Читать книгу Биһиги сахалар…. Туруулаһыы - - Страница 3

БАСТАКЫ ОҤКУЛ
САХА ДЬЫЛҔАТА – ҮҮНЭР ҮЙЭҔЭ

Оглавление

Киһи аймах былыр-былыргыттан олоҕун икки араас суолтан биирдэстэрин талан солонор. Бастакы суол – күүс өттүнэн өттөйөн туора омуктар сирдэрин, баайдарын-дуолларын былдьаан ылан, кыаҕырарга дьулуһуу. Оннук ньыма тас эрэ эйгэҕэ туттуллубат, ис тутулларыгар эмиэ дьайан уһунугар өһүөнэ бэйэтигэр төннөн кэлэн, иинэр-хатар, кэрэгэй кэскиллиир, ыһыллар-тоҕуллар. Бу бастакы суолу КЫРЫЫС суола диэххэ. Иккис суол – эйэлээхтик-иллээхтик олорорго дьулуһуу, дьүөрэлэһии, ыаллыы омуктары кытта, бэйэ дьонун кытта хардарыта тыл-тылга киирсэн, куолаан биир кыһалҕаны быһаарсыы, Сир Ийэҕэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһыы. Бу суолу АЛГЫС суола диэххэ. Бастакы суолу тутуспуттар, история тыйыс уруогуттан кэһэйэн, иккис суолу ылыналлара баар суол. Холобура, Германия билигин бэйэтин демократия уйатын быһыытынан ииттинэ сатыыр, Канада олохтоох омуктары эһэ сыспытыттан кэмсинэн, кинилэри көмүскүүр суолу тутуһар.

Саха омук АЛГЫС суолун тутуһарга ыраастаныы араас ньыматын элбэх түгэннэргэ туттар. Ону европейскай цивилизация суолун тутуспут омук дьоно дьиктиргии, сонургуу көрөллөр-истэллэр. Дьиҥинэн ыллахха, ханна да олохтоох омуктарга тиийдэххэ, эйигин ыраастыыр сиэри-туому хайаан да оҥороллор. Кинилэр олохсуйан олорор сирдэрин айылҕатын санаатынан, тыынынан уоскуйаллар, холкутууллар, кэҥииллэр. Ол аата, Сир Ийэ төрүт олохтоохторо эйэлээхтик дьүөрэлэһии суолун тутуһаллар. Сахалар эмиэ Эйэни туохтааҕар да күндүргэтэбит.

Ол гынан баран Саха кэлиҥҥи үйэлэргэ утарыта турар ити икки суолларга кыпчылынна. Ол ис колонизация диэн ааттанар ииччик-бааччык тоһуурдарыгар күһэҥэ да туллар кыһалҕаларын санаатын күүһүнэн тулуйар кэллэ. Оннук түгэннэргэ хатан санаалаах, эрдээх сирдьиттэр номоххо хаалбыт Тыгын Дархан, онтон Илья Винокуров, Михаил Николаев курдук лиидэрдэр дьону-норуоту күөннэринэн көмүскээбиттэрэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ диэн таһымҥа таһаарбыттара.

