Читать книгу Биһиги сахалар…. Туруулаһыы - - Страница 7

Сахаҕа өй култуурата

Оглавление

Саха дойдутугар өй, санаа, толкуй, билии күүскэ сайдар кыахтарын айылҕабыт бэйэтэ чочуйар. Ол иһин дойду интеллектуальнай баайа үөскүүрүгэр манна аналлаах айылҕа айбыт эйгэтэ баарын туһаныах кэриҥнээхпит. Саха өйүн сайыннарыыны уталытыллыбат, тулахадыйбат тутаах сорук быһыытынан ылыныахха. Сомоҕо омук биир тыыннаах, өйдөөх-санаалаах дьон түмсэн барҕарар көстүүлэрэ буолар.

Өйө-санаата омугу тыыннаах оҥорор: кини ис уоҕа, кини сүрэ, кини олоххо дьоҕура уонна дьулуура22. Саха өйү өрө тутар омук. Сахалыы өй-санаа удьуор билиитигэр сөҥө сылдьар. Ытыктыыр киһитин «Өй хаата» диэн килбиэнин хайгыыр. Ол иһин өйгө сыһыаннаах элбэх өйдөбүллэр, өс хоһоонноро, өйү эрчийэр, сайыннарар, сытыылыыр үөрүйэхтэр, сатабыллар айыллыбыттар. Саха өй араас көрүҥүн араарар уонна өйү икки өрүттээх, утарыта дьайыылаах турук быһыытынан көрөр. Өй сүрүн уратыларын саха утарыта уонна ситэрсэр көстүүлэр быһыытынан ылынар – дириҥ эбэтэр чычаас өй; тобуллаҕас, сытыы өй эбэтэр сыппах өй. Өй эмиэ анал идэтийиини эрэйэр: өйүнэн сайдыы суолун тыырааччы, ону дьоҥҥо тарҕатааччы-тиэрдээччи уонна ол суоллары батыһааччы – соргуну ситиһээччи.

22

Степанова В.Е. Саха үөрэҕэ оскуолаҕа. – Дьокуускай: Бичик, 2012. – С. 11.

Биһиги сахалар…. Туруулаһыы

Подняться наверх