баарынан ылыныахха, онно тирэҕирэн кэскили тобулуохха.

Бу үйэ государственностаах буолууга бэлэмнэнии быһыытынан ааста.

Аны иккис үйэҕэ үктэннибит. Кэлэн иһэр кэм-кэрдии кэрэһиттэрэ, бу биһиги – билиҥҥи кэм дьоно буолабыт. Ол курдук суолталаахтык, дьоһуннаахтык санаа атастаһыахха, ааспыты, бу кэми, инникини холбуу тутан ырытыахха, ыраланыахха.

Саха омук Хотугулуу-Илин Азияҕа тайаан олохсуйбут, икки улуу акыйаан Чуумпу уонна Арктика силбэһэр үрэхтэрэ Дөлкү Өймөкөөн улууһугар баар. Тас дойдулары кытта быысаһар Арассыыйа кыраныыссата Саха сирин Арктикатынан биэс сүүс көстөн тахса сиргэ субуллар. Хотугу Муустаах байҕал хоонньугар хорҕойо сытан, арктическай циркумполярнай цивилизация сүрүн тутааччылара буоларбытын ылынан, билинэн, онно тирэннэхпитинэ, омук быһыытынан чөл хааларга туруулаһар күүспүт бөҕөргүө. Арктика айылҕата сир хайа да өттүнээҕэр кэбирэх, тыйыс уонна түргэнник уларыйар тэтимҥэ киирдэ. Ол тэтим саха бэйэтин инникитин толкуйдууругар, туруулаһарыгар тиэтэтэр. Онуоха эбии глобальнай информация ситимин хараҕын дала эмиэ биһиги хас хардыыбытын барытын кэтии уонна тарҕата олорор. Маннык кэмҥэ үүнэр саха көлүөнэтэ саҥалыы сайдар суоллары тыырарыгар быдан ыгым, түргэнник-тарҕаннык быһаарыныыны ылынан, туттуу-хаптыы ирдэбиллэрэ тураллар.

Ханнык баҕарар норуот, судаарыстыба атыттар сайдалларыгар туһалаах, киниэхэ эрэнэр тирэх ылбаҕай ыаллыы сыһыаннаах эрэ буоллаҕына чөл туруктаах, бэйэтин туһун эрэ хааччынар кыараҕас ычатыттан босхолонон сайдан уонна чөл туруктанан атыттары кытта тэҥҥэ дьүөрэлэһиэн сөп. Онон, биһиги, сахалар, Айыы суоллаах дьылҕабыт дьоло Арктикаҕа уйаланар.

Билигин буола турар араас историялаах улахан цивилизациялар бэйэлэрин сирдэрин былдьаһыыларыгар, урукку оннуларыгар түһүүлэрин будулҕаныгар баһыйтаран хаалбакка, кытыы сир кыра ычалаах омуктарын дьылҕатыттан төлөрүйүөх кэриҥнээхпит. Бэйэбит сайдыы киинэ буолар кэскилбит көнтөһүн салайан, Күн Дьөһөгөйбүт арҕаһыттан сайдыы саҕахтарыгар дьулуруйар ыра санаанан салайыныахха!

Бу Орто туруу дойдуга туруулаһыы – уйгулаах олох ис киэбэ!

Бу кинигэҕэ информацияны хомуйарбар көмөлөспүт Национальнай библиотека үлэһиттэригэр, чуолаан Лариса Львовна Малаяҕа, Хаҥалас улууһун библиотекатыгар, «Николаев-Киин» – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнин архыып-библиотекатыгар, ХИФУ, АГИКИ, ЧГИФКИС преподавателлэригэр уонна устудьуоннарыгар, Чурапчы, Таатта, Ньурба, Өймөкөөн, Дьааҥы, Халыма улуустарын Айыы дьонугар, саха итэҕэлин сүрүннээччи А.Н. Павлов-Дабылга, Т.Р. Такасаеваҕа, Е.И. Мигалкинаҕа, Н.И. Руфоваҕа, бу кинигэни суруйарбар туруорсубут В.Н. Луковцевка, дьиэ кэргэммэр барҕа махталбын тиэрдэбин.

1

Баһылай Бырдьахаанап. Айар тыл уоттаннын! Тыл илбиһэ төлөннөннүн! – Дьокуускай: Бичик, 2009. – С.284.

Биһиги сахалар…. Туруулаһыы

Подняться наверх