Дьэ бу Саха Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ биир үйэтин туолар историческай кэрчик кэмэ тосту уларыйыылар хаҕыс тыыннара хаҥыннарыах кэриҥнээх түгэннэригэр түбэстэ. Омук бэйэтин салайынар төрүт быраабын түөрэҥнэтиэх мүччүргэннээх быһыы-майгы тирээн кэлиэх курдук кыһалҕатыттан сэрэхэдийэн, туох да дорҕоонноох түмсүү, үүнэр үйэни торумнуур көрүү-истии кыаллыбата. Арай Бастакы Бэрэсидьиэммит М.Е. Николаев ыарахан кэмнэр иһэллэр диэн сэрэттэ, онуоха бэлэмнээх буолар туһуттан маннык суолларынан дьаһаныахха диэн эттэ: «В трудные, переломные годы политического и экономического переустройства России в 90-х годах мы перед собой ставили три взаимосвязанных вопроса. Первый вопрос – повысить политический статус республики, второй – определиться с собственностью республики и третий – на основе этого улучшить качество жизни людей. Свою мысль об этом мы открыто провозгласили на I съезде народных депутатов РСФСР в мае 1990 года, где выдвинули идею об изменении статуса автономных республик и создании действительно равноправных национально-территориальных структур. До этого было много встреч с руководством страны, поэтому тот документ, который заложил основу современной Якутии, был смело объявлен с трибуны съезда. Это принятое 26 декабря 1990 г. после многих встреч, согласований в верхах, Постановление Совета Министров РСФСР «О расширении экономической самостоятельности Якутской-Саха ССР в решении социально-экономических проблем в условиях перехода на рыночные отношения». А у себя на родине мы обсуждали этот документ в каждом сельском совете, в каждом районе, в крупных предприятиях и учреждениях нашей республики. Поэтому мы смело шли на этот шаг. Были очень тяжелые времена, распад Союза был трагедией для многих регионов. Особенно для отдаленных окраин, но мы сумели выстоять и заложить прочный фундамент для дальнейшего развития республики. Тот колоссальный опыт работы нашей команды в 90-х годах должен пригодиться для руководителей нового времени. Сегодня тоже наступили нелегкие времена, будет трудно, поэтому надо уже сегодня действовать на опережение. Главное, сохранить громадный экономический потенциал, который был создан в республике. Это основные фонды в порядке более трех триллионов рублей. И нужно принимать все меры, чтобы ни в коем случае не пострадало наше сельское население, чтобы село было обеспечено»2.

Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин иккис сүүс сыллаах историятын арыйар ураты суолталаах түгэнэ тосхойбут биһиги көлүөнэ дьон ааны арыйар дьоһун суолталаах буоллубут. Ааспыт кэмтэн туох билиини, ситиһиини, баҕа санааны ылҕаан ылан үүнэр үйэбит тирэҕэ, суола-соруга оҥостобут, туохтан кыккыраччы аккаастанан, ыраастанан, босхолонон инники сүүс сылга дьэҥкэ ис туруктаах, дьоһуннаахтык туруулаһар соруктаах үктэнэбит?

Историческай үйэ дьон-сэргэ өйүгэр-санаатыгар көлүөнэлэр майгыларыгар, кинилэр олоҕу анаарар көрүүлэригэр иҥэр. Ол дьиэ оҥкулун курдук. Аҕам саастаахтар сындыыс мас курдук чиргэл туруктаах, бөҕө-таҕа олохтоохтук сиргэ тирэнэр, орто саастаахтар эркин курдук эрэллээх, дьиэ муннуктарын ыга тутан хаҕыс эйгэни муннарар буоллахтарына, ыччаттарбыт үрдүк өһүөлээх иэримэ уйаны туттан дьолу-соргуну түстүөхтэрэ. Ити курдук көлүөнэлэр солбуйсан дьол уйатын тутарга, сындыыс буолар сааска тиийэргэ олорбут олоҕуҥ омсолоох көрүүлэриттэн көҥүл өттүнэн аккаастанар кэмэ-кэрдиитэ кэлэр. Ону сэргэ үтүө кэскиллээх өттүн ыһыктыбакка тутуһан туруулаһар ытык сааскынан туһанар кыах үөскүүр. Кырдьаҕаһы эрэ барытын хааһахха уга сылдьан сүбэлэппэттэрэ буолуо. Саҥа кэм ирдэбилигэр суол ыйар билиилээх-көрүүлээх, ыччаты харыстыыр, сайыннарар суолталаах сүбэлээх аҕам киһи ордук көмөлөөх.

Билиҥҥи кэммит демографическай уратыта диэн саастаах дьон ахсаана күүскэ элбии турар, оттон ыччат ахсаана аҕыйыырын таһынан, өссө тас сирдэринэн тэлэһийэ, табыгастаах үлэни-сырыыны сырыста. Маны сэргэ Саха сирин этнодемографическай састааба көстө уларыйа турар, ол тута араас итэҕэллээх, култууралаах, олоххо уонна төрүт дьоҥҥун кытта өйдөспөт майгыны үксэтэр.

Модернизация диэн ааттанар саҥалыы олоҕу ылыныы, дьиҥинэн ыллахха, киһи сааһыттан быһаччы тутулуга суох. Ону туруору өйдөөн, салалтаны, дьон өйүгэр-санаатыгар дьайар иитэр-үөрэтэр, билиини-көрүүнү, майгыны-сигилини сүрүннүүр ситимнэргэ дьоһун саастаахтары ылгыырга дьулуһуу – кэрэгэй дьаһаллар. Силиһэ суох аар хатыҥ лаглайа үүммэтин кэриэтэ, угуттуур симэһинэ, тургутар өйө суох уопсастыба, ийэтэ суох муммут кус оҕолорун курдук, хаппыт хомуска, кулуһуҥҥа хорҕойо сатыыр. Ону силлиэ-буурҕа, мэник уот имири салаан ааһара ырааҕа суох. Ол да иһин кыйма кытай дьоно аарыма Дэн Сяо Пиннарын үстэ былаастан илгэн баран, үстэ төннөрөн, көнөр суолга үктэммиттэрэ.

Саха дойдутун айылҕата ыраастаныыга ордук күүстээх ирдэбиллээх. Сыгынах, сытыйбыт, ымыйбыт, кэхтибит барыта өр сылларга сүлүһүннүүр.

Ыраастаныы — айылҕа туруга, сайдар-үүнэр суол олуга. Ол тэҥэ киһи эмиэ олоҕун суолун ыраастыы, сыыһаттан-алҕастан көннөрүнэ сылдьар. Ыраас дьайар күүһэ Күнтэн түһэр. Ол иһин былыр-былыргыттан киһи аймах күҥҥэ сүгүрүйэн, Күн сардаҥаларынан көнтөстөнөн, кини сырдыгар тардыстан, чэбдигирэн, торолуйан олох баар буоллаҕа. Сүрэх тэбиитин тэтимэ, айар-тутар эрчим, көҥүл тыын Күнтэн бэриллэр. Күн киһи аймаҕы кууһан, эйэлээх олоххо эрэли үөскэтэр сылбата эстибэт күлүмнүүр күүстүүр. Кини Ытык сирдэргэ кистэлэҥ күүһүн хорҕотон, Сири кытта айар, дьарайар ситими тутар.

Билигин, баҕар, ядернай тоҕо тэптэрии Күн уотун өлбөөрдөн, планетаны кыһыҥҥы муус тымныынан тыынар тыыннааҕы эһиэ диэн дьаарханыы баар. Ол аата, киртийии чыпчаалыгар, аньыы-хара муҥурданыытыгар тиэрдэр суоһар куттал бүрүүкүөх курдук.

Хараһыктаах хара тыыны быыһыырга сырдыкка дьулуһуу Аар Айыы сыдьаайар сырдык Айыыларыгар дьулуһуу уустук. Билигин дьайар, аан дойду дьонун итэҕэллэрэ, сүрүннээн, тус бэйэ этэ-сиинэ өлүүттэн быыһаныытын эрэ тутах кыһалҕатын харамныы сатыыр. Аар силик айылҕа, киҥкиниир киэҥ куйаар үүнэр сырдык Айыы күүстэрин кытта дьүөрэлэһии, киһи олоҕун тыынын үрдэтиигэ дьулуһуу саха итэҕэлигэр күүстээх.

Онон, элбэх аньыылаах-харалаах, айылҕа ыраас эйгэтин билиммэт кэмҥэ олорорбут быһыытынан, ол сэтин-сэмэтин уҕарытаары, ЫРААСТАНЫЫ сиэрэ-туома төрүт олохтоох омуктарга кэлин күүскэ сайдан эрэр. Ити үтүө, чиргэл, Аар айылҕа сааһыламмыт олоҕуттан маппат туһугар туруулаһыы туоһута, киртэн-хохтон босхолонуу – олох ирдэбилэ.

Ыраастаныы, босхолонуу өрүттэрэ элбэхтэр. Төрдүттэн ылар буоллахха, утарыта турар дьайыылар дьүөрэлэһиилэрин ситиһэргэ тыынар тыыннаах барыта дьулуһар. Төрдө – иитиллэр сир былдьаһыга. Детерриториализация диэн төрүт сири былдьааһын, ретерриториализация диэн төрүт сири төнүннэрии. Ол тула араллааннаах айманыы быыстала суох. Урут ХНТ тэриллэригэр 51 сувереннай судаарыстыба баар эбит буоллаҕына, билигин – 193. Ол курдук, 1990-с сылларга Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыбытын (детерриториализацияламмытын) түмүгэр 15 сувереннай судаарыстыба норуоттара төрүт сирдэрин ретерриториализациялаан, төһө кыахтара баарынан хараанныы сатыыллар. Киһилии глобализация сүрүн уратыта диэн ыаллыы норуоттар бииргэ, куолаан бэйэлэрин сайдар суолларын туруулаһарга көмөлөсүһэр кыахтарын күүһүрдэр.

Биһиги, сахалар, үлүгэрдээх киэҥ сири тайаан, сабардаан, ону судаарыстыбаннас таһымынан баһыйар өттүн тутан олоробут. Ол, биллэн турар, кыҥыы сытар кыйма омуктар ымсыыларын улам күүскэ көбүтэн иһэр. Онон, баччааҥҥа диэри улахан судаарыстыба хонноҕор, ол сокуоннарынан олорон кэлбит эбит буоллахпытына, аны тас да колонизация дьайыытыгар киирэргэ тиийэр кэмнэрбит тирээн кэлэллэрэ сабаҕаланар. Кыра быраат буолан, дьукаах олоруу уратыта диэн олохтоох омук бас-көс дьонноруттан баһыйар былааһы хааччыйар кулуттуу хабахха тыынар санааны, хааччахтаммыт күүһү бэлэмнээһин буолар. Ол гынан баран мүччүргэннээх быыһык кэмнэргэ, күһэҥэ туллаҥныыр биэтэккэ хорсун эр санаалаах салайааччылар күүстээх туруорсууларынан бар дьоннорун быраабын, интэриэһин туруулаһар модун ис кыахтаахтар.

Норуотун көҥүлүн, быраабын туруулаһыы символа буол- бут Тыгын Дархан килбиэннээх суола сойо илик. «Хайа да түөлбэҕэ бастыҥ саха киһитин «Дыгын оҕото киһи» диэн хайҕаан, киэн тутта этэр кыахтаныаҕыҥ», – диэн ыҥырар М.П. Алексеев-Дапсы3. 2016 сыллаахха Хаҥалас улууһугар Тыгын сылын биллэрбиттэрэ, араас тэрээһиннэр ыытыллыбыттара4. Бу улуу Дарханнарыгар туһааннаах үһүйээннэр, өйдөбүнньүктэр, сир ааттара элбэхтэр: Тыгын төрөөбүт маһа, Дархан Атаҕа, Дархан Олоҕо, Дархан Ходуһата… Хаҥалас улууһа бүтүннүү Тыгын Дархан ытык сирэ диэн ааттанар кыахтаах. Тыгын Дархан аатын санатар Куллаты, Дьэр, Табаҕа, Нөмүгү, Сайсары, Эркээни, Туймаада, Самартай, Малдьаҕар, Хачыкаат, Өктөм, Иккис Дьөппөн, Хахсыт, Тыгын Булгунньаҕа… Дыгын Боотур – Чурапчыга, Тааттаҕа – Тыгын Тойон, Тыгын Баай – Уус Алдаҥҥа, Тыгын Тойон – Мэҥэ Хаҥаласка, Аммаҕа, Намҥа уос номохторо буолан ааттаналлар. Ол да иһин саха дьоно өрүһүспүт, утаппыт курдук туруулаһан, уларыта тутуу саҕана В. Яковлев-Далан Тыгын Дархан туһунан кэс тыл кэриэһин курдук айан-суруйан хаалларбыт айымньытыгар Тыгын Дарханы илэ бэйэтин, оччотооҕу кэми киинэ гынан таһаарарга туруммута.

Саха Өрөспүүбүлүкэтэ бэйэтин суверенитетын биллэрэр кэмигэр салайыныы үрдүк солотун «бэрэсидьиэн» диэн ааттаабыппыт. Ол солону табыгаһа суох диэн үтүрүйбүттэригэр, «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана» диэн өссө дириҥ суолталаах ааты айан таһаарбыппыт 2012 сыллаахха бэс ыйын 8 күнүгэр Конституцияҕа киирбитэ, 2014 сыллаахха балаҕан ыйын 14 күнүгэр ыытыллыбыт быыбарга Егор Афанасьевич Борисов аан бастакынан, бар дьонун итэҕэлинэн, сахалыы үрдүк солону сүкпүтэ. Бу аат уһаарыллар мөккүөрүгэр Тыгын, Аҕа Баһылык, Аан Дархан, Ил Дархан, Аҕа Дархан буоллун диэн этиилэр ырытыыга, санаа атастаһыытыгар турбуттара.

Дархан үйэлэри уҥуордаан эҥсэн кэлбит суолтата дьон-норуот ыра санаатын тилиннэрэр дьоһун аат буолан угуйан, «Тыгын Дархан» диэн ааттаах киинэ айыллар буолбутун саха дьоно ис-истэриттэн үөрэ-долгуйа ылыммыттара. Ким туох кыахтааҕынан, итиини-тымныыны, ороскуоту, кэлиини-барыыны аахсыбакка турунан, киинэ дьиҥ сахалыы олоҕу-дьаһаҕы, майгыны, үйэлэргэ иитиллэр Или төрөөбүт төрүт сиргэ олохтуур ыра санаа дьулуурун көрдөрөргө дьулуспута. Саха түмсүүлээҕин, бэйэтин дьылҕатын кэпсээнин тус бэйэтинэн туруулаһан туран кэпсииргэ туруммут бу бастакы далааһыннаах көстүүтэ буолар.

Маннык таһымҥа сананыы даҕаны, ону ситиһии – кыра-хара омук дураһыйбат чыпчаала. Маныаха күүс, билии, сатабыл үрдүк күүрүүтүн түмүүгэ саха саарына Андрей Борисов «Чыҥыс Хаан» киинэтэ суолдьут сулус буолбута чуолкай. Кини саха өйүгэр-санаатыгар таҥара таһымыгар иҥмит улуу өбүгэлэр сирдьиттэрин илэ-бодо көрдөрөр, сахалыы тыыннаах киинэни айбыта. Онон, салҕааччылар кини санныгар үктэнэн, сүөм үрдээн, Тыгын Дархаҥҥа холоннохторо. Онуоха төһүү күүс быһыытынан уларыта тутуу саҕана саха сүнньүн туппут, санаатын бөҕөргөппүт Далан айымньыта бөҕө-таҕа далаһа буолар.

Бу киинэ уобараһыгар, тылыгар, идиэйэтигэр Тыгын Дархан диэн чопчу киһи эрэ буолбакка, Дархан диэн эр киһи дьоһун аатын ис суолтатын арыйарга, ону тилиннэрэргэ сүрүн болҕомто ууруллубут. Экраҥҥа былыргы кэм көрдөрүллэр да буоллар, көрөөччү билиҥҥи кэми кытта тэҥниир. Ол иһин, саха омук сомоҕолоһуутун идиэйэтэ билиҥҥи муҥкугуруу кэмигэр сытыытык турарын өйдүүрэ күүһүрэр, элбэх толкуйдары үөскэтэр.

Саха дьоно-сэргэтэ тус кыттыытынан, Ил Дархан өйөбүлүнэн, Үрдүкү күүстэр көмөлөрүнэн, баарбытынан-суохпутунан «бу биһиэнэ» диэн өрө күүрэн, өйү-санааны түмэн туруорбут киинэбит Иллээх буолууга дьулууру көрдөрдө, ону үгүстэр ылыннылар-биһирээтилэр. Бу киинэ ньыматынан Или ситиһии эндирдээх суола толугу да эрэйэрин, дьон-норуот туһугар туруулаһыы тургутуутун уйарга аналлаах сирдьит Дархан үйэлэргэ сэдэхтик төрөөн-үөскээн ааһарын санатар. Тойону оттон-мастан оҥорбоккун. Өлөр-тиллэр хатарыллыыны туораан, дьон дьылҕатын салайар киһи киэнэ аҕыс кырыылааҕа, суолдьута, эр хоһууна кииллэнэр. Билиҥҥи кэмҥэ тыктаран көрөр буоллахха, «Дархан кыһатын» тэрийии, саха Дарханын иитии, талыы, эрэбил итэҕэйии – саха өссө бэйэтигэр ылына илик соруга турда, историческай кэм-кэрдии хатыйыытыгар чиргэл тирэхтээх саха салайааччылара саҥа кэм ирдэбилин күөнүгэр таҕыстылар.

Ол курдук, Иккис Аан дойду сэриитигэр ССРС норуоттарыттан саамай ынырык содулу сэрии толоонноруттан ыраах сытар кыра-хара саха омук сүкпүтэ. Имири эһиллиэхпитин оччотооҕу байыаннай ытарчалаах суостаах үрдүкү былааска бэйэтин харыстаммакка, кэрээниттэн тахсыбыт курдук эрдээхтик туруорсан, сиэмэх имперскэй майгылаах оччотооҕу обком салайааччы Степаненколааҕы уһултарары ситиспит, күн бүгүҥҥэ диэри номох буолбут Илья Егорович Винокуров этэ.

Кини харса суох уонна уу тэстибэт быһаарсыылаах докумуоннарынан киирсэн, Саха сирин олохтоохторун тыынын өрүһүйбүтэ. 1941—1944 сылларга тыа сиригэр ыар олохтон, хоргуйууттан, араас ыарыыттан 52473 киһи өлбүт, эмиэ ити сылларга 67643 киһи буруйданан сууттаммыт. 1940 сылтан саҕалаан 1943 сыл ыам ыйын 24-27 күннэригэр диэри тиһигин быспакка туруорсан Илья Егорович ВКП(б) Киин кэмитиэтин сэкирэтээрэ И. Сталин илии баттааһыннаах уурааҕын ситиспитэ: «Освободить т. Степаненко И.Л. от работы первого секретаря Якутского обкома ВКП(б)». Салгыы И.Е. Винокуров быһаччы ылыннарбыт дьаһалларын түмүгэр, дьон өлүүтэ-сүтүүтэ уҕараабыта, аччыктааһынтан төлө көппүттэрэ. 1942 сыллаахха – 15717, 1943 с. – 16040 киһи өлбүт эбит буоллаҕына, 1944 с.– 3435, 1945 с.– 6294, 1946 с. – 4160 киһи өлбүтэ5. Олох тупсуу суолугар үктэммитэ.

Онтон Сэбиэскэй Сойуус ыһыллан үлэ-хамнас ситимэ урусхалланан, сиртэн хостонор баайтан эрэ өлүүлэстэххэ иитиллэр суол арыллыан сөбүн туһанаары, оччотооҕу Үрдүкү Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Михаил Ефимович Николаев РФ Президенэ Б.Н. Ельциҥҥэ быһаччы тэлэгирээмэ ыыппыта. Ол правительство тэлэгирээмэтигэр 1991 сыл балаҕан ыйын 15 күнүттэн сойууһунай суолталаах промышленнай тэрилтэлэри өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр ыларын уонна хостонор кыһыл көмүһү, алмааһы ханна да ыытан энчирэппэккэ, өрөспүүбүлүкэ ис кыһалҕаларыгар туттабыт диэн хорсуннук туруулаһан биллэрбитэ. Оннук хас да сыл туһанан, элбэх киһи сырдык тыына өллөйдөммүтэ, төрүүр оҕо төлкөлөммүтэ, ыччат инникигэ эрэллэммитэ, аман саастаах иитимньилээх кырдьыбыта.

Бу тэлэгирээмэҕэ визаны туруорбут үс сүрүн салайааччылар – «Якутзолото» генеральнай дириэктэрэ Т.Г. Десяткин, «Якуталмаз» генеральнай дириэктэрэ Л.Л. Солдатов, Совмин бэрэссэдээтэлэ К.Е. Иванов илии баттаабыттара. Ол хорсун быһаарыныыны Михаил Ефимович Климент Егоровичка кэлин маннык санаппыта: «Вспомни свою подпись на моей телеграмме в Кремль о приостановке отгрузки якутского золота и алмазов в Бюджет и ГоХран СССР. Мы их приберегли для будущей самостоятельности России. Но был прямой риск потерять навсегда и должность, и даже доброе имя. Однако ты не дрогнул и поддержал меня. Мы победили. Победили, прежде всего, самих себя»6.

Саха эр киһитин дьоһун аата диэн билигин ханнык суолталаах тыллар баалларый? Былыргы үйэҕэ сахаҕа Тойон ууһунан биллэр хаҥаластар баһылыктарын Дархан диэн ааттыыллар эбит, атын улуустарга оннук аат иҥмэтэх. Кэлин Дархан диэн аат тиллэн, билигин уол оҕо да аата баар, Ил Дархан диэн үрдүк солону бэлиэтиир тиэрмин да баар. Тыгын Дархан дьулуспут Илэ билигин саамай үрдүк сололоох салайааччыбыт анал аата буолла. Дархан – эр киһи дьоһунун муҥутуур чыпчаала. Баттаммыт, сорсуйбут омук Дарханнаах буолуон сатаммат. Ол атаҕастабыллаах кэмэлдьи күн бүгүҥҥэ диэри тиийэн кэлэн, бэл биллиилээх саха саарыннарын «уолаттар» диэн омсолоохтук эр дьон бэйэлэрин ааттанар буолбуттара ыарахан, санаа түһүүлээх, хомолтолоох санааны үөскэтэр. Бу «уолаттар» – билиҥҥи эр дьон дьиэ кэргэттэрин, оҕолорун, аймахтарын, норуоттарын туһугар туруулаһар кыахтара ситэ сайда илик ньуулдьаҕай уолаттар буолан мүлүк-халык, кирийэ, тугу да күөн көрсөр кыахтара суоҕун көрдөрөр.

2

Выступление М.Е.Николаева на торжественном заседании Ил Тумена. 29 апреля 2022 г. https://nikolaevcentre.ru/news/1848

3

М.П. Алексеев-Дапсы. Ийэ тылбыт өрүттэрин туһугар. Ыстатыйалар. Санаалар. Бэлиэтээһиннэр. – Дьокуускай: Дани-Алмас, 2021. – С. 9.

4

Хаҥыл. Хаҥалас сурунаала. – №11. – 2017.

5

Луковцев В.Н. Ким да умнуллубат. Туох да умнуллубат. – Дьокуускай : Бичик, 2001. – С. 109.

6

Николаев М.Е. Апостол государственного служения. – Якутск : Көмүөл, 2011. – С. 30.

Биһиги сахалар…. Туруулаһыы

Подняться наверх